Умсулҕан

        Оҕо эрдэхпинэ киинэттэн ордук умсулҕаннаах аан дойдуга суоҕун курдук саныырым. Аан бастаан көрбүт киинэбэр, остуолга турар чэрэниилэ иһитэ ыллаан, үҥкүүлээн тэйэн, төбөтүн арыммытыгар, чэрэниилэ иһитэ тыыннаах эбит дуу, диэммин олус дьиктиргээбитим. Кэлин арыый өйүм оҕото хойдо быһыытыйан, кулууп кэннин одуулаһарым. Ити киинэ куораттара, дьиэлэрэ, дьоно кулууп дьиэтин кэннигэр хайдах баталларын толкуйдуу сатыырым. Киинэ бүттэҕинэ итиччэ элбэх киһи ханна баралларын, тугу гыналларын билиэхпин баҕарарым.

 Күөл үрдүгэр турар былыргы таҥара дьиэтэ (Дом пионеров) урут киинэ көрдөрөр сир буола сылдьыбыттааҕа. Ханна эрэ быычыкаан “касса” диэн суруктаах  дьөлөҕөстөн, кытаанах үтүрүһүүнэн киирэр билиэккэ тиксэр буоларбыт. Уолаттар обургулар элбэхтэрэ бэрт буолан кыаммат -түгэммэт киһи чугаһаабат үлүгэрэ этэ. Монгуоллар ыалдьыттыы кэлиилэригэр, “Найрамдал” тыйаатыра арыллыбытыгар, хаһыс да күҥҥэ нэһиилэ билиэт булан киирэн, үрдүк дьолго тиксибити ама хайаан умнуллуой… Санаабытыгар дыбарыас дыбарыаһынан этэ.

        Индеецтэрдээх, ньиэмэстэрдээх, басмачтардаах (башмактардаах диирбит) киинэлэргэ билиэт буллахха, киһи тэҥэ суох курдук буола түһүллэрэ. “Апачи”, “Текумзе”, “Отряд особого назначения”, “Неуловимые мстители”, “Щит и меч” уонна да атын разведчиктардаах эбэтэр күлүүлээх киинэлэргэ, остуоруйаларга хастыыта эмэ сылдьарбыт. Биэс харчы булуоҥ эрэ кэрэх. Киинэ кэннэ сөбүлээн көрбүппүтүн үтүктэн оонньоон барарбыт. Гойко Митичтээн, кыһыл лиэнтэни төбөҕө баанан, ураҕас миинэ – миинэ көтүтэрбит, Чаппаай буолан мас саабыланан хаппыт эрбэһини быһыта охсон сүрдэнэрбит. Мин Анка пулеметчицаны үтүктэн, быраҕыллыбыт “Зингер ”иистэнэр массыына куорпуһун кыбына сылдьан ытыалаан куһуйарым. Ньиэмэстэрдээх киинэни этэ да барыллыбат. Көрбүт киһи үчүгэйдэр, куһаҕаттар диэн арааран кэпсээн үллэҥнэтэрин иһиттэхэ, ол киинэни көрбүт саҕа сананыллара.

       Киинэ билиэтэ – күөх, ойоҕоһугар “контроль” диэн суруктаах быычыкаан кумаахы туохтааҕар даҕаны баҕалаах курдук этэ. Алҕас хайа тардан баран эбэтэр билиэт быһааччы ситэ хайыппакка хаалбытын сгущенканан хам сыһыара сатаан муҥнанарбыт. Бытархай мунньунарбыт. Лааппы муостатыттан дуу, сиртэн дуу, биир да харчыны буллахха сиэп диэки утаара охсуллара уонна дьэ, дьиэҕэ тиийэн “кистэлээнискэй” иһиккэ “дьап” гыннаран иһиллэрэ. – Улааттахпына киинэҕэ барытыгар, ол иһигэр чуолаан, уон алтатыттан үөһэ бэлиэлээхтэргэ сылдьыаҕым, – диэн саана саныырым.

      Сорох наһаа кэпсэтиилээх киинэни оҕо үксэ сирэн мэниктээн киирэн барара. Уолаттар наскыларын эрэһиинэтин сыыйа тардан, тарбахха кэтэрдиллэр арагаайка оҥостон, кумааҕыттан ыстаммыт, сорох наһаалаабыттар, алюминий боробулуоха токуккайынан ытыаланаллара эбэтэр уруучуканы тоһутан ол көҥдөйүнэн ириис куруппатын үрэн сирилэтэллэрэ. Кыргыттар ол аайы ким ытыаланарын манаан олорон, айдаан таһааран, киинэбит көстүүтэ балыыҥкаран, ”сиэлэ – кутуруга” уһаан барара. Кэлин син ону – маны ыйдаҥардар сааспытыгар, киинэни анал аппараат көрдөрөрүн уонна ону киинэмэхээнньик диэн ааттаах киһи, кулууп кэннинээҕи истиэнэтин хайаҕастарынан тыктаран үлэлэтэрин биллэхпит дии.

     Ол үлэһиттэртэн мин чопчу өйдөөн хаалбыт икки киһим: Баскачыын Мэхээлэ уонна аатын билбэт кыра, бэрт сытыыкан хотун этилэр. Кэлин биллибитинэн, Карадчина (Чыбыкова) Татьяна эбит этэ. Бу икки киһини киинэ көрөн дьолломмут оҕо сааспын кытта бииргэ холбоон  кэбиһэммин, уруккубун санаатым да кинилэр илэ бэйэлэринэн харахпар көстөн кэлэллэр. Ол курдук, Куду кулуубугар, отой кыра сырыттахпытына, Мэхээлэ киинэҕэ киллэртээбэккэ ытыырбытын онон – манан өйдүүбүн. Харчыбыт суоҕуттан эбэтэр баҕар наһаа кырабыт иһин киллэрбэтэ буолуо буоллаҕа дии. Биирдэ эмэ “таҥараҕа тигистэххэ”, оҕо үксэ экран иннигэр муостаҕа тэлгэнэ сытарын өйдүүбүн. Киинэ үрдүбүтүнэн баран эрэр курдугуттан да куттанан ытыыр инибит, сэрэйдэххэ. Ол сытан утуйбут, таҥаһы да марайдаабыт баар аҕай буоллаҕа эбээт.

Таҥара дьиэтигэр билиэттэн маппыт кыһыыбытыгар, хара бүрүөһүннээх, икки эҥэлэйдээх ааҥҥа кулгаахпытын даҕайан иһиллии сатыырбыт. Ардыгар онтубутун тэбиэлээн, тардыалаан муҥхааланнахпытына, Мэхээлэ тахсан, налыччы баҕайытык: – Оҕолор, дьиэҕитигэр баран, атаххытын суунан баран утуйан хаалыҥ, –  дии – дии баһын кыҥнаттаҕына, абаран ытыы сыһааччыбыт. Санаабытыгар киниттэн ордук куһаҕан киһи чугас эргин суоҕа, киинэтин бэйэтэ эрэ көрөөрү көҥөнөр курдуга.

