Сэргэх маастар-кылаас

Бүгүн оҕолор күһүҥҥү сынньалаҥнарын кэмигэр сөп түбэһиннэрэн,   Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ  олус интэриэһинэй, сэргэх маастар – кылаас буолан ааста. 

Саргылана Семенова гипсэнэн оҥоһуктарга маастар – кылаас ыытта. Оҕолор үлэлэрин түмүгүн  кэтэһэр кэмнэригэр өйү сайыннарар, сытыылыыр оонньуулары ыытта. 

Саамай тоҕоостооҕо – Саргылана оҕолору кинигэҕэ сыһыарар, ийэ тапталы иҥэрэр сыаллаах Рафаэль Баҕатаайыскай “Мөһүүрэлээх бөтүүктэр” кинигэтин мүнүүтэҕэ аахтарда. Саамай элбэх тылы М.А. Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей – интернат 5-с кылааһын үөрэнээччитэ Күннэй Осипова ааҕан, маастар – кылааска босхо сырытта. 

Оҕолор салгыы Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ кинигэ, сурунаал көрдүлэр, уларыстылар