Харах уута

Бу кэпсээн Григорьев Спиридон Николаевич-Төөтөҕө ананар. Кини 1923 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун Үөдүгэйигэр Орто Боотулуу диэн  сиргэ төрөөбүт. Григорьев Николай Прокопьевич-Чолос Ньукулай, Саввинова Ульяна-Ылдьаана  диэн уон үстэ оҕоломмут ыал соҕотох уоллара этэ. Эдьиийэ Настаа, балта Мотуруона ахталларынан, үөрэҕи олус түргэнник ылынар буолан, Куду түөрт кылаастаах оскуолатын үчүгэйдик бүтэрбит. Оскуола кэнниттэн холкуоһугар суотчуттаабыт,  холкуос хомсомуолун сэкэрэтээринэн сылдьыбыт. Эдьиийдээх балта кэпсээбиттэринэн 18-таах уол 1941 сыллаахха сэриигэ барбыт. Кыайыы кэнниттэн Германияҕа сулууспалаабыт, бэс ыйын 08 күнүгэр 1947 сыллаахха сырдык тыына быстыбыт. Туохха түбэспитэ, хайдах буолбута биллибэт, Германия Хайнц диэн дэриэбинэтигэр көмүс уҥуоҕа көтөҕүллүбүт.  “Народная память” сайтка кини туһунан түөрт бэлиэтээһин баар. Бастакы бэлиэтээһиҥҥэ “Григорьев Спиридон Николаевич, курсант, 1923, Якутская АССР, Верхне-Вилюйский р-н, Удюгейский 2-й с/с, к/з им.Давыдова. Место службы: Булунский РВК, Якутская АССР, Булунский р-н, 247 сд.” диэн суруллубут. Иккис бэлиэтээһиҥҥэ СЭГ 1860 (сортировочный эвакуационный госпиталь) киирбитэ

суруллубут, үһүс бэлиэтээһиҥҥэ 21.08.1943 выбыл из госпиталя диэн сылдьар, төрдүс бэлиэтээһиҥҥэ ЭГ 1882 (эвакуационный госпиталь) 24.10.1943 выбыл в часть диэн бэлиэтэммит. Испирдиэн сулууспалаабыт 909 стрелковай полката ити бааһырбыт кэмигэр Смоленскай уонна Орш куорат иһин кыргыһыыларга кыттыбыт эбит.  Оччотугар Испирдиэн Смоленскайы босхолуур кимэн киириигэ бааһырбыт, онтон үтүөрэн баран  Орш куораты босхолуур сэриигэ сылдьыбыт буолан тахсар. Куйаар ситимин хаһа олорон 909 стрелковай полка бойобуой сурунаалын булан ыллым. Ол сурунаалга 1941 сыл бэй ыйыттан 1945 сыл бэс ыйыгар диэри туох буолбута барыта сурулла сылдьар эбит. Орш куорат иһин кыргыһыы 1943 сыл алтынньы 10 күнүттэн ахсынньы 02 күнүгэр диэри 52 күн устата салҕанан барбыта. Сэбиэскэй аармыйа түөрт төгүл сорунан туран кимэн киирэ сатаабыта эрээри, Орш куораты кыайан босхолооботох. Бу кимэн киирии түмүгэр арҕаа фронт 24553 саллаата өлбүтэ, 79867 киһитэ бааһырбыта, балтараа ый иһигэр 104420 тахса сүтүктэммит. Спиридон Николаевич ити үлүгэрдээх ууну-уоту ортотунан ааһан баран сэрии бүппүтүн кэнниттэн суох буолбута хомолтолоох.

-Товарищ сержант, приказано отходить, – диэн хаһыыны истэн эргиллэ түспүтэ, Фролов аҕылыырын кыатана сатыы-сатыы умса түһэн сытара.

-Понял, приказ получил, – диэн миинэлэр эстэр тыастарын сабырыйа сатаан туох баарынан хаһыытаабыта. Фролов  ону эрэ күүтэн сыппыт киһи, төттөрү сыыллыбыта.

