Баасканы бэҕэһээ биригэдьиир тиксэрбит тилигирээмэтэ, саараама, утуппата. Кини тоҕо “вылетаю” диэбэккэ, “вылетаем” диэбитин таайа сатаан эрэйдэннэ. Аймаҕын илдьэ иһэрэ буолуо дуу эбэтэр сыыһа бэчээттэммитэ дуу…
Тоҕо эрэ кууруска барарыгар мааны таҥаһын бары хомунан барбытын Бааска ытырыктата санаабыта оруннанна дуу, тугуй дуу? Эс, ама дуу… Сарсыарданан нуктаан иһэн, таһаараа дьукаахтарын ааннарын тыаһыттан уута букатыннаахтык көтөн, туран оһоҕун оттон баран хотонугар таҕыста. Табаҕын уматтан, солууччаҕын, олбоҕун эр – биир тутаттаан, көхсүн этитэ – этитэ ынахтарын аҥар кырыытыттан ыан силиктэтэн барда. Ол эрэн “вылетаем” диэн тылы солууччах кытары үтүктэргэ дылы. Үүт күүстээх утаҕа чурулаатаҕын аайы, Бааска санаатыгар ити күлүү – элэк тыл ыллаан чарылыырга дылы…
Утары ынах ыан сыыйылыннара олорор Өлөксөөндүрэ, Бааска көбдьөөрө сылдьарыгар үөрэнэн, сонунун – тэппэтин синньигэс куолаһынан кэпсээн чаҕааран иһэн, киһитэ арбы – сарбы көрүҥүн, бэйэтэ билэринэн: “Санааҕа баттатан бу уол эмиэ “аһаахтаабыт”, – диэн тойонноон, ах барда.
Кэлэр “һаакупка” икки кырдьаҕас ынаҕын туттуохтаахтарын эмиэ санаан тымтан кэллэ. “Бу бөөхүллэлэр төһө бэйэлээҕи үктүөхтэрин харахтарын хатаатахтарай. Күөнэхпит тимирэн бары да сириллэн истэхпит, дьэ”, – мөҕүттэн киҥинэйдэ. Ньаачаспыт икки ынаҕын икки ардыгар туран, ойоҕосторун сэбириллибит түүлэрин үргээн икки ытыһын икки ардыгар хатайдаамахтаата. Хараҕыттан уу – хаар баста. Көмүөллээх Илдьириис, таптыыр иччилэрин саҥатыгар сөбүлэспиттии тэҥинэн ыҥыранан ыллылар, аһыннарыахтыы бэттэх хайыһан, хараҥа халааты сытырҕалаан таныыларын тартаҥнаттылар. Өлөксөөндүрэ ынахтарыттан хараҕын куоттаран, эдэр дьэргэҥнээбит Куһааттааҕын, ынах нөҥүө тирээпкэнэн самыыга мииннэрдэ:
“Ыл антах. Дэриэтинньик суту бүрүнэн түһэн, тотор аат диэн суох. Үүтүҥ да ама үтүө. Дэлбэрийэргэ эрэ бэккин”. Кини биэнсийэҕэ барыар тиийбэккэлэр, сүөһүлэрин тардыалаһан барбыт тойотторун мөҥүттэ – мөҥүттэ, Өлөксөөндүрэ иһитин – хомуоһун сууйан талыгыратта. Бааскатын диэки кылап гынан көрбүтэ, киһитэ бу үйэҕэ, ачыкыта килэбэчийэн, мунна хоҥсоллон көстөр бэйэтэ былыр “суола сойбут”. “Сатана уола ситэри ыата дуу, суох дуу. Сааҕын тоҕо күрдьүбэт. Арааһа истээхтээбит быһыылаах эрэйдээҕим. Оо, дьэ, эдэр дьон буолан истэхтэрээ. Ол эрэн “киһи ойоҕо ойох буолбат, киһи эрэ эр буолбат”,- диэн баар. Хайдах табыллыбакка барбыт уол буоллаҕай. Ханна бараахтыыр бэйэтэй… Ээ чэ, барытыгар бары ньаалаҕай буолламый,сылдьан өйдөннүннэр. Айа”, – былаатын хаттаҥын күкүр сиэрдийэтиттэн ылан баанан, халтаҥ сонун кэтэн, илдьэ тахсар чэйин үүтүн солуур түгэҕэр бэлэмнээбитин туппутунан, уһун, сэдэх лаампалардаах көрүдүөрүнэн сэрэнэн хааман садьыахайдаан, сытыары тас ааны нэһиилэ сэгэтэн, кыбыллан кэриэтэ тахсан барда.
Утары, Ириитэ куолутунан бөппүрүөскэтин туора уобан, ньирэйдэригэр иһэрдэр убаҕас эмтээх истикилээҥкэтин күлтэччи кыбынан дьалкыҥнатан, хааман содьороҥноон иһэрин көрсөн, ыйааһыннара хаһан буоларын сураста. Биирдэһэ хап – сабар, сэбиргэнэ сыбаҕа кыайан ыпсыбакка, тарбыйахтар дьаҥнаан, сыптарыйан эҥиннээн букатын эбиллибэтэхтэрин үҥсэргээн, дьоҕус бэйэтэ үөл – дьүөлгэ өссө куччаан, Өлөксөөндүрэни өрө көрөн турбахтаата, Бөппүрүөскэтин икки дьабадьытыгар төттөрү – таары хатайдаата. Атаҕа тоҥон, чараас, быһаҕас эрэһиинэ саппыкытын төбөтүнэн чигдини тоҥсуйбахтаан ылла. Сарсыҥҥы мунньахха, тарбыйахтарыгар иһэрдэр үүтүн, хааһытын айдааран да туран эптэрдэҕинэ эрэ сатанарын, бэйэтэ сииригэр дылы уҥуохтаах соҕустук эбэн хайаан испэттэрин мөҥүттүбүтүн омунугар умуллан эрэр бөппүрүөскэтин курдары тыыннаран оборон соппойбохтоото.
