Ийэ  көрдөһүүтэ

(Дьиҥнээх олохтон кэпсээн)

      Сэмэн  барахсан,  аан дойдуга  айыллан,   тирии   бүрүөһүннээх  ааны  аһан-сабан   сылдьыбыта  уон ахсыс   сыла  туолуута Аҕа  дойдута  басыыскай  Германияны   кытары,   утары сэриитэ  саҕаламмыта.   Ону   бу  турар  уол,    ыраах   баар   сахатын  алааһыгар   сытан  хантан  билээхтиэй.   Хара  үлэҕэ  эриллэн,  кыра  сааһыттан  кууран-хатан,  имиллэн,  имитиллэн   кыл  иҥиирдэммит  барахсан,   ол күн   тыыга   олорон   күөлүгэр  илимин  көрө  сылдьаахтаабыта. Аттыгар  Наайа   кыыс,   илимэр   тимэҕинэн  иҥнэн,  күлэ-үөрэ  олороро.   Аан дойду   үрдүгэр   алдьаммат  айылгы  анаммытын,    аар- саарга  аатырар   булчут  буолан,   ийэтин   эрэйдээҕи  үөрдүөҕүн,  күн тура   ыраланар  уолчаан  этэ буоллаҕаа.  Ол  сырыттаҕына   холкуос  салалтата   үөрэххэ,   долгуйар  Дьокуускай  куоракка  баар,  учуутал  үөрэҕэр  ыыппыттара,  бүтэрэн  төннөн  кэлэн, Бүлүү  куоракка,   райсоветка  инструкторынан үлэлии  сылдьар.  Төрөөбүт  алаастарыгар,   Харбалаахтарыгар,  кэтит сир  үрдүгэр  кэлтэрийбэт  кэскили   тэрийэр  холкуос  үлэтигэр   үгүс  күнү   аахсар ийэтин   үөрдэн   олох суолугар  киирбитэ.

  Өр- өр   буола- буола  ийэтин   аахха,  кэлэн  кэһии  бэрсэн,    кыра  быраатын  үөрдэр  күннэрдээх.  Оһох  чанчыгар  олорон  сытыы  быһыччатын  эргитэн-урбатан көрөөт,   күһүҥҥү  идэһэ  этин   кырбастаан,   киэһээҥи күөскэ  бэлэмнээн,   уонча  саастааҕар  өлбүт  аҕатын  солбуйар  ыал улахан   уола   бас-көс киһи.   Ийэтэ  Маарыйа   оҕотун  тула   кытыйа   тутуурдаах кэлэр барар.  Эти   дьаһайса  сылдьан,  олоро  биэрээт,  оҕотуттан  хараҕын   араарбакка   одуулуур.  Сэмэнтэн   ураты  оҕолуу  аат иҥмэтэх  уола,  уһун   субурхай  мурунннуун,  толлоҕор  уостуун,  дэгдэҕэр  имин  үрдүгэр  олорор сыа-арыы харахтыын   үкчү  аҕатыгар  майгынныыр.   Ыйытаары   гыннаҕына  хойуу  хааһын   муннун  үрдүгэр  мунньан  кээһэрдиин   үкчү.   Биир  күн   уола   кыра   быраатыгар  Киимискэҕэ  быһаҕынан  мас аты   кыһа олорон :

–  Кээмискээ,   бу  аккар  олорон  ханна  барыаҥ  этэй?

–  Ыраах,  ыраах   Москуба  куоракка.

–  Онно барар  тугу  гыныаҥ  этэй?

–  Кыһыл  болуоссакка  киирэн хаамыталыыбын.

–  Бай, ол тоҕо?   Бу да  уол,  моһуохтаах  соҕус киһи буолсу  ээ?  Киимтэн  бэйэтиттэн   ыйытардыы  убайа  тутунна.

– Ыстаалыны  көрүөм этэ.

– Ноой!   Сүрдээх  киһи  буолууһугун дии.

– Табаарыс  Ыстаалын  мин  убайбар  кыһыл  ыстаанна биэр  диэм этэ.