        Кудулар Мэхээлэни отой төрүөхпүтүттэн билэрбит. Кини өссө хаартыскаҕа түһэрэр, оччотооҕуга бэрт сэдэх идэлээҕэ. Ол идэтин үтүөтэ билигин дьэ тилиннэҕэ. Кини ыалынан, тэрилтэлэринэн сылдьан түһэртээн, үйэлээх бөҕө кумаахыга бэчээттээн дьэрэлиппит, дьоҕус хаартыскалара суохтара буоллар, чугас дьоммут – сэргэбит барахсаттар күндү мөссүөннэрэ, сэргэх сэбэрэлэрэ кинигэлэргэ, хомуурунньуктарга үйэтитиллиэ суох эбиттэр. Ол курдук  Мэхээлэ, биһиги дьиэ кэргэни хаста да Кудунан, Мааркыһынан сырса сылдьан хаартыскаҕа түһэртээбит, тугунан даҕаны боруостаммат өҥөлөөх. Оччолорго хаартыскаҕа түһүү диэн улахан үөрүүлээх даҕаны, сахсааннаах даҕаны тэрээһин эбит, аны санаатахха. Чох өтүүгүн эдьиийдэрим биэтэҥнэтэ – биэтэҥнэтэ, биир матырыйаалтан бэйэ тигии мааны ырбаахыбыт дуомун эр – биир өтүүктэтэлээн, кэтэрдитэлээн, истиэнэҕэ тиирэ ыйаммыт эриэн ойуулаах покрывало анныгар, бытархай хортуосканы ыһан кэбиспит курдук олордуталаан, кэчигирэччи түспүт хаартыскаларбыт билигин да бааллар. Арыый обургу сааспар: – Бу оҕонньор аны дьиэбитигэр кэлбит, –  диэн испэр хайдах эрэ өс – саҕа буоларым. Итини таһынан Мэхээлэ өссө булчут бэрдэ эбитин кэлин улаатан баран биирдэ билбитим.  Аҕабын кытары бииргэ улахан булка сылдьыһар эбит этэ. Сотору – сотору биһиэхэ кэлэрэ. Кыра дьиэбитигэр, аан аттыгар кыҥначчы туттан олорон, биир – икки тимир тииһин кыбытыгын килбэчитэн, ким хайдах туттан ыппытын, үөмпүтүн үтүктэ – үтүктэ күлэн лэһигирэтэрэ. Бултарын тоһумурун уонна хайдах быһыылаахтык тэринэллэрин эҥин быһаарсалларын киирэ – тахса сылдьаммын син истэрим. Хайдах эрэ киниттэн налыччы, сылаас тыгар курдугун өйдөөн хаалбыппын. Сахаҕа ортону үрдүнэн уҥуохтаах, мэлтэгэр ис – киирбэх сирэйдээх эбитин дьэ өйдөөн – дьүүллээн көрөр этим. Ол иннинэ киинэттэн сылтаан, оҕотук санаабар, киинэҕэ киирэри эрэ мэһэйдээччинэн ааҕа сырыттаҕым буолаахтыа.

        Оттон киинэмэхээнньик хотуммутун аатын да билбэтэрбит бэркэ билэр курдук сананарбыт. Кини күнүгэр “звук”, “рамка” эҥин диэн уолаттар аһары улаханнык хаһыытаан, иһиирэн, тиҥилэхтээн, мэниктээн баппатахтарына, аппараатын тохтотон, саала уотун арыйа охсон илэ бэйэтинэн көтөн түһэрэ уонна буруйдааҕы булан таһааран дуу, мөҕөн дуу баран биирдэ тэйэрэ. Оҕолор бэйэбит да киинэбитигэр умса охсоору, мэһэйдээччини кырыы харахпытынан көрөрбүт итиэннэ киинэ муҥур хотуна тугу да  гыммакка биһиги бэрээдэкпитин эрэ хайаҕаһынан манаан турар курдук санааммыт, бодобутун кыалларынан тардына сатыырбыт. Оччолорго биһиги туспутугар суостаах хотун эбит, бээ, Татыйаана Испирдиэнэбинэҥ. Кыһын тииҥ бэргэһэтин уһун кулгаахтарын үөһэ баанан, уҥуохтуун өндөйбүккэ дылы көстөөччү. Сайын суһуоҕун кэтэҕэр мунньан тэскэччи туттарыммыт бүрүчүөскэтин эйэҥэлэтэн, хааһын сабар гына, көбүс көнөтүк кырыммыт чуолкатын хамсатан, аттыбытынан аастаҕына дьааххаммыт санаабытыгар, мэктиэтигэр тыал кэлэргэ дылы гынааччы. Ол гынан баран, кыргыттар тугу гынаммыт даҕаны биһигитини хаарыйыай. Үксүн уолаттары боччуйан, саҥаран – иҥэрэн чаҕаарарын өйдүүбүн. Сытыытык быһыччы көрөн киирэн ким иһиирбитин, хаһыытаабытын силиэстийэлээтэҕинэ ылы – чып барарбыт. Киинэбит салгыы көстөр, көстүбэт ыйааҕа тыҥаан, мурун сыҥсыыра, олбох хаачыргыыра ааҕа иһиллэрэ.

      Татыйааналыын улар сааспыттан ыаллыы олоруох дьылҕабын таайбыкка дылы, хара ааныттан чугас билэр киһим курдук ылыммыт эбиппин диэтэхпинэ омнуота суох. Үлэтин таһынан түбүктээх ыал ийэтэ эбитин ол аайы туох да ороһуйуута суох ылыммытым. Кини нүөл тиэргэнигэр, ньидьирэс дьиэтигэр көҥүл киирэн – тахсан уһулуктанан, мэниктээн, оонньоон аастаҕым ээ. Ол тухары Татыйаанам (киинэм хотуна) биирдэ даҕаны сэмэ – суҥха диэни миэхэ аадырыстаабатаҕа. Күн бүгүнүгэр дылы мэлдьи эйэҕэс, ийэлии сымнаҕас сыһыаннаах.

      Ити аата сэбиэскэй кэм дьоно барахсаттар, күннээҕи үлэлэригэр уһулуччу эппиэтинэстээхтэрин туоһута; оҕону иитиигэ туора, сиилии көрөн турбатах, оҕоҕо бары тэҥ сыһыаннара, ирдэбиллэрэ диэтэхпинэ сыыспаппын дэнэ сананабын…

  Сайыҥҥы киинэ көрдөрөр сарайдар Кэлтэгэй Промкомбинатын территориятыгар уонна пааркаҕа бааллара. Сайыны быһа ырааҕы, итиини – куйааһы аахсыбакка ити хаптаһын дьиэлэргэ чаастатык сыбыытыырбыт. Ардыгар өссө кыра оҕо соһуулаах барыылар эҥин ханна барыахтарай. Киинэҕэ киирбит кэннэ ол кырачааммыт утатан, аччыктаан, хаппырыыстанан ытаан, кыһыылаахтык киинэ ортотуттан үүрүллэн да тахсыбыт табыллыбатах күннэрбит бааллара.

Оҕо да киһиэхэ оччолорго түбүк баһаам буолара; пришкольнай учаастак оҕуруотун үлэтэ, бэкээринэ, үүт, эт уочарата, дьиэ хортуоскатын бааһынатын сыыстааһына, көмүүтэ, оҕо көрүүтэ, сылабаар өрүүтэ у.д.а. Биир кыһын, саҥа дьыл иннинэ сиэркилэлээх маҕаһыыммытыгар (“Гастроном” – билиҥҥи “Быйаҥ”) хаас атыытыгар уочараттаабыппыт. Таһырдьаттан, уһун, киэҥ испииһэктэнэн, айдаан бөҕөнөн анньыһан иһирдьэ киирбиппит. Тыыннаах уочаракка, киһи төбөтүгэр биирдиини биэрэллэрин иһин миигин соспут буолуохтаахтар. Минньигэс эбитэ буоллар үөрэ –көтө сылдьыахтаахпын, тоҕо эрэ “хаас” диэн тылы улаханнык сэҥээрбэккэбин, уочараттан тахсан хаалан мөҕүллэн ылбытым. Кыра киһи, ол анньыһыыга тыыным хаайтаран, атахпын бары быһа үктэтэн ытыы сыһан, улахан баҕайы икки маҥан суулааҕы атыыласпыппытын өйдүүбүн. Ол хаастарбытын: “сиэн чалҕарыйбыппыт бу баар ээ”, – диэн өйдөбүл тоҕо эрэ хаалбатах.

