“Ийэ алгыһа” саҥа кинигэ

От ыйын 22 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Үөдүгэй нэһилиэгин библиотекатыгар “Ийэ алгыһа” диэн кинигэ тула кэпсэтии буолан ааста.
Бу кинигэ оҥоһуллубут төрүөтэ диэн 1942 сыллаахха төрөппүт үс уолун уоттаах сэриигэ алгыстаан атаарбыт, Туобуйа нэһилиэгин олохтооҕо Лукина Марина Петровна сыдьааннарын сырдык ахтыылара буолар. Кини төрөппүт уолаттарын, уоттаах сэрии кыттыылаахтара Лукин Федот Саввич, Лукин Тит Саввич, Михайлов Прокопий Саввич, Михайлов Николай Саввич олохторун туһунан биир көлүөнэтээҕи дьоннорун ахтыылара, эдэр ыччаттар бэйэлэрин эһэлэрин хорсун, кыайыылаах олохторун туһунан кэпсээннэрэ киирбиттэр.
“Иэйии” сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Виктория Васильевна Васильева, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Роман Иннокентьевич Хобусаров, Руфова Евдокия Васильевна, Лукина Л.Ф., Михайлова Е.П., Попова О.П., Михайлова А.П. бэйэлэрин санааларарын уллэһиннилэр. Бу ус эр хоһуун Туобуйа нэһилиэгин сэрии кэнниттэн чөлүгэр түһэрбиттэрэ. Михайлов Прокопий Саввич нэһилиэккэ электричествоны киллэрбитэ ,оройуҥҥа механизацияны сайыннарбыта. Лукин Федот Саввич кадровай булчут этэ, Лукин Тит Саввич тутааччынан улэлээбитэ.Туобуйа нэһилиэгин үс хоһуунун дьылҕата бу кинигэҕэ чиэстээхтик арыллыбыта үтүө холобур буолар. Кинигэ редактордара РФ суруналыыстарын союһун чилиэнэ, СР култууратын туйгуна, Телевидение уонна радио туйгуна Власьева М.Н.,  РФ үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара, Туобуйа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Сидорова Т.С. буолаллар. Кинигэ 200 экземлярдаах, 310 страницалаах, 84х108 форматтаах тахсыбыт. Маассабай-бэлитиичэскэй таһаарыы буолан Дьокуускай куорат библиотекаларынан,оройуон библиотекаларынан тарҕанна. Саха боростуой дьонун олоҕо-дьаһаҕа, үтүө традициялара,улэҕэ- үөрэххэ ситиһиилэрэ ааҕарга олус интэриэһинэй, дьону үтүөҕэ көҕүлүүр күүстээх. Манна даҕатан эттэххэ Руфова Е.В. саҥа хоһоон кинигэтин хомуурунньугун ,оттон Виктория Васильевна Үөһээ Бүлүү баянистарын туһунан кинигэлэри  таьаартарбыттарын сэҥээрдибит.  Кинигэ таһаарыы диэн дьон өркөн өйүн түмэр, үтүөнү үксэтэр, дьону айар суолга киллэрэр .