Дьылҕа дуу, оҥоһуу дуу?

Бүгүн да тымныы намыраабатах быһыылаах, таһырдьа туох-ханнык буола турарын икки хараҕа көрөрүттэн маппыт Уйбаан Боппуок билбэт. Кини билигин кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорор, манна киирбитэ үһүс сыла, били, отой кырачаан сааһыгар тулаайах хаалан, оҕо дьиэтигэр иитиллибитэ, аны кырдьар сааһыгар эмиэ судаарыстыба көрүүтүгэр киирдэҕэ. Бэйэтэ да сэрэйэринэн олоҕун манна түмүктүүр буолуохтаах.

Сылаас дьиэ, бэлэм ас, таҥаскын сууйаллар, туруккун кэтээн көрөллөр. Ускул-тэскил сылдьар олоххо тэҥниэҥ дуо. Ырай олоҕо. Ол эрээри, ол эрээри хааччах аата хааччах, көҥүл көппөккүн, бэйдиэ барбаккын. Аны кэлэн кэмсиниэҥ, суланыаҥ дуо. Саас ыраатта сэттэ уон иккис хаарын уулларыа этэҥҥэ буоллаҕына. Уйбаан оҕонньор сарсыардааҥҥы аһылыгын аһаан баран уруккуну, оҕо сааһын саныыр уонна тугу гынара баарай?

Бу орто туруу бараан дойду олоҕор хаһан кэлбитэй, түөрэҕэ хайдах түстэммитэй, дьылҕатын ким ыйбытай? Ону Уйбаан билбэт. Отой кыра оҕо эрдэҕинээҕитин хантан өйдүөй. Арай, туох эрэ алдьархай буолбутун кыыс (кэлин билбитэ эдьиийэ эбит) хатан часкыырын, иҥсэлээх уот кыракый дьиэлэрин өрө салаан эрэрин үдүк-бадык өйдүүр. Кыракый уолчаан суорҕаҥҥа сууланан түннүгүнэн таһырдьа быраҕыллыбыт, ийэтэ ол алдьархайга хороччу улаатан эрэр кыыһа кутталыттан тахсар ааны да булбат буола уолуйбутун туох түбэһэр таҥаһы оҕотун санныгар саба быраҕан таһырдьа аспытын бэйэтэ ол быһылаан содулуттан балыыһаҕа киирэн сырдык тыына быстыбытын букатын хойут истибитэ. Уйбаан эдьийинээн тулаайах хааллахтара ол. Син аймахтарын эҥээрдэһэн кыһыны син туораабыттар онтон оройуон киинигэр киирэн аймахтары көрдөөһүн, ол быыһыгар ыалдьан балыыһаҕа киирии, хата, ханнык үтүө санаалаахтар көмөлөрүнэн детдому булбутун ончу билбэт. Детдом диэн элбэх оҕолордоох, улахан дьиэлэрдээх, ыраас утуйар таҥастаах, минньигэс тотоойу аһылыктаах абыраллаах дойду эбит. Уйбаан үөрэнэр сааһын туола илик, хата бэйэтин саастыыта Аркаас диэн уоллуун , улахан оҕолор үөрэнэ барбыттарын кэннэ кураанах уораҕайга иккиэйэх хаалан мэниктииллэрин бэркэ өйдүүр.

Уйбаан мытырыллыбыт “пыш” курдук эттээх-сииннээх оҕо, тэтэркэй имнээх, мэлдьи мичээрдии сылдьар, сэмэй, мээнэ өрүкүнэйбэт холку, аһыныгас оҕо. Кини атаһа Аркаас ончу атын, хап хатыҥыр, улахан дьон баарыгар мэниктээбэт, саҥата суох, иккиэйэх хааллахтарына мэнигэ, саҥата тиллэр. Детдом оҕото барыта хос ааттаахтар, атаһа Аркаас “скелет” диэн, наһаа ырыганын иһин ини, Уйбааҥҥа биир да хос аат иҥмэтэх, сыстыбатах, ким да диэн ыыстаатыннар кыыһыран, ыыстаһан барбат, бадаҕа, ол онтон төрүөттээх буоллаҕа. Уйбааны көрбүт эрэ улахан дьон таптыы, ымманыйа көрөллөрө баар суол.

