Хара-бороҥ, килбэлдьиһэс таас куйахтаах курдук таракааттар остуолга аһыы сылдьалларын көрдөхпүнэ, хас да күн айахпар ас киириэ суоҕун сөп. Оҕо эрдэхпиттэн оннукпун.
Онтон Акааса, тарахачыйбыт, хатыҥыр, киирбит-тахсыбыт эмээхсин, таракааны таптаан иитэрэ. Кини дьиэтигэр таракааттар оһох үрдүнэн, истиэнэнэн, өһүөнэн, сабыы аайы, суокка-миинньик анныгар мунньустан “мунньахтыы” сылдьалларын киирдэҕим аайы көрөөччүбүн. Дьиэтэ сэбиэскэй кэмнээҕи тутуу. Икки хоп курдук хостоох, ортотугар оҥойбут оһохтоох. Миэбэл да ол тэҥинэн. Ыал аайы баар, олохтоох артыал оҥорбут мас ыскааба. Онтун улахан аана – аллараа, кыра аана – үөһээ. Араҕастыҥы күрэҥ эриэн өҥнөөх хомуолай оҕустуу күлтэйэн турар. Тутааҕа, бүлтэйэн, улахан харахтаах тимэххэ майгынныыр. Мас ыскамыайка, сиһэ чиккэйэн, дьиэ муннугун улахан аҥаарын ылара.
Истиэнэҕэ улуу Ыстаалын мэтириэтэ таракааттары, тонолуппакка, өстүйэ одуулуура. Ханан киирэллэрин-тахсалларын манаан хараҕын сыҕарытар курдуга.
Төгүрүк остуол сабыыта – сибэкки быһа сиэбит баҕайыта.Таракаан ханан таралыйан сытара көстүө суох айылаах. Биирдэ эмэ, көрөн турдахха, остуол үрдүгэр “пөс” гына түстэхтэринэ, Акааса киэҥ эрилкэй хараҕынан үөһээ-аллараа көрө-көрө өлөр саҥата тахсара.
–Оо, бу кыыс даҕаны! Быччайа сытыйан илиитин-атаҕын тоһутаары гынна! – диэн баран, сэрэнэн тутан, сиргэ түһэрэн ыытан кээһэрэ.
Кини таракаан кыыһын -уолун хантан билэрин сөҕөҕүн эрэ.
Үксүн, үлэттэн сылайан, ыскамыайкатыгар өттүгэстии түһэ сытан, таракааттарын буойан, кэпсэтэн күнүн бүтэрэрэ.
–Тыынар тыыннаахтарым, дьуккаахтарым, – диэччи.
Биһиги, ыала, үөрэнэн хаалан тугу да саҥарбаппыт. Дэлэ, эмтиир туһунан саҥардыа дуо? Суох.
–Били “дьон” аччыктаатахтара…- диэн күллэрээччи.
Үүттэх хааһы буһаран бүлүүһэлэргэ тэлгэппит аҕай буолааччы.
Онно эбии кугас куоската, үүккэ ымсыыран, көхсүн бөгдөтө ньааҕынааһына – туспа тупсаҕай кэпсэл.
Баһырҕас диэн ааттаах ыттааҕа. Онто арбаҕар, хап-хара уһун түүтүнэн таракааттар хаамса сылдьалларыгар отой кыһаммакка, ньолоччу туттан баран “улуутуйа” сытарын көрүөҥ этэ.
Дьэ, көр-нар диэтэҕиҥ.
Үксүн Акааса, сиэдэрэй сибэккилээх, сиэптээх халаатын кэппитинэн, биһиэхэ бэйэтэ киирэн тахсара. Кэһиитин, минньигэс кэмпиэти, сиэбиттэн хостоон остуолга уурара. Оттон мин таракааттартан “үтүрүйтэрэн”, киниэхэ сылдьыбакка буола сатыырым. Күн аайы таракаан кэпсэлэ салгытар буоллаҕа… Дьэлтэйэ дьэргэйэн дьээбэлээх кэмнэр. Кытара кыйаханан кыһыылаах тыллар. Муус уонна уу холбоһуох эбиттэр. Биир өрүс үөһүгэр устуох…курдуктар. Тупсаран туруоран тургутан көрүөн биэрэҥнээн эрдэҕэ. Эргитэн урбатан олох барахсан баһыйан …эстэҕэ.
Наталия Кашлакова – Дордо