Оҕо сылдьаммын эбэм уонна ийэм сыттарын, бэйэлэрин көрбөккө да туран, эндэппэккэ араарарбын өйдүүбүн. Эбэм сундуук сыттаах дии санааччыбын, ийэм – үүт… Тоҕотун бэйэм да билээхтээбэт буоллаҕым оччолорго.
Кэлин, эт – хаан үйэтин тухары анаммыт, сөптөөх үлэтин толорон, аны хараҥа эйгэҕэ көһөр үлэтин саҕалыырын иһин оннук эбит саныыр буолбутум… Ол иһин маныаха дылы утуйа сыппыт быччаххайдар уһукталлар. Ол аата бу орто дойдуттан тугу да кэтэспэт, кими да угуйбат буолуу бэлиэтэ. Кырдьыбыт киһи тугу да сэҥээрбэт, ээл -дээл буолар, уруккутунан эрэ олорор, бүдүгүрэр, бытаарар…
Ол гынан баран, мин өрдөөҕүттэн көрөн эрэ билэр аҕа саастаах М…, ити олоҕум улахан аҥарын тухары иитийэхтээбит киччим санаабын, кумахтан дьапталанан оҥоһуллубут, дьоҕойон эрэ дьэндэйбит дыбарыас оҕотун биир холус таарыйыынан суулларыахха сөбүн курдук аҕыйах чаас иһинэн үрэйбитэ…
Кинини эдэрбиттэн дьонтон араара көрөрүм. Түмсүү тутаах киһитэ, ыраас, туһунан куоластаах ырыаһыт. Тупсаҕай көрүҥнээх, хонтоҕор муруннаах сааһыра барбыт дьахтар этэ. Биир чаҕылхай күннээх сааскы күн киэҥ-куоҥ саалаҕа, иккиэйэх эрэ курдук сананан, намыһах соҕус маҥан баттахтаах киһини кытары үҥкүүлээн тэлээрдэ сылдьаллара харахпар олорон хаалбыт… Бу номнуо олохторо сөҕүрүйбүт оһох уотунуу сойон эрэр саастаах дьахтардаах эр киһи, инникилэрэ биир-икки эрэ хардыы хаалбытын сэрэйбэккэ, үөрэ-көтө, өссө таптаһан, харахтарын утары көрсөн, дириҥ иэйиигэ ылларан, тулалыыр эйгэлэрин төрүкү умнан, дайа сылдьаллара хайдах эрэ өйбөр баппат курдуга…
Уонтан тахса сыллааҕыта соҕурууттан кэлэн иһэн, арай ол дьоммун иккиэннэрин ыы муннукка көрсө түспүтүм. Бадарааммыт ахтылҕаныгар ыга куустарбыт дьон быһыытынан өрдөөҕүттэн билсэрдии эҕэрдэлэспиппит. Сөмөлүөккэ олордоххо уһун синньигэстик сыыйыллар алта чааһы билбэккэ хаалыахпытыгар дылы М -ныын сэлэспиппит;
– Мин бииргэ төрөөбүттэрим бары уолаттар буоланнар, бойобуой бөҕө этим. Эбиитин ийэбит эрдэ суох буолан, аҕабыт бэйэтэ улаатыннартаабыта. Кырабыттан суоппарбын. Эр киһи, дьахтар үлэтэ диэн иҥнэн турбаппын. Олоҕум былаһын тухары онтукайым туһалыыр. Бииргэ үөрэммит уолбар кэргэн тахсан икки оҕолоохпун. Ол бойобуой да буолларбын уолаттар сүрдээҕин сэҥээрэллэр этэ. Кини – бастакы тапталым, оскуола звездаата этэ. Кэлин иһэр буолан хаалан, эрэй бөҕөбүн эрэйдээбитэ. Эдэрбит да бэрдэ. Икки өттүттэн тэбиэлэнии бөҕө. Уйсубакка арахсыбыппыт. Билигин хоту ыал эһэтэ үһү. Хата таҥара көмөтүнэн. Оҕолорбун бэйэм сүүрэн-көтөн, үлэ бөҕөнү үлэлээн атахтарыгар туруортаабытым.
