БЭРГЭН ЭТИИЛЭР (суруйааччы Николай Лугинов айымньыларыттан)

Үтүө да, мөкү да барыта киһи бэйэтин майгытыгар-сигилитигэр бүгэн-саһан сылдьан, арыт дьоллоох, арыт сордоох суолга тиэрдэр. Аны туран «Дьолго сор бүгэр, сор дьолу төрөтөр» диэн былыргы өйдөөхтөр мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаахтар. (Улуу хууннар. – Дьокуускай, 2010. – С.194)

***

Киһи хас да суолтан турар… Эн сирдээҕи этиҥ-сииниҥ туттуллар мал-сал курдук элэйэр, эргэрэр, кырдьар, мөлтүүр-ахсыыр, онон өллөххүнэ сиргэ көмөн кэбиһэллэр. Ону таһынан сиргэ, дьон санаатыгар эн аатыҥ-суолуҥ, олорбут олоҕуҥ туһунан өйдөбүл хаалар. Үсүһүнэн, кутуҥ-сүрүн хаһан да сүппэт, эргэрбэт, элэйбэт буолан, мантан атын эйгэҕэ дабайан тахсар. (Улуу хууннар. – Дьокуускай, 2010. С. 202)

* * *

Бэйэтэ дьулуспат, иҥэн-тоҥон үөрэнэ, үүнэ сатаабат, ол эрэйин улаханна уурбат киһи сайдыбат. (Чыҥыс Хаан ыйааҕынан. 2 чaaha. Тэмичиин тыллара. -Дьокуускай, 2000. С. 63)

* * *

Киһи барахсан кыраҕа да сөп буолар. Баара-суоҕа үтүө тылга, сылаас сыһыаҥҥа, кыра кэрэхсэбил сыыһыгар...(Чыҥыс Хаан ыйааҕынан. 2 чааһа. – Дьо­куускай, 2000. С. 194)

***

Орто дойдуга баҕа барыта туолбат, санаа үксэ ситиһиллибэт... (Чыҥыс Хаан ыйааҕынан. 3 чааһа. Кур Хаан тыллара. – Дьокуускай, 200ҕ. С.103)

* * *

Олоххо бэйэ алҕаскын хойутаан, барыта бүппүтүн, ааспытын кэннэ өйдүүр caҕа абалаах баар үһүө... (Чыҥыс Хаан ыйааҕынан. 3 чааҺа. – Дьокуускай, 200ҕ. С.131)

* * *

Түгэн диэн баар! Олох сүнньүн үксүгэр биир тоҕоостоох түгэн быһаарар. Ону таба таптыҥ – сүүйдүҥ, куоттардык – бүттэ, атын тоҕоос көстүө cyoҕa. (Чыҥыс Хаан ыйааҕынан. 3 чааҺа. Оҕонньор тыллара. – Дьо­куускай, 2005.-С.243)

* * *

Олоҕу атын омук хараҕынан көрүү, атыннык өйдүүр кыах киһини сайыннарар. Ону барытын өйдүү-өйдүү дьаҺаныахтааххын, бэйэҥ кинилэр сабыдыалларыгар кииримэ эрэ. (Чыҥыс Хаан ыйааҕынан.  Арҕас оҕонньор тыллара. – Дьокуускай, 2005.

***

Быһаччы да буолбатар, ханан эрэ ырааҕынан дуу, чугаһынан дуу кэлиҥҥи улахан олох уустуктарыгар киһи оччотооҕу кыҺалҕаны көрбүтэ көмөлөһөргө дылыта. Дьон санаатын, олох ирдэбилин өйдүүргэ, быһаарарга, кыайарга кинини ол дьэбир кэм үөрэппитэ чахчы. (Түһүлгэ. – Дьокуускай, 1981. – С.19)

* * *

Төһөтун да иһин, чугас дьонтон хомойор ыарыылаах даҕаны! Ол эрээри, ити барыта быстах. Олоҕу бүтүннүүтүн үөһэттэн өкөйөн көрдөххө атын буолуо ээ. (Үрдүк арыылар. – Дьокуускай, 1988.  С.91)

