Сахаларга куһу бултуурга тиргэлээһин, хапкааҥҥа иҥиннэрии уонна саанан бултааһын көрүҥнэрэ бааллар. Урукку өттугэр дьон биирдиилээн күөлү кэрийэ сылдьан куһу бултууллара, тоҕо диэтэххэ оччолорго көтөр-сүүрэр элбэх этэ. Кэлин дypдaҕa олорон, мончуугу күөлгэ туһэрэн, онтон билиҥҥи кэмҥэ элбэх буолан сылдьан, үчүгэй сэби-сэбиргэли (автомат сааны) илдьэ тахсан тоҕута ытыалаан кэбиһэр буоллулар. Куһу улахан тыас-уус таһааран, айдааран, аһаан-сиэн бырааһынньык курдук бултуур үгэстэннилэр. Инньэ гынан сир-дойду, эбэ, күөл иччилэрин ытыктаабат, кинилэргэ сүгүрүйүү, көнүл ылыы суох буолла. Ол куһаҕан. Айылҕаны кэлэтэн айыыларбыт, иччилэрбит араҥаччыларын сүтэриэхпитин сөп.
Ол иһин хас биирдии булчут өбүгэлэрэ илдьэ кэлбит үгэстэрин тутуһан, уот оттон, алгыс этэн үҥэн-сүктэн сиэр-туом толоруохтаах.
Булчут алааһыгар киирэн, күөл илин өттүгэр туран күн тахсыытын
диэки хайыһар. Сир-дойду, күөл иччилэриттэн уот отторугар көнүл ылан -көрдөһөр. Уотун оттор. Аал уотун, алаас, эбэ, күөл, сир-дойду иччилэриттэн, хара тыа иччититтэн Баай Байанайтан көрдөһөн алгыс этэр:
Аал уотум иччитэ
Аан Уххан,
Күөнэ көҕөччөр,
Хахай caҕынньых,
Көмүс ураанньык
Хатан Тэмиэрийэ,
Yөp-көт,
Күлүм аллай,
Мичик аллай!
(Уҥа илиитин иһинэн уокка сиэл биэрэр.)
Аал уотум иччитэ,
Эйигинэн нөҥүөлээн,
Бары иччилэрбэр сүгүрүйэрбэр,
Күүс-көмө буол!
(Аҕалбыт өйүөтүттэн уокка бэрсэр.)
Аан Дойдум иччитэ,
Аан Алахчын Эбэ Хотун,
Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор,
Сир түннүктэрэ
Улуу кырдьарастар,
Көмүскэс санаалаах
Хотун эдьиийдэриэм!
Айыы дьоно от оттоон,
Аһаан олорор
Алааһым иччитэ,
Көмүс хатырыктааҕы
Көбө соҕустук биэрэ олорор
Күөх Боллох,
Бардам тутуу, барылы кэскил
Баай Барыылаах Тойон эһэм!
Айыы киһитэ амсайа илик
Ас үрдүттэн айах тутан
Аһатан эрэбин,
Үөрүҥ-көтүҥ,
Күлүм аллайыҥ!
(Илдъэ кэлбит аһыттан барытыттан бэрсэр.)
Баай Байанайым,
Уурбутуҥ баар буоллаҕына уларытыма,
Анаабытыҥ баар буоллаҕына аралдьытыма,
Мурун анныттан булта булан кулу,
Үрэх-үрэххиттэн сытыы кынаттаахтары
Үтүрүйэн, үүрэн аҕал,
Үрэр тэрилбинэн үгүһү охторуохпун
Баай быйаҥҥыттан бэрис диэн,
Ааттаһан-көрдөһөн эрэбин, Тускуо!
Алгыс тылын этэн баран дурдатын оҥостон, күөлүгэр киирэн мончууктарын уурталаан, куһун кэтэһэн олорор.
Өбүгэ сиэрэ-туома / А.С. Федоров. – Дьокуускай : Бичик, 2011. – С. 117-118