Улуу хапсаҕайдьыт, сахалартан бастакынан снайпер нуорматын толорбут биир дойдулаахпыт туһунан кинигэ таҕыста!

Бу күннэргэ Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр күндү бэлэх киирдэ. Саха сирин успуордугар уос номоҕор киирбит күүстээх буойун бөҕөс, хапсаҕайдьыт, сахалартан бастакынан снайпер нуорматын толорбут Ворошиловскай стрелок Никита Константинович Докторов-Бычырдаан туһунан кинигэ Улуу Кыайыы  айхаллаах 80 сылын көрсө бэчээттэнэн тахсан бар дьонугар бастыҥ бэлэх буолла.

Кинигэни Бычырдаан кыра кыыһа, кинигэ ааптара Наталья Никитична Докторова аҕалан бэлэхтээтэ. Кинигэ Ю.А. Гагарин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи типографияҕа 108 экземплярынан бэчээттэнэн тахсыбыт.

Буойун бөҕөс Никита Константинович олоҕун суола бу кинигэҕэ тиһиллэн киирбит. Кинигэ Докторовтар тус архыыптарыттан баай матырыйааллара, бииргэ алтыспыт, кини аатын үйэтитиигэ үлэлэспит дьон ахтыылара киирбиттэр. Улууспут, Сахабыт сирин успуордун историятын кэпсиир, кэрэһэлиир, үтүөкэн киһибитин үйэтитэр дьоһуннаах кинигэ тахсыбыт.

Ниаталья Никитичнаҕа Үөдүгэй ааҕааччыларын аатыттан барҕа махталбытын тириэрдэбит!