Өҥөйөр түннүгүм

Өҥөйөр түннүгүм.                                                                                           

Ыраах сыһыыга ыйылыыр ыыстыйбыт буору ытыйар тыал күн тура күүһүрэр.Аан талҕаны түһэрээт тумаҥҥа киирэн сүтэр…Кини эппит тылын хаһан да тыалга бырахпата . Онон  кинини эркин курдук эрэнэрим. Бу кэлэн барар олоххо эрэнэрдээх үчүгэй даҕаны.Сарсыарда манньыйан олорон мааннай хааһы сиирбит ол онно ону-маны күлэ-үөрэ кэпсэтэрбит. Мин ыйытааччы кини эппиэттээччи буоларбыт. Эдьиийим Паша мин өҥөйөр түннүгүм.Мыры-мытыгыр кыаһаан сирэйдээх,сынтаҕар кыракый муруннаах, “чоҕулуускай”хатан хап-хара харахтаах,сытан- олорон ылбат,сылайбат дырайбыт атахтаах имигэс тарбахтарыгар куруук тугу эрэ тутан мускуйа сылдьар,элбэх бүппэт кэпсээннээх кыысчаан .Оҕо сааһым оһуор оҕуруо киэргэлэ бүппэт остуоруйата,“муччаха” омуннаах сэһэнэ – сэппэнэ,ойуоккалыыр оонньуута барыта кининэн оҥоһуллара.Эрдэһиэр күһүн кырдалга кылыйа сылдьан соһутта.

-Дордоо, сотору көһөр үһүбүт.             

-Ханна?

-Хара хааҥҥа.

-Мин мантан ханна да барбаппыын.

-Оччоҕо эйигин ыалга хаалларыахтара.Дьантарыкы Дьаакыптаахха.

– Суоох .

Саҥа сиидэс ырбаахы, хара, кыһыл сымнаҕас килбэчигэс эрэһиинэ холууһа  кэтэн “саар түү” саҕа сананан эргичийэ иһэбит. Кытаанахтык өрүллэн өрө хоройон муостуу үөһээ ыйан иһэр хара баттахпытынан салгыны санаабытыгар тыыра тырылатан көтүөх курдукпут. Ырбаахыбыт тэллэҕэ тэллэй курдук тэллэйэн,маҥан быдьырхай сибэкки ойуулаах. Толоон намыһах сырыынньа, көнө сыырыттан лыахтыы сүүрэн түһэбит. Эдьиий тэлээрэн олорор,  мин кэнниттэн хаалсыбакка сэрбэкэчиһэ …. олох устун түһүнэ турбуппут. Билигин кэлэн эмэҕирэн олорон оҕо сааспын бу баардыы көрөбүн. Хараҕым уута халыйан кэлэн суруйа олорор лииспэр таммалыыр. Тулалыыр айылҕа кэрэтин ситэрэ току- току ньээм куоҕайар хонууга…Туманнаах сарсыарда барыта бүппүтэ өтөхпөр эрбэһин сабыта үүммүтэ…

***                                                                    

Ыстакаан.

