Умнуллубат уруок

Бүгүн Үөдүгэйгэ Саха норуодунай суруйааччыта, оҕо тапталлаах поэта Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүт күнүн көрсө Ю.Н. Прокопьев аатынан орто оскуолаҕа начаалынай кылаас оҕолоругар анаан оҕо бибилэтиэкэтиттэн Екатерина Револьевна Семенова кэлэн “П.Н. Тобуруокап – оҕо сааһа” диэн библиотечнай уруок ыытта.

Бу уруок оҕолорго биир умнуллубат, саамай интэриэһинэй түгэнинэн буолла, өйдөрүгэр -сүрэхтэригэр элбэҕи иҥэрдэ.