Баһылай 78 хаарын уулларда. Бэйэтин сааһырдым диир сааһыгар кэллэҕэ. Кэргэнэ Настаа күн сириттэн күрэммитэ 3 сыл буолла. Настаа барахсан кэрэ да киһи этэ. Аан бастаан көрсөн, бэйэ-бэйэлэрин таптаһыахтарыттан 53 сыл бииргэ эйэ-дэмнээхтик олорон, 5 оҕону төрөтөн, сиэн оҕолордонон үчүгэйдик да олорбуттара. Билигин да Баһылай санаатыгар Настаата киирэн кэлиэх, нарын баҕайытык “Баһылаай” диэн ыҥырыах курдук. Ол эрээри хантан оннук буолуой, ол дойдуттан эргиллибэттэрэ биллэр. Айылҕа ардыгар дьиктини көрдөрөр ээ. Настаатын кытта
1949 сыллаахха ыам ыйын 2 күнүгэр дьоҕус сыбаайба оҕото тэрийэн баран, нөҥүө күнүгэр Хороттон Бүлүү эбэнэн айаннаабыттара. Настаа эдьиийэ сыарҕалаах атынан аҕалан биэрбитэ. Арай суолларын ортотуттан икки туруйа көтөн кэлбитэ уонна турууктуу-турууктуу үс төгүл эргийэ көппүтэ. Эдьиийдэрэ Мааппа: “Ити туруйалар эһигини алҕаан бардылар, – диэбитэ. Аны ыал буолбуттара 35 сыла туолбут дьылыгар эмиэ ыам ыйын 3 күнүгэр икки туруйа кэлэн, дьиэлэрин үрдүнэн хаста да эргийэн, турууктаан ааспытын, оҕолуун-уруулуун бары тахсан көрбүттэрэ. Настаата дьиэҕэ киирэн оһоҕун аһаппыта уонна: “Өссө да уһуннук олорор буоллубут”, – диэбитэ. Ол эппитэ туолан, кыһыл көмүс сыбаайбалаабыттара. Настаата олус ыалдьытымсаҕа, хонтуора аттыгар олорор буолан, элбэх киһи сылдьара. Онно Настаа арыыга буспут хортуоската, алаадьыта наар баар буолара. Аны суоратын сүүмэхтээн баран үүттээн, сүөгэйдээн ытыйдаҕына, бэйэтэ тотоойу күөрчэх курдук буолара. Онтон кини буһарбыт миинэ дьон киэниттэн ураты минньигэс этэ.
Баһылай хаайыыттан кэлиэҕиттэн үйэтин тухары буҕаалтырдаабыта. Бастаан холкуоска, кэлин Исидор Барахов, Үөдүгэй сопхуостарга кылаабынайдаабыта. 1968 сыллаахха Үөһээ Бүлүү сопхуос саҥа үөдүйэригэр биир сыл партия этиитинэн Хороҕо тахсан, эмиэ кылаабынай буҕаалтырдаабыта. Кэлин биэнсийэҕэ тахсан баран, сельхозхимияҕа буҕаалхтыр этэ. Онтон аны, били кырдьан баран кылыыһыт буолбут дииллэринии, тутууга көспүтэ. Тутууга ыстаамсыктаан, мындырдаан өйдөөн, хата кэлин биэс оҕотугар барыларыгар дьиэ тутан биэрбитэ. Ээ, дьэ кини соҕотоҕун тутуо баара дуо, уолаттарын, күтүөттэрин дьаһайан, хата бэртээхэй биригээдэ буолбуттара. Настаа барахсан: “Саамай кылаабынай биригэдьиир мин”, – диэн күлэн лыһыгыратара, суохтарын баар гынара, астарын астыыра. Онон Баһылай оҕолорун дьиэлээн, холобурга сырытта.
Баһылай Дабыыдапка Сэтэкэм Боотулуута диэн сиргэ үүтээннээх. Сыл аайы онно баран бултуур. Быйыл саас да бараары бэлэмнэнэр. Ардыгар суола суох буоллаҕына, оҕонньор сатыы да барар. Онно бараары дьэ ыксыыр. Бу сир куһун, куобаҕын, эмис соботун элбэхтэ сиэттэ. Баһылай булдуттан хаһан да көҥөммөт, ыаллара бары тииһинэллэр. Аны Улгумдаҕа Кэбээйиттэн аҕалан собо ыытаннар, чугастан минньигэс собо сиир буоллулар. Баһылай быһаас ол балыктан Тыһаҕас күөлүгэр эмиэ ыыппыта.
Баһылай билигин кыра кыыһыгар олорор. Кыыһа учуутал, күн бокуойа суох үлэлиир. Күтүөт сүөһүтүн көрөр уонна сыбаарсыктыыр. Оҕолоро номнуо улаатан устудьуоннар. Дьиэҕэ эбэтин аатын ылбыт Настенька диэн кыыстара баар. Эбэтэ барахсан: “Сиэним Анастасия Николаевна диэн үүт-үкчү мин курдук ааттанна. Оҕом мин көрбөтөхпүн кини көрүө, мин сылдьыбатахпын кини сылдьыа”, – диэн олус да үөрбүтэ.
Ити курдук Баһылай уруккутун саныы олордоҕуна, Настеньката киирэн кэллэ. Эһэтигэр чуо-бааччы хааман кэлэн, аттыгар олорунан кэбистэ. Арааһа, туох эрэ наадалаах быһыылаах.
– Эһээ, Кыайыы 60 сылынан дьиэҕититтэн сэриигэ сылдьыбыт киһи туһунан суруйуҥ диэтилэр. Эн сэриигэ сылдьыбытыҥ дуу?
– Суох, тукаам, сылдьыбатаҕым.
– Хайа, ол тоҕо сылдьыбатаххыный? Кыра этиҥ дуо?
– Тоойуом, дьоппуон сэриитин син баттаһыам этэ да буоллар, дьылҕам миигин атыннык дьаһайбыта.
– Ол хайдах? Туох буолбутай?
Оҕонньор сүр күүскэ өрө тыынна,чочумча саҥата суох олордо.
– Тоойуом, ол туһунан мин биир да оҕобор кэпсээбэтэҕим. Өйдүөхтэрэ суоҕа дии саныырым. Саас да ыраатта. Эйиэхэ кэпсиирим дуу. Ону эн сатаан истиэҥ дуо?
Истиэм, эһээ, истиэм. Хата кэпсээ.
Оҕонньор туохтан саҕалыыбын диэбиттии олоро түстэ, онтон кэпсээн барда:
1943 сыл саас 16 сааспын туолбутум. Билиҥҥигэ оҕо буолуом, онтон оччотооҕуга улахан киһи буоллаҕым. Ити дьыл кыһын носпуоҕа үөрэнээччи булгаахтыр диэн үлэҕэ киирбитим.
Онтон бэс ыйыгар носпуо улахан маҕаһыынын атыыһыта Хоотоон ыалдьан уурайар буолла. Тойоммут Бүлүүттэн тахса илик.