Тастан көрдөххө таас иһит олус борустуой ис киирбэх. Бу кырыылаах ыстакаан. Кини турбатах остуола сир үрдүгэр суох да ини. Ханна да тиий сууйан -сотон имэрийэн сэрэнэн тутан -хабан илдьэ сылдьаллар ,өссө үрүҥ көмүс эбэтэр сыыҥкабай алын тутаахтаах иилээх буолааччы. Улуу Ыстаалын эрэ чэй иһэр иһитэ. Сороххо үөрүүлээх кэминээн, сороххо хомойбут күнүнээн холбоһон ахтыллар “аллар атас” таас ыстакаан. Таас ыстакаан төрөөбүт сылын бэлиэтиир киһи эмиэ баар үһү дуу?Көҕөрөн көстөр таас уу иһэр  иһит Швецияҕа Ямбурга тыһыынча сэттэ сүүс уон үс сыллаахха бастаан оҥоһуллубут. Арассыыйаҕа Мальцевтар өстүөкүлэ оҥорор собуоттаах дьон оҥорон тарҕаппыттар. Сыаната халымыр буолан дьадаҥы  аймах, баайдар даҕаны хамаҕатык атыылаһаллара. Бүөтүр Биэрибэй бастакынан муора дьоно мотуруостар аһыыр иһиттэрэ оҥорбут. Ыстакаан хайа сах сааһа ыраатан турар. Бэйэтэ оҕонньор.  Өй хаата киһи Элиэнин кинини биирдэ да ыһыктыбакка үйэни уларытан үйэ “үрдүгэр” олорон ааспыт.Чэй иһэ-иһэ саахыматтаан сынньанарын сөбүлүүр эбит.Сэбиэскэй сойууска соҕуруу барбыт киһи гаастаах ууну уулуссаҕа иһэн утата сылдьан абыранар буолара. Сэрии кэмигэр саха киһитэ аччыктыы сылдьан ортотунан ойо ыстаммыт ыстакааны булан ылан,борубулуоханнан ыпсаран сонно тута атыылаан аһаан турабын диэн кэлин ахтан аһарбытаах.Ол курдук ыстакаан оччолорго сыаналаах тэрил дьон олоҕор орооспут,абыраабыт-сордообут. Мин бэйэм Элиэнин Ыстаалын буола түһэн баран эргитэн аҕалан бэйэбит тиэргэммитигэр төннүөм.

Бүгүн кэпсиир киһим дьиэ таһынааҕы түөлбэ төгүрүктээҕи ырааппатах киһи.Быһыйа  кыра лэкээрийбит “кырдьа барбыт” уол…Туоратынан кылдьыылана кэҥээн, хараҕа сарайдыы ыйанан, маҥан-ньолбоҕор сирэйигэр сүүһэ үрдүк.Онтугар киэпкэни лэппэччи кэтэн кэдэйэн килиэптии, торукуо ыстааннаах атаҕын үмүрү  үктээн саппыкытын сурдурҕатан иһэрин көрөр буоларым. Дьон көмүллэр сириниин силбэһэ хоп курдук дьиэлээҕэ. Биирдэ эмэ аҕабынаан үктэнэр этибит. Кини олус ойохтонуон баҕарара. Онон биир үтүө күн ыстакааҥҥа оргуйа сылдьар ууну кутан  баҕатын этээри бэлэмнэнэн ахан сырыттаҕына, биһиги оҕолор субуруһан киирэн кэлбиппит.Бэйэтэ этэринэн ыала Чыычы Кэтэриинэ сүбэлээбит. Киһибит туруммут аҕай. “Отой чугааһаамаҥ, итиигэ буһуоххут ыраах сылдьыҥ” дэтэлиир, биһиги урукку оҕо да сиэринэн ааҥҥа турдубут.Итии уу ыстакааҥҥа кутуллан тоҕо барда, ону кытары аан аһыллаатын хоҥсуо Даайа көтөн түстэ “айыы айа, о ойуу- а аайыы эҥэй да маай эбит” иҥин диэмэхтиир. Арай кыра уол Кыдыгыр Куола “ойоҕуҥ бу киирдэ” диэн улахан баҕайытык саҥа аллайда . Биһиги күлсэ –күлсэ таһырдьа сыҕарыҥнастыбыт. Дьоммут муй- май буолан  хааллылар.Дьэ, ол кэннэ күһүнүн холбоспуттара. Быһыйа ойохтонон ырааһыран хоруудаҕа холбойон олорон суунар сурахтааҕа. Ыстакаан да киһи олоҕор араастык дьайар.

     Балаҕан ыйын уон биирис күнэ ыстакаан барахсан,уонна Быһыйа уол төрөөбүт күннэрэ.Онон туран  улуу Кырыылаах Ыстакаан билигин даҕаны хас куукуна, остолубуой, буойас, миниистир хоһо, ыал ыскааба, ойуур ыыспата үүтээн, хараабыл, борохуот, көтөр аал, куосумас, хайа хаспаҕа, абориген соломо-от сарайа, кытай кыраныыссата уонна да ааҕан аҕалбат дойду иэнэ, сир сиппэт сиппэҕэ дьиэлэнэн -уоттанан сырыттаҕа ээ. Онтон Быһыйа төрөппүт оҕото суох буолан кимэ да хаалбата бэйэтиттэн, элбэх аймахтаах эрэ буолан дьон санаатыгар күн бүгүн баар…

