(кэпсээн)
Кини иккитэ төрөөбүтэ. Бастаан – күн сирин көрбүт күнүгэр. Иккистээн-алта сааһыгар тулаайах хаалбыт ыар кэмигэр кини олоҕор Мария Кондратьевна киирбитэ. Степаны дьылҕата Кондратьевналыын көрүһүннэриэн иннинэ бэйэтэ бас билэр муннуга суоҕа. Утуйбат түүннэригэр оһуохайдыырын таһынан эмтиир идэлээх оҕонньор куукунаҕа: «Барыта үтүөрүө, Степа, барыта үтүөрүө», – диэн сибигинэйэрин истэрэ. Тулаайаҕын буолуу аһыытын-абатын мүлүрүтэрин таһынан, аан дойдуга итэҕэлин эргитэрэ.
Маачаха… Үгүстэргэ бу тыл атын дьахтар тымныы, хаҕыс сыһыанын кытта ыкса өйдөбүллээх курдук иһиллэр. Ол гынан баран, Степа туһугар бу быыһаныы суола этэ. Мария Кондратьевна, сылайбыт харахтардаах, ол гынан баран ураты үтүө санаалаах эмчит дьахтар, кинини ийэ буолар ытык иэһин толороору буолбакка, быыһыыр санааттан көрбүтэ-истибитэ, сүрэҕин сылаас тапталыгар суулаабыта.
Үөһээ Бүлүүгэ баар дьиэлэрэ эмп, валериана уонна минньигэс бөрүөк сыттаах буолара, бу күндү аһы Мария Кондратьевна күнүскү сменатын кэнниттэн түүннэри буһарара. “Тулаайах буолуу, Степа, — диирэ кини, уолчаан өлөрбүт тобугун кичэйэн эмтии олорон, — бу тобук тостубутун курдук. Бастаан ыалдьар, онтон уруккутааҕар бөҕө уҥуох үүнэр. Кылаабынайа — сөптөөх өйөбүл”.
Степан ити санааны туппутунан улааппыта. Ийэтэ атыттары быыһаан ыларын көрөрө. Баҕар, оччолорго киниэхэ эмиэ быыһыыр ыра санаа үөскээбит буолуон сөп. Кондратьевна курдук биирдиилээн дьону буолбакка, бүтүн аан дойдуну.
Степан Михайлович аата-суола Саха сирин биир гына тилийэ сүүрбүтэ. Такси сулууспатын кытта тэҥҥэ тутан, суол кытыытынааҕы чайнойдарга ас атыылыыр уолаттары, кыргыттары повар, метрдотель үөрэҕэр ыыппыта: “Эдэр дьон, кытаатан үөрэниҥ. Итиэннэ Саха сиригэр анаан-минээн кэлэллэрин курдук ресторанна арыйыҥ”, – диэн алгыс кэриэтэ этэрэ. … Элбэх хайысханы тутуспута, сайыннарбыта. Степан бизнеһи буолбакка, инникитин бу сир хаһаайыннарынан буолуохтаах ыччаты иитэрэ-такайара.
«Дьөһөгөй» гостиница, культурнай-этнографическай комплекс… Бу көннөрү эбийиэктэр буолбакка, тапталлаах Үөһээ Бүлүүтүн бүтүн аан дойдуга арыйар, кэрэхсэтэр аан кэриэтэ хайысхалар буолбуттара. Туристар манна кэлэн тыйыс айылҕалаах тымныы дойдуну эрэ буолбакка, олохтоох норуот дууһатын муостан кыһыыга, хомус дьүрүскэнигэр, хаһыакка тус бэйэтэ суруйбут номохторугар арыйыан, көрүөн-истиэн баҕарара.
Итини таһынан Степан кыраҕы харахтаах, сытыы өйдөөх суруналыыс этэ. Сенсацияны буолбакка, боростуой, сэмэй олох суолтатын көрдөөбүтэ. Хас биирдии ыстатыйатыгар “сөптөөх өйөбүлгэ” — биллибэт-көстүбэт дьоҥҥо кыһамньыга, быһаарыллыа суох курдук кыһалҕаларга — сүрүн болҕомтотун хатаабыта. Маны сэргэ киһиэхэ истиҥ, киһилии сыһыан, айылҕа анаан үүннэрэр эмтээх үүнээйилэрин, сиртэн хостонор баай туһунан элбэхтик суруйара. “Тыл – саамай бөҕө цеолит. Бу таас өйү-санааны мунууттан-тэнииттэн, буккуллууттан ыраастыыр”, – диирэ кини. Кини хаһыаты Мирнэйгэ уонна Үөһээ Бүлүүгэ таһаарбыта.