Ити да гыннар, киинэбэр мэлдьи куомпас стрелкатыныы курдары тартара сылдьарым. Атаспынаан кэрэхсэбиллээх киинэ сураҕын иһиттибит даҕаны арааһынайдаан албастаан, туһааннаах үлэни бүтэрэ охсон, син – биир мүлчү туттарбыппыт эрэ баар буолара. Аны Бүлүү эбэбитигэр сөтүөлүүр биир эмиэ кэтэһиилээх – манаһыылаах таптыыр дьарыкпыт этэ. Дьоммут боболлорун – хаайалларын үрдүнэн, халлаан итийдэҕинэ, кистии – саба, мөрүөнтэн хаалымаары, эбэ абылаҥнаах биэрэгэр тиийбиппитин бэйэбит да билбэккэ хааларбыт. Саҥа, уочарат бөҕөнөн тиксибит килиэппитин тырыта тыытан сиэн үгүстүк мөҕүлүннэрбит (таһыллыы да ханна барбыт үһү), даҕаны урукку кирпииччэ оһох килиэбэ барахсан дыргыл сыта барытын умуннаран эрдэҕэ. Чаһыыны көрө сылдьаары, кумахха мас чорооҕун анньан сирдэтинэ сатыырбыт. Күнү быһа сөтүөлээн, умсан оонньоон, киэһээҥи чэй чугаһаабытын, дьоммут сүтэрбиттэрин сэрэйэн, тарҕаһыы саҕана сирэй – харах олоруута мөлтөөтөр даҕаны хайыахпытый, эппиэтэ биир диэн баран дьиэбитигэр тиийэн эрдэхпит. Эбиитин таҥыы сиэккэҕэ угуллубут килиэптэрбит бүтүннүү кумахха биккиллэн хаалбыттарын дьэ өйдөөн көрөн “уйабытыгар” букатыннаахтык уу киирэрэ.

      Күһүөрү, үөрэх чугаһыгар, дьэ баттах көрүнүүтэ, таҥас – сап сахсыныыта саҕаланара эмиэ да долгутуулаах, эмиэ да курус буолара. Хаарыан сайыммытын күнүскү күн эрэ кылгас кэмҥэ тэһэ көрөн санатара уонна киинэлээх сынньалаҥмыт барахсан бүтэн эрэрэ хайдах эрэ олус хомолтолоох этэ. “Детский мир” маҕаһыыҥҥа сыста турар, улахан киоскаҕа испииһэктэнэн эҥиннэнэн, дьоммутун кытары уочараттаһан оскуола таҥаһын атыылаһарбыт. Киһи хараҕа саатар үп –үрүҥ фартук, саҕа, бэлэнньик, гольфа, лента, хоҥор өҥнөөх былааччыйа, кылабачыгас атах таҥаһа ыллахтарына, кэтэ охсор баҕаттан, аны бастакы сэнтээби кэтэһэн барарбыт. Оскуолабыт үс муннук сарайдара ыраахтан хороһон, түннүктэрэ килбэчиһэн, бэйэтэ кырааска сытынан дыргыйан, ыҥыра – угуйа дьэндэйэн көстөрө сүргэбитин биллэ -көстө көтөҕөрө…

      Кэпсэтиилээх, аһааһыннаах киинэҕэ остуолларыгар турар астарын кыҥастаһан тахсар идэлээх этибит. Мин, чуолаан, эгэлгэ өҥнөөх таас иһиттэргэ кутуллубут утахтарыгар ымсыырар да этим. Сорох оҕуруот аһын аатын да амтанын да билбэппититтэн иҥнибэккэ: – Мин итини сиибин, маны иһэбин, – дии – дии тарбахпыт чочоҥолоон олороро. Тэҥҥэ аһаабыт саҕа сананан киинэттэн астынан тахсарга дылы гынарбыт. “Кавказкая пленница” киинэҕэ итиччэ хаарыан минньигэс аһы тоҕута быраҕаттыырыттан кыыска абаран бөҕө: – Мин эбитим буоллар саатар астарын дэлби сиэн баран куотуом этэ ээ, – оччотооҕу кэмнэргэ сүрдээх оҕуруктаах толкуйбуттан билигин сонньуйабын эрэ. Соҕуруу дойдуга минньигэс оҕуруот аһа сиргэ таах ыһылла сытар курдук өйдөбүллээҕим. Арбуус диэн эриэн, футбол мээчигин саҕа ас хаҕыттан Юрий Никулин халтарыйан илиитин тоһуппута, ол санаабын өссө бигэргэтэн биэрэрэ. “Кубанские казаки” киинэни, сыалай массыынанан дьаабылыкатын, арбууһун уонна артыыската кыраһыабайын эрэ иһин, сэттэтэ баҕас сылдьыбыт буолуохтаахпын. “Морозко” остуоруйаны таптаан көрөрбүт. Атаах, акаары кыыстара сибиинньэни сырсан бадаарантан хостонноҕуна, сирэйин кырааската ньолҕойон, суһуоҕа туллан түстэҕинэ күлэн “уҥа” сытарбыт. Сиэмэчикэни айаҕар уктан баран сыҥааҕын “лас” гыннарарын сүһүйэн ылан аһыырбытыгар, дьоммут көрбөттөрүгэр үтүктэр буолбуппут. Сыарҕалаах сибиинньэлэринэн дьиэтигэр төттөрү күккүрэтэн кэлбитигэр, күлэрбитин кэпсии да барыллыбат. Золушка кыыс аптаах мас көмөтүнэн эмискэ принцессаҕа кубулуйбутугар ымсыырар эмиэ баара эрээри, итиччэ босхо барбычча, дэлби оонньообокко кэргэн тахсан хааларын хайдах эрэ сирэрим. Улахан дьон дөрүн – дөрүн, “индиийискэй” диэн киинэҕэ тэринэн ахан бараллара. Туох туһунанын ыйыппыппар: – Ырыанан кэпсэтэллэр, үҥкүүлүү – үҥкүүлүү, – диэн харданы истибиппин өйдүүбүн. Ол тоҕо көннөрү саҥарбаккалар ыллаан, үҥкүүлээн кэпсэтэллэрин кыайан быһаарбаккабын аахайбатаҕым.

    “Телевизор” диэн тылы аан бастаан доҕор кыыспыттан истибитим. Аҕата Дьокуускай куораттан аҕалыахтааҕын сонуннаабыта. Хас эрэ хонон баран кинилэргэ тахсыбытым – солко былаатынан бүрүллэн дьааһык курдук килбэйбит тэрил остуол үрдүгэр дыгдаллан турара. Оҕо сааһым арахсыспат аргыһа котоку быһаарбытынан, хаһан эрэ холбонноҕуна, таһынааҕы ыалларбытын, дьиэлэрин иһигэр тугу гына сылдьалларын көрөр эбиппит диэн буолбута. Хайдах эрэ аны били, дьонум суохтарына минньигэс уоран сиирим көстүөн сөбүттэн дьиксинэ санаан аһарбытым. Эмиэ даҕаны үөрбүтүм, хата чугас ыалларбытын таах көрө олоруохтаахпытыттан. Ол оннук хаалбыта. Сааһыары биир үтүө күн, дьүөгэм идэтинэн ыҥырар, кэтэһиилээх иһиириитин истэ охсоммун ыстанан тахсыбытым – били дьааһыкпыт холбоммут. Тыаһа сыыгынаан сүрдээх. Сирэйигэр хаардыы турар курдук бачымах эрэ өрө ыстаҥалыыр, туох да көстүбэт. Кыыһым уонна кини балта буоламмыт дьэ кэтэһии – манаһыы кытаанаҕа. Мин, испэр аны миигин көрдөрүөхтэрэ диэн сэрэхэдийэммин көнөтүк туттан, оһох кэннин диэки дьалты соҕус олохтоннум. Ыалым аҕата икки муостаах тимири өрө – таҥнары бэрэлиир, сэппит иннигэр баар чороҕору эргитэн лыһырҕатар.  Көстүбэтиттэн чуурбутун биэрэн эрдэхпитинэ, арай тэрилбитигэр бегемот хааман ыадаста сылдьара көстөн ааста. Онтон клоун турара көһүннэ. Дьүөгэм диэки кылап гыннарбытым, киһим эмиэ тыыммакка даҕаны олорор, кыччаҕар соҕус харахтара отой да икки чэчэгэйигэр сыстыбыт курдуктар. Онон туһанаммын ыыс аатын сибигэнэйэ оҕустум уонна харахпын икки өттүгэр ыыта сатаан мээнэнэн көрдүм. Сымыйалаабыт эбит дии санааммын, баайсыахпын баҕарабын да аҕатыттан торуллабын. Инньэ гынан кистии – саба, бэйэбит эрэ билэр тыла суох хамсаныыларбытынан бэркэ бэйэлээхтик өйдөстүбүт. Ол тухары ким да өһүргэммит, өстүйбүт сибикитин таһыгар биллэрбэт. Кимнээҕэр иллээхтик олорор курдук көстөбүт. Сонун тэрили манаспатахпыт буоллар, былыр үйэҕэ таһырдьаны былдьаспыт буолуохтаах этибит. Кини даҕаны хантан билээхтиэй, тугу өйдөөбүтүн миэхэ тиэрдэ сатаатаҕа дии.