***   

Табылыатка аа      

Тоҕо сир үрдүгэр олорорбун өйдөөбүтүм.Сарсыардаттан хаппыт килиэби кэбийээри.Эбэтэр улуу тылы сомоҕо санааны чараас лиистэн ааҕаары.Таһыллан тахсан талах курдаах Таатта уолун хоһооннорун истибитим. Хомуут оҥостон кэтэн тардыбытым. Ол онтон ыла өрүһүммүтүм…Таһыгар чугаһаатаргын да саҥа буспут килиэп сытынан тунуйан аччык да киһи тотон тахсар сирэ этэ биһиги оҕо сааспытыгар сүүстэ сыбыытаан килиэп бөҕөнү атыылаһан сиэбит килиэбинэйбит. Хара кэтит бэрэбинэннэн талыллан тутуллубут киппэ көрүҥнээх килиэбинэй истиэнэтэ симтэрбин харахпар бу көстөр.Сайын сыралҕаҥҥа аана күн көрөр сиринэн баар буолан уочараккка туран тиритэн да бэриллэрэ .Онно эбиллэн килиэп оһоҕун итиитэ элбэх киһи симиллэн кэтэһэн турарбыт барыта куйааска холбоһоо эрдэҕэ.Куруҥ куулу төбөтүгэр хороохтото кэппит Бурсууй уол өрүү куруусчут, хаахыбай таҥаһа-саба өрүү бурдук, аккыраҥ-соҕотох ийэҕэ иитиллэр киһи эрдэ үлэһит буолбута.Биирдэ аан айаҕар туран “дьиэлээх киһи” быһыытынан киирэр- тахсар дьоҥҥо саҥатынан баппакка турдаҕына ,арай биир уһун уҥуохтаах сэксэйбит үрүҥ ону ааһан ыыстыйбыт бытыктаах кыл сэлээппэтин аннынан маҥан баттахтаах, сырдык сиэрэй болотуна чараас сонноох,тирии этэрбэһинэн чэпэчки-чэпчэкитик үктэнэ туттубут кырдьаҕас оҕонньор киһи киирэн кэллэ. Дьон бары силэллэ охсон биэрдилэр тоҕо эрэ. Бурсууй уол кыабакаччыйан  тиийэн оҕонньор куулун эһэн ыла охсоот иһирдьэ мэлис гыннан хаалла.Оҕонньор билигин да хараҕа чоҕулуҥнаан олорор.Сэксэйбит бытыгын анныгар тэллэйбит уоһунан хамса оборо сылдьар  онто номнуо сойбутун тэбис -тэҥ тииһинэн кытаанахтыык ытыра сылдьан дьону кытта кэпсэппитинэн барбыта.Ойоҕостон көрдөххө субу саба түһээри сылдьар сиэгэҥҥэ майгынныыра .Мин эриэккэс оҕонньору одуулаан турдум. Өр өтөр буолбакка  Бурсууй уол килиэбин таһаарда. Оҕонньор куулун ылан өҥөйөн көрөөт  эмискэ төлө тутта.хаһыыра түстэ “бу да уол туоххун уган аҕаллыҥ көрүҥ эрэ “.Дьон куулу өҥөйөн көрө- көрө соһуйаллар.киэр хайыһаллар.Куттаннарбын да мин эмиэ өҥөйөөччү буоллум куул толору эриэн үөн кутулла сылдьар.Түргэн үлүгэрдик тэйэ оҕустум.Бурсууй уол сүүрэн кэлэн өҥөйөөт,тиэрэ таһылла түстэ.сарылаа да сарылаа буолла киниэнэ барыта омун. Били киһиргии турбута ханан да суох.Сирэйэ хараҕа холлубут.Улахан баҕайытык “Табылыаткаа аа”диэн хаһыырда.. Дьон күлэн тоҕо бардылар. Ыксаатаҕына туттар тыла этэ.Осуоланы бииргэ бүтэрбиппит.Кыараҕас кыыбыччы көрбүт харахтаах сирэйэ төгүрүйэн бэйэтэ лысхайан хоҥор сибийуот көстүүмнээх.хаачыргыыр харатыҕы эргэ соҕус бачыыҥкалаах.“хамыһаар” курдук  туттан хаама сылдьан  үөрэҕин билбэтэх киһиэхэ “тоҕо табылыаккаҕын сиэбэтиҥ?” диэн күллэрээччи.Эрэтиҥ уус баҕайы тыллаах уол.Сорох ардыгар ньиэмэс буолан хаалан “данке шон, гут гут”бөҕө түһэртиирэ.Аан кэтэҕэр саһан туран киирээккин “хэндэ хох” диэн сүрэхипитин элбэхтэ сэлибирэппитэ.  Онтон ол оонньообут, Бурсууй уолу куттаабыт оҕонньор ким эбитэ буолла? Билбит суох. Бурсууй уол “тастыҥ доҕоттор таһырдьа хаалыҥ ,истиҥ доҕоттор иһирдьэ киириҥ “дии-дии килиэбин билигин даҕаны куруустуу сылдьара буолуо…Күөх отуҥ хонуутун үктээҥҥин эн үөрдүҥ,көрбүккүн-истибиккин итэҕэйбэккэ иэгэйэр икки атахтаах сордоннуҥ,Тыал да салгын, да ыкпатын эйигин.Хараххын быһа симимэ.көр,көөр айылҕа өрүкүйэр күүһүн.Туманнаах, дьыбардаах сарсыарда мэлдьэһэр бэйэтэ билэрин…