Бу киһибинээн эмиэ биир кылааска үөрэммиппит. Кини баара -суоҕа биллибэт, кыра уҥуохтаах, сэмэй майгылаах уол этэ. Онтон хойут үөрэхтэнэн, геолог идэтин баһылаан, “тос” курдук дуоһунастаммытын кэннэ билсибиппит. Онтукайым баара оҕо эрдэҕиттэн миигин таптаан кэргэннэммэккэ сылдьыбыт эбит этэ. Хантан билиэхпиний ону мин. Үөһэнэн көрө сырыттаҕым дии. Кыраһыабайдары эрэ кыҥаһан… Инньэ гынан түөрт уон тоҕус сааспытыгар холбоһон, бу уон биирис сылбытын олоробут бииргэ. Миэхэ дьиэ тутан биэрдэ. Оҕолорбун, сиэннэрбин ылынна. Билигин да идэтинэн үлэлиир. Массыына бэлэхтээтэ. Эр киһи оҕо курдук, хотуй. Кылаабынайа, болҕомто ууруохха наада. Бириэмэтигэр таптыахха. Оччоҕо кини муннутуттан сиэттэрэр дьэ. Билигин алта уон биирбит.
- Һа, бачча кырдьан баран таптаһаҕыт дуо, өссө ол…
- Хата хайдах буоллаҥый. Эбэһээт буоллаҕа дии. Олох саамай мүөтэ дии… Кыһалла сатыыбын. Биирдэ даҕаны ойохтоммокко, дьахтар амтанын билбэккэ кэриэтэ хара тыаны бата сылдьыбыт геолог киһиэхэ эргэ тахсыбыт ааттаах эрээри истиэнэни ытыран баран сытыам дуо, сэгэр,…
Күлсэбит. Ол икки ардыгар М. улаҕаа өттүгэр хаһыат ааҕа олорор кэргэнин өҥөйбөхтөөн ылар, тугу эрэ сибигинэйэр, илиитин имэрийбэхтиир. Онтон эмиэ мин диэки иҥнэйэн, кэпсэлин салҕыыр.
- Уопсайынан, биһиги, дьахталлар, эр дьону сордуубут аҕай дьэ. Улахан сахтаах буолан, оннук – маннык куйбараҥнаан. Дьиҥинэн айылҕа аһаҕас ааннаах гына айдаҕа дии соруйан, эр киһиэхэ анаан. Ону баара өйдөөҕүмсүйэн хайаан, ол аналбытын умнан кэбиһээхтиибит. Кэпсээнтэн кэпсээн. Арай отой өрдөөҕүтэ биир чугас дьүөгэм эрэ иһэн сордонон арахсар турукка сырыттахтарына, оччолорго эдэрбит, тыаҕа маевкалыы бардыбыт. Кыттыһан. Кулуһун оттон астанан аһаатыбыт. Оҕолорбутун оонньоттубут. Сибэкки хомуйдубут. Анарааҥы ыал аҕата – иһэр киһи, онно да тиийэн кэм да итирэ охсон хаалан баран, тэйиччи ойуур саҕатыгар турар маһы хам кууһан баран турар. Араҕар диэн суох. Ыҥырабыт эҥин да, отой бэттэх кэлбэт. Бээ, мин булчут кыыс, дьээбэҕэ үөмэн тиийэн чугаһаан иһиллээччи буоллум. Онтум, сэгэрим, бу эрэйдээх били баар-суох эн биһи кистэлэҥ малбытын ааттаан, биир кэм кэлиилии кэбэ турар эбит. Соһуйдум аҕай ээ. Син саас ортолоох дьон буоллахпыт. Оҕолоох, ойохтоох, эрдээх. Уон түөртээх оҕо буолбатахпыт чуолкай…
Онтон аны хайдах эрэ аһынным аҕай. Кыыспар кэлэммин кыыһырдым:
– Эн бэйэҥ буруйдаах эбиккин эриҥ иһэригэр. Отой чугаһаппат эбиккин!-
– Ону хантан биллиҥ, кэпсээтэ дуо? – диир. Хайа эр киһи туора дьахтарга үҥсэргии туруой ол дьыаланы, дьэ. Ойоҕо киһи соһуйан айаҕын эрэ атан кэбистэ. Аҕыйах хонон баран, кыыһым эрийэн, эринээн онуоха-маныаха дылы арахсыбакка быһаарыммыттарын эттэ.