      “Телевизор” диэҥҥэ сүрэхтэммит эриэккэс күммүт итинник этэ. Ол да гыннар онтукайбытыгар бүтүннүү сонуннар эҥин эрэ көстөн дуомнууллар быһыылааҕа. Икки күнү быһа иннигэр хороллон олоро сатаан баран, кэлин улаханнык дьыалайдаабат буолбуппут. Көстөрө да эрэйэ; дьиримниириттэн, тыаһыттан киһи хуу – хаа барара. Сорох ыалга отой да суоҕа. Кулуупка улахан экраҥҥа көстөр алыптаах киинэлэрбэр туох да тиийбэтин өссө төгүл дьиҥнээхтик итэҕэйбитим.

Манна даҕатан эптэхпинэ, бойобуой дьүөгэм аҕата, билиҥҥилии эттэххэ, сүрдээх  таһымнаах, “продвинутай” киһи эбит. Арай биирдэ эмиэ сытыы соҕус иһиирии ыҥырда. Суол нөҥүө, кыыспар элээрдэн киирбитим, арай аҕата убуорунай курдугу туппут. Иһэ кураанах. “Душ” диэн тылы аан бастаан эмиэ атаспыттан иһиттим: – Манна суунар үһүбүт, – диир. Мин баанньыгы эрэ билэр киһичээн улаханнык мунчаардым; баалынай эҥин ханна да батан турар сирэ суох, тымныы, хаптаһын эрэ хаххалаах. Дьэ эмиэ хас эмэ күнү быһа кэтэһии – манаһыы саҕаланна. Биир күн отой сэргэх иһиириини истэ охсоммун тахсыбытым: били көҥдөйбүт үрүтүгэр кыыһым аҕата кэнсиэрбэ бааҥкатын дьөлүтэ үүттээн ыйаан тэскэппит уонна өссө билээгэ туруорбут, ол “Душ” диэн ааттанар хаптаһын уйабыт үрдүгэр. – Манан уу түһэр, онно суунар үһүбүт, – диир кыыһым. Сөҕүү – махтайыы ханна барыай, да гыннар мин сэҥээрбэтим. Бырылас итии, ыгыччы уочараттаах уопсай баанньыкка холоотоххо кыараҕаһа, хараҥата, интириэһинэйэ суоҕа бэрт курдук. Аппа үрдүнээҕи улахан баанньыкпыт паарданар сиригэр – үөһэ үктэлигэр тахсан олорон, тумана хойуннаҕына дьээбэлэһэр, ысыһа оонньуур ордуга чуолкайа сыттаҕа дии. Соҕотоҕун итиннэ хаайтаран сууна турарбын оҥорон көрөммүн астымматым уонна ол кэннэ сонуммут ааһан оонньуу сүүрдэхпит дии.

Аны биир сайын, кыыһым аҕата “Теплица” диэни тутар сураҕын истэммит эмиэ дьэ манаһыы. Атаһым этэринэн, салаппааҥҥа сууланан оҕурсуу үүнэр тахсыахтаах диэн буолла. Арай биирдэ көрбүппүт, кып – кыра оонньуур дьиэ дьардьамата турбут. Хата дэлби ымсыырдыбыт. Онтубутун хас эрэ хонон баран ыалым аҕата, кырдьык,  салаппаанынан тумнары бүрүйдэ. Дьэ биһиги кэтэһии. Хайдах салаппаан иһиттэн оҕурсуу үүнэн тахсарын көрөөрү. Па, ол сайын кыыһым Сунтаарга оҕоһуттуу, сайылыы баран хаалан “ыт атаҕын туттарбыта”. Күһүн көрбүппүт, аҕыйах устуука туох эрэ уһун үүнээйилэр былыр үйэҕэ хатан, саһаран ыйанан тураллара. Оҕурсуу сылдьыбыт сыта да суоҕа.

 Биир кыһын доҕорум эмиэ кэпсэллээх буолла:  – Куоракка мииннэрин күнүс иһэллэр үһү уонна ол аһыылларын “Эбиэт” диэн ааттыыллар үһү . Иккиэн күлсэн бөҕөбүт, эппитин күнүс сырдыкка мотуйа олорорбутун оҥорон көрө – көрөбүт. Өлүү эппитин кистээн уурунан, киэһэ суорҕан анныгар эбэтэр хараҥа муннукка остуоруйалаһааһыҥҥа сыыйан сииртэн малыйарбытыттан эмиэ да санаарҕаан ыллыбыт. Өр буолбатахпыт; сотору соҕуһунан, кырдьык, күнүскү чэйгэ эбиэттээн уонна кимнээҕэр да астына-астына, кистии -саба, уһун мохоруон түбэстэҕинэ мииммитин оборон сырылаттахпыт дии.

     Бэйи, ахтылҕаннаах оҕо сааһым омоон ыллыктарын хаттаан кэринэммин киинэбиттэн лаппа халыйдым. Ити сылдьарбыт тухары, син – биир, киинэбититтэн күммүтүн таһааран – киллэрэн сылдьарбыт. Килиэп ыла таарыйа, “Детский мир” маҕаһыын аттыгар, уулусса муннугар (билигин Александров маҕаһыын) ыйанан турар киинэ биллэриитэ ыраахтан кылбайарын кыҥаабытынан сылдьарбыт. Боростуой былакаат адаархай суруга биһиги туспутугар улахан сабыдыаллааҕа. Кыайа – хото аахпат даҕаны кыралар киинэ аатын эндэппэккэ билэллэрэ уонна дьэ саамай куоһур сонун оҥостоллоро. Киинэбитигэр аһаҕастык көҥүллэтэн барарбытын дуу, оонньуу быыһыгар күрүүрбүтүн дуу, быһаарса охсорбут. Буруйдаах эбэтэр бэҕэһээ эрэ сылдьыбыт буоллахха күрүүргэ күһэллэрбит уонна дьэ тэринэн. барарбыт. Ким туох диэхтээҕэ, ханна кими кэтэһиэхтээҕэ барыта аттарылла, дьүүллэһиллэ охсоро. Бытаххай иһитэ сэргэхсийэ түһэрэ. Сорох ардыгар күүтүллүбэтэх өттүттэн мэһэйдэр үөскээннэр, былаан тохторо, харах ууланара ханна бараахтыа баарай. Арыт күндү муннукпут кураанаҕынан килэччи көрдөҕүнэ, ол күнү быһа санаабыт алдьанан, эргэ билисипиэт эрэйдээҕи сынньаппакка талыгыраччы мэҥэстэн муннукпутун манаһарбыт. Кураанаҕы кууспут күммүтүгэр, итии соҕус буоллаҕына тапталлаах эбэбитигэр ыстанарбыт. Идэбитинэн астына сөтүөлээн, оонньоон төннөн иһэммит муннукпутун хайаан да тиҥсирийэн ааһарбыт. Баҕар тыал эбэтэр хайа эрэ акаары уол тоҕо тардан түһэрбитэ көппүтэ эҥин буолуо диэммит чугас эргини бары чүүччэйэрбит…