***                

Намыһах аан. 

Батыйа.саабыла.батас хаалла анараа үйэҕэ.Харчы хабала –батыс,ыҥырар ыһыы хаһаас. Холбоһуҥ үлэһит дьон аймаҕа.  Үөдэн түгэҕиттэн үмүрү тардыллан сирэ – уота ,сүрэҕэ суох аймаҕа аҕыйах ырган ынахтарын холбоон холбоһук оҥостон бииргэ үлэлии сатаабыттар. Саҥа сүүрээн сабыта охсон уонна үйэлэрин тухары бэйэ сирэ диэни билбэтэх дьон – сэргэ син умса түһэ үлэлии сылдьыбыттар. Ол эрэн салайыах айылаах киһи баара көстүбэккэ, биир хантан да кэлбитэ биллибэт “убаастаан” ааттыылларынан Тэриэн Уйбаанабыс  Халыйаарап диэн киһини булан олордубуттар .Тирии оҥостон кэппит бостуон көтүүмэ килэрийэн эрэрэ,киниэхэ сөптөөҕү хайа да лааппыга буларыҥ саарбах.Тойонуҥ  тоҕус уон торуой моонньугар хаалтыс иилинэн мойбор-мыанньарык баһаам киһитэ.Олус уойан эбитэ дуу айылҕата эбитэ дуу бу киһибит олус үскэл эбит. Соломо солотуулаах сэлээппэтэ, сибиинньэ эмэһэтигэр иҥнибит аһыыр миискэ курдук нэһиилэ ыйана сылдьар.Моҕоҕо моонньутун иилээн эттээх иэдэстээх бэллэҕэр сирэйигэр кыбылан кыараабыт хараҕынан симэ-симэ көрөн сыыйан-саҥаран,нэһиилэ улахан үтүөнү оҥорон эрэдии туптан -хаптан киһилэрэ үлэлэрин үлэлэһэ олорбут. Төһө өр салайаахтыбыта буолла. Хомуньуустар ускул –тэскил уртуут курдук уларыйа сылдьан үлэлэрин үлэлэһэр этилэрэ ол саҕана.Кэлин кэпсээтэхтэринэ манна өрө таппыт ону тоҕо таппыт курдук тутталлара да төһөтө кырдьыга-сымыйата сыымайданан тоҕо эрэ тура эстэн олороллор.Биир түгэни кэпсиэм этэ.Кылгас кырбас сөмүйэтэ, чөҥөчөк илиитэ-атаҕа чочойон-чохчойон Халыйаарап хаһыыта кус- хаас саҥата буолан турар кэмэ .Борустуой үлэһит киирдэҕинэ тимир тириитин кэтэ охсоро.Холкуостаахтар тугу эмэ туһаары- ылаары этэн көрдөхтөрүнэ “мунньа сытарыҥ” онно баар дии-дии ноһуом кутуллар сирин ыйа – ыйа күл да күл буолар үһү.Олорор хонтуоратын аанын тоҕо эрэ намыһатыаҕынан намтатан оҥотторбут. Ньылаҥса, хаптаҥнаһан бэрт дьоҥҥо олус эйэҕэстик сыһыаннаһарын,уларыйа түһэрин үөһэттэн аллараа көрөн,хонточчу туттан икки илиитин сараччы туттан,улаханы бэрсэн эрэрдии куодарыһа охсорун киһи эрэ сөҕөр.Киирбит киһи бөгдөччү туттан тоҥхоҥноон киирдэҕинэ үөрэр да үөрэр диэччилэр. Ханнык эрэ бардам аймаҕын хаана оонньоон эрдэҕэ. Биирдэ оннук бэрдимсийэн ахан олордоҕуна,сүрэҕэ суох ойохтоох Кылар Кириилэ,сатаатар киһибит көккөс-эриэн бэйбириэт ыстаана эмэһэтинэн хайдыбытын күөх-көппө ойоҕор  “табын табан” абырахтаппакка сылдьыбыта.Өндөс уҥуохтаах буолан төҥкөйүөҕүнэн төҥкөйөн киирэн истэҕинэ.кэннигэр мааны Маанньа алаарыччы көрөн кытаайыскай былааты саба быраҕынан,тупсуоҕунан-тупсан аххан тэҥҥэ киирсэн иһэриттэн кыбыстан сатахха Кириилэ кэннинэн эргийэн киирээччи буолан,Халыйаарап “хара хаанын” хойуннарбыт сурахтааҕа. Уордайбытын омунугар эппэт кэлэҕэй киһи бабыгырыы турбута диэн таһаараа ыалбыт остуорас Уула чып- кистэлэҥинэн  кэпсээн дьоммун күллэрэн турардаах.

