Таабырын

      Бүгүн күүтүүлээх Саҥа дьыл дьоро киэһэтэ. Вока тыраахтырын харааска туруора охсоот, дьиэтигэр кэлэн суунна-тараанна. Ийэтэ наһаа да минньигэстик балык бөрүөгүн буһарбыт. Бырааттара хараҥа көрүдүөргэ оҕолору кытары оонньуур саҥалара иһиллэр. Аҕалара хаһан да буоларыныы, таһынааҕы дядя Толялыын номнуо бырааһынньыктаан, итирдилэр даҕаны ис – истэриттэн иэйэн тардар “Ой мороз, мороз” ырыаларын, хаптаһын быыс иҥиннэрэ да сылдьыбакка, субу кутар.

     Вока сырдык сибиитирэни кытары күлүөстээх бүрүүкэтин, бороҥ түүлээх кылгас дохатын, ханньайбыт кролик бэргэһэтин анньынан, уһун баайыы саарпыгын иилинэн, оскуола тиэргэнин кыараҕас аанынан тахсан, кулууп диэки сүүрэр – хаамар икки ардынан сиэллэ. Тимир лиис тастаах тас ааны арыйа баттаан, кирилиэс аннынааҕы ититэр турба аттыгар тохтоото. Манна мустарга доҕотторун кытта болдьоспуттара…

      Кини бу кыһыны быһа фермаҕа орох тэбэн кыстаан эрэр. Хараас, дьиэ, ферма. Сарсыарда ааттаах эрдэ, ийэтэ уһугуннара сатаан баран, устунан үлтү кыйаханан, купсуунтан тымныы уунан ыһан туруорар буолла. Кинилэр ити эргэ таҥара дьиэтигэр олорбуттара хаһыс да сыллара. Дьукаахтара үксэ кинилэр курдук кэлии ыал, сулумах эр дьон. Оҕо эрдэҕинэ

абааһы баар диэн оҕолор куттууллара даҕаны хата, дьолго, тугу да истэ да, көрө да илик. Аҕата аһары арыгылаан, кэрээчикэлээбит киһи ол – бу чёртиктары көрөр диирэ сөп быһыылаах. Ол гынан баран ардыгар түүн соҕотоҕун хааман хоочурҕатан иһэн, утары томторго киһи уҥуохтара барыс гыннахтарына, иэнэ кэдэҥнээн сүүрбүтүн бэйэтэ билбэккэ хаалар. Аны ферматтан кэлиигэ эмиэ баар киһи уҥуохтаах сыыры ырааҕынан тумна сатыыр. Уопсайынан урут манна дьону дэриэбинэ иһигэр көмөр эбиттэрин дьиктиргиир.

Былырыын сайын биир таһынааҕы дьукаах ыалын уолларын, убуорунайга көҕүрэттэ олорор дии санаан, улахан уолаттар мэниктээн куттаары, саанан үөһэнэн ыппыттара, киһилэрэ төбөҕө табыллан иэдээн буолбута. Ол эрэйдээҕи манна көмпөтөхтөрө. Дьоно муҥнаахтар уолларын илдьэ сөмөлүөтүнэн бу дойдуттан букатын көһөн барбыттара.  

     Вока аҕатынаан экскаватор тыраахтырынан айан суолун астараллар. Эбиитин нэдиэлэҕэ үстэ киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэнэр. Куурускай уобалас биир түгэх дэриэбинэтиттэн Саха сиригэр, Томпо оройуонун Дьабарыкы Хайа сэлиэнньэтигэр Вока үстээҕэр көһөн кэлбиттэр үһү. Онтон бу оройуону булбуттара, Вока өйдүүрүнэн, син балай да буолла. Аҕалара – бульдозерист, бөдөҥ тиэхинньикэни баһылаабыта бэрт буолан, ыҥырыктан ыҥырыкка сылдьар. Харчыны да дьиҥэр өлөрөр быһыылаах эрээри, байан килэйбиттэрэ – халайбыттара тоҕо эрэ көстүбэт. Ийэтэ мөҕүттэринэн, аҕатын аймахтара субу – субу умналаан харчыны туруорбат аатыраллар.