Биирдэ атаһынаан Аркаастыын бөһүөлэк киинигэр турар  лааппыга туох да соруга суох бара сылдьыбыттаахтар, көр, онно лааппыттан тахсан иһэр мааны дьахтар утары көрсүбүт оҕолорун тохтотон Уйбааны төбөтүттэн имэрийэн баран:

– Тоойуом, миэхэ оҕо буолуоҥ дуо? – диэн ыйытан кыбыһыннардаҕа.

Уйбаан умса көрөн туран: “Буолуом этэ,” – диэн бэрт симиктик иһиттэн саҥа таһааран хардарбыта.

Мааны дьахтар хап- хатыҥыр Аркаас сириллэн эрэрин өйдөөн, сирэйэ куһа5ан буолбутун көрөн:

– Эйигин эмиэ оҕо гыныам , – диэн ытыы сыспыт атаһын уҕарыттаҕа.

Уйбаан оҕонньор ол хаһан эрэ былыр ааспыт оҕо сааһын санаан, мичик гынан ылар. Ол кэмнээҕи үтүө түгэннэр биир биир сиэтиспитинэн элэҥнэһэллэр.

Биир үтүө сайыҥҥы күн ханна эрэ улдьааран детдом дириэктэрэ оҕолору стройдатан улахан мунньах ыыппыт эбит. Уйбаан оҕолор бүтэн тарҕаһан эрдэхтэринэ түбэһэ кэлэн туох туһунан кэпсэтии буолбутун билбэккэ хаалла, утары тахсан иһэр оҕолор быыстарыттан Ымай Куола диэн обургу уолтан тугу кэпсэппиттэрин сураста.

– Ээ, шефтэһии туһунан эттилэр, эйигин Хлебова Аняҕа анаатылар.

– Ол шефтэһэр диэн тугуй? – Уйбаанчык билбэт тылыттан саллан улахан уол ону булгу билэригэр эрэнэр буолан ыйытта.

– Хаалтыһын (оччолорго обургу оҕолор «пионер»  диэн ааты сүгэллэрэ уонна ол бэлиэтэ кыһыл хаалтыстаах буолаллар) сүтэрдэҕинэ булан биэрэҕин, – диэн уол мас-таас курдук кытаанахтык этэн кэбиспитигэр Уйбаанчык дьэ, салынна: “оо, хаалтыһын сүтэрбэтэ буоллаар” – диэн быыһаныах санаалар киирдилэр.

Хата, ол онон умнууга хаалан ким да хаалтыһын көрдөөбүтүн өйдөөбөт. Хата улахан кыргыттар наар харыстыы, ымманыйа сылдьар буолаллара кыахтарынан маанылыы сатыыллара. Детдом улахан кыргыттарын барыларын эдьиийдэрин курдук саныыр ээ, билигин даҕаны, ордук Сидорова Галяны истиҥник ахтар. Галя наар үөрэ сылдьар, ис киирбэх сэбэрэлээх, наһаа аламаҕай, арай төрөппүт Ийэ эрэ итинник ини диэн саныыр билигин Уйбаан. Сайыҥҥы өттүгэр Галя барахсан колхуоска үлэлээн эрдэҕэ, оҕус миинэн молоко сыарҕаҕа тугу эрэ тиэнэн детдом аттынан ааһан иһэрин икки кыра уол манаан туран сүүрэн бытыгыраһан тиийэн, оҕус арҕаһыгар хатаастан тахсан ким эдьиийи кууһан олорорун былдьаһаллара. Хата, Галя биирдэрин иннигэр, биирдэрин кэннигэр олордуталаан Сах тэҥэ суох туттан санааларыгар ыраахха дылы барсаллара, эдьиийдэрэ:

– Чэ, оҕолор, түһүҥ ыраатаары гынныбыт, – диэтэҕинэ оҕустарыттан ырычаахтаһан түһэн детдомнарыгар сүүрэллэрэ.

Оҕо саас барахсан оонньоон – мэниктээн түргэнник да аастаҕа. Уонна туох үтүө түгэннэрэ баалларай.

