Бүгүн Үөдүгэй нэһилиэгэр Васильев Валерий Васильевич – Муттуххай Бороҥ аатын үйэтитэр улуустааҕы хоһоон айааччылар күрэхтэрэ буолан ааста. Барыта Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтиттэн, Үөдүгэй, Нам, Тамалакаан, Куду, Туобуйа нэһилиэктэриттэн барыта 22 киһи кыттыыны ыллылар.
Хоһоон абылаҥнаах түһүлгэтигэр кинилэр бэйэлэрэ айан кэлбит хоһооннорун ааҕан көрөөччүлэр сүрэхтэрин долгуттулар. Бииртэн биир истиҥ, хомоҕой хоһооннору аахтылар.

Муттуххай Бороҥ хоһоонноругар саҥа ырыалар айыллан, көй салгыҥҥа дорҕоонноро көттүлэр.
Мелодистар Николай Чуручанов, Мария Алексеева, Теймур Семенов нарын, истиҥ ырыалары айан таһаарбыттар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Саха суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Николай Васильев- Харыйалаах Уола бэрэссэдээтэллээтэ, элбэх кинигэлэр ааптардара Наталия Дордо , Теймур Семенов хоһооннору сыаналаатылар.
Ол түмүгүнэн,
“Көҥүл айааччы” анал ааты Үөдүгэйтэн Любовь Григорьева, “Санаа ууһа” анал ааты Альбина Тамалаканская, “Хомоҕой тыллаах хоһоонньут” анал Надежда Куттаах ыллылар. Ураты уйан, нарын хоһоонноох Сусанна Федороваҕа 7 нүөмэрдээх “Остуоруйа” оҕо уһуйаанын кэлэктиибэ туруорбут анал бирииһэ туттарылынна.
3-с миэстэни – Намтан Вероника Семенова -Хомусчаана, Марта Силигиянова Үөдүгэйтэн ыллылар.
2-с миэстэ Кудуттан Александра Ульянова, Тамалакаантан Мэхээс Серкан, 1- кы миэстэни Үөдүгэйтэн Марианна Хобусарова, Варвара Васильева ыллылар.
Кылаан- чыпчаал үрдүк аата Үөдүгэйтэн Антонина Хобусароваҕа тигистэ. Уонна Муттуххай Бороҥ бииргэ үөрэммит уонна 1981 с. выпускниктар туруорбут бириистэрин 50000 солкуобайы уу харчынан ылла.