        Кыра кылаастарга “Диафильм” диэн билиҥҥи мультик курдук уруһуй эрээри,эйэҥ эрийэн сыҕарытан, истиэнэҕэ тыктаран, аллараа суругун ааҕан, киинэ көрөр тэрил баара. Кылаас чааһыгар дьэ ону көрөн дьоллонор этибит. Уочаратынан суругун ааҕарга, мөлтөх ааҕааччыга киинэбит сыҕарыйыыта бытааран, көрөөччү буугунааһына, ааҕааччы тиритиитэ – хорутуута баһаам буолара. Олортон: “Мальчиш – Кибальчиш”, “Золушка”, “Кот в сапогах”, (Корней Чуковскай суруйуута) “Федорино горе”, “Мойдодырь” диэн хартыыналары үксүбүт сөбүлээн көрөрбүт. Пленкаларын эндэппэккэ билэрбит. Сороҕор тугу өйдөөбүппүтүн учуутал ыйыттаҕына ууммут илии  ойуур маһыныы адаарыс гынара. Кыра кылаастарга: – Иһиппин куруук үрдүнэн – аннынан сууйдахпына, кырдьык атын ыалга куотууһулар дуу, – диэх курдук санааттан кыһалла сатыыр баара, аны кэлэн кистэл буолбатах.

Биирдэ атаһым эргэ “Школьник” билисипиэтигэр миигин иннигэр мэҥэһиннэрэн, тэбэн аҕылатан – мэҥилэтэн, эмиэ биллэриибит угуйуутун уйбакка, эргийэ соҕус айаннатан иһэммит, “Книготорг” (кинигэтуор) лааппы иннинээҕи бадарааны көрдө – көрбүтүнэн көтүтэн кэлэн, кирдээх чоҕойу уоппуттаахпыт. Уһун ардах кэннэ мас тротуар икки ойоҕоһугар  былыыктаах чалбах быччайан тахсыбыт буолааччы. Орҕостон тураммыт бэйэ – бэйэбитин көрсө – көрсө күлэн быарбыт быста сыста. Онтон өй ыламмыт, өрүү абыраллаах эбэбитигэр, муоста ойоҕоһунан, тиэтэйэ – саарайа саккыраһан киирэммит, күһүҥҥү өксүөнү аахсыбакка суунан чомполоһон, обургу соҕус мөҕүллүүттэн быыһаммыттаахпыт. Ахтан аһардахха, ити лааппыга “Кинигэтуор Аана” диэн ааттаах, улахан толуу хотун баар буолааччы. Кинини (Нонна Мордюкова артыыскаҕа майгыннатарым) бэйэтин лааппыта дии саныырым уонна аҥардас көрүҥүттэн, дорҕоонноох (командирскай) саҥатыттан эрэ сылтаан олус толлорум. Үөрэх саҕаланыыта итиннэ киирдэххэ, сабыс – саҥа кинигэ кырааскатын сыта муннубутугар саба биэрэн, дьэ били сайыны быһа мэнээктээбит өйбүт оҕотун бэрт түргэнник хомуйа тутарга дылы гынара. Онно тоҕо эрэ куруук чуумпу, хайдах эрэ киһи сибигинэйэн эрэ саҥарыан баҕарар, куту – сүрү баттыыр туох эрэ улуу тыына баара биллээччи. Кинигэ уларсан ааҕар сиргэ (библиотекаҕа) эмиэ оннук баарын ким да мэлдьэспэт буолуохтаах. Кэлин аахпыппынан, улуу өйдөөх дьон мунньуммут санаата, ньэгирэ биир сиргэ түмүллэн харааннаннаҕына, итинник туспа эйгэ үөскүүр үһү диэн туймуу түмүк баар эбит этэ…

     Күнүскү киинэттэн кэлэн иһэн уулуссабытыгар “Лапта”,” Кустаах булчут” эҥин диэн оонньууларга булкуһа охсон, киинэҕэ сылдьыбыт сибиһи муннаран баран биирдэ “өтөхпүтүн быһар” этибит. Киэһээҥи чэй кэннэ оонньуу дьэ маассабайа саҕаланааччы: “Лапта”, “Төгүрүк лапта”, “Үспүйүөннээх милииссийэ”, “Сир былдьаһыы” Сасыһыы, “Пүҥ” дэһэн ытыалаһыы у.д.а. Онно били таптыыр киинэлэрбит дьоруойдарын туттуулара – хаптыылара, саҥалара-иҥэлэрэ олоххо киллэриллэрэ. Улахан разведчик курдук сананан, тыас таһаарбакка үөмэн аҕай истэххинэ, кэннигиттэн эмискэ ким эрэ ааккын үөгүлээн “өллүҥ” диэтэҕинэ өмүрэн, омуннаатахха, сүрэх тохтуу сыһааччы. Лаптаҕа таба быраҕарбынан эрэ син сириллибэт этим. Сорох хамаанда сүүрүгү ордорор, сорох – снайперы.

       Кэнники киинэбит уон биэс мүнүүтэ сурунаалланар буолбута. Онно сүрэҕэ суохтары, аргыһыттары, тэрилтэ уоруйахтарын эҥин; саба быраҕан, бөрүкүтэ суох дьону араастаан хомпуустаан көрдөрөллөрө. Онтубут бүттэҕинэ дьэ дьиҥнээх киинэбит саҕаланара. Хойутаабыт дьон эбии киирэн биэрэрэ. “Широкоэкраннай”, ол аата саала истиэнэтин биир гына киэптиир, киинэлэр кэлбиттэрэ. Биллэриитигэр “ш” буукуба эбиилээх буолара. Аны оннуктары сырса сылдьан көрөргө дьулуспуппут. Биирдэ “Горячий снег” диэн биллэриини ааҕан баран: – Хайдах хаар итии буолуой, сыыһа суруйбуттар быһыылаах, – диэн толкуйга тиийбитим. Көрбүппүт – сэриилээх киинэ этэ. Ханна да хаар оргуйа сытарын булан көрбөтөҕүм. Онтон “Доктор Вера” эмиэ сэриилээх киинэҕэ отой да бары сахалыы саҥаралларыттан  дьиктиргээн, урут сэрии саҕана нууччалар бары сахалыы билэллэр эбит диэн түмүкпүттэн билигин күлэбин эрэ.

      Кулууптарга киинэ көрдөрөөччүлэри таһынан билиэт быһааччы үлэһиттэр бааллара; РДК кулуубугар биир үрдүк уҥуохтаах, төрөл саастаах хотун баара, Найрамдалга, мэлдьи айаҕын, муннун тууна баана сылдьар – оҕонньор. Иккиэн даҕаны эрдэттэн суос бэринэн, киирэр ааҥҥа олорон эрэн кытаанахтык көрөн – истэн,  санаабытыгар билиэппитин астына – астына хайыта тыытан, туһугар эмиэ киһи дьаахханар дьоно этилэр. Мэниктээбэтиннэр диэн эрдэттэн профилактика үлэтин ыытан баран киллэрэллэр эбит, бу өйдөөтөххө. Ол “иитии үлэ” кэнниттэн, кырдьык “кутуругу” кумуччу соҕус туттан саалабытыгар ааһарбыт. Киинэ ортоку “омурҕаныгар” онтукпутун умнан күөдьүйэн, күүгүнээн кэллэхпитинэ, тахсар аан диэкки били дьоммут моһуоннара хамсаатаҕына син хаптайарбыт.

