Кытарчы буспут сыыҥтаах уол. Аҕатын кэнниттэн эбэм аахха киирдэ. Өтөр буолбата, төннөн тахсан кэллэ. Муннун анна хап – хара. Уоһун чорботон өрө сыҥсыйда. Сыыҥын сиэҕинэн туора соттубута – уҥа иэдэһигэр кылабачыгас саабыла сыһынна. Бүтэйгэ быардаан тураммын, эбэм таһаарыы килиэбин арыылаах хоруоскатын минньигэһиргээн ньалбыыбын. Билбэт уолбуттан сэрэхэчийэбин. Киһим сиргэ сытар, бүтүннүү буорга миккиллэн, ууллубакка сытар муус көһөҥөтүн харбаан ылла. Эргим-ургум көрөөт, чугас күрүө остоолботугар маҕыйа түһэн баран, бырахтаа! Муус бүтэйдии тыаһаата эрэ. Алдьаммата. Уол сүүрэн тиийэн, эмиэ харбаан ылла уонна аны сиртэн хоройо сытар суунар таас дуу, баалынай дуу кырыытыгар мууһун ньиччи бырахта. Өс киирбэх көһөҥө бытарыс гына ыстанна. Иһэ дьэп –дьэҥкир. Ымсыыра санаатым – күҥҥэ көөчүктээн көрөр киһи хайдаҕа буолла. Уолум мин диэки кыайыылаах киһи сиэринэн чобоотук көрдө. Киһиргэс! Бүтүннүү бадараан биһиллибит икки ытыһын өттүгэр суураланна.
Пахай даҕаны. Илиитэ кибис – кирдээх…
Эмискэ күүлэ аана тэлэлиннэ. Уолум аҕата саҥаран дабдыгыраабытынан бу багдас гынна. Хортууһун кэттэ. Улахан да киһи, эбэм дьиэтигэр хайдах баппыта буолла. Кэнниттэн сыкырдаан тахсыбыт, бобуонньуктуу бааммыт былааттаах, сарыы этэрбэстээх, токуйбут эбэбин одуулаһабын. Эһэм уһанар сиргэ сырыттаҕа. Аҕабын кэтэһэммин барсыбатаҕым. Онно оҕонньоттор бааллар. Сочуой оҕонньор аһаан баран, тииһин хайдах эрэ устан, ыстакааннаах ууга уган кэбиһэр. Онтукайа кып –кыһыл этинэн ардьаллан көстөрө дьулаан суол.
Уустар сиртэн быкпыт, багдаҕар тимир оһоҕу дэлби оттон баран, баҕа курдук дьаллаҕар айаҕар араас тимири кытардан таһаара – таһаара, кыстыкка ууран балтаннан саайталаан тахсаллар. Киһи тэһийэр эрээри, тыастаах баҕайы. Муннукка бэйэм оонньуур сирдээхпин. Төкүнүк, киһи курдук моһуоннаах, умайбыт тимир сааҕын таламмын, ыаллаах эбэтэр сэриилээх оонньуубун. Саллаат бөҕөлөөхпүн. Эһэм уҥа илиитин икки тарбаҕа (сөмүйэтэ уонна эрбэҕэ) төрдүттэн суохтарын ыйыттахпына: «Сэриигэ окуопаҕа мэник буулдьа быһа көппүтэ», – диир. Буулдьа эмиэ мэниктиир эбит. Арааһа, саанан кыҥаары быкпыта буолуо. Ол тарбахтара онно хааллахтара… Ол да буоллар эһэм күүстээх! Оҕонньоттор ыараханы үксүн киниэхэ көтөхтөрөллөр эбэтэр уһун тимири олуйан баран өҕүлүннэттэрэллэр. Кыайбатаҕына: «Оо, бэл Тумус кыайбата, бээ, тыраахтар наада буолсу», – дэһэ – дэһэ күлсэллэр.
