Миниистир күн аайы ыраах тыаҕа кэлбэт. Үйэҕэ биирдэ тиксибит дьол биир отдел олоҕун улаханнык дьалкытан турар.
Улахан тойон отделга айаннаан кэлээт, уонча сололоох батыһыннарыылаах, иҥнэл –таҥнал түспүт эргэ дьиэ боруоктарыттан, аан дьайыҥнарыттан кылабачыгас бачыыҥкатын төбөтүнэн, үскэл таһаатынан иҥнэн ыла – ыла хостору кэрийбит. Олохтоох үлэһиттэр чиккэһиэхтэринэн чиккэһэн туралларыгар биир- икки тылы быраҕан дьоллообут уонна бэйэтин мэтириэтин эргэ дьиэ истиэнэтин быылыттан босхолуулларыгар дьаһайбыт. Ити итинэн бүтэн “һуу” дэһэн, үлэлээх дьон олоруохтара баара дуо, үлэ күнэ салҕанан барбыт.
Ол эрэн, өлүү түбэлтэлээх диэбиккэ дылы, улуу тойон олохтоох былаас дьиэтигэр мунньахтыыбын да сабаас диэн туран кэлэн, эргэ дьиэ чөмчөкөлөрүн соҕотохто долгутан кэбиспит. “Баҕар дьолго саҥа дьиэ тутар харчы ыһыктаарай”,- диэн ыра санаалаахтарын кистээбэккэ, суруктаах кумааҕыны үөһэ ыыта -ыыта олорбуттара сыччах. Ол эрэн, дьол хараҕа суох дииллэринии, имнэнсэн баран, били кумааҕыларын куоппуйатын тойон суруксутугар үҥүлүппүттэр.
Үрүҥ дьиэҕэ харса суох кутуллан киирэн күн аҥара бортокуолланан олорон мунньах атыырын ньиргиппиттэр. Миниистир: “Саҥа дьиэ тутуллуоҕа”, – диэн эппит үс аптаах тылыттан сүрэхтэрэ –быардара сылаанньыйбыт үлэһиттэр барахсаттар иэйэн –куойан, туран эрэ ытыс таһыммыттар, олохтонон олорон улахан тойон күөнэхтээх күлүгэр хаартыскаҕа түспүттэр. Ити итинэн эмиэ этэҥҥэ түмүктэнэн, суол сойон, ытыс хабыллыбыта оһон хаалыаҕын отой даҕаны күүтүллүбэтэх өттүттэн түрүлүөн туран, мунньах кыттыылаахтарын икки, үрүҥ дьиэ сололоохторун, көннөрүлэрин эгэ дуо, улаханнык уйгуурдубут, сорохторун ыксаппыттаах даҕаны эбит.
Алтан мөтөгөр түөстээх туллук кэриэтэ, мап – мааны тойон суруксута дьахтар үрүҥ дьиэ үрүмэччилэрин ырааҕынан хааллартаан, кынталдьыйан тахсан күндү түүлээх саҕынньаҕын оннугар элэйбит эҥэлэйдээх, сылайбыт саҕалаах саҕынньаҕы сиргэммитттии илиитигэр тутан аҕыс айдааны, тоҕус түрүлүөнү тоҕо тардыбыт… Тыый!
Аҕыс харабыллаах, сэттэ “сип” гынааччылаах аарыма дьиэттэн сыаналаах саҕынньах хайдах тахсан барбытын ким да билбэтэх, көрбөтөх эбитэ биллэн тахсыбыт. Эргэ саҕынньах элбэх киһи илиитигэр хата үөрэ –көтө үҥкүүлээбит, эдэр сэнэх эрдэҕинээҕитигэр эргиллэн, бэл түүлүүн тупсубукка, сиэптиин мичээрбиккэ дылы гынан, сүрүн оруолга тиксэн, дакаастабыл быһыытынан сыаналанан, сыа – сым курдук хараллан дьиктитик килэбэчийбит.
Ити да гыннар, тойон суруксута дьахтар күндүөбэй саҕынньаҕа көстүөр диэри аараттан үрүҥ дьиэ үлэһиттэрин үтүө аата саарбахха ыйаммыт, килбиэн сураҕа бэскигэ тэйгэйбит. Саҕынньахтаах өттө саҕынньаҕын дьэ өйдөөн көрбүттүү хараҕын араарбатах, саҕынньаҕа суох өттө тоҕо эбитэ буолла, сирэйэ сырдаан, саҥата улаатан кэлбит.
Үрүҥ дьиэ син элбэҕи көрөн –истэн, иҥэринэн иҥиэттэн турдар даҕаны, бачча элбэх погуоннаах дьонтон уонна улуу тойон дорҕоонноох күргүйүттэн лаппа тыҥаан буоллаҕа, оппуоханан тамнаммыт, ааннарынан кыырбыт.
Туһааннаах эппиэттээхтэр саҥа хонтуораланан саҥалыы олорор, үлэлиир ымыылаах ыралара улам ыраатан, ханна эрэ хайа кэннигэр саһарга, туман иһигэр мунарга барбыт. Дьэ, балаһыанньа диэтэҕиҥ…
“Үтүө дьон баар буолан олох салҕанар”, – диэбит киһини сирэй билбэппит чахчы эрээри, “Сахам дьахтара баар буолан олох баар”, – диэн этэр баар буоллаҕына икки илиибитинэн сөбүлэһиэхтээхпит. Тоҕо диэ.
Арай аан айаҕын маныыр “ыт уйата” хоско түлүпүөн өрө эккирээбитин кэннэ, үрүҥ дьиэ үрдэ үллүбүт үүтү саба үрбүттүү налыс гынарга дылы гыммыт, өһүөтүн сындыыһа сыыйа сыһыйбытынан барбыт. Ол киэһэ үрүҥ дьиэ омуннаах, баһыылаах кэпсэли -ипсэли хоһун аайы иһиллэнэн, түннүктэрэ киэһэ хойукка диэри симириҥнэһэн чыпчылыспыттар.
Сахам дьахтара котоку тыаттан аҕылатан –мэҥилэтэн киирэн, отчуотун этэҥҥэ туттаран, үйэтигэр харахтаабатах толуу дьонугар бүтэйдии сабырыйтаран, саҕынньаҕын, бэйэтэ ааттыырынан арбаҕаһын анньынан, үрүҥ дьиэттэн күрээн кэриэтэ өтөҕүн быһаары массыынаҕа олорсон, тус хоту түһэ турбута эбитэ үһү. Ол иһэн, суолун ортотугар арбаҕаһа күндү духуу сытынан дыргыйан тахсыбытыттан сүрэҕэ өлөхсүйэн, өҥөнөн көрөн ”абытай, татакай” халахайданан, аара дэриэбинэттэн абыраллаах арбаҕаһын ирдэһэн-тордоһон, дойдутун чиэһин хапсыгыр хара буорга тэбистэрбэтэх, биир дойдулаахтарын погуоннарын, саптары майыырдары турута тыыттаран уорааннаах остуол сирэйигэр уурдарбатах үрдүк үтүөлээх, өлбөөдүйбэт өҥөлөөх эбит ээ…
Надежда КУТТААХ