Сыала: Васильев Валерий Васильевич – Муттуххай Бороҥ аатын үйэтитии
Соруга:
-Иэйиитин хоһооҥҥо тиһэн суруйар, айар дьоҕурдаах дьону булуу, дьон сэргэ истиитигэр, билиитигэр таһаарыы;
-Ийэ тылга тапталы, ытыктабылы иҥэрии, тыл кэрэтин кэрэхсииргэ уһуйуу;
-Айар дьоҕурдаах дьону өйөөһүн, түмүү, көҕүлээһин; бэйэ хоһоонун дьон иннигэр ааҕар дьоҕуру сайыннарыы.
Ыытыллар күнэ, кэмэ: Ахсынньы 14 күнэ, 2024 с., 14:00. ч.
Ыытыллар сирэ: Үөдүгэй нэһилиэгэ, Үөдүгэйдээҕи модельнай бибилэтиэкэ.
Тэрийээччилэр: Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата, Үөдүгэйдээҕи модельнай бибилэтиэкэ, «Үөдүгэй бөрүөтэ» түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтэ.
Кыттааччылар: Үөһээ Бүлүү улууһун айар дьоҕурдаах дьоно икки бөлөҕүнэн кытталлар. 1)18-35 сааһыгар дылы. 2) 35 сааһыттан үөһэ саастаах дьон
Ирдэбилэ:
-Кыттааччы бэйэтэ айан суруйбут эрдэ ханнык даҕаны күрэххэ кытта илик үс хоһоонун киллэрэр;
-Хоһоон тиэмэтэ, арааһа (силлабическай, аллитерационнай) көҥүл, саха тылынан суруллубут буолуохтаах;
-Кыттааччы үс хоһоонун А4 лиискэ 14 бичигинэн (шрифт), устуруока икки ардын 1,5 арыттаах гынан, хас хоһоон аайы аатын суруйан, бэлиэтэнии кэмигэр (регистрация) тэрийээччилэргэ туттарар.
-Күрэх кэмигэр дьүүллүүр сүбэ иннигэр үс хоһоонуттан биир талбытын ааҕан иһитиннэрэр.
-Киирбит хоһооннор ырытыллыбаттар, төннөрүллүбэттэр.
-Кыттыы иһин усунуос – 200 солк.
Түмүк тахсыыта:
Дьүүллүүр сүбэ киирбит хоһооннору көрөн, кыттааччылар хоһооннорун хайдах көрөөччүгэ тириэрдибиттэрин истэн түмүк таһаарар.
Кыттааччыларга барыларыгар Туоһу сурук, кыайыылахтарга, биһирэммиттэргэ Махтал сурук уонна анал бириистэр туттарыллаллар.
Билсэр сэлэспэҕит: 8 9679112124 Валентина Петровна Филиппова
Айар куттаах, хоһоон тыыннаах дьону бука барыгытын күүтэбит!
Сэргээҥ! Көрүҥ! Кыттыҥ!
Тэрийэр бөлөх