Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ үөрэн сэгэйбитинэн дьиэ кэргэнинэн киирэн кэлэллэр Татьяна, Петр Николаевтар.
Кинилэр оҕо эрдэхтэриттэн кинигэ доҕордоох улааппыт буоланнар, олохторун саамай кэрэ кэмнэригэр – күүстээх үлэ ухханыгар да сылдьан, быыс булан, кинигэни ааҕаллара.
Ааҕар дьиэ кэргэн диэн дьэ, кинилэр бааллар. Уларсан илдьэ барбыт кинигэлэрин уоллара Петр эмиэ умсугуйан ааҕар.
Быйыл аҕалара Петр Дмитриевич Николаев Үөдүгэй нэһилиэгэр “Бастыҥ ааҕааччы” аатын ылан, Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатын бириэмийэтинэн – 10000 солк. сэртипикээтинэн наҕараадаламмыта.
Кинилэр нэһилиэкпит олохтоохторугар, ыччатыгар анаан ” Кинигэ баар – киһини үтүөҕэ, сырдыкка сирдиир күүс. Кимнээҕэр да үтүө сүбэни, алгыһы этэр истиҥ доҕор.
Кинигэни таптааҥ, дьиэ кэргэнинэн ааҕыҥ. Ийэ, аҕа ааҕар буоллаҕына, оҕо ааҕар”, – диэн сүбэлэрин тиэрдэллэр.