“Маһым синньээ, маһым синньээ», – диэн көрдөһөн ботугуруу-ботугуруу кыракый уҥуохтаах, хачаайы кыысчаан ким да сытыылаабатах, өтөрүнэн игии сыстыбатах эрбиитинэн маһы эрбии сатаан муҥнана турда. Бэрт өр эрэйдэнэн, чууркатын быһан, эмиэ сыппах биилээх сүгэнэн тобуойдаан маһын хайытан, оһоҕун оттор буолбутуттан сүргэтэ көтөҕүллэн, өрө тыынан маһын көтөҕө олорон суор халаахтаабытыгар ойуур саҕатын диэки көрбүтэ – бэрт сэгэччи туттан, киһи хааман иһэр, бартыбыаллаахха дылы.
Өксүүнньэ маһын көтөхпүтүнэн дьиэҕэ дьылыс гынна. Сүрэҕэ сүр күүскэ тэбиэлээтэ. Кини биллэ… Ити бартыбыаллаах киһи кини учууталыгар Капиталина Семеновна Рожинаҕа дылы. Өксүүнньэ бу соторутааҕыта ийэтэ өлүөҕүттэн убайдаах эдьиийинээн төгүрүк тулаайах хааллылар. Бу уоттаах сэрии, күүстээх тыыл үлэтин кэмигэр тыыннаах хаалар туһугар хайаан да оскуолаттан тохтоон, үлэһит буолан айахпын иитиннэхпинэ сатанар диэн кыысчаан бүтэһик быһаарыныытын ылынан, оскуолаҕа барбатаҕа уонча хонно.
Кыһалҕа кымньыылаан, ыал кыра оҕото буолан, улаханнык дьиэҕэ-уокка үлэҕэ сыстыбатах Өксүүнньэ кыысчаан кылгас кэм иһигэр оһоҕун отто, дьиэтин дьаһайа үөрэннэ. Хатыҥ туоһунан сырдьыгынатан, оһоҕун оттон сандаарта. Бэйэтин аҥарын саҕа алтан сылабаарга уу кутан оһох үрдүгэр уура турдаҕына, аан арылынна. Арылхай, сымнаҕас харахтарынан амарахтык көрбүтүнэн, киһи кутун-сүрүн курдаттыы тарда уйадытан, учуутала киирээт кыыһы кууһа түстэ.
– Өксүүнньээ, оскуолаҕа кэлбэтэҕиҥ хас да хонно. Хайдах буоллуҥ? Тоҕо кэлбэккин? Бииргэ үөрэнэр оҕолоруҥ кэтэһэн бөҕөлөр, – диэтэ.
– Ээ… Мин… Мин оскуолаттан тохтоон, үлэһит буолаары, – диэн бэрт нэһиилэ ыган таһаарда, умса көрөн баран, биир сири тобулу көрөн турда, сирэйэ кытарда. Били үлэлээн айахпын ииттиниэм эҥин диэн санаатын, кыһалҕатын ситэри кыбыстан саҥарбата.
– Өксүүнньэ, эн үөрэҕи олус үчүгэйдик ылынаҕын. Олус бэркэ кэпсиигин, суруйаҕын. Чооруос курдук чобуо кыыскын. Оскуолаҕын бүтэрэн үөрэхтээх киһи буолуоҥ. Үчүгэй буолбат дуо? Дьэ, оччоҕо, күүстээх үлэҕэ сылдьар убайгар, эдьиийгэр көмө киһи буолуоҥ. Эйигинэн киэн туттуохтара. Дэлэ, үөрүөхтэр этэ дуо?
Өксүүнньэ үөрэхтээх киһи буоллаҕына, эдьиийдээх убайыгар көмө киһитэ буолуохтааҕын өйдөөн, эмискэ сүрэҕэ мөҕүл гынна, хараҕа ууланна. Мааны таҥастаах, бартыбыаллаах,
үлэһит буолбутун хараҕар ойуулаан көрдө. Эдьиийдээх убайа балтыларыттан үөрбүт, манньыйбыт, таптыыр харахтара мичиҥнэһэргэ дылылар.
Өксүүнньэ ону баара оскуолаттан уурайан, кыһалҕаҕа кыһарыттаран, үөрэхтэн матар кылгас, быстах санааҕа киирэн сылдьыбыта. Онтон уйадыйан кыысчаан ытаата. Капиталина Семеновна кыыһы имэрийэ олордо.
– Чэ, тоойуом, сарсын оскуолаҕа кэлээр дуу. Бүгүн оҕолор отонноох хааһы, арыылаах лэппиэскэ сиэбиттэрэ. Эйигин олус кэтэһэбит, – диэбитэ. Өксүүнньэ учууталын аарааҥҥа диэри атаарда. Учуутала алаас саҕатыгар тиийэн, сүтүөр диэри көрөн турда. Бу туран көрдөҕүнэ, хайдах эрэ кини учууталыттан сырдык кыымнар сыдьаайан тахсан тулатын кустук сэттэ өҥүнэн күлүмнэтэ оонньоторго дылылар.
