Сахалыы тылынан өйтөн суруйууга аһаҕас күрэх ТОСХОЛО

        Сахалыы тылынан өйтөн суруйууга аһаҕас күрэх Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун, Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, суруйааччы, бэйиэт, суруналыыс Васильев Валерий Васильевич-Муттуххай Бороҥ 60 сааһын туолар сылыгар аналлаах тэрээһин чэрчитинэн ыытыллар.

Тэрийээччи: Үөһээ Бүлүү улууһун «Үөдүгэй нэһилиэгэ» МТ, «Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин икки ардыларынааҕы кииннэммит библиотечнай ситим» МКТ, Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй модельнай бибилэтиэкэтэ.

Күрэх сыала: Оскуола үөрэнээччилэрин В.В. Васильев – Муттухай Бороҥ айар үлэтин кытта билиһиннэрии.

Күрэх соруктара:

  • Сахалыы ааҕыыны көҕүлээһин.
  • Сахалыы толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
  • Санааны сааһылаан уус – уран тылынан-өһүнэн сурукка тиһэр кыаҕы үөскэтии.
  • Сурук-бичик эйгэтигэр талааннаах ыччаты көрдөөн айымньылаах үлэни ааҕааччыга билиһиннэрии.

Ыытыллар кэмэ: Үлэни ахсынньы 18 күнүттэн 24 күнүгэр диэри “Өйтөн суруйуу” диэн суруктаах маннык аадырыска ыытыллар: vvlib_6@mail.ru. Ыйыллыбыт кэм кэнниттэн киирбит үлэлэр көрүллүбэттэр.

Хабар эйгэтэ: Күрэххэ 8 – 11 кылаас үөрэнээччилэрэ кытталлар.

 I бөлөх  8-9 кылаас, II бөлөх 10-11 кылаас үөрэнээччилэрэ.

Кыттаачылар үлэни кытта Анкета толорон ыыталлар.

Кыттааччы анкетата:

  1. Араспаанньата, аата, аҕатын аата
  2. Үлэтин аата
  3. Улууһа, нэһилиэгэ, оскуолата, кылааһа
  4. Салайааччыта
  5. Төлөпүөнэ, электроннай почтата.

Үлэлэр 14 кээмэйдээх шрибинэн, 1.5 интервалынан бэчээттэммит (үөһэ өттө – 2см., аллараа – 2см., хаҥас – 3 см., уҥа – 1.5 см.) 3 сирэйтэн тахсыа суохтаахтар.

Өйтөн суруйуу темата: В.В. Васильев-Муттуххай Бороҥ «Баайыы бурдук», «Бээгэй», «Ийэ сүрэҕэ» кинигэлэриттэн сөбүлээбит тэттик кэпсээннэрин ааҕан баран бэйэ санааны суруйуу, ырытыы. Суруйааччы электроннай кинигэлэрин бу сигэнэн сирдэтэн көрүөххүтүн сөп https://edugey.vvlibr.ru/wp-admin/post.php?post=4512&action=edit

Өйтөн суруйуу маннык ирдэбиллэринэн сыаналанар:

  • талыллыбыт тиэмэни сөптөөхтүк арыйыы;
  • тиэмэҕэ тус бэйэ сыһыанын, толкуйун киллэрии;
  • саҥаны сатаан сааһылаан суруйуу, уус-уран хомоҕой тылы туттуу;
  • грамматика быраабылаларын сөпкө туһаныы.

Түмүк таһаарыы: Күрэҕи  анал хамыыһыйа сыаналыыр. Түмүк ахсынньы ый 26 күнүгэр  Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин саайтыгар https://edugey.vvlibr.ru/  уонна ВК канаалыгар https://vk.com/edugei_bibl тахсар.

Биһирэбил: кыттыылаахтарга туоһу сурук, салайааччыларга махтал сурук, кыайыылаахтарга добун сурук, биһирэммит үлэлэргэ анал ааттар иҥэриллиэхтэрэ уонна Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатын анал бириистэрэ олохтонуохтара. Бастыҥ үлэлэр «Үөһээ Бүлүү» хаһыакка бэчээккэ тахсаллар.

Аадырыспыт: 678230, Саха өрөспүүбүлүкэтэ, Үөһээ Бүлүү улууһа, Андреевскай сэлиэнньэтэ, Школьная уулусса 11А.

Билсэр тел.: 89142639058 (Тамара Герасимовна), 89142975593 (Людмила Александровна)