       Үксүн Найрамдалбытын ордорон, онно тиэстэр этибит. Киэҥэ – куоҥа, экрана улахана, олорор сирэ элбэҕэ, үрдүгэ, киниэхэ тэҥнэһиэх айылаах уораҕай чугас эргин кырдьыга даҕаны суох быһыылааҕа. Каассаҕа Ляля диэн оҕо курдук ааттаах, быллаҕар хотун хаһан да кыыһырбат, сымнаҕас майгылаах буолан, мөҕүө – этиэ диэн чаҕыйан турбакка, билиэти хаһан баҕарар үөрэ – көтө ыйыталаһан, атыылаһан, киирэн – тахсан кустуктанарбыт. Сайын итиигэ киирдэххэ тыйаатырбыт сөрүүнэ, кыһын тымныыга  – сылааһа, биһигинньик кыра киинэһиттэргэ олус табыгастааҕа. РДК барахсаны да таһарахсыппат этибит. Ордук саас, күһүн ол диэкки аппаннан сырылыы – сырылыы айаннааһыннааҕа өссө тардылыктаах курдуга. Халтарыйан ууну, бадарааны да бастахха киинэттэн өҕүйүөххэр диэри сарахыйан, кимнээҕэр ыраас саппыкылаах киһи быһыытынан, түргэн соҕустук аан аттыгар тэбиэлэтэлээн кэбиһэн баран дьиэҕэ дьылыс гыныллара…

      РДК кулуубугар (өрүс үрдэ) киинэттэн ураты икки ырыа кэнсиэрдигэр сылдьан турардаахпыт. Арай биирдэ кулууп аттынааҕы биллэрии ыйыыр хаптаһыныгар икки хас дьэрэкээн былакаат ыйаммыт. Чугаһаан көрбүппүт, эдэркээн, маҥан түү саҕалаах, кыһыл кылгас былааччыйалаах, сырдык лэппээһин баттахтаах кыыс хаартыската эбит. Тэрэйбит кыламаннара отой куукула гиэнин курдуктар. Аллараа өттүгэр: – “Наталья Трапезникова – восходящая звезда якутской эстрады” диэн суруктаах. Онтон бииригэр; төбөтүн оройугар төп – төкүнүк бүрүчүөскэлээх, уһун купчугур кутуруктаах алабачыйбыт былааччыйалаах хотун – хаан хаартыската. Суруга: – “Анастасия Лыткина – солистка якутской эстрады” диэн. Ол кэнсиэргэ хайдах киирбиппитин өйдөөбөппүн. Трапезникова студенткатын, саҥа тахсан эрэр элбэҕи эрэннэрэр ырыаһытын тоһоҕолообуттара. Дьоҕус бэйэтэ дьикти дьүрүлгэннээх куолаһа киэҥэ – куоҥа, мин мах бэрдэрбит омуммар, кулууппут истиэнэтэ сүтэн, иннибэр туундара иэнэ арыллан, туус маҥан табалар сүүрэн тамаспыттара. “Валенки” диэн ырыаны ыллаабытыгар эмиэ даҕаны араадьыйаттан түспэт нуучча ырыаһыта Русланова иһиллэн ааспыта. Үксүбүт ырыаһыт кыыс кыраһыабай мылталлыбыт сирэйин, чочуонай атахтарын одуулаһан тахсыбыппыт. Москваҕа баран Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн көстүбүт кэнсиэргэ ыллаан кэлбитин уонна ханна эрэ, омук дойдутугар, бэстибээлгэ кытта бараары сылдьарын кэпсээбиттэрэ. Оо, ымсыыран бөҕө; – Кини буолбут киһи баар ини, – диэн оҕо үксэ ыраламмыт буолуохтаах… Онтон Лыткина, хайдах эрэ “Чук и Гек” киинэ тымныы харалыабатын санатан, күлүмүрдээн, улуутуйан тахсан ыллаан лоҥкунаппыта. Санаабытыгар кини куолаһа үөһэттэн хантан эрэ лыҥкынаан, көмүс манньыаттыы кутуллара. Ханна эрэ тиэтэйэрдии дайбана-дайбана, балаҕаҥҥа хаайтаран сытыан баҕарбатын туһунан ырыаннан дьиэрэҥкэйдээн кылбаҥнаппыта көрүөхтэн эриэккэс этэ. Үйэбит оҕотугар көрбөтөх ырыаһыт,  хотуҥҥа тоҕо эрэ куппутун – сүрбүтүн баттаппыппыт. Долоҕойбут дуомугар туох эрэ сүдү тыын дьэҥкир утаҕын тохтотон, чуумпуран, иһийэн олорон көрөн – истэн кылахачыспыппыт. Хантан маннык ырыаһыттар кэлбиттэрин, тугу да үлэлээбэккэ аҥардастыы ыллаан – үҥкүүлээн абыраммыттарын өйбөр оҥорон, ымсыыран ылбытым.

       Бүтэһигинэн сыанаҕа хара, кыараҕас харахтаах, уһун баттахтаах, түүлээх, хоппусуоннаах маҥан кылгас сонноох, бөкүнүк соҕус эр киһи тахсыбыта. Бастаан күлэн ымайбытыгар, кыараҕас харахтара сүтэн хаалбыттарыттан күлбүппүт. Онтон нууччалыы – “Увезу тебя я в тундру”, – дии, дии сыана үрдүттэн, санаабытыгар, биһигини эрэ өҥөйөн көрө – көрө, ыллаан дуораһыппыта. Ырыа бүтэрин саҕана киһибит куолаһа улам чөллөрүйэн, бэйэтэ көрдөрөн туран тупсан, кинини кытары, кырдьык даҕаны, биир дьикти күннээх сарсыарда, таба көлөннөн кый ыраах туундараҕа хатааһалыы барсан хаалыах баҕа санааны уһугуннарарарга дылы гыммыта. Хабаровскай кыраай төрүт омугун, сэбиэскэй эстрада сэдэх булумньутун – Кола Бельдыны тутан олорон көрбүт дьолбутун сэрэйэн даҕаны ылбатахпыт. Ытыспытын харса суох таһыммыт уонна кэнсиэрбит бүппүтүгэр кулууппутуттан тахсыахпытын баҕарбакка, фойеҕа уһуннук аалыҥнаспыт, ускуустуба үрдүк тыынын, бэйэбит даҕаны билбэппитинэн, аан маҥнай илэ көрсүбүт күммүт итинник ааспыта…

      Ити иннинэ аҕай олохтоох дьоммут кэнсиэригэр биирдэ сылдьыбыттаахпыт. Онно Сидор Сидоров диэн куруук көрөр, формалаах, ньиэмэс аппыһыарыныы чыналдьыйбыт  киһибит дойдутун ахтылҕанын уонна кулууп суоппара Киргиэлэй, массыына ыытарын олус таптыырын туһунан иэйэн – куойан туран ыллаабыттарын астынан аҕай истибиппит. Онтон Мария Иванова диэн, хара уһун сиэҕэ суох былааччыйалаах уонна Анна Дмитриева, мин көрдөхпүнэ, үкчү ханнык эрэ киинэ артыыскаларыгар майгынныыр эдэр хотуттар утуу – субуу тахсан ыллаан куйуһуппуттарыгар, күүстээх куоластара кулууп саалын истиэнэтиттэн мээчик курдук төттөрү тэйэн биһиэхэ кэлэн саалларга дылы гынаттаабыта. Мария Иванова синньигэс, чурулас ырыатыттан мэктиэтигэр кулгаахпыт чуҥкунаан, икки ытыспытынан төбөбүтүн хам туттубуппутун өйдөөбөккө да хаалбыппыт. Анна Дмитриева дабыдал быһаҕас хара былааччыйатын тэллэҕин сыана муостатыгар санньытан, кытаанах – кытаанахтык көрөн – истэн, кып – кыһыл кырааскалаах уоһун тупсаҕайдык дьаарыстанан сэрии туһунан эҥсилгэннээх ырыаны толорбутугар, мэник харахпыт, киһи эрэ буоллар, сиигирэн ылбыта.

