Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр бүгүн нэһилиэкпит биир ааҕар дьиэ кэргэнэ Семеновтар сырыттылар. Субуота күн ыал ийэтэ Анна Егоровна быыс булан кыыһынаан Надя Семеновалыын, М.А. Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт 5-с кылааһын үөрэнээччитин кытары кинигэ, сурунаал көрдүлэр.
Надя биология, история бэрэдимиэттэрин интэриэһиргиир эбит. Онон оҕолорго аналлаах биология энциклопедиятын, ийэтэ Анна улуу нуучча суруйааччыларын айымньыларынан уларыстылар.
Күндү төрөппүттэр, бэйэҕит холобургутунан оҕолоргутун кинигэни таптыырга үөрэтиҥ, ааҕарга көҕүлээҥ. Барыгытын Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ ыҥырабыт.