Үөдүгэйгэ тохсунньу 14 күнүгэр 2024 сыл түмүгүнэн, үлэ бастыҥнарын биһирэмниир уонна нэһилиэк түмсүүлэрин эргэ Саҥа дьылы көрсөр тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Бу тэрээһин Үөдүгэйдэр нэһилиэк Өрөгөйүн ырыатын сүһүөхтэрин үрдүгэр үөрүүнэн уруйдаан туран ыллыылларыттан саҕаланна.2021 сыллаахха нэһилиэкпит 250 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар, биир дойдулаахпыт, СӨ үтүөлээх учуутала, Үөһээ Бүлүү улууһун, Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, поэт Петр Поликарпович Одорусов “Үөдүгэйдэр ырыалара” хоһоонугар Үөдүгэй нэһилиэгин Өрөгөйүн ырыатын матыыбыгар күрэх биллэриллибитэ. Бу күрэххэ 4 үлэ киирбититтэн, СӨ культуратын туйгуна, элбэх ырыа ааптара Николай Дмитриевич Чуручанов матыыба күрэх кыайыылааҕынан тахсыбыта уонна Үөдүгэй нэһилиэгин Өрөгөйүн ырыатынан нэһилиэк дьокутааттарын Сэбиэтин уурааҕынан олохтоохтук бигэргэммитэ.
Ааспыт 2024 сыл биһиги нэһилиэккэ үөрүүлээх да, тургутуулаах да түгэннэри , үгүс элбэх ситиһиилэри , сонун кыайыылары тосхойбута.2024 сыл түмүгүнэн, Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Юрьевич Иванов төрүт дойдубут чэчирии сайдарын туһугар үлэлии, айа-тута сылдьар дьоннорун, тэрилтэлэрин, көхтөөх түмсүүлэрин, Үөдүгэй нэһилиэгин бастыҥтан-бастыҥнарын биһирэмниир, бар дьонугар махтанар үгэскэ кубулуйбут үтүө киэһэтигэр кулууп дьиэни тобус-толору дьон мустан бу үөрүүнү толору үллэһиннилэр.
Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыгын махтал суруктарынан наҕараадаланнылар:
Оҕону иитиигэ үгүс сыл үтүө суобастаах үлэтин иһин, 4 нүөмэрдээх “Сардаана” оҕо уһуйаанын иитээччитэ, сыл түмүгүнэн “Бастын иитээччи” анал аат хаһаайката Анастасия Руслановна Владимирова,

4 нүөмэрдээх “Сардаана” оҕо уһуйаанын иитээччитэ, эбии үөрэхтээһин педагога Екатерина Васильевна Андреева,

4 нүөмэрдээх “Сардаана” оҕо уһуйаанын үлэһитэ Күннэй Алексеевна Михайлова.
- нүөмэрдээх “Остуоруйа” оҕо уһуйаанын иитээччитэ Прокопьева Лидия Спартаковна,

- 7 нүөмэрдээх “Остуоруйа” оҕо уһуйаанын иитээччи көмөлөһөөччүтэ Сардаана Евгеньевна Герасимова,

- 7 нүөмэрдээх “Остуоруйа” оҕо уһуйаанын иитээччитэ Кучарова Евгения Васильевна.
Үөдүгэй нэһилиэгэ МТ социальнай-экономическай сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын иһин түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн наҕараадаланнылар:
– Ченохов Василий Васильевич-“Үөһээ Бүлүү улууһа” МО социальнай-экономическай сайдыытыгар көмө фонда салайааччыта

– Бубякин Петр Николаевич-Үөһээ Бүлүүтээҕи Иван Иванович Седалищев аатынан дьиэ оҕону кэргэҥҥэ иитиигэ көмөнү оҥорор киин директора.
- Тартакынов Василий Иванович-Михаил Андреевич Алексеев аат.республиканскай лицей-интернат физкультураҕа учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна,учууталлар учууталлара, Саха АССРспордун хапсаҕайдаһан тустууга маастара,Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара,Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун уонна физкультуратын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин түөскэ кэтиллэр бэлиэ хаһаайына.

- Бубякина Надежда Васильевна- Үөһээ Бүлүүтээҕи киин балыыһа реанимационнай отделениетын медицинскэй сиэстэрэтэ,Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун спордун , улуус волейболга хамаандатын бэтэрээнэ, САХАВа волейбол маастара.

