Бүгүн Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, “Барҕарыы” фонда лауреата, РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Үтүөлээх учуутала Петр Поликарпович Одорусов төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах “Поэт иэйиитин уостубат төлөнө” диэн тэрээһин буолла.
Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Юрьевич Иванов эҕэрдэ тылы эттэ. Үөдүгэй дьаһалтата, бибилэтиэкэтэ, 7 нүөмэрдээх «Сказка» оҕо уһуйаанын уонна улуустааҕы оҕо бибилэтиэкэтин тэрийиилэринэн, нэдиэлэ устата Петр Одорусовка аналлаах тэрээһиннэр киэҥ далааһыннаахтык ыытылыннылар.

Бу түмүктүүр тэрээһиҥҥэ улуустааҕы научнай-практическай конференция кыайыылаахтара, бастыҥнара Айхал Ефремов, Амелия Христофорова кэлэн чинчийбит үлэлэрин кэпсээтилэр, ырыаларын ыллаатылар.

Улуустааҕы «Ийэ тыл» түмсүү ыыппыт күрэҕин кыайыылаахтара наҕараадаларын туттулар.
Петр Одорусов үөрэппит оҕолоро Зоя Антоновна Воронина, Люция Петровна Спиридонова, Антонина Гаврильевна Хобусарова олус да истиҥник ахтан- санаан аастылар. Хайдахтаах үчүгэй, талааннаах учуутал, сырдык үтүө киһи олорон, үлэлээн ааспытый, оҕолор сүрэхтэригэр үөрэххэ, олоххо тапталы инэрбитий? Кини хас көлүөнэ үөрэппит оҕото билигин кини үлэтин салҕыыллар. Сахабыт сирин, дойдубут араас муннуктарыгар тыа хаһаайыстыбатын, мэдиссиинэ, учуутал идэлээхтэр күннэтэ элбииллэр. Бу биир чулуу учууталтан саҕыллан тахсыбыт кыым үйэлэргэ норуокка туһалааҕы оҥоро турар бастыҥ холобура буолар.
Хаһан да кыыһырар диэни билбэт үөрүнньэҥ майгылаах, оҕону таптыыр, өйдүүр уйаҕас дууһалаах учуутал Петр Поликарпович уруоктарыгар, оҕоҕо сыһыаныгар туттар ураты ньымаларын, көрүдьүөс түгэннэри санаан-ахтан аастылар, күлэн-үөрэн сэгэйэ, эрчимнээхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик хааман-сиимэн, саҥаран-иҥэрэн, дьээбэлэнэн, үөрэ- көтө үөрэтэр учууталларын олус күндүтүк саныылларын туһунан аҕыннылар.

Бу күн Петр Поликарпович олоҕун, айар үлэтин чинчийэн, ырытан дипломнай үлэ суруйбут Ирина Петровна Абрахова кэлэн кэпсээтэ. Үйэ чиэппэрэ улуус типографиятын, редакциятын салайан үлэлэппит Ирина Петровна дипломнай үлэтин суруйарыгар хомуйбут архыыбын аҕалан көрдөрдө. Хайдахтаах курдук элбэх үлэни оҥорбутуй, киччэллээхтик уура сылдьарый? Петр Одорусов бэйэтэ баарыгар көҥүлүн ылан, тэбис-тэҥҥэ алтыһан, дьоһуннаах, үлахан научнай үлэни оҥорбут дьоллоох эбит. Научнай салайааччыта – биир дойдулаахпыт, филологическай наука дуоктара- Николай Николаевич Тобуруокап. Бу дипломнай үлэ суруллар кэмигэр Петр Поликарпович хайдах долгуйбутун, үөрбүтүн Ирина Петровна наһаа үчүгэйдик бу баардыы кэпсээн барыбытын долгутта. Бу дипломнай үлэни Петр Поликарпович 75 сааһыгар анаан Ирина Петровна “Мин көҥүл сахабын, мин көҥүл киһибин” диэн кинигэ гына бэчээттэтэн таһаарбыт.
Петр Одорусов оҥорбут улуус кэрдииһинньигин туһунан Галина Васильевна, Владимир Иванович Семеновтар кэлэн кэпсээтилэр. Бу улуус кэрдииһинньигин Петр Поликарпович оҥорбут, бэчээттэтэн таһаарбыт барыйаанын аҕалан көрдөрдүлэр . Улууспут биллэр-көстөр дьонун төрөөбүт күннэринэн күн ахсын халандаар оҥоһуллубут. Бу кэрдииһинньиги Семеновтар электроннай гынан, билигин дьонтон эбии матырыйаал ылан эбэн-сабан, хаартыскалаан үлэлэтэ сылдьаллар эбит. Күн ахсын социальнай ситимҥэ улууспут төрөөбүт күннээх дьонун сырдата тураллар. Бу Петр Поликарпович саҕалаабыт кэскиллээх үлэтин аныгы технологияҕа көһөрөн Семеновтар дьиэ кэргэттэрэ салҕыы, үлэлэтэ сылдьаллара кэрэхсэбиллээх.