“Тарбыйахсыттар дьэ хамнас аахсар күннэрэ – ыйдара чугаһаабыт. Ириитэ кыыла турбут. Сөп ээ. Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр. Тыынньалары аһатыахха – таҥыннарыахха наада дии. Саҥа Дьыл да бу кэллэ. Бээ, Памааны сэрэтиэх баара. Саҥа үлэлээн эрэр киһи ыйааһыҥҥа эрдэттэн бэлэмнэнэр эҥин диэни хантан билбит үһү”, – диэн санаатыттан хаамыытын түргэтэттэ.
Памааҕа дылы хатыҥыр киһи, уһун сонун быаннан куймуччу бааммыт обургу уолу батыһыннаран, тиэтэллик хааман хаачыгыратан, тарбыйах турар баһынан хотонугар киирбитин көрөн: “Оо, дьэ, умнубатах киһи. Саатар умнуганым эҥиним, кэнникинэн сүрдэнэн иһэбин”, – бэйэтэ бэйэтин мөҥүтүннэ. “Биэнсийэ диибин даҕаны, ол кэннэ хайдах быар куустан олоруллар баҕайыный. Һэ”…
Уопсай дьиэ аанын арыйбытыгар, муннук хостон Маарыйа тэлэбиисэрин саҥата иһилиннэ. “Бээ, итии чэйдээҕэ дуу”, – дии санаан өҥөс гыммытын, хата Маарыйа бэйэтэ:”Киириий, доҕоор” – диэтэ. Оһох чанчыгар ыллаан сыыйа турар чаанньыгын остуолун баһыгар аҕалынан, хойуу үүттээх чэйин култаҕар бакаалга кутан бырылатан, Өлөксөөндүрэ иннигэр уурда. Арыы, килиэп, саахар иһиттэрин кини диэки сыҕайда. Хотонун хараҥа былаатын устан олоппоһун өйөнөрүгэр көннөрөн ыйаата. Билигин даҕаны хап – хара, килэбэчигэс баттаҕын аһын икки илиитинэн хаптаччы баттыалаан көннөрүннэ.
“Бэҕэһээ манна биир хаһан да харахтаабатах оҕом киирэн тэлэбиисэр көрбүтэ. Туоһуласпытым, били Бүөтүр иитийэххэ бара сылдьыбыт кыыһа эбит. Аҕата аҕатынан, уу иһинээҕи күлүгэ сэгэр, дьэ. Эдьиийдэрин батыһа сылдьар, быһыыта. Кыра кыргыттарыттан обургулара үһү. Икки кыра ыалга иитийэххэ бааллар диир.Сэттискэ үөрэнэбин диэтэ дуу. Улаатан ырааппыт, туома мин саҕа. Оо, дьэ, оччотооҕуга ыйыттарбытыгар таах да сөбүлэспэккэбин дии санаатым ээ. Оҕото элбэҕиттэн салламмын иннибинэн истибэтэҕим диэччибин дии. Начаас да кыаныа эбиттэр. Баһаам кыргыттардаах буолуо эбиппин дьэ, абалаах”, – Маарыйа ыалдьытыгар, эргэ хаптаһын быыс эрэлэ суоҕун бэркэ билэр киһи быһыытынан сибигинэйэ былаан сонуннаата. Хойуу кыламаннарын умса туттан, чааскытын ойуутун саҥа өйдөөн көрбүттүү кичэйэн одууласпыта буолла, синньигэс сөмүйэтинэн сиэдэрэй дьөрбө ойуутун бигээмэхтээтэ.
Өлөксөөндүрэ дьүөгэтин кыараҕас харахтарынан сыныйардыы көрөн олорон: “Оттон билигин даҕаны эдэргит дии, хотуй. Кытаатыый. Ким туох диэҕэй. Булчута хаара. Испэтэҕэ ыыра ыраатта”, – диэтэ. Маарыйа уҥа илиитинэн саба сапсыйда. Күлэн иһэн сөтөллөн хахсайан ылла. Икки дьахтар чочумча аһаҕас түннүгү одуулаһан, истэригэр уруккуну – хойуккуну эргитэ санаан, бэйэлэрэ эрэ ахтар – саныыр күннэрин – дьылларын сайыһан үөһэ тыынан ыллылар.
“Г” буукуба дьиэ олохтоохторо хотонтон киирэн, налыччы чэйдээн, үөһэ – аллара туруохтарыгар диэри, халлаан сырдаан, күрдьүк аттынааҕы чигдигэ олорон хаалбыт саппыкы тилэҕин суолун оһуора – бичигэ ырылыччы көстөн кэллэ. Кырдьаҕас дьиэ кылдьыылаах түннүктэрэ биир – биир сөҕүрүһэн, күн уотун кэтэспиттии таһырдьаны одуулаһан оҥостулар…
Куттаах