      Ити икки уһулуччу кыраһаабыссалар хайдах биһиги дэриэбинэбитигэр батан сылдьалларын, тоҕо артыыстыы ыраах барбаттарын туһунан кыракый өйбөр соһуччу көтөн түспүт ыйытыктарым, кинилэр баран хааллахтарына, манна ырыаһыт суох буоларын иһин ыыппаттар эбит диэн саарбахтыҥы түмүкпүттэн мэлийбиттэрэ быһыылааҕа…
       Ити кэмнэргэ “Неуловимые мстители”, ” Белый Клык”, “Тени исчезают в полдень”, “Белое солнце пустыни” эҥин диэн олус табыллыбыт, мүччүргэннээх сырыылардаах, эккирэтиһиилээх, өҥнөөх киинэлэр көстүбүттэрэ. Атынан көтүтэн эрэргэ дылы матыыптаах “Погоня” ырыа оҕо эрэ уоһугар хоммута. Били хаһан эрэ сураспыт индиийискэй киинэлэрбитин дьэ харахтаабыппыт. “Слоны – мои друзья”, “Зита и Гита”, “Бродяга” , “Бобби”, “Сангам” уонна да атын Капур аймах клана устубут уйаҕас киинэлэриттэн ытаан – соҥоон, сирэй – харах мөлтөөн, хараҥа сааланы лаампа уота сырдаттаҕына эрэ дьэ үөһэ тыынан, чэпчээн тулабытын саҥаттан көрбүттүү чыпчылыҥнаһан лэкээриҥнэспиппит. Марбайбыт маачаханы кэһэтэр Гитаны көрөөрү сэттэтэ тиэстибиппит. Хема Малини хаартыскатын открыткатын булбут кыргыттар күннээбиттэрэ. Артыыс Капурдары көрө араартаан билбиппит. Олору таһынан: Баччан, Митхун Чакраборти, Драхмендра диэн үчүгэй дьоруойдары оонньуур, “куһаҕаттары” таах кураанах куул курдук, бүтэйдии тиҥиргэс тыас доҕуһуоллаах тэбиэлээн – охсуолаан көтүтэлиир артыыстары астына көрбүппүт…

     Кыргыттарга артыыстар хаартыскаларын мунньар уонна онон өссө ыаллаах оонньуур муода тарҕаммыта. Анастасия уонна Марианна Вертинскаялары, “Алые паруса” киинэттэн сылтаан нуучча артыыстарыттан чорбоппуппут. Ону таһынан Чурсина, Кириенко, Светличная уонна да атын, уһулуччу кыраһаабыссалар открыткалара улахан баайынан ааҕыллара. “Человек -амфибия” кэнниттэн саамай кыраһыабай эр киһи аатын Коренев сүкпүтэ…

—

    СДК (Мааркыс) кулуубугар аан бастаан, оскуолаҕа киирэ илик сааспар, саҥа дьыллааҕы дьуолкалаах биэчэргэ сылдьыбыттааҕым. Ханна эрэ, отой үөһэ, уот кыһыл уоттаах сулуһун улуутук өрө анньан, бэйэтэ таптаабытынан аа – дьуо эргийэ турар дьуолка маһын сөҕөн да төһөнү сөҕүөм баарай. Ити дьуолка итиннэ куруук эргийэн, лабаатын быыһыгар араас остуоруйа бөҕөтүн саһыаран турар эбит диэн, испэр улахан арыйыы оҥорбутум…
     Ол кэннэ өр буолбатаҕа, быар ыарыыта өрө туран, биэрэк үрдүгэр билигин да үлэлии турар инфекционнай балыыһаҕа сыттахпына, Мааркыспыт кулууба умайбыт сураҕын истибитим…

     Кыһын этэ. Түүн ортото бодобуос балыыһа уһааттарыттан уу оботторор тыаһыттан уһуктубуппут уонна улахан дьон айманыытыттан уйуһуйан, баһаары көрөөрү ороммут төбөтүгэр ыттан, аһары өрүкүнэһэн дьарыллан эрэ баран хаптайбыппыт.
       “Маҥан халааттаах аанньаллар” диэн ааттаныах айылаахтар дьэ, илэ – чахчы ити балыыһабытыгар бааллара… Бырааспыт – Марыына Афанасьевна, кып – кыра уҥуохтаах, мап – маҥан сирэйдээх, сырдык куукула баттаҕа мэлдьи куударалаах, чору –  чорбоҕор уоһа кып – кыһыл помадалаах буолара. Лаахтаах тыҥырахтаах, тыбыс – тымныы, дьоҕус ытыһын испитигэр саба ууран, нарын тарбахтарынан атын илиитин ытыһын көхсүн тоҥсуйан тобугурата – тобугурата, ороммут сыҥаһатыгар төҥкөччү туттан олорон иһиллиирин, кэлин балыыһалаах оонньоотохпутуна үтүктэр этибит. Оҕо дьоҥҥо ураты сымнаҕас майгылааҕын иһин кинини олус сөбүлүүрбүт, кэлэрин кэтэһэрбит, киирэр ааҥҥа саҥатын иһиттэхпитинэ сэргэхсийэ түһэрбит. Сарсыарда киирэн көрүтэлээн, аһынан ымманыйдаҕына ытаары хаайарым, оҕолортон кыбыстан сирэйбин сыттыкпар кистиирим. Сиэстэрэ – (Оконосова Марыына дуу, Даарыйа дуу), саҥаран дабдыгыраппытынан палатаҕа саҥа киирэн иһэн, тимир иилээх бөскөйбүт ыспырыыһын, санаабар, сымнаҕас сирбэр  отой ыраахтан чуо быраҕан, укуолун туруора охсубута эрэ баар буолааччы. Киэҥ, кытаанах хараҕыттан, сөҥ кэһиэхтээх соҕус саҥатыттан толломмун уонна үөрүйэх түргэн туттуутуттан укуолум ыарыытын өйдөөбөккө да хааларым. Еля, Катя диэн кылгас ааттаах толуу сиэстэрэ хотуттар отой ити балыыһаны тупсарарга, сырдатарга эрэ ананан төрөөбүт курдуктара. “Глюкоза”, “Холосас” сиэрибит, сылаас тылы истээрибит, кинилэр аа- дьуо ааммытын сэгэтэн, маҥан чаанньык тутуурдаах, долгулдьуһа устан киирэллэрин манаһан – кэтэһэн да биэрэрбит. Эһиэкэй Маарыйаны (Александров атыыһыт ийэтэ) – хараҥа халааттаах, кубулуйбат саһаххай бытырыыстаах былааттаах, икки өттүгэр иҥнэҥнээн хааман татыанньахтанар ньээнньэбит барахсаны отой умнубаппын. Киэһэ хойут, утуйуу кэннэ, ороммор кэлэн, ис таҥаспын күүһүнэн кэриэтэ ньылбы тутан ылан сууйан, сарсыарда сыттыгым анныгар куду аспыт буолааччы. Улахан саҕалаах буолан кыбыстан, аны умнубута буолуо, диэх курдук санаан, баар – суох истиҥ, төһө баҕарар харах уутун уйар “доҕорум” – сыттыгым аннын харбыаласпытынан уһуктарым. Маарыйа кыыһырарын букатын истибэтэҕим. Кэлэ – бара төбөбүттэн имэрийэ, тугу эрэ саҥаран көбдьөөрө сылдьар идэлээҕэ. Кыраттан да өмүрэн: – Т… н сиэ, –  диирин кэтэһэн туран күлэн бычыгырастахпытына даҕаны мичээрдээн мытыйан эрэ кэбиһэрэ.

      Мааркыстартан: Коля, Муся, Тина Ильиннэр, Василиса (Бысса), Михайлов Виктор уонна да ааттарын билбэт оҕолорум баһаам этилэр. Ол сыттахпытына: – Бассабыык кыыһа Анегина балтынаан Анналыын бырааттарын көрсө кэлбит, – диэн сипсиһиини син өйдөөн истэн, икки халлаантан түспүттүү, мааны да мааны хотуттар аан аттынааҕы түннүккэ туралларын быыһынан – хайаҕаһынан былдьаһа – былдьаһа көрөн кылахачыппыппыт. Биир хоско сытар Сааскам олортон биирдэстэригэр көтөхтөрөн кэмчиэрийбит сирэйэ бу баарга дылы. Бырааттыы Ильиннэр, онно билбиппитинэн, балыыһабытыгар хастар даҕаны эбит этилэр.