Киһи булбакка ыксаан, буҕаалхтырым аны миигин, кыра диэбэккэ, атыыһыт оҥорон кэбистэ. Хоотоон туттарарыгар итэҕэстэнним диэн дьиэтиттэн аҕалан этикиэткэлэри сылдьар икки дьахтар сонун, эмиэ хас да былаачыйаны туттарда. Сотору аны килиэптэрин атыыһыта уурайан, килиэби эмиэ мин атыылыыр буоллум. Борокуот кэллэҕинэ түүннэри, килиэп суох буоллаҕына бэкээринэттэн да буһаттаран борокуоттаахтары килиэбинэн хааччыйаҕын. Аны эбиитин райсоюзтар райымаак диэн лааппыларын саптылар. Табаарын барытын ыскылаакка туттарбыттар. Миэхэ: “Бу атыыланыахтаах мал”, – диэн буочукалаах испиир тобоҕун туттардылар. Бу аспыт 100 г. 90 солк., биир л. 900 солк. Итинник үлүгэр түбүктээх, бокуойа суох үлэҕэ кыра уол ычахтаттым даҕаны. Үс ый устата астаатак устубакка сырыттылар. 3 ый кэнниттэн дьэ астаатак устан ааҕан баран, 15 тыһыынча итэҕэстэммиккин диэн миигин үлэбиттэн босхолоон, атын киһиэхэ туттардылар. Дьэ налыйан суоттана сатаан көрдүм да, туох да тахсыбата. Райсоюз бырабылыанньата дьыалабын көрөр буолла. Бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ Кырбаһааҥкын Денис Эҥэнтэйэбис диэн Сунтаар киһитэ этэ. “Бу эдэр оҕо киһибит 15 тыһыынча итэҕэстэнэн хаалла. Куһаҕан дьыала, дьэ хайдах гынабыт? Ыскылааппытыгар Тетерин 160 тыһыынча ордуктаах, бородуукта ыскылаата Подноскин 30 тыһыынча ордуктаах. Бэйэтигэр сапсыһыннаран хаалларан көрөбүт дуу?” – диэтэ. Хантан билиэмий, Орлов Тарас Петрович ойоҕунаан райсоюз чилиэннэрэ эбит, иккиэн тыл этэн саайбаттар дуо! “Өссө бачча кыратыттан бу алдьархай буола турдаҕына, судаарыстыба үбүн уоран сиэбит буола-буола, ону сабаары гынаҕыт дуо? Олох сатаммат”, – диэн турдулар. Атын чилиэннэр ким да тыл эппэтэ. Варфоломеев Роман, Чепалов Иван диэн дьоһуннаах дьон бааллара да оччо этэ турдахтарына, Дэниис Эҥэнтэйэбис этиитин өйөөтөхтөрүнэ миигин кытта бэйэлэрэ барыахтарын өйдөөтөхтөрө дии. Хайҕатаары Орлов Т.П. маачаханан да буоллар, таайым буолар. Кэнтик Бүөтүрүгэр эдьиийим маачаха кэргэн буолбутунан. Хайыай, дьыала суукка баран кыһыны быһа барбыт силиэстийэ саҕаланна. Хоргуйан өлүө эбиппин, ону хата лотуоһуттары булсан, кыһыны быһа лотуолаан аһаан таҕыстым. Этэллэрин курдук лотуоһут харчыта быстыбат, көстүбүтэ баар буолан иһэр. Сорох күн дьэ эстэн, санаарҕаан, мунчааран аһаабакка да аһарар күнүҥ үгүс буолар. Сатаатар ол дьыл ийэм ыалдьан, онтугар эбии буолан, аанньа да аһаабакка муус устар ыйга өлөөхтөөбүтэ. Аҕам ыстахаанабыс уһаатчыт оҕонньор кыра уоллаах кыыһын чуут аһатара.
Борокуруорбут Горохов Христофор Көстөкүүнэбис диэн тоҥус киһитэ этэ. Силиэстийэҕэ кыттыбат. Сэмиэнэп диэн силиэдэбэтэл баара. Бастаан дьэ ньылбыйан киһи дьоһуннааҕа. “Маҕаһыыҥҥар мадера диэн кыһыл арыгы атыыланар эбит дии, онтон иһэр этиҥ дуо?” – диир. Мин: “Суох, аһаабатах аһым, олох испэт этим”, – диибин. “Ама туох аатай, оҕо оннук-маннык, онон
истиҥ ини, кырдьыгынан билин ээ”, – диир. Мин өс киирбэх: “Биирдэ амсайан баран итирэн хаалбыт этим,” – диэн быстардым. Онтон ыла судаарыстыба үбүн арыгылаабыт түөкүн аатырдым. “Өссө тугу гыммыккыный? Дьахтардаабытыҥ дуо? Билин!” – дии-дии, били, бэстилиэтэ баҕайы остуолга ууруллара элбээтэ. Силиэстийэ бүтэн, cуут буолла. Далыр судьуйата Никииппэрэп диэн судьуйа көрөн баран, хат силиэстийэҕэ ыытта. Уопсайынан мунаах дьыала эбит, силиэстийэ сиэһин-аһааһын чахчыларын булбатах диэн. Ити cуут уурааҕа мин балаһыанньабын өссө ыаратта. Бэстилиэт остуол үрдүттэн арахпат буолла. Борокуруор дьаһалынан, 1944 с. маай бырааһынньыгар “Кэһэй”, – диэн хаайан тып гыннаран кэбистилэр. Оччотооҕу милиисийэ Тоҕотоо илиитигэр киирдэҕим ол. Мин кэннибиттэн сотору Ньукулаайап Дьэкиим (Бабыах уола) киирдэ. Остолобуойга хассыыр этэ, онно итэҕэстэнэн киирбит. Биир Кырыкый дьахтара баар. Кэлин Чочу уола Дьөгүөр ойоҕо буолбута. Дьэкиим ийэтэ ас таһан аһатан, хата мин абыраммытым.
Борокуруордар дьиэк булбакка киҥнэрэ холунна. Семенов Данил Иванович силиэдэбэтэли дьиэбэр дьэгдьиир оҥорон баай уоппустата ыыта сырыттылар. “Кэтэн турарбыттан ураты биир бүрүүкэ ылыммытым бу баар, ону уоппустаа”, – диэн көрдөрбүппүн, – “Кэтэр таҥаһыҥ уоппустаммат”, – диэн суруйбата. Уонна тугум кэлиэй, туох да суох. Ити cыл кыһын Туобуйа колхуоһун бэрэссэдээтэлэ Бускай диэн киһини уонна сэбиэттэрин сэкиритээрин икки киһини өлөрбүттэрэ. Сыарҕалаах аттара, сыарҕата барыта хаан буолан баран дэриэбинэҕэ кэлбит, дьоно суох. Кыһыны быһа дэриэбинэ киһитэ бары кэриэтэ көрдөөн булбатахпыт. Саас хаар быһа сиэн Кэрэхтээх үрэҕэр ойуур саҕатыгар быраҕаттаабыттарын булбуттара. Бускай хаартылаан уонча тыһыынчаны сүүйбүт, ону ылбыттар диэн буолбута. Дьахтар сэбиэт харчытын сыттык түүтүн иһигэр кистээбитин булан ылбатахтар, сүүрбэччэ тыһыынча үһү. Ол билиҥҥэ диэри арылла илик. Борукуруордарбын ол да наһаа кыынньаата быһыылааҕа. Бэс ыйыгар суутум буолла. Ньурба Хорулатын киһитэ Иннокентьев диэн судьуйалыыра. Аҕам: “Дьэ сэриигэ ыытар курдук уураахтыа диэтэ”, – диэн үөрдүбүтэ суох. Биэс cылга хаайыыга уураахтаатылар. Милиисийэ киһитэ Андросов диэн начаалынньык уурайан барар буолбута. Ол киһи эмиэ Давыдов Ньукулай биһиккини “Сэриигэ ыыттара сатыам”, – диэбитэ. Дьэ, онон мин сордоох дьылҕам быһаарылыннаҕа ол. Бүтэһигэр өлөр өлүүгэ тыллана сатаан, сэриигэ барбакка хаалан, мин олохпор өлбөккө хаалар туһугар охсуһуу саҕаламмыта. Ол иннинэ Байбал диэн тырахтарыыс уол холуочуйан баран, бэрэссэдээтэл Улуйаанап сонун эҥэрин хайа тардан, биир сылга хаайыыга баран, мас кэрдэ сылдьан, өлөөрү ыксаан күрээн, сылыгар эбинэн өлбүтэ.
