БиҺиги аҕабыт Адамов Гаврил Данилович 1922 с. 2-с Үөдүгэй нэһилиэгин Куду учаастагар төрөөбүтэ. Төрөппүт аҕата Арсакыап Тайыла диэн, ийэтэ Хохтука кыыһа Өкүлүүнэ. Бииргэ төрөөбүт убайа Аржаков Григорий Данилович Миниистирдэр Сэбиэттэрин дьыалаларын управляющайынан үлэлээн олорон пенсияҕа тахсыбыта.
Аҕабыт 1942 сылга армияҕа ыҥырыллан 1946 сылга дылы сулууспалаабыта. Арҕаа 2 Украинскай фроҥҥа сэриилэспит, хаҥас хараҕа суох төннөн кэлбит этэ. Быстах-остох кэпсээннэриттэн өйдөөтөххө Чехословакиянан, Польшанан, Венгриянан сылдьыбыт этэ. Командирыгар адъютант курдук сылдьыбыт, хайыһар да этэрээтигэр разведкаҕа сылдьыбыт этэ.
Украина сиригэр буомбалааһын бириэмэтигэр снаряд оскуолката түһэн бааһырдыбыт, миинэ сылдьар ата өлбүт. Госпитальтан тахсан баран санитарнай поездка байыаһынан сулууспалыы сылдьан Кыайыы күнүн көрсүбүт этэ. Аҕам “Сарсыарданан этэ, эмискэ саа тыаһыттан уһукта биэрбитим, ыһыы-хаһыы бөҕө, үөрүү-көтүү, саллааттар биир кэм сааларын өрө тута-тута ытыалаан бөҕө буоллулар, «ураа” хаһыы бөҕө. Онно түбэһэн элбэх саллаат ол мэнээх ытыыга сырдык тыыннара быстан турар»,- диэн харааста кэпсиирэ. Аҕам өрүү И.В. Сталин муударай салалтатынан кыайыыны ситиспиппит диэн бигэ эрэллээҕэ.

Үөһэ ахтан ааспытым курдук сэрииттэн күһүн 1946 сыллаахха эргиллибит. «Кыталыктаахха хортуоска хостуу сырыттахпына уһун синиэллээх, хотуомка сүгүүлээх, хатыҥыр дьарамай киһи түргэн-түргэнник дайбанан биһиги диэки иһэрин көрдүбүт. Ол убайым Хабырыыл этэ. Биһиги үөрүүбүтүттэн хомуйа сылдьар хортуоскабытынан тамнаан көрсүбүппүт”,- диэн ахтар Үөдүгэй нэһилиэгин биир убаастанар киһитэ Е.В. Адамова.
Сэрииттэн 2 группалаах инбэлиит буолан төннүбүтэ, кини түөһүн Кыһыл Сулус уордьан, «За Отвагу”, “За победу над фашистской Германией” мэтээллэр киэргэтэллэр этэ.
Сэрии кэнниттэн быстах бириэмэҕэ милииссийэлии, Кудуга интернатка сэбиэдиссэйдии, маҕаһыыҥҥа атыыһыттыы сылдьыбыт. Онтон кэлин колхозка үлэлээн үтүө үлэһит быһыытынан сылдьыбыта, субай сүөһү бостуугунан хара өлүөр диэри үлэлээбитэ. Ол быыһыгар- сылгыһыт, фермаҕа ас буһарааччы, от киллэрээччи. Аҕам ыарахан үлэҕэ үлэлээбит үлэтэ үрдүктүк сыаналанан 1965 сыллаахха Верховнай Совет Президиумун Почетнай грамотатынан наҕараадаламмыта.
Аҕам сэттэ оҕо тапталлаах ийэтинээн Давыдова Татьяна Афанасьевналыын 1974 сылга ийэбит эрэйдээх күн сириттэн сүтүөр дылы эйэ-дэмнээхтик, күөх буруону унаарытан олорбуттара. Ийэбит уон түөрт оҕону төрөппүт төрүт уус Халбаакы Охонооһой Дабыыдап кыра кыыһа, бииргэ төрөөбүт убайдара Сааба, Мэхээлэ, Охонооһой «Давыдов” колхоһу тэрийсибит дьоннор. Эһэбит Охонооһой сиэннэрин мунньан оһох иннигэр остуоруйалыырын сөбүлээн истэрбит, улахан сиэнин Куоланы көхсүгэр сүгэ сылдьара, атаахтатан.