“Бастыҥтан бастыҥнар” кимнээх буоллулар?
Нэһилиэкпитигэр хаар,муус оҥоһуктарынан тэлгэһэни киэргэтии үтүө үгэскэ кубулуйда. Сылын аайы талааннаах дьон фантазията сайдан иһэр,бииртэн биир дьэрэкээн көстүүлээх оҥоһуктар оҕо – аймаҕы,олохтоохтору сөхтөрөллөр,нэһилиэк тупсаҕай көстүүтүн элбэтэллэр.
2024сыл түмүгүнэн “Бастыҥ тэлгэһэлээх тэрилтэ” анал аат хаһаайынынан Юрий Николаевич Прокопьев аатынан спортивнай хайысхалаах орто оскуола кэлэктиибэ ааттанна. Директор – Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин хапсаҕайдаһан тустууга спорт маастара Степан Алексеевич Жендринскэй.

Нэһилиэкпитигэр тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, төрүт үгэспитин сөргүтэн кыһыннары-сайыннары бу салааҕа эти-үүтү дэлэтиигэ илиилэрин араарбакка үлэлиир дьоммутугар олохтоох дьаһалта болҕомтотун уурар,бастыҥ үлэлэрин бэлиэтиир.
2024 сыл түмүгүнэн Үөдүгэй нэһилиэгэр “Тыа хаһаайыстыбатыгар саҥаны саҕалааччы” анал аат
Николаев Алексей Александровичка
туттарылынна.

2024 сыл түмүгүнэн, «Сыл бастыҥ үүт туттарааччыта» анал аат
Донская Мария Григорьевнаҕа туттарылынна.

Нэһилиэк үгүс үлэтэ-хамнаһа таһаарыылаах буоларыгар, ыытар тэрээһиннэригэр бары ирдэбиллэргэ сөптөөх хайысханы тутуһан, араас өҥөнү оҥорон, бородууксуйатын кэҥэтэн, олох тэтимин кытары бииргэ бигэтик хамсанан үлэлиир, олохтоох дьаһалта ыытар политикатын өйүүр урбаанынан дьарыктанар дьоммутугар махтанан туран,
“Сыл бастыҥ урбаанньыта” анал аат Михайлов Юрий Николаевичка туттарылынна.

Улууспут, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын, сурунаалларын көтүппэккэ суруттарар, олохтоох бибилэтиэкэ ыытар үлэтигэр көхтөөхтүк кыттар, кинигэҕэ бэриниилээх дьон нэһилиэкпитигэр аҕыйаҕа суохтар.
- сыл түмүгүнэн “Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэнинэн”
Татьяна Петровна, Петр Дмитриевич Николаевтар ааттаннылар.

2024 сыл биһиги улууспутугар түмсүү сылынан биллэриллибитэ. Үөдүгэйдэргэ бу түмсүү сыла олус хорутуулаахтык,дьон сомоҕолоһор сылынан бэлиэтэннэ, нэһилиэкпитигэр 9 түмсүү тэриллэн үлэлэрин эрчимнээхтик саҕалаатылар.
«Сыл бастыҥ саҕалааһына» анал аат «Чэмэлиинэ» мааны далбар хотуттарын түмсүүтүгэр (салайааччы Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, 4 нүөмэрдээх Сардаана оҕо уһуйаанын иитээччитэ Алина Макарьевна Васильева) туттарылынна.

2024 сылга Үөдүгэй нэһилиэгин олохтоохторун өйөбүллэринэн, олохтоох дьаһалта нэһилиэк тупсаҕай көстүүлээх буоларыгар туһуламмыт олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама чэрчитинэн “Олохтоох көҕүлээһиннэри өйөөһүн- 2023”бырагырааманан бырайыагы көмүскээн, олохтоохтор барыбыт күүспүтүнэн үбэ-харчыта хомуллан, нэһилиэкпит ыһыахтыыр сирэ кэрэ айылҕалаах Куду учаастагар кылгас кэм иһигэр оҥоһуллан, ол үтүө сиргэ, быйыл Үөдүгэйдэр Саха Автономнай Советскай Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин биллиилээх судаарыстыбаннай уонна общесвеннай диэйэтэлэ, доруобуйа харыстабылын уонна медицинэ наукатын салайааччыта, РФ, Саха АССР үтүөлээх бырааһа, киэн туттар биир дойдулаахпыт Ефрем Николаевич Андреев төрөөбүтэ 115 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх ыһыахпыт ыһыллан, олохтоохтор сүргэлэрин көтөхтө, ыалдьыттары сөхтөрдө, алгыс баһа сыаланна. 2024 сыл түмүгүнэн «Сыл бастыҥ тэрээһинэ» анал аат хаһаайынынан Үөдүгэйдээҕи культура киинэ (салайааччы Игорь Егорович Сортолов) ааттанна.