     Вока уол армияҕа эһиил ыҥырыллыахтаах. Эдьиийэ номнуо үөрэххэ киирэн куоракка уопсайга олорор. Икки быраата кыралар. Доҕотторо: ыаллыы олорор бырааттыы С…нар уонна кинилэртэн чугас олорор олохтоох уол Ваня. Ваня сытыы – хотуу, атамаан уол. Охсуһары да сатыыр өссө сөбүлүүр диэххэ сөп. Таансы аайы сылтах булан дайбаспыта эрэ баар буолар. Кыргыттарга саамай сыстаҕастара. Көрүҥүнэн даҕаны көстүүлээхтэрэ кини.

      Бу күһүҥҥэттэн кини салалтатынан дэриэбинэттэн биэс биэрэстэлээх Чочу Күөлүн ферматыгар олорон үлэлиир кыргыттары кытары ыкса доҕордоһон (компаниялаһан), Вока утуйар уута уу буолбакка, аһыыр аһа ас буолбакка, ийэтин саҥардара элбээтэ. Тымныыга хаатыҥканан ыыта сатыырын иһин, мааны бачыыҥкатын көрүдүөр уһугар, мас уһаат иһигэр кистээн уура сылдьан кэтэн барар. Аан бастаан уолаттары кытары кучуһан барсарыгар маҥан “чүөчэҥкэнэн” тиийбитигэр, кыргыттар кини хаатыҥкатыттан кистээн күлэллэрин өйдөөн көрөн, саатан сиргэ тимирэ сыспыта. Ол кэннэ итинник дьаһаммыта. Ийэтэ онуоха – маныаха дылы билбэт. Фермаҕа үксүн сатыы бараллар. Биирдэ эмэ техниканы мүччү туттардахтарына ким эмэ таба көрөн, суостаах суодаллаах эрээри, дьон бары ытыктыыр тойонноругар, Гурий Ивановичка тыллыа диэн ол кутталыгар сылдьаллар. Вока бастаан сүрэҕэлдьии – сүрэҕэлдьии, уолаттара хаайаллара бэрдин иһин эрэ барсара. Күһүн Өктөөп бырааһынньыгар кыргыттарга тиийэн өрүү буоларын курдук, чэй иһэ -иһэ кэпсэтэ олордохторуна, хостон кини хаһан да харахтаабатах, бэйэтигэр сөрү-сөп мыс курдук эттээх -сииннээх, хара бараан, ис киирбэх кыыс тахсан, сон кэтэн таһырдьа тахсан барбыта. Вока хайдах эрэ сүрэҕэ мөҕүл гыммыта. Кыыһы батыһыннары көрөн таалан олорон хаалбытын өйдөөн көрөннөр уолаттар имнэнсэн эрэ кэбиспиттэрэ. Ити күнтэн ыла Вока сүрэҕин ол кыыска туттаран, ийэтэ этэринэн, Чочу Күөлүн суолугар ырбыт сылгы курдук таах, туох да туолката суохха охторугар тиийдэ. Таансыга сылдьаллар, атаарсаллар, кыргыттарга хотоҥҥо тахсыһан, сатаабаталлар да саах күрдьэллэр. Сороҕор уонча паара буоланнар киэһэтин хотон подсуобунайыгар бэйэлэрэ туспа үҥкүүлүүллэр, оонньууллар, күлэллэр. Сарсыарданан тарҕаһаннар кыргыттар хотонноругар, уолаттар үөскэ үлэлэригэр, дьиэлэригэр сүүрэллэр.

     Таптал диэннэрэ сүрдээх да буолар эбит. Вока кэнникинэн, Полинаны биир күн көрбөтөҕүнэ отой тэһийбэт, кыыска курдаттыы таттара сылдьар буолан хаалла. Ардыгар Полина үөскэ киирдэҕинэ ыҥыран көрсөөрү, кыыс дьиэтин ойуурун саҕатыгар тиийэн манаһар. Ол сылдьан, таска ат бааллан турарын иһин, Полина аҕатыттан толлон хаста да кураанах төнүннэ…