-Все отходим назад, на свои позиции, – диэн дьонугар хаһыытан баран, отделениетыттан ордубут алта киһи окуопаларын диэки төннүбүттэрин көрөн, бэйэтэ эмиэ төттөрү сыыллыбыта. Өстөөх минометун миинэтин быыһынан тахсан иһэн, бүлүмүөтчүк Орлов көмөлөһөөччүтэ Птицын өстөөх миинэтигэр түбэһээхтээбитэ. Онон Испирдиэни бэйэтин ааҕан туран, уон биир киһилээх отделениеттан алта эрэ киһи ордубута. Цветков, Жуков, Белоусов сарсыарда атаакаҕа киирэн иһэн охтубуттара, онтон Бобров, Дмитриев бааһыран тыылга тахсыбыттара. Испирдиэн окуопатыгар төннөн тахсаат, хамандыырын  лейтенант Мельниковы булан дакылааттаабыта.

-Григорьев, утром второй раз атакуем, задача та же, любой ценой взять высоту, ночью подойдет пополнение и ужин, так что приводите личный состав  в порядок, получите патроны, гранаты. Атака сразу после артподготовки.

Испирдиэн туораабыт биэс киһитин оннугар үс киһини эбинэн, саллааттара аһаабыттарын, ботуруон, кырынаата ылбыттарын кэнниттэн дьэ уоскуйан, сарсыарданан нуктуу түһэн ылаары окуопа истиэнэтигэр өйөнөн олорбута. Бу олорон өйдөөтөҕүнэ, дойдутуттан арахпыта хайыы үйэҕэ балтараа сылтан ордубут эбит. Дойдутун, төрөөбүт Орто Боотулуутун аһара даҕаны суохтаабыт, ахтыбыт эбит. Эдьиийин Настааны, балтын Мотуруонаны көрсөн кыл түгэнигэр кэпсэтэ түһэн ааһара буоллар, төһө эрэ дьоллонор этэ. Ону баара, ол хайдах даҕаны кыаллар кыаҕа суоҕа, дойдутуттан олус ыраах, киһи ылбычча тиийбэт сиригэр кэлэн, Ийэ дойдутун ньиэмэс халабырдьыттарыттан көмүскээн сэриилэһэ сылдьара. Сэриигэ тиийиэн иннинэ үс ыйдаах үөрэххэ үөрэнэн сержант сыбаанньаламмыта. Сылтан ордук кэм устата биир да саханы көрсүбэккэ, саха саҥатын истибэккэ олус муунтуйбута. Смоленскайы босхолуур иһин кырыктаах кыргыһыыга ый курдук сэриилэһэн Лыщево диэн дэриэбинэҕэ бааһыран, эмтэнэн үтүөрэн баран, куоспуталтан кэлбитэ нэдиэлэттэн эрэ ордубута. Куоспуталтан кэлэригэр, кини сулууспалыыр 909 стрелковай полката, Орш куораты босхолуур иһин киирсиигэ сэриилэһэ сылдьара. Кэлээтин кытта сонно тута кимэн киирии кэмигэр өлбүт сержант Смирнов оннугар бастакы взвод үһүс отделениетын хамандыыра оҥорбуттара. Бэҕэһээ киэһэ кинилэр роталарын иннигэр турар үрдэли ылар бирикээстээх

атаакаҕа киирэн төттөрү охсуллан, иккистээн атаакалаары кэтэһэн олороллор.

Эмискэ салгыны синэрээттэр хайыта көтөн уһуурааттарын кытта ньиэмэстэр диэки дэлби тэбэр тыас сүрдэнэ түстэ. Уутугар аҥаарыйан олорбута ханна даҕаны суох буолаат, ойон туран ньиэмэстэр сытар сирдэрин диэки синэрээттэр түһэн тоҕута тэбэллэрин көрө-көрө: “Кытаатыҥ, үчүгэй аҕайдык тос маастарын биэриҥ, кинилэр да дьон буоллахтара, тохтор хааннаах, быстар тыыннаах инилэр”, – диэн саныы-саныы:

-Отделение, приготовиться к атаке, – диэн хамаандалаабыта.

