Түөлбэ литэрэтиирэтэ ааҕыыга көҕүлүүр күүс буолуо

Бу соторутааҕыта биир дойдулаахпытын, физика-математика билимин дуоктарын, өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй дириэктэрин, саха норуота ытыктыыр лиидэрин  Уйбаан Самаайабы кэпсээнньит быһыытынан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэн турабыт. Ол кэннэ тута “Төлкөнү түстүүр түгэннэр» диэн кинигэтин Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэбититтэн былдьаһыгынан уларсан бардылар. «Бээ, ити Уйбаан Самаайап хаһааҥҥыттан суруйар буолбутай? Өссө кинигэлээҕин отой да билбэккэ сылдьыбыппыт»,- диэн ыйытык элбээтэ.

         Онон  Саҥа дьылы көрсө күндү ааҕааччыларбытыгар Уйбаан Самаайаптыын эксклюзивнай кэпсэтиибитин бэлэмнээтибит:

  • Иван Иванович, кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин. Биһиги бибилэтиэкэбит саайтыгар “Хаатыҥкалаах киһи» диэн 80-с сыллардааҕы Дьокуускай куораты,олох устуоруйатын тыктаран көрдөрөр тыыҥааһыннаах кэпсээҥҥитин таһаараммыт, дьон-сэргэ олус интэриэһиргээтэ. Бу Уйбаан Самаайап биир улахан талаанын өссө билбэккэ сылдьар эбиппит диэн токкоолостулар. Онон айар үлэ аартыгар хаһан үктэммиккин дьоҥҥор-сэргэҕэр билиһиннэриэҥ дуо?
  • Студент, аспирант эрдэхпинэ хоһоон суруйар этим. Валерий Ободзинскай ыллааччы дии:

“По ночам в тиши 

я пишу стихи. Каждый пишет

в девятнадцать лет”. Ол быһыытынан.

    Кэпсээн суруйуутугар 2010 сыллар эргин саҕалаан холоммутум. 

  • Саха литэрэтиирэтин билиҥҥи туругун уонна түөлбэ литэрэтиирэтэ диэн өйдөбүл туһунан санааларыҥ….

 -2000-с сыллар саҕаланыыларыгар, мин тус санаабынан, саха литературатын таһыма муҥутаан түһэн турар кэмэ этэ. Дьон хоһоон суруйарын хаһан да тохтоппотоҕо, тохтотуо да суоҕа. Ол эрээри, тиһигин быспакка суруйа сылдьыбыт Д.Наумовы, Сиэн Чолбодугу аахсыбатахха, саха прозата букатын мэлийэн хаалбыта. 

    Арай туран биһиги оскуолабытыгар үлэлиир иитээччи кыргыттар ханнык эрэ сахалыы хомуурунньугу былдьаһа сылдьан ааҕаллар. Кинилэр кэпсииллэринэн ол хомуурунньукка наһаа үчүгэй таптал туһунан кэпсээннэр тахсалларын  кинилэр уҥа – таала ааҕаллар үһү. Мин наһаа соһуйбутум, ол хомуурунньугу көрдөөн булан аахтым. Хомуурунньугум аата “Күрүлгэн” диэн, таһаарааччыта билэр киһим Арчылан эбит. Итинник, былыргыттан тахсар “Хотугу сулуска” (кэлиҥҥи аата “Чолбон”)  эбии саҥа уус – уран сурунаал баар буолан хаалар. Саха литературата эрдэ тэлиллибит киэҥ аартыктартан туораан бэрт кыараҕас ыллыктарынан ыһыллыбытын, таһыма олус түспүтүн, суола – ииһэ оһор кутталламмытын туһунан тус санааларбын түмэн “Күрүлгэҥҥэ” ыстатыйа таһааттаран турабын.

    Сыыйа С.Маисов “Ийэм кэпсиир” уонна Сайа “Уйгуур” сэһэннэрэ, Куорсуннаах “Аан талҕа”, А.Иванов “Чуумпу Бүлүү” романнара бэчээттэнэн тахсыбыттара. Маны таһынан урут хаһан да биллибэтэх – көстүбэтэх ааптардар дьон сөбүлээн ааҕар кэпсээннэрин, сэһэннэрин сурунаалларга, хомуурунньуктарга, бэйэлэрэ кинигэ оҥорон таһааран барбыттара. Биһиги, саха литературатыгар сүгүрүйээччилэр, инникигэ эрэллэнэ түспүппүт.

    Кэм кэрдии турбат, саҥаттан саҥа ыарахаттар төрүү – үөскүү тураллар. Сахалыы суруйуохтааҕар, ааҕыахтааҕар сахалыы саҥарар, кэпсэтэр да эйгэбит кыччаатар кыччаан иһэр. Саха тылын харыстыыр, чөл тутан хаалар туһугар араас уопсастыбаннай үлэ көрүҥнэрэ үөскээтилэр. Ол гынан баран, улууска, нэһилиэккэ бэйэтигэр туох үлэни тэрийиэххэ сөбүй диэн ыйытык үөскүүр.