   Дьэ ,сити ыйылаан эрэр диэн ыраахтан сэтэрээн сэһэммин ситэри саҥардыҥ. Умулла- умулла умайан саҥабын саҥара сатыыбын.Симиллэр силиилээх сирдэри көрдүүбүн. Дьүһүнүн булан ойуулуубун.

***            

Киһи омнуолуура суохха дылы.

“Бобуоскаҕа олороҥҥун бобуонньуктуу баанаҥҥын бодьуустаһар күннэриҥ буос былыкка саспыттар. Банаар уотун сырдатынан бабыгырыы халаатааҥҥын бабыахайдыы хаамарыҥ барбах эрэ хаалбатар. Боҕуруоскай отунан бодоруһуу ыытаҥҥын бобо кууспут сылларыҥ быралыйда быдаҥҥа…”.  Эбэм эдэр сылдьан хайа эрэ дьахтар хоһуйбут ырыатын ыллыырын иһиттэрбин тоһо эрэ Дороппуунабыһы саныыбын. Тоҕоноҕо абырахтаах  дыраап хараҥа халлаан күөҕэ өҥнөөх сону кэппитэ ыраатта .Бииргэ үлэлиир дьоно саҥаны ылын дэһэллэр ,кинилэр билбэт буоллахтара дии бу сон олус күндүтүн . Кини Моруусата талан ылбыт соно онон архсыан баҕарбат .Хас күн аайыы Моруусатын саныыр.  “Соҥҥун кэт” диэн туох эрэ улахан сыаннаһы биэрэн эрэрдии туттан суокканнан сотон биэрэрэ. Ол саҕана улаханнык ас да таҥас тэнийэ илик кэмэ . Эргэ таҥастарга туох эрэ истиҥ баҕайы баар буолар “бэйи мантыҥ сэбиэскэй “ диэн куруук убаастыы киэн тутта кэпсиир, кэтэр таҥаһа элбэх . Хойукка дылы кыайан арахсыбакка кэтэ сылдьыбыта. Ол онтон ордубут соно уонна бэйэтэ сырыттахтара…Олохтоохтор бу оҕонньору эдэриттэн билэллэр киниттэн аҕа саастаахтар  “чэ сырыттын бэйэтэ билэринэн” диэн өссө көҥүллүөхчэ айылаахтар.Итиннэ киһи омнуолуура суохха дылы. Хас биирдии киһи бэйэтэ хайдах баарынан кыалларынан олоро сылдьар  буоллаҕа. Бугун күлүбүрдэээн үчүгэй да күн үүннэ.Баһылай кэм да сонун кэтэн тахсан өр соҕус абыраҕын одуулаата кытаран- көҕөрөн миэстэтигэр баар аҕай.арай уларыйбыта,кэҥээбиккэ дылы дуу көтүллүбүт дуу?. “Билигин да сэнэх доҕор өссө да сылдьа түһүллүө. Бээ,эрэ кыралаан харчы мунньуммут киһи дуу…чэ көрүллүө.Оо,дьэ Моруусам баара буоллар иккиэн талыа этибит.Кини сөрү-сөбү булаа ылааччы”. Баһылай тохтуу түһэн үөһээ тыынна ,халлааны өҥөйөн харалҕан хараҕынан халаатыы хантайан көрдө ханнык эрэ бүччүм санаатын илиитинэн сапсыйда, суол устун хаама турда…Кини кырыылаах бүрүүкэтэ,дыраап соно үрдүк уҥуоҕун өссө үрдэтэргэ дылыта. Төбөтүгэр бэрэски мутуон-түү бэргэһэтэ ортотунан хомуллан кими эрэ санатар ээ. Илиитигэр бартыбыаллаах онто ыйааһыннаах соҕустук ыйана сылдьар .