Сидорова Галина Степановна,
үтүө, сырдык киһиэхэ ананар.
Кини кимий? Онтон эдьиийим. Сып сылааһынан көрбүт хара харахтаах, мичээр киэргэппит номоҕон сирэйдээх, хаһан да кыыһырбат, элэккэй киһи – кини эдьиэй Гааля.
Ону баҕас Өлөксөй уол кыратыттан билэр. Бастаан, отой да саллыбыттаах ээ, ол эдьиийиттэн. Дьэ, ол, маннык.
Сайын үгэнэ, ханна эрэ улдьааран олорор корпуһугар кэлбитэ (детдом оҕолорун олорор дьиэтэ) оҕо бөҕө утары суугунаһан тоҕо анньан тахсан иһэллэр. Туох эрэ буолбут, сылдьыбатахпар сэмэлэнэн эрдэҕим дии саныыр Өлөксөй уол. Туох буолбутун билээри бэйэтин саастыы оҕону көрө сатыыр, онто да аллар атаһа Уйбаан Боппуок эрэ буоллаҕа. Уола көстүбэт. Утары обургу саастаах Ымай Куола тахсан иһэрин тохтотон ыйыталаһааччы буолла
Тугу мунньахтаатыгыт?
Шефтэһии туһунан, эйигин Сидорова Галяҕа анаатылар.
Ол тугуй “сиэптэһии” диэн?
Ээ, ол кыыс пионерскай хаалтыһын сүтэрдэҕинэ булан биэрэҕин – диэт Куола ааһа бара турда.
Өлөксөй санааҕа түстэ, оо, дьэ, хаалтыһын сүтэрбэтэ буоллаар – диэн уоскутана сатыыр. Дьиҥинэн, ыһыах кэмигэр детдом остолобуойа күнүскү өттүгэр үлэлээбэтинэн улахан кыргыттарга кыра иитиллээччилэри хоччуопаҕа аһатарга диэн хаччы оҕото биэрэллэр эбит, ону шефтэһии диэн эрдэхтэрэ. Чахчы да, өтөр ыһыахтар саҕаламмыттара. Өлөксөй Уйбаанныын ыһыах көрүгэр аралдьыйан аһыыр туһунан да санаабаттар. Дьуохар түһүлгэлэрин кэрийэн, тэҥнээхтэрин бөһүөлэк оҕолорун, булсан мэниктиир, ооньуур үлүскэнигэр сырыттахтарына Галя Сидорова ыксаан аҕай кэлэн;
Хайыы, бу оҕолору да, нэһиилэ буллум дии баарыаҥҥаттан аһаабакка сылдьаахтыыгыт дуо?
Уолаттар саҥата суох улахан кыыс иннигэр сукуллан тураллар.
Чэ, эрэ бардыбыт – диэт Өлөксөйдөөх Уйбааны эр биир сиэтэн ас сыта кэлэр, ыһыахтыыр арыы ойууру кыйа сиэрдийэ бүтэйи батыһа уһун субурҕа остуоллардаах хоччуоппалыыр сирдэригэр аҕалан хара бараан сирэйдээх аҕамсыйбыт дьахтар дьаһайар остуолугар хаптаһын олох маска олордуталаата, асчыт хотуҥҥа тугу эрэ эттэ онуоха биирдэрэ Өлүөскэлээх иннилэригэр тэриэлкэлээх миини уурталаата, килиэп быста, алаадьы уурда. Өлүөскэ уол маннык миини хаһан да испэтэх эбит, онтулара үөрэ миинэ диэн эбит. Гааля уолаттары аһыммыттыы көрөр, кини диэкки көрдөхтөрүнэ ийэлии эйэҕэстик мичээрдиир:
Аһааҥ, аһааҥ, оҕолор – Гааля оҕолору ыксаппат. Күнү быһа аһыылларын умнан мэниктээбит оҕолор ис миинин мотуйдулар, аны асчыт дьахтар икки куурусса сымыытын уолаттарга уунна.
Ылыҥ, ылыҥ – диир Гааля, мичээрдиир.
