Сэбиэскэй кэм! Ким ону билигин өйдүүрүй? Орто саастаах дьон буоллаҕа. Мин оҕолорбуттан ону өйдүүр суох быһыылаах. Бэйэм, дьэ, баттаспыт дьоллоохпун. Ол кэмнээҕи үлэһиттэр, тэрилтэлэр билиҥҥи кэмнээҕи капиталистическай тутул үлэһиттэриттэн чыҥха атыттар. Тэрилтэлэр да элбэхтэрэ. Райсоюз, промстрой, мелиорация, промкомбинат уонна бытовой комбинат, сорохторун умнан да кэбиспиппин.
Бытовой комбинат, атах таҥаһын тигэр сыаҕар үлэлээн үтүө дьону кытта алтыспыттаахпын.
Билиҥҥи «Ийэ скверын» оннугар уһун дьиэ турбута. Дьэ, ол этэ атах таҥаһын тигэр, чөлүгэр түһэрэр мастарыскыай. Сөбүгэр элбэх үлэһиттээх, бэйэтэ туспа эйгэлээх, олохсуйбут үгэстэрдээх улуус биир бөдөҥ тэрилтэтин туспа улахан салаата. Ленин уулуссатын кыйа Сэбиэскэй уулуусса диэкинэн киирэр ааннаах. Иһирдьэ киирбит киһи үргүлдьү ааспатын диэбиттии, орто киһини түөһүнэн үрдүктээх бүтэй эркиҥҥэ кэлэн иҥнэ түһэр. Ити эрээри бу эркиммит кистэлэҥ ааннаах, биир туорай өрө көтөҕүллэр бүтэй бэйэтин үрдүгүттэн арыый намыһах аан аһылыннаҕына, иһирдьэ киирэҕин, бу үлэһиттэр киирэр ааннара, туора дьон киирбэтин, кыраҕатык манааччынан атах таҥаһыгар сакаас ылааччы кассирдар: эдэркээн кырасаабысса кыыспыт Сардаана, чэнчис, ыраас, киртэн-хохтон тэйиэс Далбар Хотун – Муза Сидорова буолаллара.
Кинилэри ааһан үлэһиттэри кытта иһирдьэ аастахха уһун, сырдык хоско киирэҕин, дьэ, кэпсэл-ипсэл, дорообо-дыраастый үлүгэрин истэн, өйдөөн-дьүүллээн көрдөххө, намыһах остуоллар нөҥүө эдэр, эмэн да, эр дьон, дьахталлар да үлэлии олороллор эбит ээ. Омос көрдөххө, эчи элбэхтэрин, тыас-уус, саҥа-иҥэ бастаан киирэр киһини харааччы иирдэн кэбиһэр курдук. Өйдөөн-дьүүллээн көрдөххө, киирэти уҥа киэҥ түннүк анныгар аҕамсыйбыт дьахталлар олороллор.
Бу кырдьаҕас иистэнньэҥнэр Дадасова Мария, Филиппова Александра Николаевна диэннэр. Дадасова Маарыйа дьиэтиттэн алаадьы аҕалара уонна быстах омурҕаҥҥа барыбытын онон күндүлүүрэ, ол олорон былыргыны кэпсэтэрбит. Өлөксөөндүрэ эмээхсин Аҕа Дойду сэриитэ бүппүтүгэр буолбут үөрүүнү-көтүүнү умнубатын ахтара. Маарыйа да кэпсээнэ баһаама, олору киэҥ эйгэҕэ таһаарартан туттунуум. Өлөксөөндүрэ да, Маарыйа да сүрдээх амарах, үтүө санаалаах кырдьаҕастар этэ. Кинилэри кэккэлэһэ Маҥаастан төрүттээх Коля Петров эрдэ маҥхайбыт баттахтаах төбөтө туртайан олорор, аттыгар элбэх кэпсээннээх, күлбүт-үөрбүт Проня Васильев мичилийэр. Аны кинилэри утары атах таҥаһын сыаҕын орто саастаах «кыргыттарбыт» наар күлэн саһыгырата-саһыгырата кэпсээнэ бараммат Шура Дмитриева, аттыгар дьүөгэтэ аҕыйах да саҥалаах буоллар, дөрүн-дөрүн кэпсэлэ киирдэҕинэ, омунура-омунура, киэҥ-киэҥник көрө- көрө хам буолбат саҥалаах Марыына Константинова олорор, үһүс дьүөгэлэрэ кинилэртэн хаалсыбат кэпсээннээх Таанньа Васильева мичилийэ олорор. Бу уһун остуол төбөтүгэр атах таҥаһын улларааччылар солбуллубат биригэдьиирдэрэ Игорь Николаев мичээрдии олорор.
Туох баар үлэһиттэр эргийэр кииммит, сонуну-нуомаһы истиһэр сирбит бу үлэһиттэр олорор улахан хосторо. Бу хоһу ойоҕолуу туспа ааннаах кыракый хоско сыахпыт тутаах үлэһитэ Настаа олорор. Настаа туһунан туспа ахтар тоҕоостоох. Кинитэ суох этэрбэс тигээччилэр да, улларааччылар да үлэлээбэттэр.
