Коррупцияны утары

Ахсынньы 9 күнүгэр – Коррупцияны утары охсуһуу норуоттар икки ардыларынааҕы күнэ.

Бу күн Үөдүгэй дьаһалтатын юриһа Маргарита Олеговна Петрова уонна Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ бэсиэдэ ыыттылар.

Юрист Маргарита Олеговна олус интэриэһинэй холобурдары уонна сыһыаннаах ыстатыйалары сырдатта, кэпсээтэ. Бибилэтиэкэрдэр Арассыыйа Конституциятын уонна туһааннаах кинигэлэри билиһиннэрдилэр.