Киэһэ эдьиийэ Өлөксөөндүрэ, убайа Мэхээс кэлэн күө-дьаа буоллулар. Эдьиийэ хоонньуттан тэрэппиискэ сыыһыгар суулаан аҕалбыт арыылаах лэппиэскэтин сыта аччык кыысчааны туймаардан ылла.
– Мэ, сиэ, тоом, кытаат. Мин тырахтарыыстар астарыттан бэриһиннэрэн аһаабытым, – дии-дии, лэппиэскэттэн быһа тута-тута балтытыгар биэрдэ. Өксүүнньэ өрүһүспүттүү салҕалаабыт илиитинэн лэппиэскэни ылан айаҕар уган астына-астына мотуйда.
Убайдара Мэхээс кыра үөрэхтээх буолан, нолуок хомуйар тэрилтэҕэ боломуочунайдаан, кыра да буоллар, хамнастааҕа.
Күҥҥэ 400 кыраам килиэп нуормалаах буолан, төһө да күннэтэ аччыктааталлар, хоргуйан охтубакка олороллор. Убайдара аҕалбыт килиэбин сыыһын үстэ аһыырга аҥардаан, нуормалаан сииллэр.
Улахан кыыс Өлөксөөндүрэ холкуос тырахтарыыстарыгар илии-атах буолан көмөлөһөрө. Ол да үлэтигэр аахсар дохуота суоҕун кэриэтэ буолара. Арай балтытыгар күн ахсын лэппиэскэ сыыһын суулаан аҕалара. Көр, уонна биирдэ да аҕалбыт лэппиэскэтиттэн бэйэтэ айаҕар уган да көрбөт этэ. Бу ырбыт, хачаайы, кыаҕа суох балтытын аһынан, көрөн, хараҕын харатын курдук харыстыыра….
Ити курдук сэрии, сут-кураан, аччык, ыар сыллара 2-с Үөдүгэй түбэтин хас-биирдии ыалын көтүппэккэ таарыйбыттара. Кимнээххэ эрэ буорах сыттаах, кэтэһиилээх үс муннук суруктар кэлэн, үөрүү-көтүү буолара, Кимнээххэ эрэ харах уулаах, нүһэр сурахтар кэлэннэр, алаастар тулаайахсыйа түһэллэрэ.
Ол эрэн, олох син-биир салҕана турара… Алаас ахсын оҕолор сылгы сиэлиттэн оҥоһуллубут мээчигинэн бырахсан лапталаан оонньууллара. Уолаттар талахтан ынахтары быһан оҥороллор. Кыргыттар туос ынахтары кырыйан, мандардаан таһаараллар. Ыаллаах буолан оонньоон, эйэлээх үтүө олох кэлэрин ыралыырга дылылар. Кыракый уолаттар туостан үрүүскэ быһан оҥорон, иһиирэллэр. Ынах кутуругун уҥуоҕун дьон гынан «сэбиэскэйдэр» уонна «ньиэмэстэр» буолан, оччотооҕу олох хартыынатын , инники баҕатын оҕолор оонньууга көрдөрөллөр.
Кулуупка өстөөҕү кыайыыга аналлаах ырыа, хоһоон, кэнсиэр сотору-сотору ньиргийэр. Араадьыйанан дьоруой пионердар тустарынан кэпсээннэр күүскэ тарҕанан, оҕо-аймах, ыччат бары кинилэр курдук буолбут киһи диэн өрө күүрэ сылдьар буолла.
Өксүүнньэ ааспыт кэнсиэркэ оройуон кулуубугар тахсан ырыа ыллаабыта. Ыллыы туран көрбүтэ дьон бары хайдах эрэ кинини иһийэн олорон, хамсаабакка да истэргэ дылылара. Ол аайы кини өссө ордук тэптэн туран, араастаан хамсанан, ис иһиттэн иэйэн туран ыллаабыта. Кэнсиэр кэннэ Өксүүнньэни эмээхситтэр хайҕаан бөҕө буолбуттара. Онтон ыла хайдах эрэ Өксүүнньэ кынаттаммыт курдук сылдьар. Өйө-санаата, сүрэҕэ-быара кулуупка курдаттыы тардыһар курдук. Артыыстар кэлэллэрин иһиттэҕинэ, ис иһиттэн итийэн, сүрэҕэ доҕуурга иҥнибит туллук курдук өрө мөхсөргө дылы. Оо, кулуупка баран артыыстары чугастан көрбүт киһии диэн санаата батарбат буолла. Онон Өксүүнньэ сотору-сотору кулуупка баран ыллыыр, көмөлөһөр. Артыыстар кэллэхтэринэ, сүүрэн-көтөн, наадаларын була охсон, үөрэ-көтө кэпсэтэр, отой кулууптар бэйэлэрин кыыстара буолан хаалла. Кулуупка инструкторынан үлэҕэ киирэн, кыра да буоллар хамнастанна. Онуоха Өксүүнньэ ырыаһытын таһынан нарын-намчы, имигэс үҥкүүһүт, сыаҥкаларга олус табан оонньуур буолан, барытыгар дэгиттэр талаана тахсан истэ. Аны: «Оо, артыыс буолбут киһии», – диэн санаалар, Өксүүнньэни үүйэ-хаайа тутар буоллулар.
