Үөдүгэйдэр – олоҥхо дэкээдэтигэр

Саха сирин үрдүнэн Олоҥхо дэкээдэтэ бүгүн түмүктэнэр.Норуот уус- уран айымньытын муҥутуур чыпчаала буолбут Олоҥхо суолтата сыллата үрдээн иһэрин бэлиэтиэххэ наада.
Олоҥхоҕо аналлаах тэрээһиннэргэ оҕо- аймах, дьон- сэргэ кыттыыта кэҥээн иһэр.

Быйыл Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Олоҥхо дьыктааныгар 12 киһи кыттыыны ылла.

Д.С.Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи гимназия оҕолоро учууталларынаан, Үөдүгэйдээҕи “Ийэ тыл” түмсүү салайааччыта Герасим Александрович Егоровтыын Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ кэлэн Н.С.Александров – Ынта Никиитэ “Көр Буурай бухатыыр” олоҥхотуттан быһа тардыыны ааҕан, Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим оҕолорго аналлаах “Олоҥхо- аудио” бырайыагар кыттыстылар.

Д.С.Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи гимназия оҕолоро Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр “Куоппат- куойбат, куттаҕаһа суох Күн Дибилитэр Бухатыыр” олоҥхону толордулар.
Олоҥхо ааптара – СӨ Социальнай сайдыытын уонна Култууратын туйгуннара, өрөспүүбүлүкэҕэ Дархан оһуокай этээччи, тойуксут Валентина Владимировна Семенова. Кини  салайар ,үөрэтэр оҕолоро бүгүн олоҥхону толорон, дьон- сэргэ биһирэбилин ыллылар.

Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр В.Каратаев “Модун Эр Со5отох” олоҥхотуттан быһа тардан “Моҕул кугас аттаах Модун Эр Соҕотох”  мүччүргэннээх сырыыларын М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей – интернат 5-с “а” кылааһын оҕолоро куукула дьоруойдарын көмөтүнэн көрдөрдүлэр.
Салайааччы – СӨ култууратын туйгуна, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх этээччитэ, Н.И Бойлохов аат. Оҕо искусство оскуолатыгар фольклор салаатын учуутала Марианна Хобусарова

Сахалыы мааны астаах сандалы тардылынна, дьон -сэргэ олоҥхону сэргии иһиттилэр, сэргэх күннэр  Үөдүгэйгэ буоллулар.

Үөдүгэйдэр инники эрэлбит, И.Н. Барахов аатынан бастакы нүөмэрдээх орто оскуола 1-кы кылааһын үөрэнээччитэ Алдаана Тобохова эрэгийиэннээҕи “Ноо” олоҥхо толоруутун күрэҕэр кыттан 1-кы үрдэли ылла. Салайааччы – 4 нүөмэрдээх “Сардаана” оҕо уһуйаанын үлэһитэ Саргылана Тобохова.

Санатан эттэххэ, Алдаана былырыыҥҥы “Ноо” улуустааҕы олоҥхону толоруу күрэҕэр Кылаан Чыпчаал аатын ылбыта.Сыл устата улахан таһымнаах олоҥхо, хомус, ырыа күрэхтэригэр кытынна. Кинини үөрэтэн, сайыннаран таһаарбыт салайааччыта – Алина Макарьевна Васильева.