    Үөдүгэй нэһилиэгэр Валерий Васильев – Муттуххай Бороҥ диэн киһи баһылыктаан сылдьыбыта. Бэйэтэ хоһоон, кэпсээн суруйара. Кини суруйар дьону көҕүлээн “Айар Кут” диэн түмсүүнү тэрийбитэ. Бука, Муттуххай Бороҥ дьайыытынан буолуо, Үөдүгэйгэ хоһоон, кэпсээн, ахтыы суруйар дьон элбээбитэ. Быйыл сайын нэһилиэк библиотекатыгар мустан мунньахтаан, айар үлэҕэ сыстан эрэр дьону түмэн, “Үөдүгэй бөрүөтэ” диэн айар түмсүү тэрийиэххэ диэн сүбэлэспиппит.. Бу бөлөх дьоно хоһоон, кэпсээн, ырыа айалларын таһынан Үөдүгэйгэ олорон, үлэлээн – хамсаан ааспыт дьон олохторун үйэтитэргэ сүрүн болҕомтолорун ууруохтарын наада диэн санааҕа кэлбиппит. Өскөтүн биһиги ыра санаабыт олоххо киирдэҕинэ, Үөдүгэйгэ түөлбэ литературата үөскээтэ диир кыахтаныахпыт.

    Саха сирин нэһилиэктэрэ бу хамсааһыны иилэ хабан ылан, бэйэлэрин олорор нэһилиэктэрин, түөлбэлэрин олоҕун, олорон ааспыт дьонун – сэргэтин уус – ураннык үйэтитэр кэскиллээх дьыаланан дьарыктанар түмсүүлэри тэрийэн бардахтарына, кинилэр айымньылара араас (ватсап, сайт, кинигэ уо.д.а.) ньыманан бэйэлэрин түөлбэлэригэр тарҕанар буоллахтарына, бу түмсүүлэр нэһилиэк оскуолаларын кытта ситимнээхтик үлэлии үөрэннэхтэринэ, бэйэ- бэйэлэрин икки ардыгар алтыһар, сүбэлэһэр, кыттыгас тэрээһиннэри тэрийэр култуураны олохсутан бардахтарына, түөлбэ литературата баар буолла диэх этибит.

 – Оҕону, улахан дьону кинигэни ааҕыыга көҕүлүүр ханнык суоллары көрөҕүнүй?

 3. Сахалыы уус уран литератураны ааҕыыны сайыннарыы боппуруоһугар улахан, утумнаах үлэ барыахтаах.  Ону бу интервьюга барытын хабан сырдатар кыаллыбат. Мин түөлбэ литературата туох оруоллаах буолуон сөбүгэр тохтуом.

    Биллэрин курдук, кыра уонна улаатан эрэр оҕо, ыччат, улахан да дьон умсугуйан ааҕыан сөп айымньылара, кинигэлэрэ олус аҕыйахтар, баар да буоллахтарына ону бар дьоҥҥо тиэрдэр ситиммит суох. Суруллубут айымньы итэҕэһин – быһаҕаһын ырытар, талааннаах суруйууну чорботон бэлиэтиир экспертнэй эйгэ да суох. Онно кими эрэ, тугу эрэ буруйдуур сыыһа да буолуо. Ааспыт сэбиэскэй былыргыга талааннаах кэпсээн, сэһэн,  хоһоон айыллан хаалбытын Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап, Сэмэн Данилов, Иван Гоголев курдук аптарытыаттаах суруйааччы ааҕан баран хайҕаата да бэҕэһээ ким да билбэт ааптарын аата күнүнэн Саха сирин үрдүн дуорайа түһэрэ. Билигин оннук буолар кыаҕа суох. Сахалыы уус уран литератураны ааҕыы мөлтөөһүнүн биир биричиинэтэ итиннэ сытар. Холобурун эттэххэ, Тимофей Сметанин курдук даҕаны таһымнаах суруйааччы ханна эрэ суруйан – бичийэн бардаҕына, кини киэҥ ааҕааччыга тиийбэккэ,  иһиллибэккэ да хаалыан сөп. Оттон өскөтүн бу суруйааччы  сайдыбыт түөлбэ литературалаах нэһилиэк киһитэ буоллаҕына,  кини бэйэтэ ханна олороруттан тутулуга суох, маҥнайгыттан дьоҕус да буоллар ааҕар аудиториялаах, сөбүгэр кириитиктэрдээх, кинини өйүүр, кини айымньыларын тарҕатыһар дьоннордоох буолар. “Ойуурдаах куобах охтубат” диэбит курдук, бу суруйааччы айымньыта элбэх киһиэхэ тиийэригэр кыах баар буолар. Ити бастакытынан.

    Иккиһинэн, нэһилиэк хайа эрэ киһитин туһунан кэрэхсэбиллээх кэпсээн, ахтыы сурулуннаҕына, бу киһи удьуордара, аймахтара ол айымньыны бэйэлэрэ ааҕа, оҕолоругар аахтара, дьоҥҥо тарҕата сатыахтара. Онон түөлбэ литературата эдэр ааҕааччыга тиийэр ыллыктары солуон сөп.

    Түөлбэ бөлөхтөрө саатар киин улуустар нэһилиэктэригэр сайдан, күүстэрин түмэн ааҕааччы конференциятын, литературнай биэчэри уо.д.а. тэрийэр таһымҥа тиийдэхтэринэ түөлбэ литературата оҕону ааҕарга үөрэтэр, кыра уонна орто саастаах оҕолор ааҕар кинигэлэрин таһаарар улахан стратегическай суолталаах сыалы – соругу быһаарар күүс буолуон сөп этэ.

Кэпсэттэ Валентина Филиппова