Ортону аннынан уҥуохтаах, бэйэтигэр сөп эттээх-сиинээх аҕыйах саҥалаах, наар үлэлээн эрэ тахсар эдэрси дьахтар. Көрдөөх, омсолоох кэпсээннэргэ кыттыспат, биирдэ эмит күллэҕинэ, наһаа ис киирбэх көрүҥнэнэр, хаһан да кыыһырбытын көрдөрбөтөҕө бу Настя Степанова. Үлэтигэр эрдэ кэлэн этэрбэс тигээччилэргэ таба тыһыттан унтуу киэбин быһара, сүрдээх түргэн, сымса туттунуулаҕа, күҥҥэ төһө этэрбэс киэбин быһарын билбэппин да, хоһуттан тахсыбакка күнү күннүктээн үлэлиирин эрэ көрөөччүбүн.
Аны бу улахан хоспут уһугар туспа ааннаах хоско кырдьаҕаспыт Дяриков Ариан үлэлиир. Кини киһи инньэ былыр «артыал» диэн сорох дьон билбэт да, истибэтэх да ааттаах тэрилтэ саҕаттан үлэлиир. Быткомбинат буолбутугар мотористаан, катерга капитаннаан, чаһы да оҥорон, мэхээньиктээн – быһата сатаабата диэн суох эргиччи дьоҕурдаах, онтон унтуу улларыытыгар кини курдук бөҕө, тупсаҕай гына улларар киһи биһиги улууспутугар суох. Кини улларбыта көрөргө да үчүгэйэ сүрдээх буолааччы. Ариан оҕонньор чыначчы тутта сылдьар, хонтойбут чараас муруннаах, сытыытык көрбүт уоттаах харахтаах омос көрөн толло, сабырыттара көрөр киһиҥ, билсэн чугасыһан бардахха, көнө сүрүннээх, эбиитин килбиктиҥи да майгылаах аламаҕай барахсан этэ, бэркэ тапсан үлэлиирбит, сэһэргэһэрбит.
Этэрбэс сототун тигээччилэртэн ордук чугасыһан Анна Харлампьевна Михайлованы кытта бодоруспутум. Сүрдээх толуу көрүҥнээх Саха Далбар Хотуна диэн, дьэ кини, наһаа үөрүнньэҥ, эйэҕэс майгылаах. Сүрдээх ыраас туттуулаах иистэнньэҥ диэн – кини. Холку майгылаах, мындыр көрүүлэрдээх кэпсээнньит, үтүө сүбэһит, амарах эдьиий тэҥэ буоллаҕа Аана барахсан.
Хойуккааҥҥы дылы бэйэ бэйэбитигэр өйөнсөн, үлэбитин аттаран тэҥҥэ үллэстэн үлэлээн бэркэ тапсарбыт. Эдьиийим барахсан кырдьан, үлэни кыайбат буолан тохтоон хаалбыта. Аана тикпит этэрбэһэ наһаа бөҕө, лып-лап буолааччы. Бу Ариан да, Аана Харлампьевна да курдук унтууну туйгуннук улларар да, тигэр да дьон аны суохтар уонна үөскүөхтэрэ суоҕа. Унтуу кэппэт үйэ кэллэ быһыылаах.
Атах таҥаһын чөлүгэр түһэрэр, тигэр сыах муҥур Хотуна Гаврильева Мария Степановна буолар. Үлэһиттэрин үлэлэрин хаачыстыбатын көрөр, мөҥөттөөн да ылааччы, ол эрээри сыаҕын үлэһиттэрин ханна да буоллун, көмүскэһэ сылдьар ийэбит тэҥэ саныыр киһибит этэ, ол «хотуммут». Үлэни сатаан аттарарынан, дьоҥҥо тэҥ сыһыанынан бары ытыктыыр, тылыттан тахсыбат этибит. Үтүө салайааччы тэҥнээх кэллиэгэ этэ буоллаҕа Мария Степановна Гаврильева барахсан.
Матырыйаал булааччынан, бэлэм бородууксуйаны (этэрбэстэри) батарааччынан Васильева Евгения Исаевнаҕа сүктэриллэрэ. Евгения барахсан киириилээх-тахсыылаах, дьаһаллаах дьахтар буолара, аныгы үйэни баттаһа олорбута буоллар, коммерсант бэрдэ буолара хааллаҕа.
Наһаа табыллан үлэлээбит тэрилтэм туһунан ахтыым манан бүтэн эрдин.
Син бэйэбит кэммитигэр былаан, субуотунньук, күрэхтэһии диэннэри дьүөрэлээн бэркэ үлэлээбит эбиппит.

Сайынын оттоон, күһүнүн хортуоска хомууругар, сааһын райпо подвалыгар хортуоска сыымайдааһыныгар, кыһынын этэрбэс тигэн, улларан бэйэбит холбутугар сөп буолар үлэни үмүрүттэхпит. Үтүө да кэмнэр, үтүө да дьоннор этилэр- ол ааспыт үйэҕэ олорбут олохпор өйдөбүнньүгүм.
Аркадий Степанович Иванов,
Бэс ыйын 7 күнэ, 2021сыл.
Үөһээ Бүлүү киин түөлбэ.
Хаартыскаҕа Бытовой комбинат үлэһиттэрэ Куду Кулуһуннааҕар от үлэтигэр субуотунньукка сылдьар түгэннэриттэн. Аркадий Иванов архыыбыттан ылылынна.