– Тыый!  Кэбиис, саҥарыма…

 -Тоҕо? Тоҕо? Убаай  оччоҕо саата  оҥор.   Куска  үөмүөм.  Пуҥ-пуҥ,  таптыым,   кус бэлээм.

–   Чэ,   оҥоруом   саа.   Тимир  уостуом,  Кээмискэ  чэ, тахсыахха.  Эн миигин  мантан  көрөн  тураар, сөп?

      Бырааттыылар  ити бүтэһик  кэпсэтиилэрэ  этэ.  Сэмэни  Бүлүүтүгэр төннөн   үлэлии  сырыттаҕына   сэрии  айдаана  уйгуурдубута.  Бастакы  хомуурга   көрдөспүтүн  үрдүнэн  ылбатахтара.  Ийэтэ  биир күн,  киниэхэ  ол бу  наадатыгар  сылдьан,  таарыйан   ааспыта.   Кэпсэтии сүрүнэ барыта бу күннэргэ сэрии туһунан.    Мал-сал,  ас таҥас   умнуллан,   барыта  үрэллэн ,  сэрии     уолусхана.   Сотору  бүтэр  сэрии ини  диэн саҥарааччы да баара.

Уолун олорор  дьиэтин  аанын  аһан киирээт: “ Чэ,  хомун,  барар буоллуҥ”, – диэн   Маарыйа  уолун соһутта.   Дьэ,  бу туран  Сэмэн   ийэтин,  дьэ өйдөөн  көрдө.  Эмискэ   толуу  бэйэтэ  намтаан,  ньүксүйэн  хаалбытын  бэлиэтээтэ.  Ийэкээ,    эн баар буолан,  сир үрдэ  көччүйэр  көрдөөх,  күлүмнэс күннээх,   күлүү-оонньуу  доҕуһуоллаах   дойду  буоллаҕаа.   Аһатан  олорор  алааһым ото,   иитэн   иилиир   илгэ  сирим  сылаас ньуура,    барыта  эн  дьүүллүүр  дьүһүнүҥ.    Сэмэн  сэрэнэн,  эр киһилии  моһуоннаммыт  томороон  илиитинэн    ийэтин  кууста.   Маарыйа   ыра быһыытыйан,  тупсубут   сирэйин  көрөөт,   аҕам  барахсан,  ол  да  иһин   кутун  туттардаҕа дии санаата.   Уоһун  үрдүгэр  хара  ньалахай   бытык  дуомун,  уһуннук   тарыы  имэрийдэ.  Ийэтин  өлбөөркөй хараҕын  уун-утары  көрөн  туран,  мырчыстыбыт  иэдэһиттэн,  саха киһитин  сэмэйинэн  сыллаан ылла.   Сырдык  сэбэрэтин  умнубатах  киһи диэбиттии  тонолуппакка   одуулаан,   өр соҥон  турда.  Тоҥон-  хатан  кэлиитэ,   ийэтэ  куруук сэгэйбит уоһунан,  уолун   сылаас мичээрдээх  көрсөрүн,   мэнээххэ  уолуйбатын,  кыыһырбатын,   биирдэ  да  быыппаста  мөхпөтөҕүн,   бу туран  махтана санаата.   Кыракый    ытыһын   хам туппахтаата.   Толбонура   аастыйбыт   баттаҕын   имэрийдэ.  Баар – суох   күҥҥэ  көрбүт   көмөлтөтө,   дурдата -хаххата,   тулаайахсыппакка    аҕатын,  аймах  хаанын   барытын   солбуйбут   бу  кып- кыра  дьахтар,   кини  ийэтэ,  Маарыйа…