Улахан уолаттар үөһэ -аллара тыыналларын кини урут төрүт аахайбат этэ. Киниэхэ тиэхиньикэттэн ордук тардылыктаах туох да суоҕа. Отой кыратыттан аҕатыгар сыстан араас ыарахан көлөнү бары баһылаабыта ыраатта. Аҕата кэпсииринэн, эһэтэ төрөөбүт сэлиэнньэтигэр бастакы механизатор эбитэ үһү. Саҥа үөдүйбүт тиэхинньикэни киниэхэ эрэ итэҕэйэн туттараллара үһү. Инньэ гынан эһэтэ үөрэҕэ суох да буоллар, дэриэбинэтигэр аҕатын аатынан эрэ ыҥырыллар улаханнык ытыктанар киһи эбит. Ону утумнаатаҕа буолуо, Вока өйө – санаата оҕо эрдэҕиттэн массыына, тыраахтыр. Сайын үлэлии ыраата бардахтарына, ардыгар аҕата кинини соҕотохтуу үлэлэтэ хаалларан, Т… диэн дэриэбинэҕэ хонон – өрөөн кэлэр идэлээҕэ. Вока тэһийбэккэ киэһэтин, ыраахтан нэлэйэн көстөр, биир эрэ дьиэлээх Ньэгэдьээк ферматыгар мээчиктиир, оонньуур, бэйэтин саастыылаахтарын булсан, билсэн хата кимнээҕэр бириэмэни билбэккэ хаалааччы. Уолаттары кытары хорууга күрүчүөгүнэн балыктаан, кутаа оттон хортуоска үтэн сиэн, астынан, тыраахтарыгар сарсыарданан кэлэн, хабыынатыгар киирэн утуйан бырылатара. Ийэлэригэр ону кэпсиир – ипсиир бобуулааҕын Вока сэрэйэр эрэ этэ.

     Маннааҕы ВИА солиһа “Ах, вот какая ты” диэн ырыаны тоҕоостоохтук даҕаны ыллыыр. Бэҕэһээ Полина кинини тоҕо эрэ тымныытык көрсүбүтүн санаан, уол хараҕын симэн кэтэҕинэн истиэнэҕэ сыһынна. Кыыс аттыгар чугаһаатаҕына, кини сүрэҕэ мөхсөн, долгуйан доҕотторо тугу да саҥаралларын өйдөөн истибэт турукка киирэн, сороҕор күлүүгэ барар. Хомойуон быатыгар, Полинаттан кини үс сыл балыс. Уҥуоҕунан да атын уолаттардааҕар намыһах, сатаан да охсуспат. Санаатыгар кыыс кинини адьаһын сэҥээрбэт, сэниир курдук. Үөһэнэн атын сири көрөн, уһун хара кыламаннарын хамсаттаҕына тоҕо эрэ сүрэҕэ эрэйдээх аһыйбахтаан ылар. Абаккатыгар улахан киһи курдук көстөөрү, ардыгар уолаттарын кытары таһырдьа тахсан хаарга кистиир арыгыларыттан исиһэр. Аны дьиэҕэ киирдэҕинэ аргытын сытыттан кыбыстар аакка барар. Биирдэ эмэ тангоҕа киирдэхтэринэ, Полина киниттэн тэйиччи, кыбыс – кытаанахтык туттар уонна атын тугу эрэ саныырдыы төбөтүн хоҥкуччу туттан аат- харата эрэ үҥкүүлэһэр. Эбиитин ааспыт таансыга, биир маннааҕы киэптэнньэх уол Полинаҕа сыстаҥнаан, Вокаҕа  “таала кырыыланан”, таһырдьа ыҥыра сатаабытын, Ваня тохтоппута. Фермаҕа атаарсарга атын пааралар сиэттиһэн, куустуһан айанныыллар. Вокалаах Полина эрэ кэнники хаалан, уку- суку, тыла суох дьон курдук хаамсаллар. Кэнникинэн Вока иһигэр саха буолан төрөөбөтөҕүттэн кэмсинэр буолла. Оччоҕо баҕар Полина кини кэпсиирин сэҥээриэ этэ, киниэхэ эрэ мичээрдээн төгүрүк тупсаҕай сирэйэ өссө тупсуо этэ…

  Атастара таптал уотугар умайан, күлэн -үөрэн, көтүөхтэрин кыната суох сылдьалларыгар ымсыыра эрэ саныыр. Ийэтэ үгүстүк мээрилииринэн, киһи бэйэтин омугун эрэ эр – ойох оҥостуохтаах үһү. Тоҕото биллибэт. Вока санаатыгар дьыала адьас даҕаны омугар буолбатах быһыылаах. Сүрэх омугу эҥини билиммэт, билиниэн да баҕарбат…

Вока таҥаһын туттаран, фойе аанынан сааланы өҥөйөн көрдө.

