Олунньу 25 күнүгэр Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр нэһилиэкпит төрүттэммитэ 255 уонна Саха сиригэр Култуура сылларын чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ – “Тохтоо даа, күүт, дьоллоох түгэн!…” диэн Үөдүгэйбит биир чулуу уола, Арассыыйа Үтүөлээх энэргиэтигэ, улуус Бочуоттаах олохтооҕо Прокопий Пудович Аянитов тутан ылаттаабыт түгэннэрин – хаартыскаларын быыстапкатын үөрүүлээх арыллыыта буолан ааста.
Бу быыстапкаҕа оҕо саас дьоллоох түгэннэрэ, эдэр саас эргиллибэт хаарыан күннэрэ, үлэ үөһүн үрдүк романтиката, быһата эттэххэ, мүчүк гынан ааспыт нэһилиэкпит мичээрдэрэ хатаммыт дьоллоох хаартыскалара дьону- сэргэни түмтэ, барыта түөрт уонча киһи кэлэн кыттыыны ыллылар. Тэрээһини Үөдүгэй биир тэрийэр, салайар дьоҕурдаах чаҕылхай кыыһа Альбина Ивановна Николаева салайан ыытта.

Үөдүгэй нэһилиэгин Баһылыгын солбуйааччыта Михаил Михайлович Афанасьев “Бу тэрээһин Үөдүгэйбит нэһилиэгэ төрүттэммитэ 255 сылыгар анаммыт тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ буолар. Нэһилиэкпитигэр төрөөн-үөскээн, олорон, үлэлээн-хамсаан ааспыт үтүөкэн дьоммутун үйэтитиигэ үлэлэһэ туруохпут. Маннык истиҥ тэрээһиннэр ыытылла туруохтара”,- диэн бэлиэтээн эттэ.

Быыстапканы арыйыы үөрүүлээх чааһыгар Борокуоппай бииргэ үөрэммит доҕотторо- педагогическай наука кандидата Мария Даниловна Михайлова, СӨ үтүөлээх тутааччыта Николай Николаевич Иванов, эргиэн уонна култуура бэтэрээнэ Нина Спиридоновна Васильева оҕо саас дьоллоох кэмнэрин, көрдөөх түгэннэрин кэпсээтилэр.

Борокуоппай олоҕун устата бэриниилээхтик үлэлээбит улуустааҕы электростанция тэрилтэтиттэн бииргэ үлэлээн ааспыт доҕотторо, кэллиэгэлэрэ Иннокентий Нестерович, Евгений Ильин кэлэн олус истиҥник аҕыннылар.



Чугас ыалларын ааттарыттан киинэ бэтэрээнэ Татьяна Спиридоновна Чыбыкова, Борокуоппайы кытары алтыспыт Механизаторскай уулусса бастакы көлүөнэ оҕолорун ааттарыттан СӨ үөрэҕириитин туйгуна Маргаритна Николаевна Павлова, кэлиҥҥи көлүөнэ оҕолорун ааттарыттан Туяра Михайловна Прокопьева сылаас, истиҥ тылларынан аҕыннылар, улахан ытыктабылынан, тапталынан долгуйа санаан-ахтан аастылар.



Бу ис сүрэхтэн тэриллибит оҕо сааска төнүннэрэр, саамай таптыыр-ахтар кэрэ кэмниин, күндү дьоннуун алтыһыннарар тэрээһини өссө ордук чиҥэтэн, долгутуулаах оҥорон “Иэйии” ырыа ансамблын ырыаһыттара Юлия Максимова, Эльза Иванова ылбаҕай, кэрэ ырыаларынан киэргэттилэр.


Бу кэннэ ыалдьыттар хаартыска быыстапкатын астына, дуоһуйа көрдүлэр.


Толору байылыат астаах сандалы тула олорон, үүттээх-чэйи иһэ-иһэ кэрэ кэмнэри эргитэн кэскиллээҕи кэпсэттилэр. Үөдүгэйбит историятын кэпсиир бу хаартыскалары фото альбом кинигэ гынан таһааран, ахтыылары эбэн үйэтитиэххэ диэн санааҕа кэллилэр. Кинигэни атыылаһар дьон сурутуу ньыматынан харчыларын эрдэттэн биэрэн сакаастаан, кинигэ бэчээттэнэн тахсар үбэ быһаарыллыан сөп эбит диэн толкуйга кэллилэр. Санаабыппыт сатаннын, толкуйдаабыппыт туоллун!
Валентина Филиппова