Сэргэх сэрээккэҕэ сырыттыбыт

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи Култуура киинигэр доруобуйа күнүн чэрчитинэн, эти-сиини чэбдигирдэр хамсаныылар буоллулар. Дьарыгы – көҥүл тустууга, хапсаҕайга спорт маастара, Саха сирин чөмпүйүөнэ, Саха сирин үтүөлээх тириэньэрэ Валерий Николаевич Семенов ыытта.

Сарсыарда уһуктаат да, оронтон тура илигиттэн киһи ханнык эрчиллиилэри оҥорон барыахтааҕын бэрт имигэстик, сымсатык оҥорон көрдөрдө. Бу хас -биирдии хамсаныы киһи доруобуйатын туругар, чэгиэн буоларыгар туһалааҕын холобур аҕалан кэпсээтэ.

            Ону тэҥэ, бэйэтэ 1987 сылтан сөтүөлээн доруобуйатын чэбдигирдэрин туһунан сиһилии сэһэргээтэ. Уу киһи быстыспат сорҕото буоларын, ыкса сибээстээҕин, эмтээҕин туһунан олус үчүгэйдик кэпсээтэ. Онтон ыла күөмэй, сөтөл ыарыытын умнубутун туһунан эттэ.

Хас биирдии киһи доруобуйатыгар кыһаллан, сарсыардааҥҥы сэрээккэттэн саҕалаан көрүнэрэ наадалааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

            Валерий Николаевич ыыппыт эти-сиини чэбдигирдэр хамсаныыларыгар барыта 14 киһи кыттыыны ылла.

Бары имигэстик хамсанан, эти-хааны уһугуннаран, сэргэхсийэн, сэниэлэнэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Сэрээккэ кэннэ теннискэ оонньоотулар,

бадминтоннаан дайдылар.