Чөл, чэгиэн сылдьыаҕыҥ

Сэтинньи 26 күнүгэр Аан дойдуга “День борьбы против ожирения” күнэ бэлиэтэнэринэн сибээстэн, Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ “Ожирение как фактор риска заболеваний” диэн тиэмэҕэ кэпсэтии буолла.

Бибилэтиэкэр Р.И.Долгунова бу тиэмэҕэ анаан бэлэмнээбит слайдаларын көрдөрдө, сырдатта. Ол кэннэ спикер Иранна Егоровна Макарова барыларыгар анал ыйааһынынан хас биирдиилэрин ырытан көрдө. 6 киһиттэн бастыҥ көрдөрүүлээх 2 киһи, бэйэлэригэр сөптөөх ыйааһыннаахтар, эттэрин-сииннэрин туруга бэйэлэрин дьиҥ саастарынааҕар эдэр буолан биэрдэ. Уопсай түмүк үчүгэй эрээри, аһылыгы көрүнэр, элбэхтэ хамсанар наада диэн буолла.


Кэлбит дьон тус сүбэ – ама ылан, үөрэн – көтөн бардылар.