Хата, этэҥҥэ билигин да олороллор. Сиэннэнэн эҥин, кэлин эр киһи аргытын олоччу бырахпыт. Дьиэ –уот ыраатан. Дьүөгэм миэхэ махтанан бөҕө. Аны кэлэн тугу кистэһиэхпитий. – Саамай сөпкө диагноз туруораҥҥын, миигин мөҕөҥҥүн быыһаабытыҥ , – диэн. Аргы сыттааххын дии -дии саа тэбиитинэн илдьэ сылдьыбыта аанньа буолсу дуо.
Мин бастакы да эрим иһэр буолбутугар, аны санаатахха, бэйэм буруйдаахпын. Дьэ, эр киһи иннин ылаары туох да чорбоҥнооһун, киэбирии бөҕө эбиппин. Эгэ, эмиэ били дьүөгэбэр дылы кыыһырбыта буола-буола, чугаһаппакка төһө сордообутум биллибэт. Оннук дьэ, тоҕойум, саамай тыын боппуруос дьиҥэ. Оһуоба эр дьоҥҥо.
Устунан М. миигин ырааҕынан хайан, сэмэлээн эрдэҕинэ, хата көтөр аалбыт обургу, кырыыга да дьылыйа сыттар, тардылыктаах дойдубут өҥ ньууругар таба тирэнэн, шасситын лиһигирэтэн-лаһыгыратан быыһаммытым…
Ити кэннэ мин элбэҕи толкуйдаабытым. Сааһырбыт дьону отой атын харахпынан көрбүтүм. Урут били истибэттэрэ, өйдөөбөттөрө буолуо диэн үрдүнэн-аннынан кэпсэтэр бэйэм, кинилэр кэпсэллэрин болҕойор, сэҥээрэр, сөбүлүүр буолбутум. Ол уларыйыыбыттан отой кэмсиммэппин. Төттөрүтүн туһаммытым. Инньэ гынаммын бу дэлэй кэпсээннээх, хотуулаах санаалаах М-ны көрсүһүүм, сааһырыы боруогар аны бэйэм атаҕым төбөтүнэн буолбакка, чиҥник үктүүрбэр тирэх буолбутугар ис-испиттэн дьылҕабар махтана саныыбын. Эдэр сылдьан кырдьары кырыыс куруук саныыр эбит буоллахпына, билигин саҥаттан төрөөбүттүү, дьэ сололонон, ырааҕы -чугаһы анаарар кэрэ кэм курдук чэпчэкитик ылынным.
Өссө уонча сыл буолан баран, били М -н дойдубут килбэйэр киинигэр, били ”хас эрэ плюс” дэнэр дьон таптаан түмсэр сирдэригэр бу бүгүн көрсө түстүм.