***

Үгүс үтүөнү, үчүгэйи ааспытын, биитэр суох буолбутун кэннэ эрэ биирдэ өйдүүбүт. Ардыгар, сылааһы – тоҥнохпутуна, сөрүүнү – тириттэхпитинэ, минньигэҺи, аҺыыны амсайдахпытына биирдэ сыаналыыбыт. (Кэпсээннэр. Cahapҕa. – Дьокуускай, 1976. – С.9)

***

Дьиҥэр, сирдээҕи олох ис хоһоонунан, дириҥинэн-чычааҺынан  эрэ сыаналанар. Биир минньигэс түгэн сүүһүнэн сыллааҕар олус дириҥ, уһун, киэҥ, чиҥ ис хоҺоонноох уонна ол иҺин ордук күндүтүйүөн эмиэ сөп. Хомойуох иһин, ол барыта ааһан, бүтэн хаалбыта ырааппытын кэннэ дьэ эргитэн саныы, сыаналыы сатыыгын. Саамай абалааҕа баар – орто дойду олоҕо күүгэн курдук эбитин тугу да баҕарбат, кыайбат, кэрэхсээбэт буолан эрэ баран, биирдэ өйдүүгүн. (Халлаан хараҕата. Суор. – Дьокуускай, 1992. – С.69)

* * *

Икки атахтаах үйэтэ кылгаһа бэрдэ бэрт ээ… Арай бэйэтэ эрэ дьэ онтун билиммэт. Бу орто дойдуга сүүрэр атахтаахтан, көтөр кынаттаахтан икки атах эрэ хара өлүөр диэри күүстээхтик сананар. (Халлаан хараҕата. Таас Тумус. – Дьокуускай, 1992. – С.71)

* * *

Олох дьону оонньуу оҥостор курдук, кинилиин ахсааннаһан бүтүспүт да дьоҥҥо сирдээҕи сырыыларын төлөбүрүн ыыта турар… (Халлаан хараҕата. Таас Тумус. – Дьокуускай,1992.- С.1ОЗ)

* * *

Манна букатын кэлбит суох. Барыта хаһан эмит эргэрэн, элэйэн сүтэр аналлаах. Арай ол сүппүт оннугар саҥа төрөөн солбуйан иһиэхтээх. (Халлаан хараҕата. Сэргэ. – Дьокуускай, 1992. – С.189.)

** *

Киһи чугас, аймах-билэ, доҕор-атас дьонугар тирэнэн эрэ чиҥник, холкутук, дьааххаммакка олох олорор эбит. (Чыҥыс Хаан ыйааҕынан. 1 чaaha. – Дьокуускай, 1997. – С. 10)

***

Айыы Тойон Таҥара омук-омугу уратылаах уонна ол быһыытынан хайа эмит дьарыкка ордук чугас, сыстаҕас гына айбыта былыргыттан биллэр. (Улуу Хууннар. – Дьокуускай, 2010. – С. 10)                                                               

 

                                                                                                                              

Улуу сэрииһиттэр үтүө баһылыкка эрэ үөскүүллэр. Tөһө да дьоҕурдаах киһи идэтэ-хобото улуу киҺи күлүгэр ордук сайдар. (Чыҥыс Хаан ыйааҕынан.2 чаaha. Дьамыыха тыллара. – Дьокуускай, 2000. – С. 162)

* * *

Кыахтаах кыаҕын, өйдөөх өйүн үтүөтүн сатаан туһанарга үөрэммит баһылык, биллэн турар, чугас эргин тэҥэ суох кыаҕыран, күн-түүн байан-тайан, үөрэ-сүүрүгэ үксээн киирэн барар. (Чыҥыс Хаан ыйааҕынан. 2 чааһа. – Дьокуускай, 2000. – С. 8)

* * *

Хайа да тойон кыаҕа, таһыма элээнинэн-сэлээнинэн, эргимтэ оҥостубут дьоно хайдаҕынан быһаарыллар. Бэйэтин тула уһулуччу дьону сатаан талан чугаһатар, оттон дьоҕура суохтары булгу тэйитэр эрэ киһи улуу баҺылык буолар. (Чыҥыс Хаан ыйааҕынан.  3 чааһа. Apҕac тыллара. – Дьокуускай, 2005. С. 486)