1943 с. Бүлүү хаайыытыгар 700 хаайыылаах өлбүт үһү диэн кэпсээн тыыннаах хааларга эрэмньини хаалларбат этэ. Аҕам икки оҕотунаан уһаатын оҥоро хаалбыта. Миигин бэс ыйыгар борохуотунан Бүлүүгэ илдьибиттэрэ. Тыыннаах буолар иһин охсуһуу саҕаламмыта. Кэм да Дьэкииммин кытта бииргэ бардыбыт. Түрмэлэрэ диэн саллыы дойдуга кэлээхтээтибит ээ. Бастаан докумуон толорон күргүй-көбүө, сонно сиргэ тимириэх үлүгэриҥ. Онтон дьэ түрмэлэрэ диэҥҥэ аҕаллылар. Төгүрүк бэрэбинэнэн, төбөтө уһуктуу охсуулаах биэс миэтэрэ үрдүктээх олбуор иһигэр киллэрдилэр. Олбуор иһигэр этээһэ суох уһун мас дьиэлэр бааллар эбит. Онтон биирдэригэр киллэрэн, хаамара диэҥҥэ угаттаан баран, күлүүһүнэн хатаан халыгыраттылар. Биһигиттэн ураты өссө уон киһи баар эбит. Муннукка хаппахтаах мас уһаат турар. Бу парааса диэн аатырар ииктиир-саахтыыр сириҥ эбит. Күҥкүлүйэн амырыын сыт. Икки эдэркээн нуучча уола баар. Онтон атыттара тыа дьоно муҥнаахтар. Дьүдэйбиттэрэ сүрдээх, эрэйдээхтэр олороохтууллар ээ, дьэ саллыы. Киһи мантан хайдах тыыннаах ордуой диэх айылаах. Ааннара үөһэнэн бэрт кыра төгүрүк хайаҕастаах эбит. Онон киһи хараҕа көстөргө дылы гынна да, күргүйдээн бытарыттылар: “Сытымаҥ, олоруҥ!”- уонна бэрт аһыы үөхсүү, маатыры бөҕө буолла. Аһылыкпыт буолла быһыылаах, ааммыт эмиэ аһыллар болчуохтаах эбит, ол халыгыраан баран арылла биэрдэ уонна “эбиэт” диэн хаһыытаан мииммит дуомун биэрдилэр. Хаппыыста күөх уута, барбах хаппыыста күөх сэбирдэҕин кытта онон-манан хаҕыламмакка эрэ кырбастаммыт хортуоска эрэ көстөр балаандата буолла. Кыракый балык дуомнаах. Дьэкиим: “Бу биһиги сибиинньэлэрбит дуо! Тоҕо хаҕыламматах хортуосканы, хаппыыста күөх сэбирдэҕин сиэтэҕитий?” – диэн этиһэн көрдө да тыыннарбатылар. “Сарсыҥҥа диэри биэриэх суох буолуо, бүгүн чолоҥноһон эриҥ”, – диэн буолла. Сарсыарда күннээҕи аһылыкпытын 550 г килиэби биэрэллэр эбит уонна эмиэ балаанда. Дьэ кырдьык, киһи өр тулуйуо суох дойдута эбит диэн санааҕа кэллим. Сарсыарда килиэп хоручуоската түбэстэҕинэ үөрүү, дьолломмут саҕа сананаҕын. Сарсыарда били бараасабыт баҕайы таһаарыытын уочаратын балыйсыһан, сороҕор, охсуһууга тириэрдэр. Күнүс биирдэ үүрэн таһаартаан борогуулкабыт диэн олбуор иһигэр уонча мүнүүтэ хаамтараллар.
Хата биһигини тиийэрбитин кытта өрүс уута элбэҕин баттаһа мас болуоттааһыҥҥа үүртэлээн абыраатылар да, алдьаттылар да быһыылаах. Улахан хойуупка сүүрбэччэ буолан олорон, түөртүү киһи олбуһа-солбуһа сүүрүгү өрө өксөйөн айанныыбыт. Хойуупка хонбуойдар дьаһайа, күргүйдүү олороллор. Икки хонук айаннаан Быакай Бөлөҕөһүгэр кэлэбит. Кэллибит да cыыр үрдүттэн долгучуогу өрүскэ түһэрэн, болуот оҥоробут. Модьу долгучуоктары икки бастарын көпсөнөн икки маһы холбуу баайталаан баран, эмиэ сиэрдийэҕэ аллараа мастан быалаан таһааран, эмиэ көпсөнөн кэлгиллэр. Ол үрдүгэр эмиэ долгучуок бөҕөнү тиэйэҕин. Болуот икки баһыгар күтүр улахан эрдиини туруортуугун. Бүлүүгэ оннук гынан биэс болуоту киллэрэҕин. Үлэ үлүскэнэ. Киирэргэ эрэ солбуһан утуйан сынньанаҕын. Болуоту өрүс үөһүн билэр, үөрүйэх дьон дьаһайан салайтараллар. Билбэккэ атын үөһүнэн баран, болуоттарын кумахха олордон кэбиһэн, хаалларар түбэлтэлэрэ эмиэ баар буолааччы. Бүлүүгэ тиийэн Уолбут анныгар боротуохаҕа болуоту тохтотуу эмиэ кытаанах үлэ. Үнтү сылайан хаамараҕар киирдиҥ да, аһыыр да бокуойа суох, cуукка устата өлбүттүү утуйаҕын. Киһи эрэ буоллар ол утуйары бопсубаттар этэ. Болуокка барбыт кэмҥиттэн кэм биллэ аһатан абырыыллар уонна үлэлиир үчүгэй буолар. Ол сайын иккитэ болуокка сылдьыбытым. Онтон сайын биир Березовскай диэн ньуучча оһох тутарыгар, эрэмиэннииригэр көмөлөһөөччүнэн сырытыннаран абыраатылар. Килиэбиҥ үлэлиир киһиэхэ 750 г буолар. Онон арыычча эбиммит буолаҕын. Күһүөрү аны Лиэпчикэп диэн Бүлүү Өргүөтүн оҕонньорунуун куорат тэрилтэлэригэр оһох тутааччыларынан үлэлэттилэр. Онно сылдьан хаамыраҕа бииргэ сытар дьонум: “Табах төҥүргэһинэ булан аҕалан кулунууй”, – диэн көрдөһүүлэрин толорон, тардыллыбыт табах тобоҕо хомуйан аҕалан дьоммор биэрэбин. Дьонум онтон тардан үөрүү бөҕө, миэхэ махталлара улахана. Онно оборон көрө сылдьан табахсыт буолан хаалбытым. Эмиэ эрэйгэ эбии эрэй булуммутум. Ол сырыттахпытына көҥүл дьон сороҕор аһынан килиэп бэрсэллэр. Кыһын кэлиэр диэри онно сылдьан, сэниэлэнэн, уойан, өлбөт иһин охсуһуу бастакы түһүмэҕин ааспытым.