Биир умнуллубат өйдөбүлүнэн: үчүгэй үлэтин, үөрэҕин иһин Москубаҕа экскурсияҕа бара сылдьыыта. Детдомтан үс буолан, Суханов диэн нуучча киһитэ салайааччылаах айаннаабыттара. Ол Суханов бука, учуутал эбитэ буолуо, билигин ону умнубут. Ыраах хаһан да тэлэһийбэтэх оҕо соһуйара, сонургуу көрөрө элбэх этэ буоллаҕа. Бастаан Дьокуускай да куораты көрөн улаханыттан киһитэ элбэҕиттэн сөҕөн бөтө бэрдэрбитэ ээ. Аны, Ил-18 диэн түөрт мотуордаах сүүнэ улахан көтөр аалы илэ көрөн долгуйбутуон, ама, дьиҥнээх буолуо дуо диэн итэҕэйиэ суох курдуга. Москубаҕа көтөөрү ол сөмөлүөттэригэр сүрдээх үрдүк кирилиэһинэн иһирдьэ киирии эмиэ да остуоруйаҕа тэҥнээх, эмиэ да илэ курдуга. Тугу аһаппыттарын, төһө өр көппүттэрин бу диэн чопчу өйдөөбөт. Домодедово аэропортан оҕолору көрсөр автобуска олорон аны Москуба устун айаннаабыттара чаҕылхай түгэн этэ, били, Дьокуускайы сөҕө көрбүтэ диэн, дьэ дьиҥнээх улахан куорат манна эбит ээ.  ВДНХ аркатыгар тиийэн сүөккэнэн чугас баар «Колос» диэн гостиницаҕа тиийэн түһүүлэммиттэрэ. Уончаҕа чугаһыыр хонукка сылдьан тугу-тугу көрбөтөхтөрөй?

Биири соһуйа көрбүтүн күн бүгүнүгэр дылы умнубат, ол яблоня маһыгар күөх дьаабылыкалар элбэхтэрэ бэрдиттэн лабаалара уйбакка сиргэ дылы намылыйбыттара. Тугу эрэ уоран эрэр курдук сананан дьон аҕыйаҕар ол дьаабылыкалартан биири туура тардан ылан амсайбыта аһыыта бэрт эбит этэ.

Ааспыт барыта күндү дииллэр, оннук да быһыылаах. Уйбаан уол оҕо буолан кыргыттары сэргии көрөр сааһыгар Исакова Лиза диэн кугас баттахтаах, сырдык хааннаах, бэйэтигэр сөрү сөп эттээх бииргэ үөрэнэр кыыһын ыбылы таптаан турардаах. Ол котокуну билигин да иһирэхтик -истиҥник санаан ылар. Көр, оннооҕор, аттыгар да чугаһаатаҕына долгуйара, алҕаска тарбаҕынан кыыс илиитин таарыйдаҕына, туохха да тэҥнэммэт минньигэс иэйии сүрэҕэр кутуллара, тарбахтарын устун итии, нарын сүүрээн мэйиитигэр дылы дьырылатара. Ол кэрэ кэмнэргэ «таптыыбын» диэн алыптаах тылы кыыска этиэ баара дуо? Чыпчаал муҥур дьолунан бытаан музыка тыаһыгар доҕуһуоллатан биирдэ үҥкүүгэ ыҥыран, Лиза синньигэс биилигэр илиитин ууран ытыһынан нарын тарбахтарын бобо тутан танго алыптаах дьүрүһүйэ кутуллар дуорааныгар бас бэринэн кэми кэрдиини, сири – дойдуну умнан төһө өр манньыйбытын ончу билигин да билбэт. Эмиэ да кыл түгэнэ, эмиэ да барыны бары умнан таптыыр кыыһын күөнүгэр сыстан өөр да өр мэҥэ халлаан үрдүк мындаатыгар дайа сылдьар курдуга. Ханна эбитиҥ буолла маҥнайгы килбик тапталым? Этиллибэтэх кичим санааларым ымыыта, билэриҥ, сэрэйэриҥ дуо, Лиза, мин таптаан эрэйдэнэрбин, килбигийэрбин? Сол курдук онуһу бүтэриэхпитигэр дылы биир паартаҕа олорбуттара да таптал туһунан биир ды тылы быктарбатаҕа.

