Саҥа кинигэ сүрэхтэннэ

Сэтинньи 29 күнүгэр О.Д. Федорова аатынан улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэҕэ философия билимин дуоктара, Саха сирин наукатын Үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ Учууталларын учуутала, уопсастыбаннай диэйэтэл, Саха норуотун чулуу уола Виктор Данилович Михайловка аналлаах «Философ, Просветитель, Профессор Виктор Данилович Михайлов» диэн саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ ыраахтан-чугастан ыалдьыттар, Виктор Данилович аймахтара, бииргэ алтыспыт доҕотторо, үөрэнээччилэрэ тоҕуоруһа мустан олус истиҥник ахтан-санаан аастылар.

            Бу кинигэҕэ Виктор Данилович туһунан чугас дьонун, бииргэ үөрэммит, алтыспыт доҕотторун, бииргэ үлэлээбит табаарыстарын ахтыылара киирдилэр. Ону таһынан Виктор Данилович уонна Тамара Михайловна Михайловтар философскай нэһилиэстибэлэригэр туһуламмыт бастакы эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы «Диалог согласия в память профессоров СВФУ Михайловых” научнай -практическай конференция кыттыыллаахтарын дакылааттара киирбиттэр.

            Үөдүгэй нэһилиэгиттэн бу кинигэҕэ И.Н. Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола алын кылааһын учуутала Н.В. Чуручанова «Уол оҕону иитиигэ туһуламмыт кылаас бырайыага», Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ сүрүн бибилэтиэкэрэ В.П. Филиппова Сургуулук орто оскуолатын дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччы Л.А. Ксенофонтовалыын оҥорбут «Изучение и увековечивание ученых из Верхневилюйского улуса” диэн бырайыактара кинигэҕэ киирбиттэр.

            Бу кинигэ устуоруйа биир кэрдиис кэмин кэпсиир, үгүс үтүөҕэ үөрэтэр  дьоһуннаах кинигэ олохпут суолун сырдатыаҕа, саҥа санаалары, толкуйдары үөскэтиэҕэ.