Биирдэ үлэтинэн командировкаҕа сырыттаҕына олохтоох геолог-энтузиаст киниэхэ бороҥ таастары көрдөрбүтэ. “Цеолит, — диэбитэ геолог. – Вулканнар уоттарыгар үөскээбит, ол иһин үйэтин тухары ыраастыыр. Ууну, салгыны, почваны. Аан дойдуга губка курдук”.
Степан сылаас, чэпчэки тааһы ытыһыгар ыга тутан турда. Хараҕар биинтэлэр, эмп бытыылкаларын үрдүлэригэр төҥкөйөн турар Мария Кондратьевна сирэйэ көстүбүтэ. “Ыраастаары уокка үөскүүр…”, – диэн санаа өйүгэр көтөн түспүтэ. Бу кини туһунан буолбатах дуо?
Собуоту арыйан үлэлэтэр идея кристалл курдук сиппитэ — бытааннык, бигэтик. Кини аҥардас оҥорон таһаарыыны буолбакка, инникини өтө көрбүтэ: ыччакка үлэ миэстэтин, бөһүөлэктэргэ ыраас ууну, фермердэргэ быйаҥнаах почваны. Ити туһунан төлөннөөхтүк кэпсиирэ, бэл диэтэр, скептиктар итэҕэйэн барбыттара. Кабинетын остуолугар Мария Кондратьевна хаартыскатын аттыгар ааҕар-суоттуур холобурдар, чертежтардаах паапкалар мунньуллубуттара. Ол эрэн ордук дууһатыгар туохтааҕар да күүстээх эрэл кыыма кытыаста умайара.
Арай биирдэ бу ыра санаатын ыһык оҥостон оройуон баһылыгар суруттаран киирбитэ. Муударай салайааччы тута патриот киһи ылсыбыт дьыалатын тиэрдэр кытаанах санаатын ыһыктыбаттыы ылыммытын көрбүтэ. “Итэҕэйэр буоллаххына, – диэбитэ баһылык, – дьэ, боруобалаан көрүөхпүт. Оройуоҥҥа бу хайысханы булгуччу сайыннарар, үлэлэтэр наада”.
Хайыы-үйэ бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Мария Кондратьевна Степаны көрөн баран төбөтүн быһа илгиһиннэ: “Оҕом барахсан…Эн идеяҥ олоххо булгуччу киириэҕэ”. Кини билэрэ: бу – кини олоҕун сүрүн дьыалата буоларын. “Эн миигин улаатыннарбытыҥ, – диэбитэ Степан кумааҕыларын бэрийэ олорон. – Билигин аны мин атыттарга анаан тугу эрэ оҥоруохтаахпын. Биир да оҕо бэйэтин наадата суох курдук сананыа суохтаах. Барыларыгар дьоһун олоҕу олорор, салгыы үүнэр-сайдар кыах баар буолуохтаах”.
Степан күнүстэри-түүннэри үлэлээбитэ. Инвестордары кытта көрсүһүүлэр, сөбүлэһиилэр, Дьокуускайга бүтэр уһуга суох элбэх сырыылар. Элбэх сыл усталаах-туоратыгар аһара күүрүүлээх үлэ эти-сиини алларыппыта. Бастаан көннөрү сылайыы баара. Онтон — ыарыы. Онтон –балыыһа палатата.