      Бээ, киинэ диэбиккэ дылы, оҕо эрдэххэ, саҥа быкпыт сибэккилии, ким холустук хам үктээн дуу, сэҥээрэ көрөн, сэрэнэн ааспытын дуу, ахтаммын киинэбиттэн эмиэ таһынан халыйдым…
      Ол умайбыт кулууп оннугар ити билиҥҥи кулууппут, мин истэрбинэн, нэһилиэнньэ уоҕунан кэриэтэ, атаҕар турдаҕа. Дьэ итиннэ, этэргэ дылы, итиини –  буһууну араарар, уолу – кыыһы ахсарар сааспытыгар, таптыыр СДК – быт лис лэбир аанын тутааҕын сойуппакка кэриэтэ сыбыытаатахпыт…

     Киинэҕэ эрдэттэн киирэн олохсуйан олорон билэр ыалы, эдэр ыччаты ахсыы көрөттөөн, муода таҥаһы кыҥастаһан сэргэхсийэрбит. Ким кимниин төбөтүн холбоон олорбутун, илиитин туппутун, киинэ кэннэ таһырдьа ким кими кэтэһэн турбутун, кыргыттар обургулар сыыска түһэрэ сылдьыахпыт баара дуо.

      Алыптаах киинэ туһуттан сайын ыраах сайылыктан сатыы киирэн  – тахсан, күһүҥҥү хараҥаҕа ынах ыллыгар умса – тэннэ үктэнэн охтон, күлсэн, кыһын быһа суолунан, ойуур быыһынан сиэлэн сиксиһэн аастахпыт ээ. Киэһээҥҥи сеанстарга сылдьарга быраап ылбыт дьон быһыытынан били дьэ “до 16 лет” диэннээхтэрбитин көрүтэлээбиппит эрээри, (билиҥҥигэ холоон буолуон сөп, баҕар) туох да киһи оҕоҕо көрдөрбөт буола сатыырын булан көрбөтөхпүт диир тоҕоостоох.

       Киинэлэрбит биһигини кытары тэҥҥэ улаатан, ситэн, кинилэр эмиэ таптал диэн, хатааһыннаах аан курдук таайтарыылаах иэйиигэ хам ылларан барбыттара. “Единственная”, “Это сильнее меня”, “Не могу сказать прощай”, “Москва – любовь моя” диэн уонна да атын нуучча киинэлэрин умсугуйан, бүтүннүү бэйэбит киинэ иһигэр киирэн олорон көрүтэлээбиппит. Итилэри тилэх баттаһа: “Танцор диско”, “Танцуй, танцуй”, Сети любви” эҥин диэн сүрдээх сонун, аан дойдуну аймаабыт индиийискэй киинэлэр кэлбиттэрэ. Джимми курдук көп, килэбэчийбит уһун баттахтаах, ыбылы тута сылдьар муодунай таҥастаах, дыраспыт уолаттар биһиги да Мааркыспытыгар хаамсаннар, таансыларга үҥкүүлээннэр, кыыс аймах чараас сүрэҕин тэбиитэ биллэ кэһиллитэлээбитин мэлдьэһиллибэт…

       Сэбиэскэй Сойууспутун суулларбыт, 90-с сыллар үлүгэрдээх холоруктарын күүһүттэн киинэлэрбит эмиэ сонно тута күөрчэхтии ытыллан барбыттара. Ханныгы да көр; харчы, өлөрсүү, охсуһуу. Ыраас тапталбыт маҥан болотунабытыттан букатыннаахтык күрэнэн, кинини көмүлүөк оһох кэнниттэн эмискэ былтас гыммыт, абааһыга дылы ырдьайбыт содур бандьыыт таҕылын ханнарыыта солбуйбута. “Мафия”, “Босс”, “Братва” эҥин диэн, быһыта биэртэлээбиттии биилээх тыллар биирдэ ыһылла түспүттэрэ. Моойдоругар киһи сөмүйэтин суонун саҕа кыһыл көмүс сыаптаах,  модороон тарбахтарыгар кыра ыт баһа биһилэхтээх (печатка), ыараханнык хааман ыадаҥнаспыт, “Малиновые пиджаки” диэн норуот таба ааттыы охсубут киинэ дьоруойдара экраны тобус – толору киэптээбиттэрэ. Сорох таптыыр артыыстарбыт бэрт түргэнник кус сыгынньахтана охсон, сатамньыта суох алларастаан, иирбит дуу, итирбит дуу быһыытынан уларыйан хааланнар хомоппуттара. Дэриэтинньиктэр – зомбилар аллараа дойдуттан хостонон киинэбитигэр илэ хаамсан илдьириспиттэрэ. Видеоплеер диэн кыбына сылдьан киинэ көрдөрөр тэрил үөдүйэн, ол – бу бырыкааһы тыаларынан, подвалларынан саһа сылдьан көрдөрөн харчылаһар дьон күлүкүчүспүттэрэ.

     Бурятияҕа үөрэнэ сырыттахпытына биир кыыспыт: – Процесстаах киинэҕэ барабыт дуо, нуучча кыргыттара ыҥырдылар -, диэбитигэр туох процеһын туһунанын төттөрү бэйэтиттэн токкоолоһон тугу да тобулбатахпыт. Көрбүппүт, “Легенда о Нараяме” диэн дьоппуон омук уһулбут киинэтэ эбит этэ. Кэлин “фильм про секс”, диэни кыыспыт “процесс” диэн өйдөөбүтэ биһиэхэ отой хойутаан төбөбүтүгэр тиийбитэ. Оннук тылы билбэппит, истибэтэхпит сыттаҕа. Билигин ол ньүкэммититтэн күлэбит эрэ. Сэбиэскэй иитиилээх буоламмыт хойукка дылы оҕолуу ырааспытын ыһыктыбакка сылдьыбыт эбиппититтэн адьаһын кэмсиммэппин уонна ардыгар ахтабын…

       Итинэн сылыктаатахха киинэ диэн олох обургу дьүһүнүн хайдах баарынан көрүнэр сарсыардааҥы сиэккилэтэ, хабыр хотун – “Цивилизация”  хаалларар суола – ииһэ эбит диэтэххэ хайдаҕа эбитэ буолла.

       Ити да гыннар оҕо сааспытын киэргэппит, куппут үтүө өттүн уһугуннарбыт, ииппит киинэлэрбит, билигин дойду баайыгар тэҥнэһэн, кыһыл көмүс пуондаҕа хараллан, саҥаттан ыалдьыттыыр, ааспыты тилиннэрэр, дьон уйулҕатын ыраастыыр аналламмыттара киһини үөрдэр, долгутар.

      Мин санаабар, биһиги сахалар уһуктубут бэлиэбит – аан дойду таһымыгар кэрэхсэниллибит киинэлэрдэммиппит буолар. Урукку өттүгэр уһуллубуттарбыт, наар аргыга ыбылы ылларан аҥаарыйбыт саха эбэтэр түктүйэтин үрэйэн мээнэ барбыт абааһы туһунан эбит буоллахтарына, билигин сахалыы уйулҕаны, төрүт – уус умнуллубут удьуордарын, суолларын – иистэрин, сүдү кистэлэҥнэрин үөрэтиигэ, чинчийиигэ, анаарыыга олоҕуран киэҥ эйгэ дьүүлүгэр таһаарыы лиэнтэлэрэ субуспуттара чахчы хайҕаллаах суол. Кэнэҕэс ким эмэ бу мин курдук кэннин хайыһан, оҕо сааһын аргыстарын – киинэлэрин өйүгэр – санаатыгар хат тилиннэртээн, саҥа дьоҥҥо тиэрдиэ турдаҕа…

                                                                      Надежда Кардашевская- Куттаах,  2024 с.