Ханнык баҕар уол курдук дойдутугар ытык иэһин төлүү Аармыйаҕа олус бэркэ сулууспалаабыта. Братскай куоракка радиолинейнай механиктары бэлэмниир учебкаҕа үөрэммитэ уонна Забайкальеҕа сүрүн сулууспатын ааспыта. Саллааттыы сылдьан арыгы диэн астарын амсайан бэркэ үөрэн – көтөн турардаах.

Дойдутугар кэлбит үөрүүтүгэр итириэр дылы иһэн, оо, кэһэйэн да турардаах, үс күнү быһа оронтон турбат гына ыалдьыбыта ээ, аат аһын аны иһиэ суох курдук санаммыта да, хантаан? Арыгы барахсан угуйар, алыптыыр күүһэ кими кыайбатаҕай?

Өй -төй булан үлэ көрдөнүүтэ. Судургутун талан үөрэммит оскуолатыгар хачыгаардыы киирэр. Били иһиэ суох буолбут арыгыта бэйэтигэр салыҥнаах илимигэр аргыый аҕай Уйбааны сөрөөн, хам ылан испитэ, эдэр киһи арыгыһыппын диэн ончу санаммат, үөрүүгэ, доҕоттору кытта  “тэп” эрэ гыннарар курдуга. Оһоҕун да сүгүн оттубат, ол иһин буолуо халлаан сылыйбытын кэннэ дириэктэрэ ыҥыран атын үлэни буларыгар сүбэлээбитэ.

Хайыай,  ким да былдьаспат, тардыспат үлэтэ – хотон үлэтэ буоллаҕа. Субай сүөһүнү көрөөччүнэн бөһүөлэктэн тэйиччи олохтоох учаастакка тахсан кимнээҕэр табыллан үлэтин саҕалаабыта ээ. Кыратыттан оскуола тыыннаах муннугар үлэлээбит буолан борооскулары алыһын таптаан көрөрө – истэрэ. Хам хаадьаа бөһүөлэккэ киирдэҕинэ атас – доҕор кучуйан бэйэтэ да баҕаран арыгын испэхтиирэ. Кыратыттан сэмэй буолан, ончу айдаана суоҕа, охсуһуу диэҥҥэ чугаһаабатаҕа, көнөтүн, боруога суоҕун иһин буолуо, ким да охсуһа, кырбыы сатаабат буолара.

Аны кыргыттартан кыбыстара, кинилэри аанньаллар курдук көрөрө, содур диэн кинилэргэ сыстыбатах диэн санаалааҕа, уолаттар кыргыттары атаҕастаан эрэ хоонньоһоллорун курдук өйдүүрэ. Ситинник санааны урукку сэбиэскэй үөрэх бигэтик иҥэрбит буоллаҕа дуу?  Оннук өйдөөх – санаалаах сылдьан ойох ылыа дуо? Ханна кыайтарбат үлэлээх пиэрмэ баар да онно Уйбааны ыытан иһэллэр, истигэнэ тук хоту сылдьар буолан ыраах, чиэски учаастактарга тиийбитэ – түгэммитэ эрэ баар. Арыт бостуук, арыт ыанньыксыт, арыт субай сүөһүлэри көрөөччү. Ситинник сыл – хонук сукуллан бардар барар, арай Уйбаан уларыйбат соҕотох сылдьар, пиэрмэ үлэһитэ.  ​

Арыгы барахсаны ханна илдьибэтэхтэрэй, чиэски учаастактарга да ол алдьатыылаах утахтара тиийэн итирдибитэ эрэ баар. Уйбаан үлэтиттэн сынньаннаҕына арыгы иһэр, арыгылаатар да үлэтин бырахпат, тойоттор да Уйбааны сирбэттэр, тустаах үлэтин толорор, онтон иһэри киһи барыта иһэр.

Билигин сааһыран олорон икки түбэлтэни санаатаҕына уйадыйар ээ.