Сымыыттарын охсуһуннараат, хахтыы охсон сиэн кэбистилэр. Эчи үчүгэйин, Өлүөскэ ордук ап араҕас иһинээҕи төгүрүгүн сөбүлээтэ. Тотон, сылаанньыйан олордохторуна эдьиий Гааля сиэтэн ыһыахтыыр арыы ойуур иһирдьэтигэр илтэ. Дьон тоҕуоруһан турар сирдэригэр чугуһаатахтарын аайы лыҥкынас куоластаах кыыс ыллыыра иһиллэр. Эчи ыллыыра улаханын, ырааһын
Маҕан солко былаатынан
Мааны кыыстыы далбаатанан
Көтөн тахсан кыталыктар …
Өлүөсэ кыталыктара кытта тэҥҥэ көтүөн баҕарда, чугаһаан кэлэн көрбүттэрэ детдом кыыһа Валя Герасимова ыллыы турар, дьон чуумпуран мэктиэтигэр тыыммакка да истэллэр. Кыыс ыллаан бүтэн түргэн үлүгэрдик дьон быыһыгар киирэн сүтэн хаалла, истиэхпитин иһиттибит диэбиттии дьон тарҕаһар аакка бардылар.
Уолаттар, киэһэ буолла, корпускутугар сүүрүҥ – диэт Гааля уолаттары төбөлөрүттэн имэрийэн, ойууртан тахсар ыллыкка аҕалан атаарталаата. Өлүөскэлээх, Уйбаан “Арыыттан” тахсан ыраах көстөр бөһүөлэк диэкки сүүрүүнэн түһүнэн кэбистилэр.
Ыһыахтар бүттүлэр, сайын барахсан үгэнэ итии сатыылаабыта ыраатта, оҕо – аймах сөтүөттэн ордубат. Биир үтүө күн, обургу уолаттары кытта Өлүөсэ, Уйбаан куруук сөтүөлүүр “Көпөөк” көлүччэлэригэр баран эрэллэр. Аккыраай аартыгар тиийэн ойуур иһинэн томточчу кутуллубут буордаах былыргы суол омоонугар тиийиэхтээхтэр, онтулара да мэһэйдээх, быһа барарга Бабыкаанап оҕонньор оттоох күрүөтүн ааһыахтаахтар, оҕонньор бэйэтэ баар буоллаҕына атырдьаҕын өрө туппутунан оҕолору сырсар буолааччы, улахаттар соруйан да онон барааччылар, оҕонньору кыынньаан бэйэлэрэ мэниктэригэр кутталлаах быһылаантан өрө күүрэн ылаары буоллаҕа. Күрүөлэрэ да сонос талахтартан хатыйан оҥоһуллубут быыһа суох бэрт кичэллээх оҥоһуулаах. Бу да сырыыга улахаттар онон бардылар Өлөксөйдөөх Уйбаан кэннилэриттэн саппай уопсан иһэллэр. Оттоох күрүөнү ортолоон эрдэхтэринэ, оҕонньор хаһыыта иһилиннэ. Кур кэбиһиилээх от кэниттэн кыраабылы күөрэччи туппут маҥан баккылаах, оннук ырбахылаах хатыҥыр оҕонньор сүүрэн иһэр эбит, улахаттар тилэхтэрэ эрэ көстөн хааллылар, икки кыралар уолуйан турбут сирдэригэр хараҕаланнылар, оҕонньор улахаттары сырсан омунугар кыралар аттыларынан сүүрэн ааста, сиппэтэ буоллаҕа. Онтон куттанан барар сирдэрэ баҕана үүтэ, кэлэр сирдэрэ кэлии үүтэ, халлаанаан көтүөхтэрин халлаан ыраах, сирдээн тимириэхтэрин сир кытаанах буолан турар кырачааннарга кэлэн, күлэн мичээрдии- мичээрдии төбөлөрүттэн имэрийтэлээтэ
-Куттанымаҥ оҕолор, тахсар сир бу баар – диэн сиэрдийэ күрүөҕэ дылы сирдээн аҕалла, быраҕан барбыт чолоҕордоргутун ситиҥ – диэт эргиллэн дьиэтин диэки барда.
Өлөксөйдөөх Уйбаан сирэйдэрин көрсөөт аккыырай суолунан бугуһуйбут кулунчук курдук атахтарын өрө тэбэ -тэбэ сүүрэ турдулар.