Үлэтигэр “үчүгэйдэр” ахсааннарыгар сылдьар. Дороппуунабыс диэн убаастаан ааттаабыттара ыраатта эдэриттэн иҥэрэн тураллар. Сулукудьуйан кэлэн тэп курдук биир да мүнүүтэ хойутаабакка остуолугар олорор буолар. Кэтит сүүстээх сирэйин көнө кэтэҕин хончоччу туттан суоттаан табыгыратар .Кыараҕас-харалҕан  хараҕар төгүрүк көмүс кылдьыылаах ачыкылаах көрүҥэ дьоһун. Баһылай көнө киһи олоҕо кыратык кырыытыттан көрдөххө ситинник. Төһө өр сылдьыа эбитэ буолла соччото суох дьон ыттарынаан “көмөлөспөтөхтөрө” буоллар.Үлэтиттэн тахсаат үгэһинэн тоҥоноҕун одуулана турдаҕына ыт саба кэлэн түспүт. Муҥнаах үөгүлэээбэккэ да хаалбыт үһү . Көрбүт дьон ахтан аһарбыттарынан. Ону даҕаны күлэ, көр –күлүү курдук кэпсииллэрэ.Чэ.албаҕа айаҕар сытааччылартан тугу булан ылыаҥый. Сөксөө төрдүн ууһугар килбиэн киһи кэлэн ааспытын ахтар кэлиэ дуо. Көмөллөрүгэр  ол эрэн үгүс киһи кэлбит сурахтааҕа. Дьахталлар оронун аннын хасыһан хара саҥа дыраап сон таҥаһын булан ылан “барахсаны” эҥин диэн сонньуйан турбуттар .Дьэ бу өссө да барбахтаһыах киһи,дьон кэнэниттэн бардаҕа .Ыт киһи доҕоро.Доҕоргун маанылаан иитиэххин,тиэргэҥҥэр далбаргар.Билиҥҥи ыттар хаһаайыннарын курдук кыайах -хотуох мөлтөх араҥаларыгар эрэ сабыта түһэллэр.Ол бэйэлэрэ быраҕыллан эрэйдээхтэр,өлөллөрүгэр бүччүм сытар сир көрдүү сыдьар буолааччылар.Онтон дьоһун-мааны тоҥолох “харахтаах” Дороппуунабыс кэлэн олорон ааспытыгар абыраҕа эрэ өйбүтүгэр хааллаҕа.Дьон быыһыттан ыстанан тахсан көстө -биллэ сатаабатах. Суоҕа баара синэ биир  киһи,  ким да “улуу”  күлүгүн үйэтигэр быһа хаампатах. Оннук дьоннортон биирдэстэрэ Баһылай Дорппуунабыс оҕонньор ахтыллара аҕыйах, чорбойоро кириэс маһа буолан сытаахтыыр… “Биэтэҥ –иэтэҥ биэтэстэнэн ортотунан орулуостаах кур. Сиһим төрдө биһикпиттэн биллибэтинэн- көстүбэтинэн ур. Оспох- биспэх олохтонон оллоруҥнаан аастым сүр. Алчах- балтах атахтанан атаҕастанан бүттүм-тур….”Эмиэ эбэм ырыата.