Биир дойдулаах киэн туттар суруйааччыбыт айымньыларын ырыа гынан көтүппүт мелодистартан биирдэстэрэ – Үөдүгэйдэр күтүөппүт Николай Чуручанов буолар. Кини Петр Одорусовтыын алтыспыт түгэннэрин, ырыалар айыллыбыт устуоруйаларын кэпсээтэ.

Салгыы “Олоҕу туойабын” диэн ырыа күрэҕэ буолла. Ансамблга 1-кы миэстэни “Тулабар чыычаахтар ыллыыллар” ырыаларынан «Сиккиэр» киин балыыһа ансаамбыла ылан 10000 солкуобайынан, 2-с миэстэни «Иэйии” ыччат ансаамбыла “Тыыннаахтар умнубат сыллара” ырыаларынан ылан 7000 солкуобайынан, 3-с миэстэни 7 нүөмэрдээх “Сказка” оҕо уһуйаан ансаамбыла “Тыыннаахтар умнубат сыллара” ырыаларынан ылан 5000 солкуобайынан наҕараадаланнылар.

Биирдиилээн кыттыыга 1-кы миэстэни “Бүгүн – оҕо ыһыаҕа» диэн ырыатынан Алина Васильева ылан 6000 солкуобайынан, 2-с миэстэни Любовь Борисова “Мин көҥүл сахабын” ырыатынан ылан 4000 солкуобайынан, 3-с миэстэни “Күн ийэм алгыһын ылынан» ырыатынан Николай Чуручанов ылан 2000 солкуобайынан наҕараадаланнылар.

Дьүүллүүр сүбэҕэ СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ Анна Петровна Иванова Дмитриева, Н.И. Бойлохов кийиитэ, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна Любовь Андреевна Бойлохова, сыана бэтэрээнэ Григорий Спиридонович Павлов үлэлээтилэр.
Оттон «Киһиэхэ- төрөөбүт дойдута” диэн Үөдүгэй туһунан патриотичекай хоһоон айыытын күрэҕигэр 3-с миэстэни Антонина Хобусарова ылан 1000 солкуобайынан, 2-с миэстэни Надеждая Кардашевская – Куттаах ылан 2000 солкуобайынан, 1-кы миэстэни Наталья Чуручанова ылан 3000 солкуобайынан биһирэннилэр.

Дьүүллүүр сүбэ – улуустааҕы «Ийэ тыл” дьаһабылын салайааччыта Варвара Васильевна Васильева, Үөдүгэйдээҕи “Ийэ тыл” түмсүү салайааччыта Герасим Александрович Егоров, Үөдүгэй бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ: Валентина Петровна Филиппова, Радмила Ивановна Долгунова.
Күрэхтэр бириистэрин – Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата уонна Петр Одорусов оҕолоро, сиэннэрэ туруордулар.
Түмүккэ, кыайыылаах аатын ылбыт Үөдүгэй туһунан Наталья Чуручанова хоһоонун таһаарабыт.
Мааркыс колхуос саҕаттан
Чыҥха атын Үөдүгэй
Күнүн ахсын тупса турар,
Кэрэ сонунүксээн иһэр.
Бурдук үүнэр Күүлэҕэ
Оскуолабыт дьэндэйэр,
Хоту алаас киэркэйэр,
Ыччат дьону ыҥырар.
Гараж турбут сиригэр
Үс этээстээх таас дьиэҕэ
Балыыһабыт тутуллан
Бар дьоммутун абырыыр.
Эргэ кулууп дьиэтигэр
Элбэх түмсүү тэриллэр,
Эдэр-эмэн мунньустар,
Үлэ күөстүү оргуйар.
Ырыа-тойук дьиэрэйэр,
Үҥкүү-битии саҕыллар,
Бэл, тыйаатыр тэриллэн
Киэҥ сиринэн аатырар.
Манна бааллар күүстээхтэр,
Быһыйдар да сымсалар,
Успуорт бары көрүҥэр
Бастыҥнарга киирсэллэр.
Көмүс сүүтүк талааннар
Маастар буолан тахсаллар,
Түү арааһын хатайдаан
Таҥас бэрдэ гыналлар.
Ааҕар дьиэҕэ кииннэнэн
Айар дьоннор мусталлар,
Саха тылын саргытын
Салайсарга бэлэмнэр.
Оҕо-уруу чугдаарар,
Күлэн-салан айдаарар
Оонньуу мустар сирдэрэ
Баар буоллулар биһиэхэ.
Үөдүгэйим күн бүгүн
Аныгылыы сандаарар,
Саҥа дьиэ-уот тутуллан
Ырааҕынан тайаарар.
Үлэ-үөрэх дьоннордоох,
Үтүө мааны ыччаттаах
Үүнэр-сайдар Үөдүгэй
Үөрүүлэрэ дэлэгэй!
Үөдүгэйбит үүнэ-сайда турдун. Үөдүгэйтэн тахсыбыт үтүө-мааны дьоммут ааттарын үйэтитэ, үөрэтэ туруохпут, кэлэр кэчээри ыччакка көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдиэхпит!
Валентина ФИЛИППОВА