Мария Кондратьевна хаһан эрэ бэйэтин сылаас илиилэригэр тулаайах уолчааны ылбыт чэрдээх ытыстарынан уолун илиитин чэрдээх ытыһыгар суулуу тутан олорон: “Наһаа элбэҕи бэйэҕэр ылыммыккын, уолчааным”, – диэн сибигинэйбитэ. Хас да сыллааҕыта кыра Степаны дьиэтигэр аан бастаан илдьэ кэлэн иһэн суолу быһа ытаабытын курдук, хараҕын уута тохтообокко сүүрэ олордо. Степан ийэтин барахсан тарбахтарын мөлтөөбүт ытыһынан ыга тутан сытан, мичээрдии-мичээрдии: “Ситэ туппатым, ийэкээм… Завод туһунан ыра санаабын олоххо ситэ киллэрбэтим…”
Степан Михайлович түлүк уутугар утуйа сытан сылаастык-сымнаҕастык барбыта. Остуолга цеолит туһунан суруллубатах ыстатыйаны, ыра санааларын тиспит паапкаларын уонна күн-күбэй ийэтин солбуйбут дьахтары эмиэ тулаайах хаалларан.
Бириэмэ түргэнник элэстэнэн ааспыта. Степан Михайлович сырдык аата дьыл-хонук солбуһуутугар суураллан хаалбатаҕа. Тыл көннөрү информация буолбакка, өйөбүл буоларыгар итэҕэйэр суруналыыстарга анаммыт кини аатынан куонкуруһу “Кыһыл көмүс бөрүө” диэн ааттаабыттара. Сири-дойдуну туох баар киртэн-дьайтан, дьон хаҕыс, дьалаҕай сыһыаныттан, туохха да кыһаммат, тоҥ сүрэхтээх буолуутуттан ыраастыыр, саҥа идеяларга уоту саҕар кыахтаах цеолит курдук булгуруйбат кытаанах санааны үөскэтэр күрэх буоллун диэн.
Кини аатын сүгэр, саамай дьон сөбүлээн аһыыр, сынньанар кафетыгар үлэлиир эдэр повар Бүтүн Россиятааҕы куонкуруска кыайбыта. Такси суоппара автосервиһин арыйда. Тэрийбит хаһыата салгыы тахса турар, тираһа күн-түүн эбиллэр. Оттон кини аатынан ааттаммыт суруналыыстар куонкурустара сыл аайы саҥа талааннары — хорсун-хоодуот, сыаллаах-соруктаах талааннары булан арыйар. Оройуон баһылыга биир көрсүһүүгэ остуолтан биир бороҥ бороҥ тааһы ылан: “Цеолитовай собуот туһунан умнубаппыт. Степан Михайлович кэриэс баҕа санаата олоххо киллэрии — биһиги ытык иэспит”, – диэбитэ. Бу көннөрү тыл киэргэтиитэ буолбакка — андаҕар этэ.
Бастакы наҕараадалааһын сиэригэр-туомугар Мария Кондратьевнаны кытта Степан Михайлович тапталлаах кэргэнэ Светлана Дмитриевна, оҕолоро Лена, Варя, Миша уонна сиэннэрэ бука бары кэлбиттэрэ. Аастыйбыт баттахтаах, көбүс-көнө, хайа да түгэҥҥэ дьоһунун, кытаанах санаатын тута сылдьар ис киирбэх Ийэ. Киниэхэ сибэкки туттарбыттарыгар уонна хайдахтаах курдук уолу, дойдутун, төрүт түөлбэтин патриотун хайдах иитэн таһаарбытын туһунан ыйыппыттарыгар микрофоҥҥа тахсыбыта. “Степан, — диэбитэ кини чуумпутук. Саалаҕа чуҥкунуур чуумпу сатыылаабыта, — саамай модун, кытаанах санаа уокка үөскүүр диэн итэҕэйэрэ. Кини бэйэтэ оннук этэ. Онтон кини бөрүөтэ… кини бөрүөтэ цеолитка маарынныыра. Степан биһиги сирбит ыарыытын иҥэринэн, ыраастыырга дьулуспута. Кини аатынан куонкурус эмиэ оннук — күүстээх, ыраас тыллар олохсуйбут түһүлгэлэринэн буоллун! Эмтиир тыллар!”
Саалаҕа ытаабатах киһи суоҕа. Оттон Мария Кондратьевна сонун сиэбигэр кыра бороҥ таас сытара — мэлдьи бэйэтин кытта илдьэ сылдьар цеолита. Уолун курдук ыраастыырга ананан, уокка төрөөбүт таас. Кини баҕа санаатын курдук, баҕар, өссө да туолуон сөп — атын илии-атах, тыл-өс, олох-дьаһах, “Көмүс бөрүө” көмөтүнэн…
Галина Васильева