Күһүн буолан, үлэм тохтоон, эмиэ ыран барбытым. 450 г килиэп аччыктатар ас этэ. Кыһын ахсынньыга диэри түрмэҕэ сытыардылар. Түрмэҕэ кэпсэл элбэх этэ. Олортон биирдэстэрэ
Өлөөн райсоветын бэрэссэдээтэлэ диэн киһи күрүөйэх буолбут. Элбэх үбү сиэбит дииллэр этэ. Ол киһини тутан аҕалан ытарга уурбуттар. Түрмэҕэ хортуоска харайар сиргэ киһини ыталлар үһү. Ытааччынан Саппыраньыайап Сэмэн (Кус тарбах уола) үһү дииллэрэ. Хас ыппыт киһитин баһыгар 300 солк биэрэллэр үһү дииллэрэ. Ол иһин биһиги ол киһиттэн наһаа куттанар этибит. Ыталларыгар түүн борукуруор, түрмэ начаалынньыга, быраас баар буолаллар үһү диэн кэпсииллэрэ. Ньурба дэсэртиирэ Дуйаакабы ыта таһааралларыгар `”Ааһыныыҥ хотон кэллэ, босхолоноҕун”, – диэн эппиттэрин “Албыннаамаҥ, билэн олоробун, бу арыыбын сиэн бүтэриэхпэр диэри тыытымаҥ”, – миискэлээх арыытын сиэн бүтэрэн баран тахсыбыт дииллэрэ. Ойуун Ньыыканы ыта таһааран баран, манан ытаҕын диэн бэлиэ кумаахы сыһыарбыттарын кэннэ, ытааччы ытаары турдаҕына, киһилэрэ сүтэн хаалбыт. Хаамыратыгар киирэн көрбүттэрэ: ”Хайа, Ньыыкаҥҥытын ыттыгыт дуо?” – диэн бэйэлэриттэн ыйыта олорор үһү диэн кэпсииллэрэ. Икки төгүл оннук гыммыт, онон ыппатахтар дииллэрэ. Төһөтө кырдьыгын туох билиэй.
1944 с ахсынньы аам-даам тымныытыгар, аны 60-ча киһини Кэмпэндээйигэ этээптиир буоллулар. Утуйар таҥас диэн суох. Маҥан өҥнөөх баата тэлэгириэйкэлээх ыстааннаах, хаатыҥкалаах, тугу булбуккунан истээх үтүлүк дуомнаах дьону буоста икки атынан айаҥҥа туруордулар. Тыыннаах буолар иһин охсуһуу биир саамай сытыы күннэрэ үүннүлэр. Уруккуга эбии аны тоҥон өлүү, үлүйүү куттала хоһуласта. Бастакы күн Кыадаҥдаҕа тиийэн хонуохтаахпыт. Хабытчаарап Киргиэлэй, маҥнайгы учууталым, сөтөл буолан өлөөрү сылдьар киһи, олох да бастакыттан сыарҕаҕа тиэлиннэ. Кыадаҥдаҕа тиийбэккэ эстэн хаалан, саамай кыралара мин эмиэ сыарҕаҕа тиэлинним. Халлаан син ичигэс буолан абыраатаҕа буолуо. Хаампакка өр сытан иэдэйбит этим. Нөҥүө күнүттэн дьонтон хаалсыбакка син Кэмпэндээйигэ тиийбитим. Нөҥүө күн Харбалаахха, онтон Ороһуга, Намҥа хонон, Үөһээ Бүлүүгэ тиийбиппит. Онно хаайыыга симэн үс хоннорбуттара. Намҥа эдьиийим Мотуруоналаах ас киллэрэн аһатаннар, Үөһээ Бүлүүгэ билэр дьоммуттан ас аҕаланнар үс-түөрт күн киһи эрэ мин буола сылдьыбытым. Үөһээ Бүлүүттэн Үөдэйгэ тиийбиппит. Хороҕо Буутах Баһылайа хонбуойбун кытта дьиэтигэр таһааран чаайдатан ыыппыта. Оччоҕо сэрииттэн кэлбит сэбиэт бэрэссэдээтэлэ улахан киһи этэ. Итинник айаннаабыппыт. Ньурбаттан араҕан оччотооҕута Араҥастаах диэн дэриэбинэҕэ тиийэрбитигэр аны Ньыыкан ойууммут хаалан хаалла. Хаҥас илиитин санньытан баран, биир сиргэ эргийэ турар, бабыгырыыр. Бөтүрүөп диэн хонбуой ыалдьыбыт быһыылаах диэн хаалыста. Биһигини үс хостоох аныгылыы ыал диэтигэр түһэрдилэр. Дьоммут күөс быстыҥа буолан баран кэллилэр. Ньыыкаммыт, кырдьык, ыалдьыбыт көрүҥнээх, дэлби тоҥмут. Дьон табахтаары испиискэ уматтахтарына, ол үрдүгэр айаҕынан түһүөлэнэр. Ол иһин мин хаһыаты уматан баран сирэйигэр чугаһаттым. Киһим хаһыат умайар төлөнүн айаҕынан бүтүннүү эҕирийэн ыла-ыла үөһэ-аллара уһуутаамахтаата. Дьэ, уонна сыгынньахтанан баран тоҥустуу кутуран киирэн барда. Кутуруу тойугун “ноо-лиэ-та” диэнтэн саҕалыыр. Киһибит туох-туох эрэ үөһээ добун халлаан оройугар тахсан олорон, төрөөбүт төрүт дойдутун таҥнары одуулаан кэбиспитэ доҕоор: «аны саас уу-хаар лаппа тахсан турдаҕына, биһиги сэриилэрбит обургулар өстөөҕү үлтү сынньан, кыайан-хотон, өрөгөй-талаан үрдээтэ. Ол үөрүүтүгэр улахан амыньыыстыйа тахсан, кыра-хара буруйдаах хаайыылаах аймах бука бары көҥүлгэ көттө, хаайыы иччитэ Иэпэнньэх хотун дьонун аһыйан, хаайыыта кураанахсыйан ытаан-соҥоон иэпэнньэхтэнэн ахан эрэр нохолоор!» – диэн тойуктаах буолла. Хаайыылаахтар үгүс өттүлэрэ: «Кырдьаҕас, эн эппэтэҕиҥ, аанньал эппитэ буоллун, бу үөрүүнү», – диэн бөҕө буоллулар. Сорох дьон: «Ити түөһээҥки оҕонньор тылын итэҕэйиҥ, ону-маны аныаха диэри ойуумсуйбут буола-буола, хата ньиэмэс тойоно субу сотору дьикти сэби оҥотторон сэбиэскэйдэри биир да суох гына эһэбит диэбит үһү», – диэбиттэрэ. Ол кырдьык эҥин диэн буолтара. Ол эрэн, дьон үксэ кыайыыны, амыньыыстыйаны итэҕэйэрэ өтө көстөрө. Онтон ыла этэҥҥэ айаннаан Сунтаарга үс хоннорбуттара. Сунтаартан Кэмпэндээйигэ таһаҕас массыыналарыгар тиэйэн илпиттэрэ.
Кэмпэндээйи диэн ол саҕана туус хостуур сир эбит. Кыһын бэйэтэ оргуйан тахсар. Олбуор диэн сирдээх. онно туох да олбуора суох кыра күкүр курдугунан төгүрүтүллүбүт сир этэ.
Олбуор соҕуруу өттүгэр үрэх үрдүгэр уһун турбалаах собуот баар этэ. Онно буһарыы тууһа диэн курупчаакы курдук маҥан тууһу ылаллара. Олбуор тууһа диэн хараҥатыҥы, барымтыа баҕайы, тууһу ол олбуортан баһан, хаптаһынынан муоста кэбиһэн, ол устун таачыканан анньан таһан, ыскылааттары буллараллара. Собуот иһин көрбүт суох. Ууну оргутан, паар буолан көттөҕүнэ хаалар тууһу баһан, эмиэ ыскылааты булларан хаһааналлара. Собуот кыһыннары-сайыннары үлэлиирэ. Туус олбуоруттан хоту өттүгэр, эмиэ хайа анныгар биһиги холуонньабыт баара.
