Саха сиригэр Доруобуйа күнүн, бастакы бэрэсэдьиэн Михаил Николаев олохтообута, олунньу бастакы өрөбүлүгэр, 2000 сылтан саҕалаан бэлиэтэнэр. Быйыл бу күн олунньу 26 күнүгэр түбэһэр. Билиҥҥи кэмҥэ доруобуйа киһиэхэ хаһааҥҥытааҕар да күндү буолла. Төһө да халыҥ харчылаах, дуоһунастаах буол, аан дойду сулуһа, муҥур баай киһитэ да буол, доруобуйаны туохха да атыыласпаккын. Ыарахан ыарыы буулаатаҕына арбаҕастаах да абыраабат, халыҥ харчы, аат-суол да быыһаабат. Онон бэйэ туругун эрдэттэн көрүнэн, көрдөрүнэн, чөл олоҕу тутуһан, сөптөөхтүк аһаан, эти-хааны чэбдигирдэн эрэ доруобуйабытын тупсарар, үйэбитин уһатар кыахтаахпыт. Бу Доруобуйа күнэ үгэскэ кубулуйан, олохпут аргыһа буоллун.
Бу күҥҥэ анаан “Николаев-Центр” архив-бибилэтиэкэ бэлэмнээбит матырыйаалын көрүҥ, хачайдааҥ, туһаныҥ.
БУ БЭЛИЭ КҮҤҤЭ БАРЫГЫТЫГАР ҮТҮӨНҮ, СИТИҺИИНИ, КЫТААНАХ ДОРУОБУЙАНЫ БАҔАРАБЫТ!