Бары айылҕа оҕолоробут

Ахсынньы 17 күнүгэр Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Доруобуйа күнүн чэрчитинэн, “Дойдум

эмтээх отторо” олус интэриэһинэй кэпсэтии буолла.

Хаһыс да сылларын эмтээх оттору хомуйуунан дьарыктанар Саха Далбар Хотуттара, улууспут “Үнүгэс” түмсүүтэ кэлэн ыалдьыттаата. Түмсүү салайааччыта Раиса Ивановна Васильева боҕуруоскай оту уматан, сыт таһааран ыраастаата. Боҕуруоскай от киһи уйулҕатын уоскутар, туругун тупсарар аналлааҕын таһынан тумуу, сөтөл кэмигэр харыстыыр, ыраастыыр. Ону таһынан Раиса Ивановна хатыҥ сэбирдэҕиттэн утах оҥорон амсатта.

Марианна Варламовна Каташева – Кучу бу кыһыҥҥы, кылыс тыаллаах күн буруолуу сылдьар итии, битэмииннээх утахтары аҕалан чэбдигирдибит, дууһалыын сылаанньыйдыбыт. Чэрии чэйин, хас да үүнээйиттэн, сир аһыттан састааптаах наһаа да минньигэс, хайа да атын дойду эриэккэс хомпуоттарынааҕар минньигэс утаҕын амсайдыбыт. маннык утахтары кэмиттэн кэмигэр оҕолорбутугар, чугас дьоммутугар уонна бэйэбит өрүү иһэ сылдьарбыт буоллар, бөҕө иммунитеттаах буолуох эбиппит. Бу үүнээйилэр састааптарын, доруобуйаҕа туһаларын Марианна Варламовна кэпсээтэ.

Ону таһынан тумуу, хамсык ыарыыларыгар профилактика быһыытынан туттуллар дьыл хайа баҕарар кэмигэр оҥоһуллар настойканы билиһиннэрдэ. Бу настойканан профилактика быһыытынан муннуну, кулгааҕы, сүнньүнү, хоннох аннын сотто сылдьыахха наада эбит. Чэ, быһата, хас биирдии ыалга саамай наадалаах настойка эбит диэн түмүк оҥоруохха наада.

Бу кэпсэтии кэмигэр биир сүрүн болҕомтону- тыыныыга уурар тоҕоостоох диэн кэпсээтилэр. Тыыныыга бары анал эрчиллиилэри оҥордубут, дьиэҕэ үлэ ыллыбыт. Сөпкө тыыныы, хамсаныы олус наадалааҕын олохтон холобурдары аҕалан кэпсээтилэр.

Маннык олус туһалаах кэпсэтиилэри өссө киэҥник тэрийэн, бары айылҕа оҕолоро, быстыспат сорҕото буоларбытын, бэйэбитигэр көмөлөһөр улахан кыахтаахпытын, барыта бэйэбититтэн тутулуктааҕын өйдөөтүбүт.