     ***        

Хара лаҕыай сундуук.         

Бобор хаайар дьыл-хонук болооруҥнуур кэмнэрэ. Бойборуччу күн тыкпат,тэҥкэ тииккэ түспэт. Кыһын хабыр харыыта, киһи күүрэр майгыта молооруччу молоочук…бакаай бадах…быһыылаах. Саамай кыһыылааҕа кинилэргэ харчыны кытта арахсыы.Үс хас үйэ тухары аймаҕынан албаһыран туран мунньубуттара,булбуттара харчы этэ. Бу бүгүн да муспута муус болгуоҕа кубулуйан,майгылыын уларыйан  Киргиэлэй хара лаҕыай буолбут сундуугун үрдүттэн түспэккэ сытар.Ытарчалыы ылларыллыбыт иилии тимирин эриллэҕэс эриэккэһинэн.киһи хараҕын хайа да кэмҥэ хабан тардара.Бу эһэтин эһэтэ Бырдьа бытык баҕайы ойоҕун хатыыр сундууга үһү. Киирэн кэллэххэ,хайа да үйэ таарыйбакка ааспыт ыалын курдуктар. Ийэлэрэ Баллаҕар Балааҕыйа хаарыс солко хаһыаччыктаах,уус илии тикпит сиирэ барбат сииктээх сиэрис былаачыйалаах,онно сөп түбэһэр торҕо өҥнөөх былааттаах  кинилэргэ эрэ ийэ буолан ананан төрөөбүт курдүга,чаалыччы көрөн.уоһа үһүктанан бардама, киҥэ, киһиргэһэ тэбис-тэҥэ. Сүүрбэ биирис үйэҕэ тиийбит киһи,арай Киргиэлэй уларыйа да түһүө эбитэ дуу.Кини сааһа аҕыс уона,ньолбоҕор-чэлкэх саһарардаабыкка дылы сирэйдээх, ырган ыакаҥнаабыт киһи.Чолох гына-гына билиис сэлиэччигин сиэбин,халбайбыт хатыҥыр атаҕар ыйана сылдьар хаахыбай ыстааннын сиэбин хасыһа-хасыһа туран,отой эйиэхэ эрэ наадыйбаттыы кэпсэтэрэ.Аҕа дойду сэриитин иннигэр аҕай төрөөн дьиҥ иһинэн сэбиэскэй кэм киһитэ эбит.Хара дьайдарыҥ барытын бары саба баттаан син баччаҕа кэллэхтэрэ. Биирдэ эмит дьон –сэргэ сылдьан, үктэнэн аастахтара дии.Кыра Кириискэ “дьороҕор уҥуохтанан,сытыы-уоттаах харахтанан”оҕоттон уһулу чорбойтоҕо даҕаны,кэнники тэбиллэн сору даҕаны көрбөтөҕө.Оччотооҕу “сиэрэй маассаҕа” буккуллан оҕо сааһа ааспыта .Бэйэлэрэ эрэ хааллахтарына дьиҥ сирэйдэрэ тахсара. Хайдахтаах да кыра- улахан оҕолорун кыайа туталлара.Биллэ-көстө сатаабаттара.Кинилэргэ,дьон-сэргэ олохторугар орооспотторо.Улахан ыалдьытымсаҕа суохтара,дьону кытары бодоруһа,ылса-бэрсэ ыаллаһа сылдьыбаттара.Ол курдук тоһолоох элбэх “сиэрэй маасса” кэлэн ааспыта буолуой?. Силиппиэнэптэр баҕар атын үйэ кэлэрин кэтэһэ сыппыттара буолуо.Эһэлэрэ сэбиэскэй былааһы бэһирэ ылымматах,онтон Киргиэлэй аҕата сөпсөспөккө икки атах балай барбыт сурахтааҕа.  Хайата да синэ биир диэбит үһү тахсан барарыгар.Өлүөн аҕай иннинэ кэлэ сылдьыбыт.Ол кэмҥэ Киргиэлэй бэйэтэ эдэрчи да буоллар эһээ буолан олороро.Аҕатын Саддьыаска Ыддьааны улаханнык үөрэ көрсүбүт. Барыта чып кистэлэҥ буолан кэпсииргэ тугу эбэн этиллиэй…Онтон ыла Киргиэлэй сундуук үрдүттэн түспэтэх .