Ийэбит туһунан биһиги иһирэхтик, харах уулаах саныыбыт, оҕолоро улаатан дьон-сэргэ буолалларын көрбөккө бу күн сириттэн 45 сааһыгар барбыта. Миигин, 18-19 саастаах кыыһын, «мин суох да буолар күммэр кыыһым миигин суохтаппакка оҕолорун иитиэ, дьон оҥортуо” диэн ыал дьахталларыгар кэпсии-кэпсии мин диэки имэрийэ көрөрө.Ийэм эппит кэриэһин толорон бырааттарбын ханна да бычыгыраппакка бэйэм көрөн атахтарыгар туруортаатым, онон төрөппүттэрим иннигэр иэспин төлөөтүм.
Биһиги төрөппүттэрбит олоҕу киэҥник көрөллөрө, оҕолоро дэгиттэр сайдыылаах дьон буоларбытыгар кыһаллаллара. Кинигэ ааҕыыта быстыспат аргыспыт этэ. Киэһэтин аҕабыт дорҕоонноохтук хаһыат эбэтэр “Хотугу сулус” сурунаалы ааҕарын сөбүлээн истэрбит. Оройуоҥҥа киирдэҕинэ диафильм ылан тахсан оҕолорго көрдөрөрө, убайбар Коляҕа гармошка, велосипед, ону таһынан атын араас оонньуулары атыылаһара. Үөстэн киномеханик Васильев Иван Семенович тахсан киинэ көрдөрдөҕүнэ доргуччу тылбаастыырын дьон бары астынара. Кини нууччалыы ыраастык кэпсэтэрэ уонна суруйара.
Аҕам Гаврил Данилович ийэбит кэнниттэн сыл курдук быысаһан,1975 сылга ыарахан ыарыыттан Томскай куоракка эпэрээссийэҕэ баран онно быстыбыта. Убайа Аржаков Григорий Данилович көмөтүнэн дойдутугар уола Коля аҕалан, көмүс уҥуоҕун көтөхпүппүт.
“Үөдүгэй нэһилиэгэ” кинигэттэн улахан кыыһын,
СӨ социальнай үлэҕэ туйгунун
Тамара Гаврильевна Адамова ахтыыта
Гаврил Данилович Адамов наҕараадатын лииһиттэн ылыллыбыт дааннайдары салгыы таһаарабыт:
Из наградного листа от 20.10.1943г
В боях 30.09.43г. переправившись вместе с пехотой на правый берег реки Днепр, обнаружил одну артбатарею, три пулеметных и одну минометную точки, которые затем артогнём дивизиона были уничтожены и подавлены.
1.10.43. Когда противник пытался контратаковать наши боевые порядки, тов.Адамов из своего карабина убил 3 офицеров, в результате чего в рядах неприятеля получилось замешательство и контратака была отбита.
15.10.43. Находясь в боевых порядках пехоты под сильным артиллерийско-миномётным обстрелом, обнаружил одно самоходное оружие, один миномет, наблюдательный пункт и три пулеметных точки. По данным т.Адамова самоходное орудие было подавлено, а все остальные цели были разбиты, при этом было убито до 65 фашистов.
16.10.43. Получив приказание разведать передний край нашей пехоты, тов.Адамов зашел в расположение противника и встретив 2-х немцев-связистов, уничтожил их, а оружие -2 автомата и телефонный аппарат принес в батарею. Одновременно уточнил данные о противнике.
ДОСТОИН ПРАВИТЕЛЬСТВЕННОЙ НАГРАДЫ ОРДЕНА КРАСНАЯ ЗВЕЗДА.
Командир 196 гвардейского артиллерийского полка гвардии майор ЛЮДВИНОВСКИЙ.
20.10.43г.