«Туойдаах» пиэрмэтигэр бостуктуу сырыттаҕына, муҥур кутуруктаах сүрдээх оттомноох ынах «Дьуоҕалаах» көлүйэҕэ уулаары киирэн баран оборчоҕо түһэн тахса сатаан муҥнанарын, көмөлөһөр туох да кыаҕа суоҕуттан төттөрү – таары сүүрэкэлээбитэ аҕай. Дьон ыҥырыаҕын бөһүөлэк ыраах, ыанньыксыт дьахталлардыын муоһуттан быалаан соһо сатаабыттара да кыайбатахтара. Соннук көрдөрбүтүнэн хаарыан ынахтарын бадарааҥҥа былдьахтара ол. Ол ынах ааттаспыт уу – хаар баспыт харахтарын тоҕо да умнуой?

Аны сэбиэскэй тутул ыһыллан сопхуостар баайдарын үллэстии айдаана оргуйан турбат дуо? Пиэрмэ ынахтарын далга хаайан туран элбэх мөргүөр кэнниттэн ким ханнык ынаҕы – сүөһүнү ыларын чопчулаһан баран анаммыт ынахтарын дал тас өттүгэр таһааран сорохтор сонно сүүскэ биэртэлээбиттэрин көрөн Уйбаан ытаан ылбыта, эрэйдээхтэр, кинилэргэ да күн сирэ күндү буоллаҕа. Ол үллэстии күһүн хаар кыыдамнаан эрдэҕинэ буолбута, онон хотоно суох, от оттообокко пиэрмэҕэ, сорох тутууга сылдьыбыт дьон ылбыт ынахтарын сүүскэ эрэ биэрэр буоллахтара. Уйбааҥҥа тиксибит ынаҕын ыал тэлгэһэтигэр туруора сатаан баран эмиэ сүүстээтэҕэ. Атыннык дьаһаллар кыаҕа суоҕа. Аны сопхуос суох, үлэ суох, хата, сааһа ситэн биэнсийэҕэ тахсан син аччыктаан өлбөтөҕөр махтал. Ыалтан ыалга кыбыллан аһыыр аһаабат, арыгы аргыстаах, буокка доҕордоох олох саҕаланнаҕа.

Түүл – бит курдук олох түргэнник да сукуллубут. Ол быыһыгар, эр киһи буоллаҕа буолан, Арайыыса диэн огдообо дьахтары кытта бииргэ олорбуттара, дьахтар да арыгы иһэрин сөбүлүүр, ол эрэйдээҕэ күн сириттэн күрэммитин кэннэ, дьэ, ыарахан олох саҕаламмыта. Хаһаайкалаах эрдэҕинэ туттуна соҕус арыгылаабыт буоллаҕына, сиргэ, хонууга охтуу, түбэһиэх дьону кытта суксуруһуу, ыарахан олоҕо таайан дуу, сүлүһүннээх арыгыны иһэн дуу? Икки хараҕыттан матан хаалбыта. Хата, ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат – диилэринии бииргэ үөскээбит оҕолоро (сааһырбыт дьон буоллахтара) тустаах докумуоннары хомуйан, отой быстыах киһини кырдьаҕастар дьиэлэригэр киллэрээри ситиһэн бу олордоҕо.

Олоҕор туох сыыһаны оҥорбут аньыытыгар оҕо – уруу тэниппэккэ, уһун уоту оттубакка соҕотох кырдьан хаалбытын бэйэтэ да билбэт. Оҕо сааһын доҕоро Аркаас ханна тиийбитин – түгэммитин билбэт. Сураҕын иһиттэххэ киин улууска олорор үһү. Кини да үөрэх ылбатах, үрдүк солоҕо тиксибэтэх сурахтааҕа.

Бай, төлөпүөнэ тыаһаата, илиитин иминэн ылан холбонон истибитэ, хаһан эрэ истибит, билэр саҥата иһилиннэ.

– Уйбаан, эн дуо? – диэн саҥаны алыһын сэҥээрэ иһиттэ.  

– Эн нүөмэргин Шураттан ыллым хайа хайдаххыный? Аркааспын дии, – диэн саҥаны истэн аһара долгуйда, Аркаас баар эбит диэн үөрдэ. Бу кэмҥэ сиэстэрэ кыыс аһылык аҕалан аһыыр кэм буолбут эбит.

– Аркаас, аһылыкпыт буолла, кэлин эрийээр, – диэн этээт төлөпүөнүн араарга күһэлиннэҕэ

Күлүгэ Суох уола Аар Хаадьы Силис, Үөһээ Бүлүү

Ыам ыйын 14 күнэ.