Улууспут киэн туттар учууталлара , СӨ Үөрэҕириитин туйгуннара, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһиттэрэ, Үөдүгэй нэһилиэгин олохтоохторо Мария Тимофеевна Александрова уонна Наталья Васильевна Чуручанова “Сэрэхтээх Сэмэликээн үөрэҕэ» диэн оҕолору үөрэтэргэ аналлаах босуобуйаны 2018 сыллаахха оҥорбуттара.

Бу босуобуйаҕа Николай Якутскай айымньыларынан аһаҕас уруоктар: Николай Якутскай “Сэрэхтээх Сэмэликээн кинигэтинэн кылаас таһынааҕы уруок бырайыага”, Николай Якутскай “ Үс ини-бии», төрөөбүт тылынан литературнай ааҕыыга бырайыак соруктаах уруок, Николай Якутскай “Булчуттар” аһаҕас уруок, саха норуодунай суруйааччыта Н.Г. Золотарев -Николай Якутскай төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах кыра кылаас оҕолоругар литературнай күрэх сценарийа киирбиттэр.

Ону таһынан «Сэрэхтээх Сэмэликээн” кинигэҕэ киирбит остуоруйаларга тылдьыт, Николай Якутскай айымньыларынан исценировкалар, оҕолор кэпсээннэри төһө өйдөөбүттэрин бэрэбиэркэлиир, ааҕыы грамотноһын чопчулуур тургутуктар кылаастарынан киллэриллибиттэр.

Бу саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай айымньыларын үөрэтэр босуобуйаны И.Н. Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола уонна Д.С. Спиридонов аатынан улуус гимназиятын алын кылаас учууталлара үөрэтэллэр. Инникитин бу үөрэтэр босуобуйаны элбэтэн, киэҥ эйгэҕэ таһааран улуус учууталларыгар тарҕатар тоҕоостоох эбит.