Көлөөккө кэлбиттэрэ куруук сыгынньахтанар сирдэригэр кыргыттар кэлэн сыгынньахтаммыттар сорохторо ууга киирэ иликтэр улахан уолаттар көлүччэ уҥуор тиийэн тас таҥастарын устан көлүччэ бадарааннаах кытылын тэпсэ сылдьаллар. Өлүөскэлээх Уйбаан ханыы тардыстах буолан уҥуор улахан уолаттарага бардылар. Тиийэн аҕыйах таҥастарын ньылбырыта биэрэн Өлүөскэ ууга киирэн бадараан түгэхтээх от саба үүммүт күн уотун суоһугар сылыйбыт чаллыр ууну кэһэр. Биирдэ көрбүтэ аттыгар ким да суох, бары көлүччэ ортотугар кыыстыын уоллуун сөтүөлээн айманаһаллар, уунан ысыһа ооньууллар. Өлүөсэ оҕолорго тиийэ охсоору ыксыыр, түбэһиэх сиринэн көлүччэ үөһүгэр дьулуһар, моонньугар дылы кэһэн киирбитэ баара, оҕолорго субу тиийиэхчэ буолбут да уу анныгар аҥхайга үктээн оройугар дылы ууга тимис гынна, чачайа, чачайа, күөрэйэр, оҕолор киниэхэ эрэ кыһамматта, Өлүөсэ эмиэ тимирэн эрэрэ баара да хонноҕун анныттан чэпэчкитик көтөҕөн дьара сиргэ туруоран кэбистэ. Көрбүтэ эдьиэй Гааля кэм да күн ый буолбут, быстахха былдьаныаҕын өрүһүйбүт. Махтанар диэни билбэт уолчаан оҕолору кытта оонньообутунан, уунан ыһыспытынан барар.
Ол сайын эдьиэй Гааля оскуолатын бүтэрэн, оччотооҕу сиэринэн колхоһугар үлэлээтэҕэ. Күһүн оскуола аһылларын чугаһыгар Уйбаан Өлүөскэҕэ кистээн этэр:
-Эдьиэй Гааля “Күрүүкэпкэ” ааһыаҕа манаан туран олорсуохпут – диэн.
Туохха олорсоллорун билбэтэр да Уйбаан эппитин сэҥээрэ иһиттэ. Чахчы да күнүскү аһылык чугаһыгар бөһүөлэк илин баһыттан сыарҕалаах оҕуһу миинэн киһи кэлэн иһэрэ көһүннэ. Уолаттар утары сүүрэн тиийдилэр, эдьиэй Гааля үөрбүт сирэйэ сырдаан көһүннэ, Уйбаан урут хатаастан тахсан эдьиий иннигэр оҕус арҕаһыгар олорунан кэбистэ, Өлүөскэ хойутаабыт киһи быһыытынан эдьиэйин кэннигэр мэҥэстэн синньигэс биилиттэн кууһан олордо.
Өлүөскэ кыра уол дьылҕа, оҥоһуу диэннэрин билбэт, инникитин туох күүтэрин сэрэйбэт ол туһунан куойатыгар – маҥкытыгар оҕустарбат. Эдьиий Галялыын, доҕоро Уйбаанныын куруук бииргэ буолуохтарыгар бүк эрэнэр. Кинилэр үтүө майгылаах, эйэҕэс, истиҥ мичээрдээх эдьиэйдэринээн колхуос нэс оҕуһун миинэн өр да өр, ырыых ыраах айанныахтара. Маҥан былаатынан мааны кыыстыы далбаатанан кинилэр үрдүлэринэн кыталыктар көтө дайыахтара, эдьиий Галя нарын куолаһынан ыллыыран истэ -истэ, ат оҕуска буолбакка түөт түөрэм туйахтаах, сыыдам сырыылаах маҥан акка олорсон сырдык саҕахтар диэки туос бөтөрөҥүнэн көтүөхтэрэ.
Ахсынны ый 17 күнэ, 2023 сыл. Үөһээ Бүлүү олобура, киин түөлбэ. Суруйда Уйбаныап Аркадий Степанович.
Ответить
Переслать
Сохранить в заметку