Үөдүгэйдэр сахалыы дьыктаан суруйдулар

Бүгүн, олунньу 18 күнүгэр, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах сылын ахсын ыытыллар “Сахалыы дьыктаан” өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһин Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ буолла. Быйыл Г.В. Баишев- Алтан Сарын 125 сылыгар анаан суруйааччы “Киэһээ айан” айымньытыттан быһа тардыы тиэкиһэ кэллэ. Дьыктааны суруттарда СР үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Улуустааҕы үөрэх салалтатын исписэлииһэ Иванова Наталья Николаевна

Сахалыы дьыктаан түмүгүнэн бастыҥ ааттары билиһиннэрэбит:

“Үчүгэй суруксут” – Павлова Виктория Васильевна, Догорова Алла Степановна

“Бастыҥ суруксут” – Эппяхова Туяра Вячеславовна

Биир да сыыһата суох “Бастыҥтан бастыҥ суруксут” аатын ылла –Степанова Оксана Викторовна

Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит!

Сахалыы ыраастык саҥарыаҕыҥ, ийэ тылбыт эгэлгэтин үйэлэргэ сүппэт тыынныаҕыҥ!