М- ны дьахтар киһи бырыынчык хараҕынан илэ, утары көрөн туран, кырдьыбыт диэҕи отой сатаммат. Төттөрүтүн тупсубукка дылы. Хотун-хаан көрүҥэ өссө сиппит: төбөтүн хантаччы соҕус быраҕан олорон көрөрө-истэрэ, хаамара, мичээрэ…
Миигин отой эндэппэккэ билэ охсон, оҕо курдук тарбаҕын эймэҥнэтэн ыҥыран ылан, аттыгар олорто. Таҥаһа мааныта; алабаччыйар, муора өҥүнүү толбоннурар күөх уһун былаачча, умайар уот кыһыл, сакааһынан тигиллибит дьиҥнээх тирии, тумустаах саппыкы. Симэҕин этэ да барыллыбат. Баттаҕа үөһэ хомуллан, аҕыйах сүүмэх сирэйин икки өттүгэр эриллэн түһэн, туспа олохтоох курдук олус тупсаҕайдык эйэҥэлииллэр. Хата мин, киниттэн быдан эдэр киһи, былыргы учуутал курдук таҥнан тиийбиппиттэн кыбыһынным. Киниэхэ холоотоххо бэйэбин били норуот күлэр, бытаан үҥкүүгэ сириллэн, истиэнэни өйөөччү “күөх чулку” курдук сананным:
– Били дьиэбитинн өссө кэҥэттибиппит. Сайыны быһа оҕуруот. Уһаайбабытыгар мас бөҕө олордубуппут улаатан ырааттылар. Алта сиэннээхпит. Олорбутун кытары бодьуустаһаммыт күн сырсыыта. Уолбар бэйэм аттыбар эмиэ дьиэ тутан биэрдим. Кэргэним иккис массыынатын бэлэхтээбитэ. Онтукайбынан сылдьабын. Таһырдьа турар. Үлэтигэр билигин да сылдьар сезонунан. Ыраата баран кэллэҕин аайы мин тугу эрэ тутан, кинини үөрдээри, сюрприз оҥорон тоһуйабын. Сольнай концертары биэрэбин. Иистэнэбин. Отой соло диэн суох. Сэттэ уоммутун туоллубут ээ, ол да буоллар. Ээ. хата, арба даҕаны, билигин биир билэр дьахтарым кэлиэҕэ. Сахалыы бууктаах сон тиктэрбит отут тыһыынчаҕа. Хайаан да көрүөххүн наада. Ону рекламалыахтаахпыт манна…
М. кэпсэлин идэбинэн айахпын атан, харахпын быччатан олорон истэбин. Быыһыгар эрчимнээх муусука тыаһаата даҕаны, М. ойон туран үҥкүүлээн имитэн барар. Миигин эмиэ умнубат. Ханан да дьиэк биэрбэттии харыбыттан ньылбы соһон киллэрэн иһэр. Бу хамсанара имигэһин, бэйэтигэр барсарын. Муусука тэтимин, ис ньэгиринэн ылынан, туспа турукка киирэ охсоро түргэнин. Дьахтардыы кэрэтин билигин да сүтэрэ илигэ биллэр. Сэттэ уоннаах эмээхсин диэҕи киһи тыла да өҕүллүбэт. Туспа быһан көрдөххө, улахан сыанаҕа үөрэммит үҥкүүһүттэн харыс да хаалсыбат.
Оо, тоҕо бэрдэй. Айылҕа барахсан маанылаах Куота диэн бу М. эбитин дьэ итэҕэйэммин кистии-саба кинини одуулаһабын…
Хантан кини күүс-уох ыларый? Олохтон дуоһуйууну бэйэтин илиитинэн оҥосто сырыттаҕа. Кимиэхэ да тугу да суҥхарбакка, үҥсэргээбэккэ. Этэргэ дылы, “былааҕа” куруук үөһэ тэлибирээн күлүбүрэтэр. Ол салгыныттан тулалыыр эйгэтэ кытта эрчимирэн эрдэҕэ буолуо дуо…
Туох кистэлэ кэлиэй, киһи эрэ билэр туруга буолуохтаах, сорох билсиилээҕи ырааҕынан, көрбөтөр ханнык диэн, тумнары… Быыһаттарыах айылаахтык хараххын өҥөйөн көрө–көрө, икки дьабадьытынан күүгэн алла-алла, хайа эрэ кини санаатын иһинэн дьаһамматах дьалаҕайдары мөҥүттэн дуу, эбэтэр аалларар аһааҕырыытын быраастааҕар ордук ымпыктаан-чымпыктаан сиһилии сэһэргээн, былдьаһыктаах күҥҥүн- дьылгын халтай барыыр, дорооболоспуккун кэмсиннэрэр атастары…
Хаарыаны, бу М. курдук итиччэ сааска үҥкүүлээн тэйиэккэлии, үөрүүнэн толору тыга сылдьыбыт киһи ньии.
08.03.2020с.