Сунтаартан киирэр аартыкка Кэмпэндээйи дэриэбинэтэ этэ. Аллара туус ыскылаата уонна олбуор эрэ бааллара. Итини, 1970 с эргин санаторийга бара сылдьан көрбүтүм. Тиийээппитин кытта биһигини Тоһоҕолоох диэн мас кэрдэр сирдэригэр таһаарбыттара. Икки хотон курдук бараах оҥорбуттар. Сөп буола-буола буочуканы ортотунан быһан, тимир оһох оҥорбуттар, онно олороохтуубут. Чэйбитин кыһыҥҥы тымныыга таһырдьа буочукаҕа өрөллөр. Чэй уочаратыгар тоҥуу да, өлөрсүү да баар буолааччы. Сунтаардарга ас эбии элбэхтик киирэр этэ. Онно тотон күүһүмсүйэр да, дьону атаҕастыыр да дьон бааллара. Ордук Тиһэҥэй уола диэн (Егоров Христофор) киэбирэрин өйдүүбүн. Биирдэ чэй уочаратыттан таска анньаары гыммытын, Үөһээ Бүлүү дьоно көмүскээннэр, чэйбин куттаран баран сирэйигэр саба ыспытым. Хата чэйбит сойбут этэ. Кырбыаҕын дьонум турунан көмүскээн кырбаабатаҕа. Ол Кэнтик киһитэ Сараапап, Нам киһитэ Бугуулап Акыым көмүскүүллэрэ. Холуонньа түрмэ курдук буолуо дуо. Утуйар таҥас дуома, кэтэргэ кыһыҥҥы, сайыҥҥы таҥас биэрэр буолбуттара.
Итии ас диэн суох сирэ. Үлэбит диэн 1 м усталаах гына саһаан кэрдэбит. Нуормаҥ- 2,5 куб. Аһара толордоххуна, килиэбиҥ эбиллэр. 125%=650 г, 150%=750 г, 175%=850 г. Икки нуорманы толорор дьон баар этэ. Биһиги тахсыбыппыт кэннэ Хабытчаарап өлбүт этэ. Ону бэлэм дьаамаҕа суорҕан дуомунан суулаан бырахпыттар үһү. Кини Үгүлээккэ носпуо бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, хоргуйан өлөөрү гыммыттарга бурдук түҥэтэн, онно буруйданан түбэспит үһү. Хоро киһитэ Көдьөй Силибэ күҥҥэ 16 куб маһы мастыыр этэ. Ону биир бухатыыр дьахтар нэһиилэ туруорара. Биһигиттэн Дабыыдап Ньукулай Дьэпсиэйэбис, Кэнтик киһитэ Сараапап, Нам Бугуулап Акыым уонна Сэдээлэсэп Охонооһой бааллара. Дабыыдабы кытта кыттыһан үлэлээн нуормабытын толорбокко, аччыктаан өлө сыспыппыт. Киһим сүрэҕэлдьээн олох үлэлээбэт. Онтон көстүүмүн атыылаан, астанан баран бэйэтэ эрэ барбыта. Мин бэйэм эрэ эрбии, сүгэ ылан, нуормабын толорор буолан, сэниэлэнэн истэҕим аайы 150% толорор буолан, эмиэ өлүүттэн быыһанар суолга киирбитим. Биирдэ муннубун үлүтэн кэбиһэн, үлэҕэ барбакка көрдөрүнээри хаалбытым. Онно нуучча дьахтара хаайыылаах биэлсэр: «Сибиинньэҕин дуо? Муннугунан үлэлиигин дуо?! Үлэҕэ таҕыс!» – диэн үлэттэн босхолооботоҕо. Онтон ыла мунна үлүйбүт диэн ааттана сырыттым. Өлүүттэн куота сатааһын кылаанын бу кыһын тоһуппуппун. Дьолбутугар буолаахтыа, 1945 сыл саҥатыгар Бүлүүгэ 700 киһини хоргутан өлөрбүт Ленин орденнаах Буурулап диэн ньиэмэс киһитэ начаалынньыгы ууратан, кини оннугар Кэмпэндээйигэ Шкутин диэн Өлүөхүмэ нууччатын олордубуттар. Начаалынньыктар тутуһалларыгар сүүстэн тахса киһи иинин сайын хастара сытарын Буруулап туттара сатаабытын туппакка, онон киирэн дьыала оҥорон түбэһиннэрбиттэр үһү диэн кэпсииллэрэ. Буурулап биһиги нэһилиэк киһитин, Ольга Дмитриевна Федорова аҕатын баһаартан баран ас атыылаһарыгар көҥүллээн баран, кэнниттэн ыты ыытан туттаран өлөрбүт үһү.
Шкутин хаайыыга олорор үөрэхтээх билэр дьонунан Сунтаар холхуостарыгар отчуоттары оҥотторор эбит. Дьонун хонбуойа суох көҥүллэтэлиир. Ол иһин холхуостартан бурдук, үөрэ-хаара, тарыгар тиийэ аҕалан үлэбит толоруутунан көрөн түҥэтэрэ. Ол биһиэхэ улахан өйөбүл этэ.
Биирдэ өлө сыспытым. Үөрүйэҕэ суохпуттан бүрүүкэбин эбиэс куруппата диэҥҥэ мэнэйдэһэн, тимир оһоххо хааһы буһарыммыт буолан, үчүгэйдик буһарбакка таһааран сиэн кэбистим. Түүнүн иһим үллэн чуут өлө сыстым. Онтон ыла хата өй киирбитэ. Кыһын син ааһан, мас кэрдиитэ тохтообута. Дьоммутун Кэмпэндээйигэ киллэртээбиттэрэ. Биһигини, уонча мин курдук молохочуостары, мутук уматтара хааллардылар. Кэрдибит саһааммытын атынан үрэххэ киллэрэн кутан иһэллэр эбит. Үрэх уута ону илдьэ барар. Ону Кэмпэндээйигэ туус собуотун аннынан
быһыттаан кураанах сиргэ харайаллар эбит. Биһиги биир оҕонньор хонбуойдаахпыт. Ол оҕонньор аһаталыыр. Биһиги мас кэрдибит сирбитигэр уот ыыта сытабыт. Толоруу куруук 200%. Ойуур сиики маар быыстардаах буолар. Кэрдиллибэтэх ойуурга уот барбатын эрэ маныыбыт. Ол сытан маай 9 күнүгэр Кыайыы бырааһынньыгын истибэккэ хааллыбыт. Биллэрэ кэлэ сылдьыбыттар да үрэхтэн хаайтаран, төннөн хаалбыттар. Саанан ытыалаабыттар да истибэтэхпит. Үрэх уута түспүтүн кэннэ, дьэ кэлэн Кэмпэндээйигэ киллэртээтилэр. Киирбиппит ойууммут сыыспатах. Кыайыы буолан, амыньыыстыйа тахсан, хайа-сах кыра буруйдаахтар дойдулаабыттар. Улахаттары эмиэ ханна эрэ атаарбыттар. Дьэ кырдьык аҕыйаабыппыт. Мин хаалбыт болдьоҕум аҥара сотуллан, үс сыл биир ый олоруохтаах эбиппин. Онон икки сылынан босхолонор буолбуппун. Биэс сыл буолбатах, хайдах эмэ моҥуур инибин диэн тыыннаах буолар охсуһууга син ситиһиилээх курдук буоллум.