Эдэр саас
Кулууп (СДК). Таансыга аан аттыгар били уолум турар. Тупса улааппыт. Мэктиэтигэр били аҥар хараҕын сабыччы туттан баран, кыҥаан көрөрө сүппүккэ дылы. Чуолкатын аннынан сытыытык көрүтэлиир. Баттаҕа уһун. Бэйэтигэр сөрү – сөп эттээх – сииннээх. Моонньо суох курдук да буоллар, ис киирбэх. Кылааһын уолаттарын кытары сылдьар. Хамандыыр курдук туттар – хаптар. Убай Балиэкка диэн эбит. Тоҕо инньэ диэбиттэрэ эбитэй? Барыларыттан аҕа дуу. Киирии – тахсыы. Чочу – Күөлүгэр кылааһынан үлэлии тахсыбыттар. Кыргыттара кыраһыайбайдарын! Уолаттар аармыйаҕа бараары сылдьаллар үһү.
Биир саас
СГУ лабораториятын уһун көрүдүөрүгэр били Убай Балиэккам утары хааман иһэр. Маҥан халааттаах, уһун соҕус баттахтаах. Интэлигиэн көрүҥнэммит
– Аспираммын, – диир. Эчи хаарыаны. Аспирант… Оо, кини буолбут киһи баар ини! Киһи уларыйар да буолар эбит. Отой дьиэтин курдук сылдьар. Аймаҕым үһү ханан эрэ. Аҕам эппитэ. Ээх- диэ.
Биир сайын
Сайын дойдубар кэллим. Фермаҕа бииргэ үлэлээбит кыыспытын билсэ, ыалдьыттыы олоробут. Үһүөбүт. Иккиэн оҕолоохтор. Биирэ эрдээх. Нуучча уола. Бэркэ олороллор. Биир кыыһым оҕолоох. Эрэ суох. Эмиэ бэрт.
Үстээх-түөртээх уол оҕо киирэр – тахсар. Сытыы. Мин диэки кыҥыырдыы көрдө, чору – чорбоҕор үөһээ уоһун, муннун төбөтүгэр сыһыара сыһан, өрө сыҥсыйда, өттүктэрин суураланна. Бээ, бу уолчааны өрдөөҕүттэн билэр курдукпун дии. Эс, хайдах? Ээ, били… Үкчү эбит дии. Тыый. Кыыһым таһыанньахтаныы: – Эрдэттэн истэн кэлэн олорон артыыстаама, – диэтэ. Һа. Дьэ.
Пляж
Куорат. Саҥа 202 –с оройуон. Пляж. Куйаас. Бай! Дьоһуннаах бэйэлээх мааны эр киһи. Кими эрэ көрдүүр. Мин даҕаны кыыс нарыным былыр далбаатаатаҕа.
– Дорообо, икки кыра уолу көрбөтүҥ дуо манна, Мааркыс кыыһа?
– Эҕэрдэ. Суох, саҥардыы кэллим. Эйиэннэрэ дуо?
– Ээх, манна чугас олоробун. Хаһыакка кэрэспэдьиэммин уонна научнай үлэбинэн дьарыгырабын.
Тоҕо бэрдэй! Мыылай маҥан чараас бүрүүкэ, сырдык тууппула, нейлон булууһа. Хортуус. Халыҥ ачыкы. Сааһырбыкка дылы. Дьэ бэрт. Биһиэхэ, Мааркыска даҕаны, өйдөөх үөскүүр. Билиҥҥи былааска үксүлэрэ биһиги эҥэртэн дэһэллэр дии.
Кэскил
Үлэлиир хоспор били аспираным киирэн кэллэ.
– Дорообо. Кыралаан харчылыыбын, баһаардар эҥин тустарынан суруйан, – диир. Наукатын “кирэн” ыраатыннарбыт. Кинигэлэрдээхпин эҥин диир. Ээх диэ. Хас да оҕо эҥин. Оҕо дойдутугар улаатыахтаах үһү. Оччоҕо төрөөбүт сиригэр-буоругар миккиллэн, чөл өй-санаа хаатын үөскэтинэр эбит. Саха кэскилэ онно сытар диэн буолбут. Куолута ырааппыт. Уолаттара дойдутугар бааллар эбит. Эмиэ да сөп.
