Аҕа,бу тыл миэхэ тугу этэрий? Сүрэхпин хамсатар, санаабын оонньотор, уйулҕабын уйгуурдар дуо? Суох быһылаах. Тыл, кураанах тыл, чопчу чугас өйдөбүлэ суох. Оннооҕор Ийэ диэн тыл долгуппат.
Оҕотук сылдьан ийэтэ, аҕата суохпуттан итэҕэстээх курдук санаммат этим, буолуохтааҕын курдук ылынарым. Ыал оҕолоругар ончу ымсыырбатаҕым, детдом тотоойу аһылыга, ыраас таҥаһа, оонньуур оҕоҥ элбэҕэ – оҕо эрэ сайдыах, кута тохтуох эйгэтэ буоллаҕа. Билиҥҥи детдомнары билбэтим, биһиги детдоммут үчүгэй үлэлээх буолан иитиллибит кыһабын истиҥник санаан эрдэҕим.
Төһө да тулаайах буолларбын аҕалаахпын билэр, көрбүт туох эрэ өйдөбүл хаалбыт бадахтаах. Аҕам маннык этэ диэн харахпар омооно олорботох.
Биир үтүө сайыҥҥы күн обургу уол көрсөн “Ноо, аҕаҥ кэлбит үһү” – диэн соһутта. Дьиҥинэн, төрөөбүт дойдум оройуон киинигэр киирэн эбэни туораан ыраах сытар. Тойбохойтон чиэски сир. Былыр суол – иис суоҕар, мэнээк киһи ылла да кэлбэт. Өмүрэх курдук кэлбит эрэ, кэлбэтэх эрэ аҕаны көрдүүр санаа атастарбар Ымай Куолаҕа, Аанча Паанаҕа киирдэҕэ.
Оччо ыраахтан кэлбит да буоллаҕына, син, уолун көрсүөхтээҕэ буолуо диэн өйдөбүл биһиэхэ киирбэтэҕэ. Доҕотторум барахсаттар ийэтээҕэр буолуох аҕалара да суох дьон туспа оҕо аҕатын көрөөрү дуу, кэһиигэ тиксээри дуу? Туруммуттара сүрэ бэрдэ, инньэ гынан бөһүөлэкпит ортотугар баар лааппыга бардыбыт, хас биирдии ааһар эр киһини уолаттарым сэмээр ыйаллар: Кини дуо? – диэн ыйыталлар.
Хантан билэрим буолла? Тоҕо эрэ киэпкэтин умса кэтэр этэ диэн өйдөбүл хаалбыт. Уолаттарбар ону этэбин, уулуссаҕа син өр төттөрү – таары хаамыстыбыт да ол билбэт, харахтаабатах киһибин хантан билэммин ыйан биэриэхпиний. Соннук бастакы өрүкүнэспит уохпут умуллан, атыҥҥа аралдьыйан мэниктии ойдохпут. Аҕа туһа диэн өрүкүйүү омуна умнуллубута түргэн, сааһырбыт кэннэ оҕо саас түгэннэрэ, дьэ, биир биир өйгө охсуллан ааһар.
Тулаайах оҕолор эйгэлэригэр ийэ, аҕа туһунан кэпсэтии баарын ончу өйдөөбөппүн, ол туһуттан ытамньыйар, суланар оҕону көрбөтөҕүм. Арай, детдоммут интернат – оскуола диэҥҥэ уларытыллыбытын кэннэ ийэлээх, аҕалаах оҕолор кэлитэлээбиттэрэ кинилэр дьоннорун кытта бэккэ олорбуттарын сайылыкка сайылыылларын, оттуулларын, бултуулларын кэпсэл оҥостоллорун истэрбит. Мин бэйэм туһум, ол олохторугар ончу ымсыырбатаҕым.
Ол кэм биир умнуллубат түгэниттэн саҥа доҕоттор, атастар элбээһиннэрэ буоллаҕа. Чугас сытар Дьаархантан Вася Спиридонов диэн уол бастакынан эбиллибитэ быһыылааҕа. Сып сытыы наһаа кыанар, куруук күлэ – үөрэ сылдьар уолчаан. Эт саастыы буолан бэккэ тапсыбыппыт. Кытыгырас уолчаан этэ хайа да бэйэлээх уот баҕанатын кыпчыйда да тииҥ курдук өрө хатаастан түргэн үлүгэрдик үөһэ ытта охсоро. Көрөн салларбыт.