Кэмпэндээйигэ биэс уонча эрэ киһи хаалбыппыт. Окко киириэххэ диэри олус улахан үлэтэ суох сырыттыбыт. Биирдэ эмэтэ суолга үлэлээбитэ буолабыт. Ол оннугар олбуорбут иһигэр бэйэбит билэрбитинэн оонньуурбут элбэх. Куулу атахпытыгар кэтэн баран сырсабыт. Кыайааччыбыт, быһыйбыт, тустуукпут Үөһээ Бүлүү киһитэ Чоҥхоойоп Ньукулай диэн этэ. Мин син иккис, үһүс миэстэҕэ тиксэр этим. Ол киһи Алдаҥҥа сылдьан биэс буолан күрээбиттэр этэ. Онтон туох буолбутун истибэтэҕим. Сүтэн хаалбыта, бука өлбүтэ буолуо. Отой Үөһээ Бүлүү Арыылааҕын диэки буолуо, Чооруос (Нооруос) үрэҕэ диэн сиргэ оттообуппут. Дүллүкү киһитэ, сэрииттэн кэлбит Илийиин диэн киһини кытта оттообуппут. Киһим Бүлүүгэ мээсэҕэ үлэлии сылдьан, арыыта итээн түбэспит. Хаайыыга сылдьан истибитэ: Буурулап хаайыылаах уоруйахтарын ыыталаан уордарбыт үһү. Үчүгэйдик охсор киһи буолан бэркэ оттообуппут. Биир саха ыала олорор этэ. Олорго сылдьан чааскыттан чэй испиппит үчүгэйин эриэхсит!
От кэнниттэн Бүлүү борохуот таһаҕас тиэйэр баарсатын дьүүгүгэр симэн Дьокуускайдаттылар. Ол бэйэлээх аалбыт сарайыгар хомбуойдарбыт ыты сүлбүттэрин тириитин хатаран иһэллэрэ былаахпыт курдук көстөөхтүүр. Үөһээ Бүлүүнү таарыталлара кэлиэ дуо, түүн үөһүнэн аастыбыт. Уу суох дьыла этэ. Ый курдук айаннаан пиэрибэй холуонньа диэҥҥэ Даркылаахха тиэртилэр. Онно баара-суоҕа нэдиэлэ курдук буоллубут. Мааркап диэн байыаннай дьыалаҕа үөрэппит учууталбын көрдүм да, кэпсэппэтим. Таҥас-сап, дьүһүн-бодо буолан сылдьаахтыыр эбит. Биир күн баарсаҕа чох куруустаттылар. “Куоталаһыҥ, кыайбыкка бириэмийэлээх”, – диэтилэр. Мин 18 сааспын туолан дуолурҕаатаҕым буолан буолуо, күрэххэ кииристим. Ким төһөнү куруустаабытын таачыканан ааҕаллар. Тэрпиилэйэп диэн хатыҥыр нуучча киһитигэр куоттардым, иккис буоллум. Бириэмийэбин биир киилэ сэбирдэх табаҕы биэрдилэр. Ол табах абыраабыта да, алдьата да сыспыта. Сарсыныгар иирээки ырбаахыта кэтэрдитэлээн баран сөмөлүөккэ олордон, Алдаҥҥа көтүттүлэр. Иирээки ырбаахыта диэн бүтэйдии кэтэрдэн баран, уһун сиэхтээх, онон кэннигэр баайан кэбиһэллэр. Алдаҥҥа тохтоппокко биэс биэрэстэлээх Лебединэй диэн бириискэҕэ баар холуонньаҕа илтилэр. Манна икки хоннубут даҕаны, били табаах баҕайы сүгүннээбэтэ. Оҕус диэн Сунтаар уолунаан холбоһон икки аҥы тутан, ыстааммыт иһигэр укта сылдьабыт. Уолум Уйбаныап Бүөтүр диэн мин барылым, уҥуоҕунан эрэ уһун. Биэрмэҕэ олорон хоргуйаннар, биир оҕуһу таһааран, өлөрөн сиэн тыыннаах хаалбыттар. Мин табахпын былдьыылларыгар тиийдилэр. Уус Маайа киһитэ Бүнэкүүрэп Дьөгүөр диэн аҥар күүстээх диир киһилэрэ баар. Нууччалар киниттэн өлөрдүү куттаналлара. Ол киһиттэн көрдөһөн, кини сытар нааратын анныгар уолбунаан бэркэ утуйан турдубут. Ол киһи Алдантан биэс буолан күрээбиттэр, Далан “Дьылҕам миэнэ” диэн кинигэтигэр ахтыллыбыт киһи.
Ол күн биһигини 12 биэрэстэлээх Эмэрикээнкэ диэн мас кэрдэр учаастакка массыынаҕа тиэйэн илдьэн сүөкээтилэр. Бу дойдуга олбуорбут иһигэр үс бараах дьиэ, биир хонтуора уонна хаарсар дьиэлэрэ баар. Хатыылаах боробулуохалаах хаптаһын олбуорунан төгүрүтүллүбүт. Икки муннукка быыска, онно аптамааттаах харабыллар түүннэри-күнүстэри тураллар. Олбуор таһыгар хонбуойдар олорор, аһыыр дьиэлэрэ бааллар. Бу дойдубут хайалаах дойду буолла. Тула өттүбүтүгэр улахан чочумаас хайалар көстөллөр. Лааҕырбытынан Якокуут диэн хайа үрэҕэ ааһар.
Мантан аллара Дьококуут диэн бириискэ баар. Онно эмиэрикэлэр туппут уот ыстаансыйата баар дииллэр. Ол кыһын сууккаҕа 160 мᶾ маһы, кыһын 320 мᶾ маһы үрэр үһү. Сайын көмүс хостуур драгалар үлэлээннэр маһы элбэҕи сиир үһү. Ол аһылыга буолар маһы кэрдэбит. Үс бараах тус-туһунан ааттаахтар. Бэлитиичэскэйдэр, сармааннар уонна биһиги уголовниктар диэн. Маспытын үстүү миэтэрэ гына бысталаан долгучуок оҥоробут. Ону эмиэ биир миэтэрэ үрдүктээх гына чохчолуубут, мутугун хомуйан тута уматан иһэбит. Түөрт муннуктуу төгүрүччү просека кэртэрэн баран, ону хомбуойдар, аптамааттаах дьон манаан тураллар. Иккилии-үстүү хомбуойга уот оттон биэрэр дьону анаталыыллар. Сатыы кэлэбит-барабыт. Нуормабыт 4,5 мᶾ, ол нуорма сырсыыта. Кэрдиллибит маһы аттаах дьон кэлэн массыына суолугар таһаллар. Суолу дьахталлар оҥороллор. Киирбит долгучуогу ыстаансыйаҕа сүүркүлээркэнэн эрбэтэллэр, холууҥҥа хайыттараллар уонна үргүлдьү оһоххо тэлиэскэнэн анньаллар. Биһиги көмүс хостооһунугар үлэбит итинник. Дьококуутка былаасабыстар диэн дьахталлар холуонньалара баар. Үксэ Укурайыына дьахталлара. Дьэ ити курдук иккис кыһыным эмиэ мас кэрдиитинэн саҕаланна. Уларыйыы диэн күһүн элбэх сыллаах дисэртиирдэри, уорбатах, киһини өлөрбөтөх дьону барыларын босхолотолоон кэбистилэр. Онно Сунтаартан элбэх киһи босхоломмута. Үүнэн иһэр сааспыт буолан, Оҕуспунаан бииргэ үлэлээн, үлэ оҥостон, үлэҕэ үөрэммиппит. Тыыннаах буолар иһин охсуһуу арыый чэпчээбитэ.