Мин оҕом сыыһа кып – кыра хоско хааллан сырыттаҕа. Ыт оҕотугар дылы таһырдьа дьаарбатан киллэрэбин. Ону да сололоннохпуна. Бээ, толкуйданыллыыһы. Куорат олоҕо оччоҕо тугуй? Саамай үчүгэйэ, били этэргэ дылы, дьиэҕэ тахсан киирэр эрэ буолуо дуо… Сайдыы уйата куорат диэн этэ дии, оттон. Ол эрэн устуоруйа кэрэһэлииринэн аан дойду олоҕун тосту уларытааччылар, сайдыыны түстээччилэр үксүлэрэ кыра сиртэн тахсыбыттар диэни син билэбин. Хайа, сыччах нуучча улуу уола Михайло Ломоносов баар дии. Гитлер кинигэтин аахпытым соторутааҕыта. Дьиҥэ, эмиэ кыра сир киһитэ эрээри, итиччэ дьиикэй санааны хантан ылынан, аан дойдуну аймаабытын өйдөөбөтөҕүм. Элбэх киһи биир сиргэ өр хаатыйаланнаҕына, үтүктүһүү, дөбөҥнүк үүрүллэр, һайданар үөргэ кубулуйуу күүһүрэр диэн… Тыаҕа, бүччүмҥэ, туспа көрүү –истии иитиллэрэ дуу. Чэ, бээ. Төбөм хааһыланна.
– Бакаа. Кэллэххинэ киирэр буол, кофе, чэй баҕас землякпар кутан бөҕө буо.
Хаһыат балаһата
«Кыым» хаһыакка аахтым. Били биир дойдулаахпын кытары сиһилии сэлэһиитин кэрэспэдьиэн анаан – минээн сыалай балаһаны бичийбит. Киһибит аны Муттуххай Бороҥ диэн муода ааттаммыт. Эбэтэ оҕо эрдэҕинэ таптаан ааттыыра эбитэ үһү. Киһи тыла да өҕүллүө суох курдук. Инньэ диэн ыҥырарбыт буолуо дуо. Билии – көрүү, таһым орто киһиттэн таһынан бычалыйбыта чахчы. Сир дойду умнуллубут, оспут улаҕаларын, былыргы дьон хос ааттарын, төрдүлэрин-уустарын ундаардыыра тоҕо бэрдэй. Анаан үөрэттэҕэ. Итинник үүнэн тахсыбыт дьоммутун биһиги билэрбит бэрт буолан, сорох ардыгар улаханнык сэҥээрбэт саҥнаахпыт. Хаһааҥҥыта эрэ кылахачыйбыт уолчааным сахатын сирин ирбэт тоҥун түөрэ тиҥсирийэн, былыргы быһаарыылаах быһылааннары, дьалкытыылаах дьалхааннары чуо тэһитэ баттаталаан, сурукка тиһэн тилиннэртээбит үтүөтэ үгүс эбит. Көрсөн кэпсэппит киһи…
Дойду
Дойдубар кэлэн сынньаннахпын. Сарсыарда оҕобун сиэттим да, бэйэм гиэнэ. Дьыссаакка хаалларабын, киэһэ төннөн иһэн ылабын. Бэрт. Куоракка ньимиччи утуйа сытар котокуну ааттаах эрдэ ойутан туруоран, ытата – ытата таҥыннаран, оптуобуска анньыһары санаатахпына, баттаҕым билигин да хамсыыр. Өссө кыһын истээх таҥастаах оҕону көтөҕөн, соһор – сыһар кытаанахтардаах дьыала. Сарсыарда кэм ама. Киэһэ үлэ кэннэ кыраны да уйбат буола тыҥаабыт үлэ дьоно тохтобулга сүгүн – саҕын киллэрбэккэ – таһаарбакка ырдьыгынаһыы…
Бай, киһибит дойдутугар үлэлии кэлбит үһү. Эмиэ бэрт сонун. Били эппитин олоххо киллэрэ кэллэҕэ. Бээ. Тыый, анаабыт курдук көрсө түстүбүт. Маанытын.
– Хайа, дьэ туох сонун-тэппэ? – дойдубутун икки өттүттэн арбааһын. Куорат олоҕуттан сылайдахпыт. Онуоха эбии, кырдьыга даҕаны, биһиги Мааркыспытыгар туох тэҥнэһиэ буоллаҕай.
