(Эссе)
Ньукулай дойдутугар сайын саҥа кэлэн хааман-сиимэн наскылдьыйан эрдэҕэ. Оттон манна бэлиэр куйаас, от-мас силигилээн, ситэн турар. Сэрии буолбатаҕа буоллар, дьон ыспыт ыһыылара былыр бытыгыраан, ыраатыа эбит. Хараҕы быһа симэн күлүккэ сыттахха – үлүгэрдээх урусхалы, күөрэ-лаҥкы барбыт сири-буору аахсыбакка, айылҕа барахсан чыычаахтара туох да буолбатаҕын курдук чыбыгыраһалларын, ыраас халлаантан күөрэгэй ырыата кутулларын истэр үчүгэйиэн. Ньукулай, субу чугас, эмискэччи уһуутаан кэлэн чаҕылҕанныы сааллыбыт сэнэрээттэн тыыннаах орто. Сибилигин көрөн-истэн кылабачыһа, күлсэ олорбут нуучча уолаттара, Васялаах Саанньа олохторун ситимэ эмискэ быһа баран, чээлэй күөх сымнаҕас окко иттэннэри сыталлар… Оол аҥайар төгүрүк иини тула атын саллааттар туоҕа да биллибэт кырамталара ыһыллыбыттар, өҥүрүк куйаас анныгар сотору итилэр даҕаны ханна барбыттара биллибэккэ симэлийиэхтэрэ. Ньукулай төбөтүн иһигэр биир да санаа кыламнаабат, кубус-кураанах. Дьон туран, сэриилэһэ сүүрэн эрэллэрин көрөн, кини эмиэ, саатын хаба тардан ылла, сүүрэ-хаама бэдьэйдэ. Киниттэн ыраах, онно-манна, атын сэнэрээттэр кэлэн түһүтэлииллэр, ийэ буор бурҕайа өрө көтөр, кимнээх эрэ охтон, илиилэрэ-атахтара адаарыҥныыр. Ньукулай буоллаҕына, иннин хоту сүүрэрин кубулуппат – өлүө эрэ, өлүмүө эрэ, куттала суох. Сотору бары да сылайдылар. Улуу сыһыы уҥуоргутугар туртайар дьиэлэрдээх сиргэ диэри өссө да өр сүүрүллүөхтээх. Ньукулай аттынан үрдэ суох кыра массыына көтүтэн ааста, онно хамандьыырын төбөтө көстөргө дылы. Массыына итийбит сыта саба биэрдэ, оттон тыаһа тоҕо эрэ суох. Ньукулай төбөтүгэр “истибэт буолбуппун, хонтуусуйалара быһыылаах, ааһар ини” диэн санаа быстах кэмҥэ охсулунна уонна оҕурдук сүттэ. Кэннин хайыспыта, тааҥка бөҕөтө көтүтэн иһэр эбит, төһө эрэ ньиргийэ тыаһыыллар! Сылайан, сүүрбүтэ буолан сэлбирдээн иһэр Ньукулай таһыгар ип-итиинэн илгийэн, тааҥка хорус гынна, үөһэттэн – аһаҕас төгүрүк аантан киһи төбөтө өҥөйөн көрөр, хас даҕаны саллаат тааҥка тэллэҕэр сыстан олороллор, кимнээх эрэ илиилэрин уунан, чэпчэкитик тардан ыллылар. Хайата ордуга эбитэ буолла – хаампыта дуу, олорсубута дуу. Олорон да диэн, дохсун айан нэксиэтигэр охсуллан, ньылбырыйан түһүмээри, тутуһуу-тирэнии кытаанаҕа, аны саатын ыһыктыбата буоллар… Сити курдук, кини кимэн киирии биир ньыгыл дьулурҕаныгар барса турда. Киэҥ нэлэмэн Саха Сирин Үөһээ Бүлүү Үөдүгэйин чулуу уола, Сэтэкэм Боотулуутун сырдык хонуутуттан тахсан, хаһан даҕаны санаатыгар да оҕустарбатах, түһээн да көрбөтөх сирдэринэн-дойдуларынан тэлэһийэн, кырыыстаах сэрии