-Эһээ таҥаскын уларытыа этибит олоппоско эбэтэр дьыбааҥҥа көһөн биэр эрэ.

-Ээ э. 

-Туоххун харыһыйан халбарыйбаккын?.

-Ээ э.

-Тура -олоро түһүөххүн.

-Ээ э.          

    Күн тура кэпсэтии ити курдук. Киргиэлэй ол эрэн өр өтөр буола-буола Мухтуйа Маарыйаҕа баран кэлэрэ. Кимэ- туга эбитэй, ким да билбэт.Үөлээннээхтэр ону- маны ыаһыйалаһаа эрдэхтэрэ, чэй иһэ-иһэ. Сороҕор эмээхсин унаарытан уһун уһуннук ыллыыр.Оччоҕуна Киргиэлэй хараҕын уута ыгыллан тахсар. Ону түргэнник сотто охсор, уонна кэннин хайыһан көрөр. Куруук кинини ким эрэ маныы сылдьарын курдук туттар-хаптар.Эһэтэ,эбэтэ,өбүгэтэ кэлбэт сирдэригэр былыр бардахтара.Бөҕөөх буолбут дьон бэрэлэһэн эрдэхтэрэ… Кэһиэҕирбит куолаһынан ардыгар ырыаҕа түсүһэн  ыллаһа сатыыр.  Былыр саҥа туран иһэн киһи билбэтинэн олус үчүгэй куоластааҕа.Бу Мухтуйа Маарыйатынаан элбэхтэ эдэр сылдьан түүннэри айах хайдарынан ыллаан сылдьыбыт күннэрдээхтэрэ…Оо, ол сайын үчүгэй да этэ.Саҥа охсуллубут от сыта, чараас сиидэс сарапаан быһыытын-таһаатын  тупсаран,үҥкүүгэ үлүһүйэн кэлэр-барар кэрэ кыыс күлэн саһыгыратара…барыта. Киһи эрэ икки атахтаах киил бэйэтэ биһириирэ,битийэр сүрэҕэ истэрэ иһирэх санаата буола сылдьыбыт кэмнэрэ баар эбитээ… . Киһилии кэмэлдьилэнэн кэрэхсэтэр саҕана “кистэлэҥин” кэпсиэн баҕарбыта аҕай. Ол саҕана өйдүүр эрэ киһитэ, күлүүк күн тэҥэ кытархай төгүрүк сирэйдээх,кылбаа маҥан имигэс илиилээх,иллээх-илдьиттээх, нарыннаахай-сылаас уостаах Маайата этэ. Кини дьонуттан тэйэн отой атыннык баҕатын хоту таптыыр кыыһынаан олоҕу олоруон баҕарбыта… Ымсыы обот быһа сиэн бу буолан олордоҕо.Хара лаҕыай сундуук харабыла дьиэҕэр баран “баайыҥ” үрдүгэр сытаахтаа…оччото суох олоҕу кэпсииргэ тыл сылайда саппаҕырда.Сүрэххэр уруккуҥ олорорун умна сатыаҥ ,ааспыттан тирэх ылбаккаҕын иннигэр дьулуһуоҥ этэ.Үйэ үүнүүтэ үлүгэрдээх,үүт үкчү түсүһэр идэлээх.Бу эрэ илии туппут сибэккитэ чэлгийиэ,ол саҥа эрэ дуорайан иһиллиэ…Таһырдьа эрэ таһааран быраҕыма.Элбэҕи этэн эпсиһиэм,аҕыйаҕы айдааран аччатыам диэмэ.Таптаабакка эрэ олорбут буолума…

Дордо