– Дьэ, уол оҕото, тугу эрэ дьайаары элиэтээтэҕиҥ буолуо, бука? Кинээскэ да туруорунуоҥ этэ. Былыр, үөрэхтэнэн баран, дойдутугар тугу да туһалаабакка тэйбит киһини “халлаан үөрэхтээҕэ” диэн ааттаан, аанньа ахтыбаттара эбитэ үһү. Ааспыт ахсым сааска туох туох буолбатаҕай. Ат арҕаһын, өрөҕөтүн эргитэ кыбыйбыт Дьулуруйар Ньургун Боотур эн буоллаҕыҥ. Арай мин, көрөрүҥ курдук, Туйаарыма Куобун дэнэр кыаҕым суох. Күлсэбит.
– Кытаат. Солото суох сулууспалаахпын да буоллар, кулгаах мээнэҕэ ыйана сылдьар буолбатах. Наадалааҕы истэр.
Быыбар
Кудуга ананным быыбарга. Төрөөбүт чоҥойум анаан ыҥырдаҕа. Муттуххайбыт дьылҕата быһаарыллар. Мэтириэт эҥин сүрдээх. “Лып” курдук моһуоннаахтык кыргыллыбыт баттаҕа номнуо астыйан ырааппыт эрээри, ачыкылаах, сабырыйбыт хаастаах астык уола хаан ыйыллан олорор остоолбо аайы. Сыала – соруга да далааһыннаах. Хорутуулаах буоллар бэрт этэ. Оо, аҕыйах куолаһынан хаалбыт. Дьэ, кыһыы диэтэҕиҥ. Дьиҥэ, Мааркыһыгар ылбыт этэ ээ. Кудулар тоҕо эрэ утарбыттар. Били чөкө сиргэ туспа өй – санаа иитиллэр диэммит дьайбыта буолуо дуо. Сорохтор хой баһын туойар диэн дьаралыктаан, уруккуну – хойуккуну хоһохтоһон, сэҥээрбэттэрин иститэлээн аһардым. Биһиги обургулар бадарааммытыттан үөһэ дагдайаары гыммыкка кыраҕыбыт, чуорбут сыттаҕа. Кыркаҕа суох дьоҥҥо дылы. Ыраланнахха, тоҥсуйдахха аартык арыллар диэн баар дии. Фантастар ааспыт үйэҕэ суруйбуттара барыта кэллэ ээ, дьиҥэ. Оҕо сылдьан фантастиканы үлүһүйэн ааҕарым. Холобур, остуоруйаҕа били Дьэгэ эмээхсин ууну таарыйда да, наадалааҕа көстөн кэлэрэ – бассаап ситимэ, Кощей оҕонньор тыына иннэ төбөтүгэр – микросхема. Чахчыттан чахчы.
Ол эрэн уол билигин даҕаны эдэр. Аҕыйах сыл биллибэккэ ааһаа ини. Этэҥҥэ сырыттахха.
Кыайыы
Дьэ, бу сырыыга төрүт сирбэр, Мааркыһым кулуубугар, баарбын. Сайыммыт үтүөтүн кулууппут уорааннаах муннук хоһун сылытан аһардыбыт. Муттуххайбыт эмиэ киирсэр эдэр уоланныын. Хайаһар? Дьылҕа хаан тугу тосхойон, иннибитигэр ыйаан тэскэтэн турарын бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Дьокутаат, хандьытаат да баһаам. “Аттар түстүлээр!”. Биэтэк билиэ. Оо, баар этээ! Уол лаппа атан ылбыт. Эҕэрдэ истиҥэ! Кытаат!
Бүрүстүөл…
Муммут киһи көрдөбүлүгэр, санаам батарбакка, Дьаһалтаҕа киирдим. Баһылык баар. Сарсыардаттан күннээҕи дьаһах – туһах ырааппыт. Бүрүстүөл улуутуппатах, хата. Мааркыстарын кыраҕа – улахаҥҥа араарбаккка билэрэ сүрдээх. Джентльмен сиэринэн комплименын да умнубата. Иннибэр кофелаах чохоол дыргыйда. Сулууспам ирдэбилинэн сололоох иннигэр чиккэҥнээн, ханан да инчэҕэй этэ суох курдук, тутта-хапта үөрэммитим ааһан – араҕан биэрбэккэ, сороҕор мэһэйдиир. Инерция сокуонун ханна гыныаҥый. Ону ол диэбэккэ, остуол баһыгар олорооччум үгүһү кутар – симэр. Үөһэ туруорсуута, хатыһыыта баһаамнаабыт. Төһөтө төлкөлөөҕүн хантан билиэмий.