Детдом оҕолоругар Өксүүнньэнэн үҥкүү туруоттардылар. Өксүүнньэҥ иҥнэ-толло да сылдьыбата. Муҥкук, кэнэн детдом оҕолоро барахсаттары бэйэтигэр тардан, кэпсэтэн, оонньоон “Корзиночка” диэн бэртээхэй үҥкүүнү туруоран кэбистэ. Бу үҥкүүнү кини бу кыһын кэлэ сылдьыбыт Ньурба көһө сылдьар тыйаатырын артыыстарын толоруутугар көрбүтэ. Хата, Өксүүнньэҥ бэркэ тупсаран, киэргэтэн, бу үҥкүүнү кимнээҕэр ордук туруорда.
Биир үтүө күн эмиэ Ньурба көһө сылдьар тыйаатыра гастроллуу кэлэр үһү диэн буолла. Өксүүнньэ бүгүн артыыстартан хайаан да ыйытыам, артыыс буолар баҕа санаабын толоруом диэн бу кыра, нарын бэйэтинээҕэр үс төгүл күүстээх санаатыгар уйдаран, убайа ирээттээн уурбут тооромос килиэбин сиэн баран, оройуон кулуубугар тэбиннэ. Кини артыыс буолуон баҕарар санаатыттан өссө ордук чэпчээн, сэгэлдьийэн хааман истэ. Бу сааскы, ылааҥы күн сылаас тыал: «Кытаат, Өксүүнньэ, Чуолҕаны кэрэ, нарын сибэккитэ, силигилии ситэн сэрбэй, кэрэҕинэн кэрэхсэт», – диэн сипсийэрдии иэдэһин илгийэргэ дылы.
Өксүүнньэ кулуупка киирбитэ Ньурба тыйаатырын режиссера Р.Р.Корнилов, М.А. Решетников кэлэн туруорууларын бэлэмнэнэн баран сынньалаҥҥа чэй иһэ олороллор эбит. Өксүүнньэни Ньурба тыйаатырын артыыстары хайыы-үйэ билэр оҕолоро буолан олус истиҥник, үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Өксүүнньэ артыыс буолар баҕалаах киһи өрүү даҕаны араастаан албыннаһан, кэпсэтэн, ырыаларын ыллаан, туох наадатын кыл түгэнигэр булан, баар гына охсон бу кэлэктиипкэ эмиэ бэйэ оҕото курдук буолбута. Бу күн кини режиссер Р.Р. Корниловтан: “Мин артыыс буолуохпун баҕарабын, миигин үлэҕэ ылыҥ»,- диэн көрдөспүтэ. Чочумча саҥата суох олорон баран, Корнилов режиссер: «Чэ, тугу сатыыргын сыанаҕа тахсан көрдөр»,- диэтэ.
Ону эрэ күүтэн турбуттуу Өксүүнньэ сыанаҕа ойон тахсан
“Тугун бэрдэй, кэрэтэй
Туналыйар ыйдаҥа… ” диэн ырыаны тардан кэбистэ. Саҥардыы тыллан эрэр сибэкки кэриэтэ кэрэ дьүһүнэ, нарын хамсаныыта хайдах эрэ култуура эйгэтин кытары быстыспат ситимнээх хатыламмат хартыына кэрэчээн Өксүүнньэ буоларын Корнилов айылҕаттан талааннаах киһи тута өйдөөтө. Салгыы кыысчаан хоһоонун уонна «Корзиночка» үҥкүүтүн көрөн-истэн баран, хайдах даҕаны үлэҕэ ыллахпытына сатанар диэн сүбэлэстилэр.
Чуолҕаны күлүмнүү оонньуур талааннаах чөмчүүк тааһа, кэрэ сибэккитэ – Өксүүнньэ кыысчаан хара харахтара дьол, үөрүү кыымынан умайдылар. Бу уоттаах сэрии, уот кураан, аччык олох быыһыгар Кыайыыны уһанса тоҥ буору тобулу үүнэн тахсыбыт
ньургуһун кэриэтэ талба талаан хайаатар да сайдыа, баҕа санаа барҕарыа, булгуруйбакка туолуо…
Валентина Филиппова