Күһүн уолум: “Эдьиийим кэлбит, көрсө барыахха”, – диир. Киэһэ хабыс – хараҥаҕа эдьиийэ түспүт ыалыгар Чөччөҥөлөөххө барар суол айаҕар турар дьиэҕэ кэллибит. Бу суолунан “Көнөөккө” сөтүөлүү сайын элбэхтик тиэстибиппит, кимнээх олороллорун удумаҕалатабын, дьиэттэн эдьиийэ таҕыста, атаспын кууһар, сыллыыр, элбэҕи саҥарар уолум аҕыйах тылынан хоруйдуур. Аны миэхэ кэлэн иэдэспиттэн сыллаата, табахсыт эбит, табах аһыы сыта аҥылыйда, сөбүлээбэтим да буоллар, тэйбэтим.
-Хайа дойдуттан сылдьаҕын? – диэн ыйытар
-Элгээйиттэн
-Мин онно тубсанаторийга эмтэнэ баран иһэбин, туох дьоннооххунуй, кимиҥ баарый?
-Аҕам
-Тугу илдьиттиигин? Тугу үлэһэҕин?
Ол билбэт киһибэр тугу илдьиттиэхпиний, ааһа баран үлэх үлэһиэм, кэһии эрэйиэм дуо? Уолум эдьиийэ арахпат, кини, “ийэ, аҕа, уруу – аймах”, диэн өйдөбүллээх ончу атын бадахтаах. Аҕа буолла да уолун таптыыр, оҕо аҕатын ахтан туоххаһыйар – диэн быһыылаах. Мин аҕалаахпар, аҕата суохпар ончу баардыылаабат бэдикпин.
Сол гынан, тугу да үлэһэрбин, илдьиттиирбин билбэккэ кулук – халык буола турдахпына, арааһа, атаһым дуу, дьахтар бэйэтэ дуу? “Чаһы” – диэн буолла. Ааспыт үйэ 50-60сс хары чаһыта киһи аайы баар буолбат этэ. Учууталлар, мааны дьон кэтэллэрэ. Көрсүһүүбүт бүтэн төннүбүппүт.
Күннээҕи үөрэх, интернат олоҕун түбүгэр чаһы үлэспиппин умнан, ол туһунан санаабакка да сырыттахпына доҕорум Вася чаһы туттарда, бу эдьиийим аҕалбыта, аҕаҥ ыыппыт. Соһуйан диэн, төһөнү соһуйуоҥуй? Улаханнык үөрбэтэҕим, өр кэппэппин сэрэйэрим, уонна барыта бэлэмҥэ улааппыт буолан быһылаах, буолуохтааҕын курдук ылыммытым. Вася бэйэтин чаһытын устан биэрбитэ буоллар ордук үөрүөм ини. Аҕам эрэ, ханнык эрэ билбэт киһим ыыппыт кэһиитэ ис куппар туох да иэйиини уһугуннарбатаҕа, долгуппатаҕа. Өр кэтэрдибэтэхтэрэ, ити уол уларсан, бу уол ылан соторунан алдьаммыт чаһыны туттаран кэбиспиттэоэ. Эмиэ бэлэмҥэ үөрэммит, малы – салы харыстаабат майгы баһыйан сол кэһии сүтэн – иҥэн хаалбыта. Вася эдьиийэ барахсан ханнык быһыыга – майгыга аҕабын көрсүбүтүн оҥорон көрөр кыаҕым суох, эппит тылыгар турар, оҕо туһугар ыалдьар, сытыы дьахтар эбит диэн билигин хайгыы, ытыгылыы, истиҥник саныыбын.
Детдоммут оскуола – интернат диэҥҥэ уларыйан, оҕо наһаа элбээбитэ, ол иһин буолуо төрөппүттэрдээх оҕолору сайын аайы дьонноругар ыыталыыллара. Син, аҕалаах, кииринньэҥ ийэлээх киһини миигин эмиэ биир сайын аҕабар ыытар буоллулар. Сиэйэ Ыгыаттатыгар барар Батаакаптар аҕалара уолаттарын ыла кэлбитинэн олору кытта Элгээйилиир буоллум. Сунтаарга дылы эрэйэ суох тиийдибит, ол кэннэ уу суолунан айанныахтаахпыт, болдьоҕо сөп түбэспэккэ дуу, таба туппакка дуу нэдиэлэни быһа кэтэһэн кэмниэ кэнэҕэс сүрдээх бытаан айаннаах бааржаҕа дуу, туохха дуу олорон айаннаатыбыт, сарсыардаттан киэһэ сайыҥҥы күн арҕалаабытын кэннэ Элгээйи бөһүөлэгэ турар кытылыгар тигистибит. Түөрт көстөөх сири ньыһыйан аныгы киһи анаарыытынан, бытаан айан эбит. Оччолорго, баарыгар баһыыба.