Өр дуу өтөр дуу буолан баран, артиллерия уотун иккис линияҕа көһөрөн биэрбитэ, ону эрэ күүтэн сыппыт лейтенант Мельников:

-Взвод в атаку, вперед, за Родину, за Сталина! – диэн хаһыытыыыра иһиллибитэ. Ону кытта даҕаспытынан:

-Отделение, в атаку! – диэбитинэн окуопатыттан ойон тахсан, иннин диэки ыстаммыта. Дьоно кинини батыһан иннилэрин диэки сүүрбүттэрин этинэн-сиининэн сэрэйбитэ. Уҥа өртүгэр бүлүмүөтчүк Орлов, саҥа көмөлөһөөччүтүн батыһыннарбытынан, уһун атахтарынан хаары  тоҕута кэһэн инники түспүтэ. Хаҥас диэки саҥа кэлбит саллаат хаалан хаалымаары харса суох сүүрэн иһэрэ көстүбүтэ. “Ити кимий, аата ким диэн этэй Панкратов, Панфилов, Петров, туй-сиэ, отой да умнан кэбиспиппин. Бэйи, атаака кэнниттэн ыйытыллыа”, –  диэн

санаан аһарбыта. Кимиэнэ да буолбатах ортоку сири ааһан ньиэмэстэр диэки чугаһаан испиттэрэ, иннилэригэр ылыахтаах үрдэллэрэ сарсыардааҥы боруҥуйга буруо-тараа быыһынан өссө үрдээбиккэ дылы буолан көстүбүтэ. Ону кытта бэҕэһээҥҥи атаака кэмигэр охтубут саллааттар тоҥмут өлүктэрэ туора-маары түһэн сыталлара көстүбүтэ. “Манна этэ, бэҕэһээ бу диэки кэлиибитигэр бүлүмүөтүнэн ытыалаан сиэбиттэрэ. Бу сири ааһа охсубут киһи, бүлүмүөттэр эрэ ытыалаабатыннар, өссө түргэнник…” – диэн санаата ситэ бүтэ илигинэ, өстөөх бүлүмүөтүн тыаһа өрө оргуйа түспүтэ, сүүрэн иһэр саллааттартан ким эрэ табыллан өлөр хаһыыта иһиллибитэ. “Туй-сиэ, сатаналар тыннаахтар эбит. Өссө түргэнник сүүрүөххэ, баҕар, мүччү түһүөхпүт”, – дии санаабыта, сүүрэрин эбэ сатаан, халыҥ хаары тоҕута оймоон ойуолаабыта. Онуоха бэрт чугаһынан сиэмэх буулдьалар иҥсэлээхтик иһиирэн ааспыттара, сиирэ-халты көппүттэрэ. Ол кэмҥэ Испирдиэн умса баран түспүтүн бэйэтэ даҕаны билбэккэ хаалбыта. Хаарга  сыта түһэн баран: “Тыыннаахпын дии, таптарбатым быһыылаах, илиим- атаҕым хамсыыр, тугум да ыалдьыбат, бэйи туруохха”, – диэн санаат, тураары гыммыта буулдьа тыаһа биир кэм чубугураан олороро, туруохтааҕар өндөйөр да кыаҕа суоҕун өйдөөн, төттөрү умса түспүтэ, сытан эрэ көхсүгэр эргийбитэ уонна:

-Орлов, где ты? – диэн уҥа диэки хайыһан сытан хаһыытаабыта.

-Здесь!

-Второй номер с тобой?

-Нет, был рядом, потом исчез, может ранен.

-Надо пулеметчика подавить, сможешь?

-Попробую, может получится.

-Давай, быстрее, короткими бей.

Онтон хаҥас диэки хайыһан:

-Слева есть кто, отвечайте, – диэн хаһыытаабыта.

