Ытык дьон ыччата, төрүт дьон төрүөҕэ

Бэҕэһээ нэһилиэкпит ытык кырдьаҕаһыгар, нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Сергеевич Федоровка сылдьан нэһилиэкпит устуоруйатын, донун- сэргэтин, оччотооҕу олох-дьаһах, үлэ- хамнас  туһунан элбэҕи биллибит.

Биһиги нэһилиэктэн төрүттээх ытык дьон ыччата, төрүт дьон төрүөҕэ буолан Саха сиригэр биллибит дьоммутуттан биирдэстэрэ- судаарыстыбаннай – бэлитиичэскэй диэйэтэл, Саха АССР миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытынан үлэлээбит Степан Николаевич Платонов буоларын биллибит. Дьэ, хайдах?

Ол туһунан Степан Николаевич Платонов кинигэтигэр “Былатыанаптар диэн кимнээҕий?” диэн төрүттэрин төрдүттэн ырытан суруйбут Н. Дьячковскай суруйуутугар (15 стр.) ырылыччы сурулла сылдьар эбит.

“Хаамыҥаа иккис ойоҕо Үөһээ Бүлүү Карадчиннар хос хос эһэлэрэ “Кырдьыбыт” Даниил кинээс кыыһа үһү (Халбаакы Куудук сириттэн).Кинилэртэн төрөөбүт Лаҥсаа Өндүрэй Өлүөхүмэттэн баай Кириисэ балтын Өрүүскэни кэргэннэммит, кинилэртэн Данил, Сиинэ, Тос Ньукулай төрөөбүттэр. Онтон бу Тос Ньукулайтан Ыстапаан төрүүр.Онон Степан Николаевич төрүт  Кудуттан, Үөдүгэйтэн төрүттээх, силистээх- мутуктаах киһи буолар эбит диэн үгүспүт да саҥа биллибит, үөрдүбүт, киэн тутуннубут.

            Кини 1950 сыллаахха Үөдүгэйгэ отой да төрүт өбүгэлэрин дойдутугар кэлэн Карл Мааркыс аатынан колхоз председателинэн талыллан таһаарыылаахтык үлэлээбит, төрүт сирин, дьонун таптала, ытыктабыла, алгыһа улахан салайааччы буоларыгар тирэх буолбут буолуохтаах диэн бигэ эрэллээхпит.