Ыал олоҕун ончу сөбүлээбэтэҕим; мэник, ачаа кыргыттар кыһыл оҕо улаатан эрэр уол кэпсэтиэ баара дуо? Наар оҕо көтөҕөн, бүөбэйдээн таҕыстым, оҕолоро ытанньаҕа салыннарда. Аны, өрүстэн киэһэ аайы икки биэдэрэнэн уу баһабын. Түргэнник куоппут киһи диэн эрэ санаа баар. Улахан дьон дьаһалыгар үөрэммит оҕо хайа хайысханан, туох туһаайыытын тобулан тапталлаах Тойбохойбун булуохпунуй? Аны ыаллыы уолаттары кытта кучуйсан күнүс киинэҕэ сылдьан кииринньэҥ ийэбиттэн мө5үлүннүм, аҕабын кыһыл тылынан сулуйбут быһыылааҕа, бэккэ кыыһыран ситии тирбэҕэнэн сирэйгэ биэрдэ, төһө да ыарыйдар буруйа суохпар охсуллубуппуттан наһаа абардым, аба – сата уонна детдом уолаттарын тыйыс иитиитэ көбөн ытаабатым, мыык да диэбэтим, аҕам сирэйин утары көрөн балай эмэ турдубут, тирбэҕин түбэһиэх элитэн баран дьиэҕэ киирдэ.
Биир кыһын биһиги кылаас Элгээйи оскуолатыгар бэйэбит саастыылахтарбытын кытта күрэхтэһэ бардыбыт. Оскуола таһаҕас таһар массыынатыгар лыык курдук симиллэн бэккэ айаннаабыппыт. Биири сөхпүтүм Элгээйи оҕолоро эйэҕэстэрэ дьиэҕэ киирэрбитигэр ааны аһан, аһыыр сирдэрин ыйан, утуйар сирбитин булларан бэккэ маанылаабыттара. Төннөрбүтүгэр тоҕо эрэ “Киин Уһаайба” – дэнэр түөлбэтигэр тохтообуппут. Арай, массыынаҕа киһи хатаастан тахсан:
Мин уоллаах этим, Аркаас, бааргын дуо? – диэн аҕам саҥатын иһиттим.
Туох да үөрүү, долгуйуу кыыма кылам да гымматаҕа, олорор сирбэр эбии кирийэ сатаан умса туттуохпунан туттан саһарбынан састым. Оҕолор да ыҥыра сатаатылар, бары биир таҥастаах элбэх оҕо ортотуттан чуо миигин булбатылар. Соннук төрөппүт аҕабын көрсүбэккэ айаннаатахпыт.
Дьылҕа ыйарынан, олох очура охсорунан, аны, хаһан да истибэтэх сирбэр Бүлүү Хампатын оскуолатыгар үөрэнэ сырыттахпына, аҕабыт уһугулаан сытар диэн иһитиннэрии кэлбит, улахан убайбар Киэсэҕэ олорорум, иккиэн айаҥҥа туруннахпыт. Өр айаннаан аҕабыт тыыннааҕар баттаһа тиийдибит. Киирэн көрсүбүппүт, убайым тугу кэпсэппитин билбэппин, истибэтэҕим. Мин, эдэр оҕотук киһи, өлүү – сүтүү – диэни бэйэҕэ чугастык ылыммат, ханна эрэ ырааҕынан сылдьар тэгили өйдөбүлгэ холуурум. Харах уута тахсыахтааҕар аһынар, хараастар санаалар киирбэтэхтэрэ.
Аҕам сытар хоһуттан тахсааппын эдьиийим (аҕам балта) Ааныска утары көрсөн:
-Хайа тугу диир, хайдаҕый – диэн ыйытар.
-Уолаттардааҕын саҥа билбит курдук, – диэн чап гыннарабын.
Туох санааттан, туохтан сэдиктээн итинник хардарбыпыпн билиҥҥээҥҥэ дылы билбэппин.
-Аньыы даҕаны, бу уол тугу – тугу тыллаһар? Эдьиийим кыыһырар.
Аҕыйах хонон баран аҕам Иванов Степан Афанасьевич Орто Дойду олоҕуттан букатыннаахтык барбыта. Баара- суоҕа 53 саастаах эбит. Биэнсиэйэҕэ да тахсаахтаабатах.
Аҕабын кытта илэ – кэтэх алтыспыт түгэннэрим ситинниктэр. Аҕам барахсан элбэх ыччаттары хааларбыта 16 ( уон алта) оҕону. Билигин кэлэн аҕабар махтанабын: Орто Дойду олоҕун бэлэхтээбитигэр. Эн ыччаттарыҥ киэҥ саха Сирин үрдүнэн тэнийдилэр. Биһиги: Күлүгэ Суохтар – диэн дорҕоонноохтук этэбит.
Үөһээ Бүлүү олобура, киин түөлбэ.
Бэс ыйын 26 күнэ 2023сыл.
Суруйда: Күлүгэ суох уола Уйбаныап Аркадий – Силис