Үөдүгэй төрөппүттэрэ оҕону иитии кистэлэҥнэрин туһунан кэпсэтэллэр

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ К. С. Чиряев аатынан норуот педагогикатын киинин методистара, Учууталлар учууталлара Федора Алексеевна Васильева, дьоруой Ийэ Валентина Захаровна Осипова, дириэктэр Раиса Алексеевна Васильева кэлэн төрөппүттэри кытары көрсөн оҕо иитиитин кистэлэҥнэрин кэпсээтилэр.

Сүрүнүн сүһэн ылан билиһиннэрдэххэ, хас биирдии ыалга аҕа оруола, суолтата улаханын кэпсээтилэр. Кини баара оҕо олоҕор олус элбэҕи биэрэрин, тирэх буоларын туһунан дьиҥ олохтон холобурдаан туран кэпсээтилэр.

Оҕо 90% төрөппүтүн көрөн үөрэнэр. Онон эһиги оҕоҕутун тус холобургутунан иитэргитин умнумаҥ диэн сүбэлээтилэр. 

Сир үрдүгэр саамай ыарахан идэ – салайар уонна иитэр үлэ диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. 

Оҕону кытта кыра сааһыттан аһаҕастык уонна истиҥник кэпсэтии наада. 

Улуу педагог Г. Н. Волков эппитинэн, аан дойдуга үс улахан куттал баар. Ядернай сэрии, арыгы уонна тэлэбиизэр, төлөппүөн содула. 

Эн баҕар сэттэ да үөрэхтээх буол, төрүт дьарыккын, үгэстэргин, төрөөбүт тылгын билбэт буоллаххына, олоххо бэлэмэ суох буолаҕын. 

Бу курдук оҕону иитии боппуруостарыгар саамай тоҕоостоох, туһалаах сүбэлэри иһиттибит. 

Ответить

Переслать

Сохранить в заметку