– Үөдүгэйбит сайдаары турар, өйдөө. “хаастаахтар” бу кириэһилэҕэ уһуннук олороллор дииллэр, – күлэр. Кини иннигэр Үөдүгэйгэ баһылыктаан ааспыт Николаев Михаил Яковлевич, Донской Михаил Гаврильевич эмиэ кини курдук хойуу, сабырыччы үүммүт хаастаахтарын ахтар.
Кэлин хоһоон, кэпсээн суруйар идэлэммит эбит. Үс кинигэни бэлэхтээтэ. Маннааҕы бэйэбит былыр умнубут, соҕотох, тулаайах эрэйдээхтэрбитин сүрүн дьоруой оҥортоон, бэркэ да суруйталаабыт. Киһи маккыраччы ытыах курдук. Хоһоонноро омос көрүүгэ судургу курдуктар эрээри, били эмиэ төбө эрэйдээх сынньыллыытын уһугуннараллар. Наукатын үлэлэрин биһигинньиктэр өйдөөбөппүт чахчы. Маны баҕас аахтахпыт дии. Көрүҥэр сөбө суох уйан куттаах быһыылаах. Итинник дьон чараас, аһаҕас буолаллар. Киһи тыла – ох, дииллэр. Харыстаныа этэ. Муос, туйах үүннэрэн диэбит курдук. Бээ, били ону – маны марайдаабыппын көрдөрөн көрбүт киһи.
Дьиэ
Дьиэлээх хаһаайын атын өттүнэн көһүннэ. – Все гениальное просто, – диэн уот харахха эппиттэр. Кып – кыра кыбартыыра. Истиэнэ толору кинигэ. Суруйар муннук. Долбуурга хаххан статуэткалара көстөллөр. Сабырыллыбыт хааһын аймаҕырҕаан мунньара дуу, сахалыы ийэ көтөрө эбитэ дуу… Ыйыппыт киһи. Аҥардас маайканан тахсан чэйдээтэ. Хайдах эрэ ииммит, саппаҕырбыт, ыарытыйбыт дьүһүннэммит. Илиитин эчэппитин оҥорторбута тоҥоноҕун усталыы тигиллибит чэрэ кытаран олорор. Ынырыгын. Остуол эҥэлэйигэр эмп эгэлгэтэ кыстана сытар. Инсулин ыспырыыһа, саахары, дабылыанньаны кээмэйдиир тэриллэр…
Муннук аайы умсугуйан туран аһааҕырыыларын ааҕар атас ахсаанын кини байыппатаҕа чахчы эбит. Дьонноох сиргэ хара күүһүнэн күрдьэн, этэн – тыынан сылдьан эрдэҕэ итинэн буоллаҕына… Биир дойдулаах, суруйар дьоҕурдаах уолбутун төбөтүнэн мөлтөх диэн дьаралыктан дьаныһан туран босхолоппутун кэпсииригэр арай хараҕа уруккутун курдук чаҕылыҥнаан ылла – Уу намыһах сиргэ хонор. Киһини сэнииллэриттэн иһим буһар, – диэтэ. Онон бүттүбүт. Киирэн сытта. Хоһооннорбун хааллардым. Миигиннин биэс хааһах – таах даҕаны бадьыыстаатым, ээ, быһыыта.
Ыҥырык
Муттуххайым ыҥырда. Киирбиппэр:
-Поэтесса кэллэ. Кинигэҕин хомуурунньук гынан таһаартар. Таҥан, суолгун арыйан биэриэм, – диэтэ. Төлөбүрүн ыйытаммын өһүргэтэ сыстым. Үөрдэхпин. Өҥүгэр киирэммин, суруйар эдьиийим хаайтара сылдьарын этинним. Бэйэтэ анал үөрэхтээх эрээри суруйара мөлтөҕүн тоһоҕолоото. Хайҕыыр истиилэ быһыылаах. Миигиннээҕэр кини үөрбүккэ дылы. Дьикти. Ып – ыраас сөрүүн салгын сайа охсорго дылы гынна. Инньэ диэбиккэ дылы, киһибит Сайа Хотуну кистээн таптыырын туһунан хаадьыластылар ыалым.