уотун ортотунан өлүүнү-сүтүүнү силэйэ хаампыта, хааннаах өстөөҕү төрөппүт-үөскэппит ордууну үрэйсибитэ. От охсо турбут хотуурун күрүө маһыгар ыйаан, күн сарсыныгар ыраах да ыраах айаҥҥа аттаммыт түгэнигэр – сэрэйбэтэҕэ эбээт дуулаҕа бухатыырдар кэккэлэригэр, Аҕа дойдуларын көмүскээбит дьоруойдар ортолоругар суураллыбат үйэлэргэ киирбитин! Кэннигэр үрдүк хатыҥнар суугунаспакка хаалбыттара, сииктээх сарсыарда туманыгар саспыт күөл кыламаныттан бырдах оргуйа көппүтэ, ынахтарын үүрэн иһэр дьахтар “һайдыыр” саҥата салгыҥҥа ыйаммыта… Бары чэгиэн, туйгун туруктаах талыллыбыт уолаттар, эрчимнээх эр дьоммут барахсаттар мунньуллан, “Социалистическая революция” борохуотунан устан, этиҥнээх хараҥа былыт иһэрин курдук дьылҕаларыныын күөн көрсөөрү айаннаабыттара. Өстөөх фашист баҕайы ис-иһиттэн сидьиҥ, кырыктаах да эбит! Ньукулай сэрии үөһүгэр киирэн истэҕин аайы, ону илэ хараҕынан көрөн, ииримтийии абыгар ылларбыт ньиэмэс омугу бүттүүннэрин абааһы көрбүтэ. Тыллара кытта ыт үрэн эрэрин курдук, өҥө суох өлбөөркөй харахтарын түгэҕэр өлөр өлүү өспөтөх уота хайаан даҕаны саспыт буолар! Улуу Кыайыы өрөгөйдөөн турар күннэригэр ол оннук уокка табыллан, күн сириттэн матар абаккалаах да буолар эбитин – Ньукулай билбэккэ хаалбыта… эмискэ босхоломмут кута-сүрэ үөрбүттүү, төрөөбүт дойдутугар көтөн тиийбитэ. Кут-сүр ахтар сири-дойдуну… Оттон саха буолан сылдьыбыт буор кута туора сир кытархай туойугар аата да суох хаалаахтаатаҕа. …Ийэлээх аҕата кырдьаҕас дьон, уолларын кэлиэ диэн күүтэ сатаан баран, сэрэйбиттэрэ – Ньукулайдара уонна хаһан даҕаны ааны арыйан, сэмэйдик туттан, киирэн кэлбэт буолбутун. Хаһан даҕаны тапталлаах дьахтарын сиэтэн аҕалбатын, кырачаан сиэннэри мичилитэ күллэрбэтин… Хаһан даҕаны – хаалар аймахха ыарахан. …Кэм-Кэрдии аастаҕын-бардаҕын аайы – бу саха манна баар этэ, бу алааска күннээн-күөнэхтээн күөлэһийбитэ, үлэлии-хамсыы сылдьыбыта диэн өйдөбүл сүтэн иһэр. Арай, кини туттубут маллара бааллар, туруорбут сэргэтэ, бүтэйин баҕаналара ибиир ардахха сиигирэ хараараллар, халыҥ хаарга баттана тулаайахсыйаллар. Саха Сирин устун төһөлөөх оннук сир-дойду, өтөх төҥүргэстэрэ – ким олорбутун, ханна барбытын кэпсээбэккэ сыттахтара. Арай, өстөөҕү төттөрү үтэйбит баараҕай долгун күлүмүрдэс таммахтара – хаарыан да, үтүө да дьоммут барахсаттар албаннаах суоллара хаһан да өлбөөдүйбэт! Биллибэт Саллаат! Эн көмүс аатыҥ Сир үрдүгэр хаалбатах курдугуҥ да иһин, эн оҥорбут үтүөҥ – кэлэр көлүөнэлэргэ дьол-соргу буолан төнүннэҕэ! Ыраас халлаан анныгар күндү күөрэгэй буолан дьурулаатаҕа!
Александра Ульянова