Үөдүгэйтэн мас тардыһыытыгар киэҥник сураҕырбыт киһи

Саввинов Кирилл Гаврильевич- Айаахап Кирилэ алтынньы 21 күнүгэр 1911 сыллаахха Чүүккэ төрөөбүт.

Мас тардыһыытыгар Үөдүгэйтэн киэҥник сураҕырбыт киһи. Колхозка биригэдьиирдээн сылдьыбыт.

1966 сыллаахха Саха АССР национальнай оонньууларга V -с спартакиадатыгар Дьокуускай куоракка мас тардыһыытыгар Кирилл Саввинов тоҕуста кыайан, иккитэ эрэ хотторон, 3-с бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ. Ол саҕана мас тардыһыыта ыйааһына суох абсолютнай чемпионат курдук ыытыллара. Кириил муҥутаан сылдьан 100 кг тахса ыйааһыннааҕа.

Сахалыы атах оонньуутугар эмиэ тэҥнээҕэ суох этэ диэн ахтыыларга суруйаллар.Кини 1983 сыллаахха 72 сааһыгар өлбүт.

Кини олоҕун билигин оҕолоро, сиэннэрэ Егоровтар, Нестеровтар, Ботуевтар, Тумусовтар салгыыллар.