Саас буолбутун кэннэ болбукта эриэхэтэ диэни хомуйан сиэн, онтон сайын сыалаах мас эриэхэтин туорахтары уокка үтэн баран, эриэхэтин сымнаҕас хахтары сиэн, дэлби уойан хаалбыппыт. Сайын болдьохпут cылы кыайбат хаалбыт дьон үксүн олох да хомбуойа суох биригэдьиир Тарааһап дьоно буолбуппут. Үлэлээбэппит, тойоммутугар тэллэйдээн уонна отонноон биэрэбит. Ол төлөбүрэ дэһээтинньик тутан баран, кыстаммыт мас аҥар өттүн өтүйэнэн охсон бэчээттээн баран маһы туора тардан ааһар. Биһиги саһа сылдьан, ол туора тардыллыбыт маһы көннөртөөн ааһабыт. Дэһээтинньик төннөрүгэр иккис өттүттэн бэчээттээн баран маһын туоратар. Тарааһап мас бөҕөнү сымыйанан кэртэҕэ ол. Биһиэхэ күн аайы 200% толоруу баар. Итинник үчүгэйдик табыллан сайылаатыбыт. Кыһын эмиэ кэллэ, мас кэрдиитэ саҕаланна. Сэтинньи ортотун диэки уолум Оҕус соруога бүтэн босхолонор буолла. Уолум мас кэрдэр таҥаһыттан ураты туох да таҥаһа суох. Дьэ онно сөхпүтүм, киһи да бааттаах буолар эбит диэн. Мин аҕыйах харчылаахпытынан хаартылаһан көрөр буоллум. Кэбээйи киһитэ Наумов диэн сүүлүк атамаана да, үлэһит бэрдэ да киһи баар. Киэһэ аайы оонньууллар. Мин баарт көрдөһө киирэн көрбүппүн, мөһөөх кэриҥэ харчылаахпын өр гыныахтара дуо, мэлитэ оҕустулар. Наумовпар сарсыарда усиленнай диэн биир үрүҥ буулканы, үрдүгэр хаамыска саҕа арыылаах биэрэллэр. Онно оонньуох диэтим. Киһим иҥсэ, эмис, аһас киһи киһилиэ дуо, биирдэ сабан ылаары оҥоһунна. Арай киһим биир да хаартыга ылбакка бар да бар буолла. Бүтэһигэр оонньуоҕа туох да суох буолуор диэри сүүйтэрдэ. Дьэ Оҕуһум муҥнааҕы дьыраччы тоҥмот курдук таҥыннаран ыыттым. Дьон онно баат диэн баарын, улаханын сөхпүттэрэ. Наумов бэйэтэ да Оҕус баардын хайҕаабыта. Хаарты миигин да баартаабыт эбит. Уолум таҕыстаҕын күн миигин үлэҕэ таһаарбатылар. Уолбун атааран киирбитим: “Собирайся с вещами”, – диэн буолла. Мунаарыы бөҕө буоллум. Бу сотору сыл аҥарынан босхолоноору сылдьар киһини ханна илдьэр буоллахтарай диэн мунаарыы бөҕө. Эбиэт кэннэ суонаттан таһааран хонбуойдар уопсайдарыгар олохтоотулар. Дьэ хомуллубут ыраас утуйар таҥастаах хонбуой уолаттары кытта бииргэ олорор, бииргэ аһыыр киһи буола түстүм. Биһигиттэн биэс киһини ылбыттар. Хонбуойдарбыт байыаннай сулууспаны толоро сылдьар уолаттар эбит. Аҕыйах күн үөрэттилэр, аптамааты бэриттэрдилэр уонна ойуурга тахсан бэлэм кутааҕа олорон киирэр дьон буола түстүбүт. Бу миэхэ улахан баарт этэ. Онно кыһын устата биирдэ биир нуучча үтүлүк бүтэй үс тарбаҕын быһа охсунан баран кэлбитэ. Ону тойоҥҥо тыллаабыппар илтэрбитэ быһыылаах. Айакалаабат, биир тарбаҕа тириититэн иҥнэн салыбырыы сылдьар, икки тарбаҕа үтүлүгүн иһигэр толугураһаллар. Сааһыары биирдэ киирэн истэхпитинэ чугас биир улар олорор. Иҥсэ бөҕө батарбакка инники иһэр Сэлибээнэп диэн уолбун: “Ытыах”, – диэтим. Киһим: “Ээх!” – диэн иккиэн ыттыбыт. Иккиэн үстүү буулдьаны таһаарбыппыт. Начаас аттаах этэрээт бу баар буола түстэ. Чугас
ханна тутан тураллара буолла, биһиги көрбөт этибит. Буруй-сэмэ бөҕө. Үстүү сууккаҕа гаупвахтаҕа олортулар.
Мас кэрдэр кэммэр саас Ньуура диэн сиргэ мас кэрдибиппит. Онно аттыбытыгар чугас сыгынньах таас хайа баара. Онно түөрт буолан хайа төбөтүгэр тахса сылдьарга сүбэлэһэн бардыбыт. Хайабыт бу турар курдук этэ да, син ыраах эбит. От-мас үүммэт, сириттэн туруору хайа саҕаланна. Хайа бытархай хаптаҕай таас эбит. Өҥө болоорхой, көөрөттөн тохтубат. Тахсан иһэн сотору икки уолбут төнүннүлэр. “Мэйиибит эргийэр”, – диэтилэр. Хайа чыпчаалыгар мас майаак баар. Биһиги иккиэ буолан онно тиийэ сырыттыбыт. Чыпчаалга аҕыйах болбукта баар эбит, ол эриэхэтин ким да тахсан сиэбэт эбит. Ону барытын хомуйан түстүбүт.
– Дьэ онтон бэс ыйын 3 күнэ үүнэн миигин босхолоотулар. Сатыы Лебединэйбэр барар киһи буоллум. Онтон тэрийэн таһаараллар эбит. Көс икки биэрэстэ сири аа-дьуо, үөрэн-көтөн тиийэн, Лебединэйгэ хоннум. Нөҥүө күнүгэр: ”Бааспаргын манна ылаҕын дуу, дойдугар тиийэн ылаҕын дуу”, – диэбиттэрин, – “Дойдубар тиийэн”,- диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Ол иэдээн эбит. Бырайыаһыҥ диэн 130 солк биэрдилэр. Манан хайдах дойдубун булабын диэн уустук боппуруос буолла. Ону ол диэбэккэ, 5 биэрэстэлээх Алдаҥҥа сатыы түһүнэн кэбистим. Санаабар, көтүөхпэр кынатым эрэ суох курдук. Алдаҥҥа Бүлүүттэн төрүттээх, хаайыылааҕы хоннорор ыаллар аадырыстарын хатана сылдьабын. Ол ыалга чопчу тиийдим. Бэрт ыаллар эбит. Аһатан,
кэпсэтэн бэркэ диэн хоннордулар. Сарсыныгар өрүһү булар, Укулаан диэн сиргэ тиийэр санаа эрэ буолла. Массыына кэлэр-барар сиригэр тиийэн, массыына кэтэстим. Хата, мин дьолбор, биир эдэр нуучча уола олорто. Кузовка биир нуучча кыыһа аргыстаах буоллум. Алдаҥҥа училищеҕа окучуорка үөрэҕэр үөрэнэр кыыс эбит. Дьокуускайга дьиэтигэр баран иһэр. Хата суоппарым хаайыыттан быыһанан иһэрбин истэн, харчы көрдөөбөтө. Алдан уонна Укулаат ыккарда 8 көс эбит. Суолбут наһаа үчүгэй оҥоһуулаах суол эбит. Сотору Укулааммытыгар тиийэн кэлбиппит. Дьэ ынырык бөһүөлэк буолла. Кыра баҕайы бөһүөлэккэ 800 ньиэмэһи уонна былаасабыстары аҕалан, борокуот кэлэрин кэтэһиннэрэн сытыараллар эбит. Кыыһым биир кырдьаҕас ийэлээх эдэр нуучча ыалын астаран бэркэ хоннубут. Мин өрүс уҥуор Томмокко тахсан, болуот охсунан айанныырга толкуйданан, биир килиэби, биир хочолуок хортуосканы, туус, күөгү уонна быа хаттынаары сап атыыластым. Биир тоҥус ыалыгар сылдьан күнүс чаайдаатым. Билигин сүгэ уорар былааннаахпын. Өрүс аллараа диэки барар уулуссанан кэрийэн, мастыыр сиргэ биир сүгэ сытарын бэлиэтии көрдүм. Ол истэхпинэ көрбүтүм: борокуот иһэр. Туох эмит тахсаарай диэн түргэнник Укулааҥҥа туораатым. Баарсаҕа били дьону тиэйэн бардылар. Эмиэрикээнкэҕэ бииргэ хонбуойга сылдьыбыт үс нуучча уолаттарым, бу дьону хонбуойдаан Ааллаах Үүҥҥэ баран иһэллэр эбит. Баарса кутуругар туспа миэстэлээхтэр эбит. Онно киллэрэн аһаттылар. Атастарын
булбут дьон буолан үөрдүлэр-көттүлэр. Киэһэ айаннаан истэхпитинэ, этээп начаалынньыга көтөн түстэ. Миигин боруоста үүрэн таһаарда. Ыстарааптыах буолтун хантан харчым кэлиэй! Төттөрү хаайыыга уктарыах буолла. Уолаттарым, нууччалар нууччалар курдук, ол кэннэ мин диэки кыһаллыбатылар. Ньиэмэстэр аллараа түрүүмҥэ дьаабыланалларын көрөн олоробун. Аһылык түҥэтииттэн бочооттоһон охсуһан туран кэлэллэр. Улахан дьүдэх дьон. Палубаҕа быттара мөскөҥнөһө сылдьаллар, эчи бөдөҥнөрүн. Үксүлэрэ өлөөхтөөтүлэр ини.