Үөдүгэй нэһилиэгин сиригэр – уотугар үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьар тэрилтэлэрбит 2024 сылга хас биирдиилэрэ араас хайысхаҕа ситиһиилэрэ үгүс. Биһиги тэрилтэлэрбит нэһилиэк, олохтоох дьаһалта тэрийэр тэрээһиннэригэр үлэтигэр биир санаанан салайтаран үлэлииллэрэ төһүү күүс буолар.
Тэрилтэ ситиһиилээх буоларыгар салайааччы улахан оруолу ылар.
2024 сыл түмүгүнэн, «Сыл бастыҥ салаайааччыта» анал аат 7 нүөмэрдээх “Остуоруйа” оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйигэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгунугар, Федосия Владимировна Михайловаҕа иҥэрилиннэ.

Үөдүгэй нэһилиэгин Аҕа Баһылыга Үөдүгэй нэһилиэгин түмсүүлэригэр
эҕэрдэ суруктары туттартаата:
- “Чэгиэн” спордунан утумнаахтык дьарыктанар дьон түмсүүтэ, салайааччы- СӨ үөрэҕириитин туйгуна Наталья Николаевна Иванова.
- “Үөдүгэй бөрүөтэ” айар куттаах дьон түмсүүтэ, салайааччы – Үөдүгэйдээҕи Раиса Матвеевна Павлова аатынан олохтоох бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Валентина Петровна Филиппова.
- “Тыыннаах дорҕоон” айар түмсүү, салайааччы- Үөдүгэйдээҕи култуура киинин салайааччыта Игорь Егорович Сортолов.
- “Сиккиэр” Куду учаастагыттан төрүттээх далбар хотуттар түмсүүлэрэ, салайааччы-СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Наталья Ионовна Павлова.
- “Дьүрүскэн” фольклорнай бөлөх, салайааччы СӨ култууратын туйгуна,Саха сирин үтүөлээх этээччитэ Марианна Владимировна Хобусарова.
- Үөдүгэй нэһилиэгин дьахталларын сэбиэтэ, салайааччы- СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Наталья Ионовна Павлова.
- “Чэмэлиинэ” түмсүү, салайааччы – СӨ үөрэҕириитин туйгуна Алина Макариевна Васильева.
- Үөдүгэй нэһилиэгин “Дьүөгэ” ветеран дьахталларын түмсүүтэ, салайааччы – СӨ култууратын туйгуна,Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Виктория Васильевна Павлова.
Бу дьоро киэһэҕэ «Үөһээ Бүлүү улууһа” муниципальнай оройуон дьаһалтатын, дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна, Үөдүгэй олохтооҕо Зоя Моисеевна Колосова,

улуустааҕы култуура уонна духуобунас департаменын аатыттан Виктория Васильевна Павлова Үөдүгэй нэһилиэгин көхтөөх үлэлээх түмсүүлэригэр эҕрдэ суруктары, грамоталары туттардылар.
Мантан салгыы бырааһынньыктааҕы кэнсиэр Үөдүгэйдэр бастыҥтан бастыҥ дьоммут үөрүүлэрин үрдэтэн айхалланан салҕанна.
Сырдыгынан сыдьаайар,
Үөрэхтэн-үлэттэн дьоллоно туругурар
Дьоһун-мааны бар дьоммут!
Үөдүгэйбит үрдүк аата
Үрдээн-үүнэн иһиэхтин!
Үтүөнү өрөгөйдүөҕүҥ!
Бастыҥы барҕардыаҕыҥ!
Үйэлээҕи үксэтиэҕиҥ!
Кэрэни кэккэлэтиэҕиҥ!