Бу аптаах саҥа дьыл киэһэ, Вока уол хайаан да Полиналыын быһаарсыахтаах, таптыырын этиэхтээх. “Ээх” эбэтэр  “суох”. “Суох” дэттэҕинэ хайдах буоларын салгыы толкуйдуон тоҕо эрэ куттанна. Кимтэн эрэ көмө эрэйбиттии тулатын эргиччи көрбөхтөөтө, уһун кугас баттаҕын имэриммэхтээтэ. Кулууп саалатыгар симэммит харыйа киниэхэ имнэнэрдии чыпчыҥныыр, үөһэ кылабаччыгас төгүрүктэр элэктээбиттии эргичиһэллэр. Дьоллоох пааралар куустуһан үҥкүүгэ киирэллэр…

      Манна саҥа дьыл биэчэригэр олохтоох дьону үксүлэрин көрүөххэ сөп. Анаан – минээн маанымсыйан ыал ыалынан кэлэллэр. Уон биир эргин кулуупка эдэр ыччат эрэ хаалар. Онтон түүн биир диэки эмиэ дьон – сэргэ мустан үҥкүү- битии хойукка дылы тиҥийэр.

      Вока тапталлааҕар бэлэхтээри сиэбигэр кыракый сүрэх сувенирын уктубутун бигээн көрдө. “Рыбка рыбка золотая, прикажи девчонке той, чтоб в меня влюбилась…”,- ырыа уол кулгааҕар бу киэһэ иһирэхтик да иһиллэр. Ол турдаҕына кини аттыгар биир кылгас куудара (химка) баттахтаах кыыс тохтоото уонна кинини үҥкүүгэ ыҥыран илиитин уунна, төбөтүн хоҥкутта. Кыыска аккаастыаҕын сүрэ бэрт. “Такого снегопада…” Чапаай Вася уол олус да үчүгэйдик, отой ханан да акцена суох ыллыыр. Чуолаан нууччалыы ырыалары кыайа -хото тутарын иһин, Вока кинини тус билбэтэр да, ыраахтан астына көрөр- истэр. 

   Уол санаатыгар Полина киниэхэ сыстыаҕынан сыстан үҥкүүлүүргэ дылы… Кыыһы таһаатыттан сэрэнэн кууһан, хараҕын симэн, Вока өрүтэ тыыммахтаата. Арай ким эрэ санныттан тардыалаабытыгар көрбүтэ, атаһа Ваня эҥил баһын хамсатан таһырдьа ыҥыра турар эбит. Кэнниттэн тахсар кирилиэһинэн түһэн истэҕинэ, Ваня киниэхэ эргиллэн эрэрэ баара да, баһа чуҥ гынаат, сыҥааҕын тыаһын эрэ истэн хаалла. Чигдигэ тиэрэ баран түспүтүн уолаттар илиититтэн тардан ойутан туруордулар. Ыга кыыһырбыт Ваня, Полина саалаҕа киирэн иһэн, аантан Вока атын кыыһы кытта сыстыһан ахан үҥкүүлүү сылдьарын көрөөт, дьиэтин диэки куоппутун күргүйдээн эттэ уонна маатырылаат эмиэ ынан кэлбитин, Геналаах Валера күөйэ туттулар. Охсуһуу буолаары гыммытын сэрэйэ охсон, хантан кэлбиттэрэ биллибэт уолаттар үөрдэрэ кинилэри төгүрүйэн кэбистилэр. Соһуйуохтарын быатыгар охсуллубут тоҥсоҕор муруннаах нуучча уола куттанан куотта диэҕи, дэлби үөрбүт сирэйин кимтэн да кистии барбакка, кулууп кэннин диэки сүүрэн ыһылыннара турда…

   Вока кытарбыт, кыратык испит хаҥас сыҥааҕын ыарыытын таһы умнан,  айаҕа икки кулгааҕар тиийиэхчэ ырбайан: – “Саҥа Дьыл, махтанабын эйиэхэ! Хаһан да умнуом суоҕа бу киэһэни”, – диэн саныы -саныы, кыыс ойуулаах аарка аннынан сыыры дабайан, Полина дьиэтин диэки сүүрэн тэлэмээттэнэ турда…

Надежда Куттаах, 2024с.