Уус Маайаҕа түүн тиийдибит. Мин тутуллан эмиэ соһулла сылдьыам диэн борокуот тохтууругар биэрэккэ турар баарсаҕа чугаһаабытыгар, онно ыстанан кэбистим. Биэрэккэ дьон син элбэх, онно буккуһан хааллым. Көрдөөбөтүлэр, борокуот сотору хоҥнон, Майаны өксөйө турда. Биэрэккэ биир оскуоланы саҥа бүтэрбит көрүҥнээх уол кэпсэтэн, дьиэтигэр илдьэ барда. Ас-үөл мааны ыала буолла. Эдьиийэ били аҥаар күүстээх Бүнэкүүрэп Дьөгүөр балта огдообо дьахтар эбит. Алдантан иһэрбин истэн киһилэрин туоһулаһар дьон буоллулар. Мин көрсүбүппүн эттим. Бэркэ сылдьар этэ диэтим. Мин кэлиэм аҕай иннинэ биэс буолан күрээбиттэрин истибитим даҕаны эппэтим. Нөҥүө күнүгэр сарыынан үчүгэй баҕайы түүппүлэ тигэллэрин атыылата дэриэбинэ нуучча ыалларын кэриттэрэ ыыттылар. Ол сылдьан Тараасаба Өлөксөөндөрө диэн дойдум хотун дьахтарын булан ыллым. Аҕалара Сомуорсап диэн Ленскэй оройуон киһитэ Ленскэйгэ
-130-
көспүт, онно көһөөрү чөкөтүнэн олороллор эбит. Миигин олох да тутан ылан илдьэ барар буоллулар. Нэһиилэ били ыалбар баран кэллим. Киэһэтигэр борокуот кэллэ. Биһиги куруустанан олорсон, айаннаһа турдубут. Боев диэн эмиэ Ленскэй оҕонньоро судьуйалыы олорбут, кырдьаҕас баҕайы эмээхсининээн эмиэ көһөн иһэллэр. Дьол тосхойон, Дьокуускайга диэри тойон оҕотунуу кэллим. Тараасаба Баһылай Испирдиэнэбистээҕи булларан биэрдэ. “Дойдугар үчүгэй баҕайытык тиий, киһи буол”, – диэн алҕаан баран, 300 солк биэрэн абыраата. Боев оҕонньорум 150 солк биэрдэ. Дьон диэн, хор, оннук аһыныгас, амарах буолар. Кэлин ол барахсаны олох көрсүбэтэҕим. Уола Өлөксөй уҥуор учуутал быһыылаах этэ. Баһылай Испирдиэнэбис улахан тойон, обкомол бастакы сэкэритээрэ. Ыһыахтар буоланнар, оройуонтан оройуон ыһыаҕар сылдьар. Биирдэ эмит хонон ааһар. Мин аргыһыт киһи курдук баһаары булан, онно аска эһинним. Ордук үүт кэһэттэ. Күн аайы үүт атыылаһан иһэбин. Онон борокуокка киирэр харчым суох буолла. Ый аҥаарынан борокуот дьэ кэлэн, эмээхсин биир бухаанка килиэп, биир эт кэнсиэрбэ уонна арыы оҕото ыһыктаан атаарда. Борокуокка босхо, уоран айаннаатым. Ыһыгым бүппүтүн кэннэ, Мойтохооноп Силип уонна Уйбаныап Ньукулай диэн уолаттар аармыйаттан иһэллэр эбит. Олор тимэхтэрин кылбаччы ыраастаабытым иһин килиэп сиэтэннэр, Бүлүүгэ диэри кэллим. Бүлүүгэ куоракка тахсан охсуһаннар дьоммун милиисийэлэр көрдүү сылдьыбыттара. Бука хаалыннахтара, борокуоттан хаалан
хаалбыттара. Бойтунуоп Охонооһой Эһэ кыыһын ойох ылан иһэр этэ. Эчи, мааныларын, үчүгэйдэрин! Ымсыыра ахан көрөөхтөөбүтүм.
Алын Бүлүүттэн аһыыр дьоммун сүтэрэн, биирдэ да аһаабакка эрэ ахтыбыт ахан дойдум буорун булбутум! Оо, ол онно үөрбүппүөн! Барарбар тыыннаах эргиллэбин эрэ, суох эрэ диэн санаа бөҕөҕө баттатан, кистээн ытаан барбытым. Онтон билигин дойдум мүөттээх салгынын түөһүм муҥунан эҕирийэн, миигиттэн ордук дьоллоох киһи аан дойдуга суоҕун курдук санаабытым. Дойдум барахсан бэл күннүүн ураты курдуга. Эрэйи эҥэрбинэн тэлэн, атаҕастаныы арааһын көрүстэрбин да, киһилии майгыбын, кырдьыгы өрө тутуубун ыһыктыбатаҕым. Аны тыыннаах буолар охсуһуу оннугар хаайыылаах дэппэккэ, киһи буолар иһин охсуһуу үүммүтэ.”
Баһылай үөһэ тыынна уонна: “Дьэ, тукаам, тыыннаах буолар иһин охсуһуум туһунан сэһэним дьэ итинник. Хата, эн тулуйан иһиттиҥ дии”, – диэтэ уонна сиэнин диэки сып-сылаастык көрөн кэбистэ. Сиэнэ кыыс эһэтигэр көтөхтөрдө, моонньуттан ыга кууста уонна сыллаан ылла.
Эһэлээх кыыһы күн көрдө, көмүс утахтарын ыытан “Этэҥҥэ буолуҥ” диэбиттии угуттаата.
Наталья Чуручанова