-Парфенов, товарищ сержант, дальше лежит Носов.

-Парфенов, слушай приказ, как только наш пулемет откроет огонь, сразу в атаку, понял, передай дальше.

-Понял, товарищ сержант.

Испирдиэн Орлов ытыалаата даҕаны иннин диэки ыстанаары кэтэһэн көрбүтэ даҕаны, туох даҕаны биллибэтэҕэ. Арай өстөөх бүлүмүөтэ тохтоон ыла-ыла биллиргэтэрэ, буулдьалар иһиирэн ааһаллара иһиллэрэ.

-Орлов, что с тобой, почему не открывашь огонь.

-Товарищ сержант, сейчас, сейчас…

Дьиҥэр баара суоҕа 2-3 эрэ мүнүүтэ ааспыта буолуо эрээри, кэтэстэххэ бириэмэ ааһа охсон биэрбэтэ сүрдээх эбит этэ. Төһө да кэтэһэн сыппытын иһин, Орлов бүлүмүөтэ ытыалаан барбыта эмискэ курдук буолбута. Онон тута сүүрбэккэ, хойутуу түһэн баран, иннин диэки ыстаммыта. Уҥа-хаҥас өртүгэр дьоно халыҥ хаары оймоон иннилэрин диэки харбыалаһаллара көстүбүтэ. Уонча хаамыыны сыҕарыйбыттарын кэннэ, өстөөх күүстээх уоту аспыта,

буулдьа тыаһа биир кэм чыбыгырыы түспүтэ. Испирдиэн сүүрэрин тохтоппокко иннигэр көстөр синэрээт тоҕо тэппит дьааматыгар тиийэ охсоору туох баарынан түһүммүтэ. Өстөөх ол кэмҥэ эбии миинэлэри тамнаан барбыта. Испирдиэн баар суох быыһанар сиригэр чугаһаат, туох баар күүһүн мунньунан ыстанан кэбиспитэ. Синэрээт дьааматыгар баар буолаат, тула өртүгэр миинэлэр түһэн дэлбэритэ тэбэр тыастарын истибитэ. Төбөтүн саба туттан сытан үрдүнэн миинэ оскуолактара уйулаһан ааһалларын истибитэ. Умса түһэн сытан аҕылыырын быыһыгар: “Ок-сиэ, күһэҥэ быстара, күн туллара буолла, бу үлүгэрдээх алдьархайтан хайдах тыыннаах ордобун. Айыыларым, иччилэрим араҥаччылааҥ, көмүскээҥ, быттыккытыгар-хонноххутугар саһыаран тыыннаах хаалларыҥ”, – диэн көрдөспүтэ. Арыый уоскуйан, миинэ эстэрэ уҕараабытын кэннэ, тулатын иһиллээн чуҥнанан көрбүтэ: “Ньиэмэс бүлүмүөтэ биир кэм тибиирдэн олорор, биир эрэ буолбатах, икки, өссө үстэр быһыылаах. Орлов бүлүмүөтүн тыаһа иһиллибэт буолбута ыраатта, арааһа, миинэлэр таба түстүлэр быһыылаах, хайдах эрэ гынан, дьонум хастарын быһаарсан көрүөххэ”, – диэн санаа булуммута.

– Отделение, есть кто живой? – диэн иккитэ хаста хаһыытаабытын кэнниттэн уҥа диэкиттэн.

– Товарищ сержант, рядовой Савельев.

– Савельев, есть еще кто?

-Не знаю, товарищ сержант.

-Савельев, уточни может есть кто, потом доложи.

-Есть.

-Парфенов, где ты? – диэн хаста даҕаны хаһыытыы сатаан кэбистэ даҕаны, хаҥас диэкиттэн харда кэлбэтэҕэ. Ол сыттаҕына уҥа диэкиттэн Савельев саҥата:

-Товарищ сержант, никто не отзывается.

-Савельев, ползи ко мне, только осторожно, не высовывайся.