    Оччугуйдук  оҥордоххуна  орооһор,  кыратык  кыҥнайдаххына    кыыһырар олох,  дьоллоох  киһи тускута ини.    Үтүө   үгэс  үлэһиккэ  эрэ  үөскүүрүнүү,   үүйэ-хаайа  тутар   баарыныы,  биир  ийэ   киһини  сөхтөрөр  майгыта  умнуллубатаҕына  сатанар.   Санаан  да көрдөххө,  тыа сирин  иһирэх  ийэтэ,  саха   дьахтара,   баар – суох  тутаах  киһитин,   уолун  бэйэтэ  кэпсэтэн  сэриигэ  ыытара  дьикти суол.   Урут  былыргы   быралыйар   дьылларга   көмүскэнии   аартыгар  туран,  ийэ  барахсан  хас  уолун,   хараҥа  далайга,   хааннаах  сэриигэ   алҕаабыта  ахтыллыбат.    Көҥүлгэ  баҕарыы  күүһэ  сүрдээх  эбит.   Тургутуу  тумула   ыҥырдар,    биһиги дьон   хайаһыа  эбиппитий?   Ийэ  тыла   итэҕэтиилээх,  маннык  ийэттэн  төрөөбүт  киһи,  эр санаалаах буойун  аатырыахтаах.  Хайдахтаах курдук   кытаанах  санааный? Кини,  ийэ  эппитэ:

-Оҕобун  Сэмэни  эһиги,  хамыыһыйалар, кырдьаҕас ийэлээх  диэн  килбиэннэх  Кыһыл  Аарымыйа  кэккэтигэр бэйэтин табаарыстарын  кытары барсыахтааҕын  сыыйан   кэбиспиккит. Ити сыыһа.  Мин  уолум  Ийэ  дойдутун  иһин,  биһиги  күн курдук саныыр Ыстаалыммыт  иһин,   дойдутун  көмүскүү барыахтаах.  Оҕом  онно  тиийдэр,  дьон кэннигэр  саһа сылдьыа суоҕа,  бэйэтин  кыанар , –  диэн  тылын ылыннаран ыыттарбыт.    Инньэ  гынан,  Сэмэн   дьэ, бу бараары турар.

  От  ыйын  куйааһа  сирилэтэн  сүр,   уруккута  буоллар ,  от  охсон   куйуһута   сылдьар буолуохтааҕа.  Чэ, барыта   этэҥҥэ буоллаҕына, эргиллэн  кэллэҕинэ,   биллиэ… Наайа  кыыс   дьон  быыһыгар,  хатыҥыр бэйэтэ  чороллон,  халлаан күөх  былааччыйатынан  хачайдана   туран,  биир тылы   ыһыктыбатаҕа,   тула  ытыыр- соҥуур саҥаҕа  баһыйтардаҕа.   Тэлээркэй  сэлээппэтэ   тыалга  охсуллан,   көтөөрү хаайарын хам тутан  илиитэ  иллэҥэ суоҕа.  Куорат  кыыһа  сытыы  соҕус этэ дии.  Сайыспыт,  ыксаабыт   сирэйэ  кытара  буһан,  уоһун  ньимитэн,   күүскэ  сымыһаҕын   быһа ытыран   турбута.  Киэҥ унаарыччы  көрбүт хараҕын  уута   иэдэһигэр   ньуххайданан кууран  иһэргэ  дылыта.   Көхсүн  дьон  үтүрүйэ  анньыалыырыгар   наадыйбата.  Уруккута   буоллар,  аахсан тэйэр киһи.    Харыйа   сыырга    оҕо-  аймах   куттаммыт  харахтарынан,  улахан   дьону  одуулаан  чуумпурбуттар.   Ити  Наайа   үөрэтэр оҕолоро.   Учууталлара,  төрөппүттэрэ   үөгүлэрин истэн   даллаһан,  ким   ытаары  мэрбэҥнээн, ким   киһиргээн  күлбүтэ  буолан   чугаһаабакка  тураахтыыллар… Ситинник  кэпсээтэххэ,  баҕар  билиҥҥи киһи  итэҕэйиэ суоҕа.  Кыыдам   тымныы  кырыалаах,  сайар  саас  аргыстаах,  сайаҕас сайын   саһарҕалаах,   күлүбүр  көмүс күһүннээх    сир-  дойду   туонатыгар  баар буола  сылдьыбыттар,  барҕарар  ааттарыгар,  хата сүгүрүй.   Толоон  аайы дорҕоон тойук, сыһыы аайы  сиэл-кутурук  сүүрдэр  сүдү  аймах  аҥаара   буоларгыттан,  үөр…

Наталия Дордо