Кинигэ
Ыал ийэтэ куораттаабыт. Киһим кытай лапсатын итиилии – буһуулуу субуйа олорор. Бээ, сарсын кэлэрбэр ас аҕалыыһыбын. Мээнэ аһыыны – кутууну сиэн айгырыыһы. Бу сааска дылы иһин арыйтара сылдьыбыт эбит этэ.
– Хас үйэҕэ бараары, – диэннээх.
Оҕом: «Ийээ, бу кимиэхэ ас таһар буоллуҥ?» – уорбалаабыттыы ыйытар.
Кыракый кинигэ таҥыллан бэлэм. Сорох тылын уларытарын буолбаппын.
– Ньоҕой да кыыскын, – диир. Киирии тыл суруйбут. Норуот сүмэтэ аатырбыппын. Наһаалаабыт ээ.
Тиһэх көрсүһү
– Тугу илдьэбин, Убай, – төлөпүөннүүбүн.
Ыргыччы эттээх миин уонна гранаттан ыгыллыбыт утах илтим. Балыыһа түрмэ кэриэтэ тууна хаппахтаммыт. Мөһөөччүкпүн кирилиэскэ уураат, тэйэн биэрэбин. Дьэ, дьаабы дьаҥ диэтэҕиҥ. Киһим аҥардас быһаҕас ыстаанынан тахсан кэллэ. Ээ, хата ама эбит. Кинигэлэрбин бэчээккэ биэрбиппин истэн үөрэн сэгэйии. Суҥхарыы, суланыы мэлигир. Ыраахтан далбаатастыбыт. Пахай, мөлтөөн Мииринэйдээбит. Дьаҥ аны бэйэбин охтордо. Түүлбэр уһун баттахтаах абааһы дьахтара хабарҕалыы сатаабыта. Дьолго, кыайбатаҕа. Дьиэ хаайыылааҕа буоллаҕым бу. Муттуххайым таптал туһунан ырыа ыыппыт.
Хоруйум: – Нам не грозит. Смайлик. Хаһан кэлэҕин?
Быраһаай
Эрдэ эбит ээ, чаһы. Бээ, Муттуххайга суруйуохха:
– Хайа, дьыала хайдаҕый?
Уой… Бөлөххө суох буолбут диэн суруйбуттар. Сымыйа ини. Ама дуу. Бэҕэһээҥҥэ дылы… Оо, куһаҕан сурах обургу сымыйа буолуо дуо?! Хараҕы хараҥардан бу барыс… Тоҕо баламатай! Соһуччутай! Сүрэҕим быраҕыллыбыт ампаардыы уораанынан туолла. Миэнэ эрэ буолуо дуо. өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк биирдэ аҥас гыннаҕа. Атаарсар даҕаны кыах суох. Абаккатын…
Үрүҥ түүн Үөдүгэйбит уулуссаларын уотун холбоон хоннулар. Сэрэйдим. Кини кэриэстэбилэ…
Быраһаай, сирдьит Сулуһум… Үргэлтэн эмискэ туллубут сындыыстыы күлүм гынан хааллаҕыҥ… Ол эрэн Эйигин батыһа одуулаан, хаар – самыыр былытын быыһынан хаһыҥыр халлааны кыратык кылаттаҕым. Хараҕым сааттар даҕаны, уолукпар, симик эрээри, умуллубат уоту сахтардаҕым…
Үөдүгэй, 2021 сыл.
Чаҕылхай доҕорум, Муттуххай Бороҥ суох буолбута бүгүн номнуо төгүрүк үс сыла…
– Куттаайык, ыл кэлэ тарт. Чэйдиэххэ. Чэ, оннук – маннык диэмэ. Бырах бакаа ол дьыалаҕын. Тугу суруйдуҥ хайаатыҥ, төбөҕөр тугу ыанньыта сылдьаҕын?, – диэн ким да эрийэн ууга – тыаҕа түһэрбэтэ куруһун…
Надежда кардашевская- Куттаах
Үөдүгэй, 2024 сыл.