            Өстөөх бүлүмүөтэ ытыалыыра, миинэни тамныыра тохтоон уу-чуумпу буолан хаалбыта, сибилигин аҕай өрө оргуйа, бөтүөхтүү, дьигиһийэ сыппыт сир ийэ иһийэн хаалбыта. Испирдиэн сытар дьааматыттан сэрэнэн-сэрэнэн төбөтүн өндөппүтэ, иннигэр сүүсчэкэ хаамыылаах сиргэ ылыахтаах үрдэлэ өлөр өлүү угаайыта буолан, хара буруонан өрө тыына сытара. Күүтэн-күүтэн кэлтэгэй буолбутун кэннэ, Савельев сыыллан кэлэн кини сытар дьааматыгар түспүтэ. Кини кэпсээниттэн,  сытар сирдэрин хаара халыҥ буолан эрэйдээхтик да буоллар этэҥҥэ кэлбитин, Орлову өстөөх миинэлэрэ таба түспүттэрин чугас буолан үчүгэйдик көрбүтүн, киниттэн чугас испит Михеев бүлүмүөт бастакы ытыалааһыныгар таптаран охтубутун, онтон салгыы испит Морозовтаах минометтар кэннилэриттэн көстүбэт буолбуттарын билбитэ. Халлаан сырдыгар хайдах даҕаны төннөр кыахтара суох буолан, хараҥарыытын саҕана үксүн сыыллан окуопаларыгар тиийбиттэрэ. Окуопаҕа тиийээт дакылааттаары лейтенант Мельниковы көрдөөн көрбүтэ даҕаны булбатаҕа. Сарсыарда атаакаҕа киирбит 28 киһилээх взводтарыттан иккиэйэҕин эрэ тахсыбыт этилэр, атыттара бары үрдэл анныгар хаалбыттара. Испирдиэн окуопатыгар сытан киэһээҥҥи хараҥаҕа барбах барыаран көстөр үрдэли тонолуппакка одуулуу сытан, хараҕын уута быыстала суох сүүрбүтэ. Ытаабыта, саҥата суох, хараҕын уута эрэ сүүрэрэ. Кини эр киһи ытыа суохтаах, ытыыр буоллаҕына ол аата мөлтөх, хайдахтаах да түгэҥҥэ хараҕын уута сүүрүө суохтаах, тулуйуохтаах дии саныыра. Ол бэйэтэ хараҥанан, ким да суоҕунан туһанан ытаабыта, саҥата суох ытаабыта хаарыан бэйэлээх уолаттарын аһыйан, тугу да гынар кыаҕа суоҕуттан. Харах уута иэдэс устун сүүрэн маҥан хаарга таммалаабыта.

            Ити үлүгэрдээх аҥардастыы кыргыллыы кэмигэр, өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕыттан хайдах мүччү туттарбытын Испирдиэн кыайан быһаарбатаҕа. Бүтэйдии айыыһыттарым араҥаччылаатахтара дии санаабыта. Кини ити кэнниттэн икки сылтан ордук кэм устата ууну-уоту ортотунан ааһан, кыайыыны Германия Франкфурт  куоратын таһыгар көрсүбүтэ. Кыайыы кэнниттэн Германияҕа салгыы сулууспалыы хаалбыта, Настаалаах Мотуруонаҕа иккитэ-үстэ араас таҥаһы-сабы, кыра ол-бу сээкэйи баһыылкалаан ыыппыта. Эдьиийдээх балта Төөтө уоттаах сэрииттэн тыыннаах орто, сотору кэлиэ диэн үөрэ-көтө, сүргэлэрэ көтөҕүллэн олорбуттара. Ол олордохторуна, эмискэ былыта суох халлааҥҥа этиҥ эппитинии, 1947 сыллаахха хара сурук кэлэн сүрэхтэрин хайыппыта, баар суох эрэнэ күүппүт киһилэрин сүтэрэн аба-сата, туолбатах баҕа санаа, харах уута буолан тохтубута.

Бурхалей Макаров